Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мэкиэрэ хатыҥа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мэкиэрэ хатыҥа
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.08.2018 14:13
Барыта соһуччу Мэкиэрэ «Ычча! Бу ханна баарбыный? Тымныыта тоҕо сүрэй?!» диэҕин баҕарбыта да, саҥата кыайан тахсыбата, хамсыыр да кыаҕыттан ааспыт: быраастар араас боруобаты холбообуттар, адьас туспа сиргэ – реанимацияҕа – сытар эбит. «Бэйи, кырдьык даҕаны, бэҕэһээ оһоллонон балыыһаҕа киирдим этэ дуу?» диэн, эмээхсин хараҕын симэн, хайдах буолбутун саныы сытта. Бэҕэһээ Бааһынай ырыынагар сылдьан хапкаастартан обургу соҕус орбуус атыыласпыта. Сыанатын төһө эмэ түһэрсибитэ буолан, икки сиэнигэр кэһиим диэн ылбыта. Мэлдьи оннук. Биэнсийэтин сыыһыттан наар сиэннэригэр тугу эмэ өлүүлүүр идэлээх. Эбиитин кыра сиэнэ Эристииҥҥэ аныгы суотабайы төрөөбүт күнүгэр бэлэхтиэх буолбуттааҕын эмиэ атыыласпыта. Бэйи, ол бэдигиҥ – икки сааһыттан итинник тэрили талкыйбыт, биэһин туолаары сылдьар уол – онтун сөбүлүүрүн баһа биллибэт. Сирэн силлэҥнээтэҕинэ да көҥүлэ. Чэ, быһата, Мэкиэрэ кырдьаҕас соругун түөрэтин ситиспит киһи быһыытынан уулуссаны саҥардыы туораары гынан эрдэҕинэ, биир иномарка субу хорус гына түспүтэ. Соһумара бэрдиттэн, эмээхсин кыбынан испит орбууһун мүччү туппута – аспаалга түһэн, илдьи баран хаалбыта. Ол икки ардыгар хантан эрэ аны биир массыына кэлэн сигинээллээбитигэр ол диэки хайыһабын диэн, Мэкиэрэ аны били орбууһун хаҕын үктээн, халтарыйан, тас уорҕатынан баран түспүтэ, өй-төй буолан ылбыта. Биирдэ өйдөммүтэ, өттүгүн ыарыыта диэн сүрдээх, оттон бэйэтэ сол курдук аспаалга сытар эбит. Тураары гыммыта – ханта-ан – ыарыыта төрүт хамсаппата. Кыһыйыан быатыгар, биир да массыына тохтуур аата диэн суох. Ыарыытын тулуйа сатыы-сатыы, тураары үнүөхтээн бодулана сыттаҕына, хата, биир массыына сыыйылыннаран кэлэн тохтоото уонна эдэркээн баҕайы нуучча уола тахсан, көмөлөһөн киирэн барда. Дьэ, кыах суоҕа сүрдээх буолар эбит – Мэкиэрэ оҕотун кэриэтэ саастаах уол туруора сатыырыгар тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суох буолан биэрдэ. Киһитэ чахчы кыахтаах буолан, эмээхсин эрэйдээҕи сэрэнэн, көтөҕөн ылан массыынатыгар олордубута уонна «Суһал көмө» ыстаансыйатыгар илдьэн быраастарга туттарбыта. Мэкиэрэ эрэйдээх абыраабыт уола ким диэн ааттаах эбитин ыйыппакка да хаалбыта, арай баһыыба-махтал тылын баҕас этээхтээбитэ. * * * Ыарыһаҕа хамсаары гыммытын көрөн, хантан эрэ дьуһуурунай сиэстэрэ сыбыгырайан кэлбитэ уонна холку баҕайытык эпэрээссийэтэ этэҥҥэ ааспытын, билиҥҥи туруга туох да куттала суоҕун сиһилии быһааран биэрбитэ. Хата, дьонугар биллэрбиттэр эбит, онон арыый уоскуйбут киһи быһыытынан Мэкиэрэ арааһы бары эргитэ саныы сыппыта. Эбэлэрин алгыһа Даачата хайдах эрэ тураахтыыр? Үүнээйитэ? Били, саҥа күтүөтэ туохтааҕар да ордорон сөбүлүүр аһа – анаан-минээн үүннэрбит тыыкыбата? Малината, моонньоҕоно, араас сибэккитэ? Ити курдук бииртэн-биир үүнээйитэ «оттон миигин тоҕо умуннуҥ?» диэбиттии, субу көстөн кэлэргэ дылы буолла. Арай ааспакка-арахпакка сүрэҕин быһыта туппахтаан, баарын биллэрэ сатыыр туох эрэ баар. Сиккиэр тыал сипсиэриттэн сэниэлэнэн ылбыттыы, тугу эрэ сибигинэйэ сатаан муҥнанар ити туох эбитэй? Ии, хатыҥчаана эрэйдээх эбит дии... барахсаммын даа... Мултуйан хаалбыт умнаһыттан эбии салаа үүнэн, бэрт аҕыйах
лабаалаах да буоллар, өлбөт-бохтубат бигэ санааланан, аламай күн сырдыгар тардыһан үүнэ сатыы тураахтаатаҕа. Иллэрээ сыллаахха алта саастаах сиэнэ Дабыыт тастыҥ быраата Эристиинниин мэниктээн иликичийэ сатаан баран, эһэлэрэ Бикиэрий бокуонньук гарааска дьылыччы уурбут быһах эрбиитин булан, ол хатыҥчаан эрэйдээҕи быһа эрбээн кэбиспиттэрэ. Сатаналарыҥ улаханы кыайбыт курдук, ол үрдүнэн ойуоккалаһыы, лабаатын тосту тардан далбаатаһыы буола сырыттахтарына, Мэкиэрэ дьиэттэн түбэһэ тахсан тос мааскаларын көрдөрбүтэ – ол лабааларынан иэннэрин хастаабыта. Кыргыттара, били, оҕолорун көмүскэһэр бэйэлэрэ бу сырыыга ньим барбыттара: кырдьыга, ол кэнниттэн бары даҕаны уку-суку буолбуттара. Бу даачаны кэргэнэ Бикиэрийдиин өр көрдөөн, нэһиилэ булан атыыласпыттара. Уһаайба урукку хаһаайына кэлтэйдии байар туһугар охтубут урааҥхай быһыылааҕа: тиэргэнин аҥаара – гараас, мастарыскыай, оттон аҥаара хортуоппуй буолата этэ. Бадаҕа, наар массыына өрөмүөннээн, араас тэрилтэҕэ хортуоппуй туттаран, онон кыаҕыран олорбут омуктар үһү. Ол тухары, саараама – сибэкки, быһата, күөх үүнээйи эҥин диэн мылыччы суоҕа. Маҥнай атыыласпыт күннэригэр Бикиэрийин, оччолорго ыал буола илик кыргыттарын кытары «араас үүнээйитэ олордуохха, даачабытын киһи билбэт гына тупсарыахха, сибэккинэн симиэххэ» диэн санааҕа кэлбиттэрэ. Ол кэнниттэн сыал-сорук туоларын туһугар, дьэ, турунардыы туруммуттара. Мэкиэрэ куораттан быдан ыраах тыаҕа төрөөбүт-үөскээбит киһи сиэринэн, дойду күүстээх тардыылааҕын, киһи дьылҕатыгар ол сүдү оруоллааҕын Бикиэрийинээҕэр үчүгэйдик өйдүүрэ. Кыратыгар (сэрии кэннинээҕи сылларга) дьонун кытта эһэлээх эбэтин дойдуларыгар – бөһүөлэктэн 5-6 биэрэстэлээх Тэҥкэҕэ – олорбуттара. Дьэ, онно этэ чээлэй күөх айылҕаны кытта алтыһыы диэн! Эбэтэ Ылдьаана эмээхсин сытыы-хотуу, дьорҕоот да соҕус буоллар, түгэн көһүннэҕинэ, хайаан да сирин-уотун аһатар, тугу эрэ алгыыр үгэстээҕэ. Биирдэ сиэннэрэ Мэкиэрэлээх Мэхээскэни батыһыннаран туруорбах балаҕаннарыттан чугас, үтүктүспүт курдук сэлэлии үүммүт хатыҥнаах томторго, аҕалбыта. Обургу кыыс онно оонньуур курдук дьэрэкээн туос иһиттэр саламаҕа тиһиллэн туралларын кэрэхсии көрбүтэ. – Тоойдоруом, дьэ, бу сиэннэрбин – эһигини – ытык сирбэр аҕаллым. Көрүҥ, бу лагласпыт хатыҥнары. Ийэм аах, ол аата эһиги хос эбэлээх эһэҕит сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх, хонуу муҥунан хороҕор муостаах сүөһүлэнэн, бу Тэҥкэҕэ хас эмэ үйэҕэ силис-мутук, тымыр-сыдьаан тардан, уруу-аймах тэнитэн быргыччы олорбуттара. Ол тухары бу хатыҥнар барахсаттар умса түһээри гыннахтарына, үрүҥ тыыннарын өллөйдөөн, өрүү көмө-имэ буолан турдахтара. Барахсаттарбын туох баарбынан маанылыыбын, үҥэбин-сүгүрүйэбин, – диэн баран, эбэлэрэ Ылдьаана мааҕын буһарбыт алаадьытыттан аар хатыҥ анныгар уурбута. Ол кэнниттэн: – Мэниктээтэргит даҕаны, бу саламалары төрүт тыытаайаҕыт. Онтон киһи-хара буоллаххытына, атын дойдуга кийиит-күтүөт буолан бардаххытына, бу сэлэлии үүммүт хатыҥнартан сөбүлүү көрбүт дьоҕус хахыйаххытын талан, көһөрөн илдьэн үүннэрээриҥ. Ол иинэҕэс хахыйаххыт чэчирии үүнэн силигилээн таҕыстаҕына, уһун дьоллоох олохтонуоххут, араас очурга оҕустарыаххыт суоҕа, – диэн эбэн эппитэ. Ийэтин атаах оҕото Мэхээскэ, сотору соҕус буолаат, эбэтэ сэрэппитин истибэккэ, саламаҕа баар тордуйалары дьиэтигэр илдьэн оонньообута уонна соһуччу ыалдьан хаалбыта. Дьоно
улаханнык аймаммыттара, ордук эбэлэрэ Ылдьаана буорайа сыспыта. Хата, Мэхээскэ, баччаҕа кэлиэх быатыгар, өрүттүбүтэ, өр соҕус ыалдьан баран үтүөрбүтэ. Тымыр-сыдьаан тардыы төрүөтэ Мэкиэрэ Дьокуускайга Бикиэрийин кытта холбоһоот, даачаланар эҥин туһунан санаан барбыта. Били, эбэтэ Ылдьаана эппитин санаан «кырдьык, төрөөбүт сирбиттэн-уоппуттан хатыҥ аҕалан олордубут киһи баар ини» диэн санаата батарбат этэ. Ол гынан баран куорат сиргэ даачата-тойо суох эрээри ханна олордуой?! Күн-дьыл биир сиргэ хаһан турбута баарай, оҕолоро улаатан, устунан атахтарыгар туран барбыттара. Бастакы кыыһа Раймонда, хата, ким-хайа иннинэ ыал буолан, аны бэйэтэ үс кыыстанан, туспа көспүтэ. Оттон Альбертиналаах Ангелината, саастара төһө да ырааттар, ыал буолар санаалара кэм да суоҕа. Ити гынан баран туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх: Мэкиэрэ саҥа даачаланаат, Бикиэрийин олорпот да, туруорбат да гына «төрөөбүт Тэҥкэбиттэн хатыҥна аҕалан олордуох» диэн, моһуйан тахсар буолбута. Биирдэстэрэ «чугас хатыҥ суоҕар дылы, оччо ыраах айаннаан айгыстыыһыбыт дии» диэн, маҥнай ончу буолумматаҕа, онтон хайыай – сөбүлэһэргэ тиийбитэ. Эһэлээх эбэтин өтөхтөрүн омооно эрэ хаалбыт этэ, ол гынан баран Синньигэс Үрэх халдьаайытыгар турар аарыма тииттэр, аларга лагласпыт хатыҥнар, өссө саамай дьиктитэ, тэлгэһэлэриттэн адьас чугас, хаптаҕастаан сиир аҥхайдарын аттыгар үүммүт чымаан үрдүк тиит урут хайдах этилэрэй да, кур бэйэлэрэ кубулуйбатах курдуктара. Бэл, ол тиит чыпчаалыгар суор хохоллон олороро төрүт былыргыны санатара. Ким билиэй, баҕар, инньэ Мэкиэрэлээх өбүгэлэрин саҕаттан сылдьар суор буолуо. Мэкиэрэ, били, сурдьа Мэхээскэни кытта эбэлэрин батыһан тиийбит сирдэрэ бүтүннүү хатыҥ буолан, налыйан-наскыйан аҕай турара. Бикиэрийин кытта сэрэнэн, биир дьоҕус хахыйаҕы кырыстары-майырдары түөрэн, наһыылкалаан, биэрэстэлээх сиринэн соскойдоһон чагда үрдүгэр нэһииччэ таһаарбыттара. Дьокуускайга сууккаттан ордук айаннаан, даачаларыгар аҕалан олордубуттара. Туох барыта көрүүттэн-истииттэн тутулуктаах. Даачалара аҕыйах сыл иһигэр киһи билбэт буола уларыйбыта: хас эмэ акаассыйа, кып-кыһыл отоннордоох рябина, черемуха, бузина, бэл, яблоня, маны таһынан арыы саһыл отонноох долохуна, дөлүһүөн, хас эмэ суорт моонньоҕон, хаптаҕас, Халыма уохтата, малина, дьэдьэн, клубника, оттон сибэкки арааһын этэ да барыллыбат. Тэҥкэ хахыйаҕа, маҥнай утаа сирин-уотун атыҥырыах курдук гынан иһэн олохтоохтук оннун булбута; былыттаахха көстүбэккэ, хаппахчытыгар саһан сыппыт кыыс оҕо күтүөт бэртэрин ымсыырда, ситэн-хотон тахсыбытыныы, кэрэ-мааны көрүҥнэммитэ. Баҕар, ол да иһин буолуо, сотору соҕус Мэкиэрэлээх икки кыыстара ыал буолбуттара, сиэн бөтөстөр – Дабыыттаах Эристиин (кэлин өссө Тимир) – өрөпөөннөнөн кэлбиттэрэ. Даачалара маннык уларыйбытыттан Бикиэрийэ дэлэлээх үөрбэтэҕэ, өлүөн эрэ иннинэ улахан сиэнэ Дабыыты көтөҕөн туран «чэ уонна мантан антах этэҥҥэ олорооруҥ» диэбиттии, илиитин быраһаайдаһардыы көтөхпүт хаартыската өйдөбүнньүк буолан, эркиҥҥэ ыйанан турар. Ону баара, чаччырҕа сиэннэрэ Дабыыттаах Эристиин ол хатыҥчааннара эрэйдээҕи быһа эрбээн муҥур оҥордохторо... Мэкиэрэ көрбөттөрүгэр хараҕын уутунан сууна-сууна, өйүн-санаатын олоччу ууран, кыра оҕолуу бүөбэйдээн, хатыҥнара барахсан силигилээн тахсыбыта. Туохха барытыгар дьаныар, кытаанах бигэ санаа баар буоллаҕына,
ол хаһан да быстыбат-бэттибэт. Орто дойдуга кэлбит аналбыт, көр, оннук. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан