Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьиэ иччитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьиэ иччитэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
03.03.2023 11:00
Муома улууһун Улахан Чыыстай, иккис аата Сааһыыр диэн нэһиэлиэгэр саха тылын учууталынан ананан кэлбитим. Бөһүөлэк Муома өрүс үрдүгэр турар. Манан өрүс соччо кэтитэ суох гынан баран, олус дохсун сүүрүктээх. Сүүрүккэ оҕустаран иһэр маһы өрүс кытыытынан сырсан сиппэккин. Биһигини Ковлековтар диэн ыаллар дьиэлэрин иккис аҥаарыгар олохтоотулар. Дьиэбит икки салҕааһыннаах, таһырдьаттан киирэр ааннара тус-туспа. Онон мэһэйдэспэккэ олоробут. Иһинэн курдары сылдьар аанынан сылдьыһа турабыт. Биһиги сопхуос тутаах үлэһитэ Ньукулай диэн киһини кытта билистибит. Киһибит олус судургу, дэлэй кэпсээннээх, наһаа ыалдьытымсах буолан биэрдэ. Биирдэ кини биир үчүгэй баҕайы дьиэ кураанах турарын эттэ. Аймаҕын дьиэтэ үһү. “Ол дьиэҕэ олоруҥ, куортам эҥин көрдөөбөппүн” диэтэ. Бу дьиэ хаһаайына икки сыллааҕыта ыалдьан өлбүт. Биһиги үөрүүнү кытта сөбүлэстибит. Дьиэбитин нэдиэлэни быһа кырааскалаатыбыт. Онно олорор ыалбыт кыыһа Люда көмөлөстө. Сотору көһөн киирдибит. Сиэр быһыытынан, саҥа дьиэҕэ киирбиппитин бэлиэтииргэ быһаарынныбыт. Оччолорго арыгыны пааспарынан, биир ыйга биир бытыылканы нуормалаан биэрэллэрэ. Биһиги кэлиэхпит иннинэ манна дьоппуон дэлэгээссийэтэ кэлэ сылдьыбыт үһү. Кинилэр көрөллөрүгэр анаан, олохтоохтор түһээн да көрбөтөх үтүө астарынан, араас омук арыгытынан, кэнсиэрбэтинэн маҕаһыыны толорон кэбиспиттэр. Дэлэгээссийэ кэлэ сылдьар кэмигэр, мүччү туттаран, икки эрэ олохтоох киһи бу далбартан атыылаһан туһанан хаалбыттар. Дэлэгээссийэ барарын кытта “олохтоохторго атыыламмат” диэн буолбут. Нөҥүө күнүгэр маҕаһыыннара уруккуттан баар, харахтарын дэлби аалбыт судургу табаарынан эҕэрдэлээн көрсүбүт. Мин, саҥа дьиэҕэ киирэр киһи, сэбиэттэн көҥүллэтэн арыгы ыллым. Сүүрбэччэ киһилээх остуол тэрийэн бырааһынньыктаатыбыт. Киэһэ утуйарбытыгар оһохпутун алаадьылаах арыгынан хайдах сатыырбытынан алҕаан аһаттыбыт. Бастакы түүммүтүн үчүгэй баҕайытык утуйан турдубут. Иккис түүммүтүн утуйа сытан кэргэним баттатар саҥатыттан уһугуннум. Тардыалыы, ыҥыра сатыыбын да уһуктубат. Бэрт эрэйинэн уһугуннаран баран туохтан баттаппытын, тугу көрбүтүн ыйыталаһа сатаан кэбистим да, тугу да эппэтэ. Онтон мин баттаттым. Хараҥа муннуктан киһи илиитэ тахсар уонна ытыһын тоһуйар. Бэйэтэ көстүбэт. Баттатан мөхсө сытан кэргэним уһугуннара сатаан ыҥырарын, тардыалыырын билэбин эрээри, кыайан уһуктубаппын. Уһуктан баран кэргэммэр тугу көрбүппүн кэпсээтим. Кини эмиэ үүт-үкчү мин курдук тоһуйан турар илиини көрбүт. Ити курдук, сарсыардааҥҥа диэри олбук-солбук утуйан, баттаттахпытына уһугуннарса мээрик буолан утуйдубут. Били илиибит тиийэн кэлэ турар. Сарсыныгар утуйаары сылдьан били малааһынтан ордубут арыгыбытынан оһохпутун аһаттыбыт уонна олус бэркэ утуйан турдубут. Арыгыбыт тобоҕун бэркэ кэмчилээн биир ый курдук үчүгэй баҕайытык олордубут. Биирдэ, арыгыбыт бүппүтүгэр оһохпутун алаадьынан аһатан баран утуйдубут. Уонна... били баттатан утуйбатах түүммүт эргийдэ. Уопсайынан, арыгынан аһаттахха эрэ сүгүн утутар дьиэ буолан биэрдэ. Дьиэбит дэмин билэн баран, дьонтон арыгы атыылаһан нэһиилэ үс ый эристибит. Аны туран, дьиэбит тыаһа-ууһа сүрдээх, муоста тыаһа хаачыргыыра, киирэр-тахсар тыас, иһит-хомуос халыгырыыра кэмэ суох. Кэнники арыгыны булуу улахан кыһалҕа буолан, “дьиэ хаһаайыттарын” аппатыыттарын кыайан толуйар кыахпытыттан ааһан били инники олорбут дьиэбитигэр төннөргө күһэллибиппит. Ити тыаска-ууска үөрэнэн хаалан баран кэлин чуумпу дьиэҕэ тиийэн баран ону суохтуох да курдук буолбуппутун өйдүүбүн. Арыгы билиҥҥи курдук дэлэйэ буоллар, дьиҥинэн, киһи киэһэ аайы оһоҕу аһата-аһата, бэрт холкутук быр-бааччы олорор кыахтаах дьиэтэ этэ. Кэлин истибиппит бу дьиэҕэ олорбут киһи дэлби арыгылаан, быара-бүөрэ бүтэн өлбүт. Биһиги кэннибититтэн нууччалар кэлэн бу дьиэҕэ уһун баҕайытык, туох да буолбакка олорбуттара. Кинилэр кырдьаҕас эбэлээхтэрэ. Биирдэ ол эбэлэригэр тиийэн хайдах олороллорун ыйыталаспытым. Сэрэйиллэрин да курдук, бастаан эмиэ баттатан утуйбатахтар. Онтон “сахалар оһоҕу аһатар үгэстээхтэр” диэн өйдүү биэрэн уоттарын аһаппыттар. Сыыйа билэн-көрөн, мааһын табан олорон барбыттар. Биирдэ эмэ умнан аһаппакка утуйдахтарына түүн кэлэн сордотолуур эбит. Бу ыаллар күтүөттэрэ суоппар буолан арыгыны баҕас улахан кыһалҕа оҥостубата үһү. Оттон тыаһы-ууһу букатын да аахайбат буолбуттар. Итинтэн сиэттэрэн, сиргэ-дойдуга, дьиэҕэ-уокка урут олоро сылдьыбыт дьон дууһалара иччи буолан хаалар дии саныыбын. Иччи майгыта-сигилитэ хайдаҕыттан сиэттэрэн, бу дьиэҕэ хайдах-туох дьон олорон ааспыттарын холкутук билиэххэ сөп быһыылаах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан