Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оҕонньор содула
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оҕонньор содула
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
03.03.2023 10:55
Дьокуускайга от ыйын сыралҕан куйаас күннэрэ турдулар. Кэлэ-бара кэтээтэххэ, куоракка абитуриент аймах туолбут. Ийэлэрин-аҕаларын батыһа сылдьааччы, соҕотох, доҕотторун-атастарын кытары суксуруһааччы үксээбит. «Оо, дьэ! Хаһан эрэ мин эмиэ маннык, эн курдук сордоно сылдьыбыттааҕым. Барыта ааспыта үчүгэйин. Ол эрээри атын үөрэххэ туттарсыбытым буоллар... Билигин ким буолуом этэй? — Алла абитуриенныы кэлбит балтыгар иһигэр саныырын таах хаамыахтааҕар кэпсии, ыһа-тоҕо истэ. — Эн ким баҕарар буолар кыахтаах этиҥ. Биһиги курдук биир кэлим эксээмэни туттарбатаххыт бытта. Айыкка, стресс бөҕө. Ону баарочка, эн, саамай үчүгэй кэмҥэ оскуоланы бүтэрбитиҥ дии, эдьиэй...? — диир балта Аанчык. — Ким билэр. Бастакыттан баҕалаах үөрэхпэр киирбэтэҕим. Ийэм хаһааҥҥыта эрэ билэр дьахтарыттан көрдөһөн дьарыктаммытым. Кини миэхэ репетитор буолбута. — Репетиторданар хайдах этэй? — Наһаа үчүгэй. Университекка киириэхпин олус баҕарар буоламмын, күнү-түүнү билбэккэ дьарыктанарым. Куйаас баҕайы күннэргэ сылааргыыр диэни билбэккэ, күнү быһа үөрэнэн тахсарбыт. — Оттон университекка тоҕо киирбэтэххиний? — Ол туһа туһунан остуоруйа. Биир оҕонньортон сылтаан... — Да-аа? Ол туох оҕонньоро этэй? — Чэ, саас-сааһынан кэпсиим. Өйдүүр инигин, мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан наар олмпиадаларга кыттан бастыыр этим дии? Ол репетитордана да сылдьан бастыҥнар ааттарыгар киирсэр этим. Репетиторым наар «эн киирэр кыахтааххын, маладьыас» диэн хайгыыра. Ол иһин хара ааныттан үөрэххэ киириэм диэн эрэллээх этим. Онно дьарыктанар оҕолортон биир күүстээхтэрэ да курдугум. Ити эрээри сыччах биир түгэнтэн сылтаан... Эксээмэн буолар күнүгэр биир да косметиката суох (үчүгэй кыыс буолан көстөөрү) университекка тиийдим. Уопсайа, үс хамыыһыйа үлэлии олорор этэ. Бастакы сүүмэргэ түбэһэн бастакы бөлөххө киирэр буоллум. Аудиторияҕа киирбитим, икки киһи эксээмэн тута олорор. Оҕонньор уонна биир дьахтар. Оҕонньор хара бараан уһун сирэйдээх, бэрт өһүөннээҕинэн көрбүт уоттаах уонна үөннээх баҕайы харахтаах. Оттон дьахтара хайдаҕын, кыһыйыам иһин, билигин төрүт өйдөөбөппүн. Суон соҕус быһыылааҕа. — Аа, оччотооҕуга таах эксээмэни туттарар этигит даа? Биһиги курдук КГЭ-нэн буолбатах диэ. — Баҕар, биһиги саҕана КГЭ баара буоллар балыйыахтара суоҕа этэ. — Чэ, салгыы кэпсээн ис хайдах буолбутай? Ол хайдах эйигин балыйбыттарай? — Дьэ, арай аудиторияҕа киирдим, билиэппин ыллым. Олордум. Бэркэ билэр билиэтим түбэспитэ. Үөрүү бөҕө. Начаас суруйан хачыгыраттым. Ырытыыбын барытын оҥордум. Өссө уочараппыттан эрдэлээн кэпсиир буоллум. Преподавателлэр хамыыһыйаларын иннигэр тиийэн олордум. Кэпсээтим. Оҕонньор мин диэки тобулу көрөн олорон ханнык оскуоланы бүтэрбиппин ыйыталаста. Онтон араспаанньабын өссө төгүл туоһуласта уонна тобугар умса түһэн тугу эрэ көрөр. Наһаа ынырык киһи! Испииһэктээх олорор эбит. Дьахтара «ыйытардыы» көрбүтүгэр, төбөтүн илгистэн, имнэнэн кэбистэ. Онтон дьахтара эттэ: «Алла, кэпсээниҥ ситэтэ суох, ырытыыҥ эмиэ мөлтөх». Ол кэннэ оҕонньор: «Һэ, оннук эбит, ырытыыгар дьөрү туох да суох» диэччи буолла. Мин төһө эрэ хайгыыллар диэн эрэнэ олорбут санаам «икки» баалы туруорбуттарын көрөн баран, биирдэ мэлис гынна. Халлаан хараҥарарга дылы буолла. Күөмэйбэр туох эрэ бөлүөх кэлэн ыарахан баҕайытык тохтоон хаалла. Аудиторияттан төттөрү ыстанан таҕыстым. СГУ УЛК түннүгэр туран ибигирии-ибигирии ытаатым. Ол турдахпына Лена диэн абитуралыырбар билсибит кыыһым эмиэ бырабааллаан таҕыста. Аны иккиэн ытастыбыт. — Оо, эрэйдээхтэр. Наһаа ынырык дии. Ол оҕонньор билигин баар дуу? — Баар буолумуна, ханна барыай... Ээ, онтон ыллыбыт даҕаны тутар хамыыһыйаҕа тиийэн дьыалабытын көрдөөн саайдыбыт. Үөрэ-көтө дьыалаларбытын илиибитигэр туттартаан кэбистилэр. Эдьиийим аахха тиийэн ытаатым, үҥүстүм. Хайыыр даҕаны кыахтара суох буоллаҕа дии. Саатар, дьыалабын төттөрү ылан кэбиспиппин. Апелляциялатан, ырытыым кумааҕытын хат көрдөтөн, баал эптэриэм эбитэ буолуо. Ону син биир мэлдьэһиэхтэр этэ дии саныыбын. Тугу булан ылаары... Оо, билиҥҥим эбитэ буоллар, испииһэктэрин таймаларын былдьаан ылан тыллыы сүүрүөм этэ. Оччотооҕуга тыаттан кэлбит туох да кэтэх санаата суох кыра кыысчаан буоллаҕым. — Ама, оннук кэрээнэ суох преподавателлэр бааллар үһү дуо? — Баар буолбакка, ханна барыахтарай? Син биир олоххо курдук, куһаҕан уонна үтүө санаалаах дьон онно үлэлииллэр. Сорохторо дьиҥ билиини өрө тутар, оҕо билиитин сыаналыыр, сорохторо харчыга хараҥарбыт дьон. — Эдьиэй, оттон, баҕар, кырдьык, сыыһалардаах кэпсээбитиҥ буолуо. Баҕар, ол кумааҕылара испииһэк буолбатаҕа буолуо. — Испииһэк. Испииһэк этэ... — Онтон ханнык үөрэххэ туттарсыбыккыный? — Син биир ол хайысханан, туокка аны СГУ-га буолбакка, орто үөрэххэ дьыалабын биэрбитим. Онно аа-дьуо киирбитим. Күһүн ыраах Бүлүү куоратыгар тиийбитим. Бэйэбин уоскутунарым диэн, арай, Бүлүү колледжын бүтэрдэххэ, СГУ-га, били баҕалаах үөрэхпэр, төттөрү үһүс кууруска быһа киириэхтээхпин. Үс сылы быһа кырылыыр «биэс» сыананан колледжпын бүтэрбитим. Ол кэнниттэн син биир кэлэн университекка киирбитим. — Тоҕо итинник гыналлара буолла? Үөрэнээччи иннигэр учууталлар, устудьуоннарга преподавателлэр элбэхтик сыыһаллар. Кинилэр «пока что» билбэттэр буоллаҕа дии, атаҕастаабыт оҕолоро кэлин хайдах дьон буолан тахсалларын, бытта? – диир Аанчык. — Ол эрээри оҕо сылдьан, туора дьон хайдахтарын билбэт эрдэххинэ, дьону барытын үчүгэйдик эрэ саныыгын ээ. Саамай кыһыылааҕа ол баар. Билэҕин дуо, ол оҕонньор мин дьылҕабар итинник сидьиҥник дьайбыта. Кэлин манна, Дьокуускайга, үһүс кууруска үөрэнэ кэлбиппэр бииргэ үөрэнэр уолум Сааска хайдах туттарсан киирбитин туһунан кэпсээбитэ. Онно ити этэр оҕонньорум оруоллаах үһү. Сааска аҕатыныын дьыалаларын туттара кэлбиттэр. Оҕонньор хаапыдыраҕа олорор үһү. Сааска аҕата ол оҕонньору уруккуттан билэр киһитэ үһү дуу, хайдах дуу. Оҕонньор маннык диэбит: «Уолбар массыына ыларбар миэхэ 50 тыһыынчанан көмөлөс. Оччотугар Сааска туох да кыһалҕата суох үөрэххэ киирэн хаалар». Сааска аҕата хомойбут уонна: «Бырастыы гын, биһиги оччо элбэх харчыбыт суох. Хайдах эмэ гынан бэйэбит да туттарса сатыыр инибит», — диэбит. Уонна тахсан барбыттар. Арай оҕонньордоро оптуобус тохтобулугар кэннилэриттэн батыһан сүүрэн татакайданан тахсыбыт уонна: «Ээ, чэ, үөдэн сиэтин, сүүрбэччэ да тыһыынча буоллун» диэбит. — Оччотугар Сааска аҕата төлөөбүт дуо? — Ээ, кэпсээнин бүтэһигин өйдөөбөппүн. Уопсайынан, киирбит буолан бииргэ үөрэннэхпит дии, — диэн, Алла силбиэтэнэн кэбистэ. Бэйэтэ да абитуралаабытын санаан кыйыттан, ньиэрбинэйдээн ылла быһыылаах. — Өссө биири умнубуппун, — диир Алла, — Ол Бүлүүбүн бүтэрэн баран Дьокуускайга кэллим. Үһүс кууруска киирбитим. Биир ханнык эрэ паараҕа арай ол оҕонньор үөрэтэр. Пааратын былаһын тухары Сэбиэскэй олоҕу кэпсээн, куолулаан тахсар. Сорохтор утуйаллар. Наадыйбат. Аны туран сотору-сотору кинигэ атыылыыр. Онтун хайаан да атыылаһыахтааххын. Атыыласпыт киһиэхэ сурунаалга «плюс» бэлиэ турар. Бары атыылаһар этибит. Ол кинигэтигэр үтүө бэйэлээх илиитин баттыырыгар паара кыра аҥаара халтай ааһааччы. Биирдэ дьүөгэм харчыта суох буолан кинигэни атыыласпатаҕа. Онуоха сэмиэстир бүтэһигэр «Босуобуйабын сирбит эбиккин», — диэн, дьүөгэбин чуут «кутуруктаах» хааллара сыспыта. Кыыс: «Эдьиийим эмиэ манна үөрэммитэ, эн ити кинигэҕин атыыласпыт этэ. Илии баттааһыннаах, дьиэбэр баар. Итэҕэйбэт буоллахына аҕалан көрдөрүөм» — диэн, сочуотун нэһиилэ «хайытан» турардаах. — Куһаҕантан киһи да күлэр. — Диэмэ даҕаны... Өссө саамай күлүүлээҕэ диэн – СГУ-ну бүтэрэрбэр, били абитуриенныы сылдьан туттарбыт билиэтим түбэспитэ. Онно билиэти уонча киһилээх хамыыһыйа иннигэр «биэс» сыанаҕа туттарбытым. Өссө ырытыыбын абитуралыы сылдьан оҥорорум курдук, сирийэн, тиһиктээхтик оҥорботоҕум үрдүнэн, көр, «биэһи» ылбытым ээ... – диэн Алла киэн тутта, дорҕоонноох соҕустук балтыгар эппитэ. — Дьэ, даа-аа.... Эн хара маҥнайгыттан Дьокуускайга үөрэнэ киирэн хаалбытыҥ буоллар, олоххор өссө элбэҕи ситиспит буолуоҥ этэ дии, эдьиэй? — Ким билэр. Мин олох кэмсиммэппин. Ханнык да буолбут түгэн – ити барыта олох түгэнэ буоллаҕа. Ол эрээри оҕонньор содулун тоҕо эрэ умнубаппын. Күндү ааҕааччыларым, бу оруобуна сэттэ сыл анараа өттүгэр олоххо, чахчы буолбут түбэлтэни ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. Баҕар, КГЭ кэлбитин кэннэ хараҥа уонна арыллыбатах балыыр ахсаана аччаабыта буолуо. Светлана ТИМОФЕЕВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан