Кэпсээ
Войти Регистрация

Хойутаабыт "бырастыы"

Главная / Кэпсээн арааһа / Хойутаабыт "бырастыы"

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
03.08.2018 16:19
Киһи барахсан күн анныгар, Орто дойдуга араас быһылааҥҥа, түгэҥҥэ түбэһэр. Бу мин кэпсиирим 1960-с бүтүүлэригэр этэ. Оччолорго 20-лээх уол, Ийэ дойдубар ытык иэспин толоро Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар кэмим этэ. Алта саха уола, Узбекистаҥҥа тиийэн, Ташкент куораттан “Антошка” көтөр аал 1 чаас көтөр Тахма-Таш куоратын таһыгар сылдьыбыппыт. Эдьигээнтэн К.Винокуров, Кэбээйиттэн С.Гуляев, Хаандыгаттан В.Баишев, Бүлүүттэн Ю.Васильев, мин. Чааспытыгар араас омук баара. Бэрээдэк кытаанаҕа этэ. Увольнениеттан арыгы сыттаах кэл эрэ – гаупвахтаҕа ыыталлара. Спордунан сөбүлээн дьарыктанарбыт. Бириэмэлэннибит да перекладиналарга, ханаакка эрчиллэрбит. Кыанар да уолаттар бааллара! Читаҕа Бада-2 ыстаансыйаҕа ШМАС үөрэҕин бүтэрэн, авиамэхээнньигинэн сулууспалаабытым. Киирии тыл кэриэтэ кэпсээтэххэ итинник. Сыл буолтум кэннэ үчүгэй сулууспам иһин дьиэбэр уоппускаҕа ыыппыттара. Кыһын этэ. Дьоммун-сэргэбин көрсөн, дуоһуйа сынньанан турабын. Оччолорго Дьокуускай бүтүннүү мас дьиэ этэ. Төннөрбөр пуорка сөмөлүөт хойутаан түспүтэ. Дьону түүннэри түбүгүрдүмээри, сарсын эрдэ кэлэр киһи сиэринэн баксаалга хонор буоллум. Таах олоруохтааҕар хаама сырыттым. Хаасса аттыгар миэхэ кэннилэринэн туран икки кыыс кэпсэтэллэр. Ол быыһыгар дьонуҥ: «Ити кыра баҕайы нуучча уолун аармыйаҕа ылаллар эбит дии!” — дэһэллэр. Күлсэллэр. Кырдьык, оччолорго мин үрдүгүм балтараа миэтэрэ, ыйааһыным 50-ча кг буолаахтыа. Туораттан көрдөххө, лаппа кыра буолуохтаахпын. Ийэм сахатын иһин, аҕам нуучча буолан, этэргэ дылы, тас көстүүм – тоҥ нуучча. Ис дууһам – саха. Эмискэ дьээбэлэниэх санаам кэллэ. Кыргыттарбар тиийэн: «Хас чаас буолла?» — диибин. Дьиҥэ, харыбар чаһылаахпын. Кыргыттарым улаханнык соһуйдулар. Бэйэ бэйэлэрин өйдөөбөтөхтүү көрүстүлэр. Онуоха хатылаан ыйыттым. Дьэ, онно күлсэ түһээт: «Ээ, саха эбиккин дуу?» — дэстилэр. Дьэ, ол кэнниттэн хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьон курдук, толло, кыбыста барбакка, уубутугар-хаарбытыгар киирэн, кэпсэтэн бардыбыт. Сотору соҕус буолаат, саастааҕа ханна эрэ барда. Эдэриниин кини кэлиэр диэри диэх курдук кэтэһэр саалаҕа киирдибит. Дьон элбэҕэ сүр. Муостаҕа олорооччулар бааллар. Биһиги биир муннугу булан, олохсуйдубут. Кыыһым Хатастан сылдьарын, лабараанныырын эттэ. Сарсыарда эрдэ оптуобуһунан барар эбит. Үчүгэй баҕайы бэрэски өйүөлээх буолан биэрдэ, ону сиэтибит. Иннибитигэр кыра оҕолоох эдэр нууччалар олороллор. Эр киһитэ кыыһым көрбөтүгэр дьээбэлээн, илиитинэн: «Кыыскын куус» — диэн бэлиэ биэрэр. Хантан, мин тыа кэнэн уола муҥнаах, баҕа баһаам да, куттанан кууспатым. Тоҥмут чыычаахтар курдук кэкэлэһэ олорбутунан хонон турдубут. Сарсыарда дьон турар тыаһыттан уһуктан эмиэ бэрэскибитин үссэннибит. Кыыспыттан аадырыһын анаан ылан, кырдьык-хордьук суруйуох буоллум. Төннөрбөр хайаан да таарыйыах буолан, чаһыбын ииллим. Сулууспалыыр чааспар тиийээппин кытта аҕыйах хонон баран эмискэ түүн “Тревога” буолла. Көһөр буоллубут. Хаһаарымаҕа тугу да ордорбоккун. Устуул, остуол, туумба, орон – барыта массыынаҕа тиэйиллэр. Ону богуоҥҥа хаалаатыбыт. Ол кэннэ тимир суол устун Казахстан уҥуоргута көстүбэт улуу истиэбинэн күнүстэри-түүннэри хас да күн айаннаан, Балхаш күөлгэ тиийдибит. Бу күөлбүт улахана биһиэхэ омуна суох муора курдук көһүннэ. Өҥнөөх
тимир уһаарар домен оһохтор халлааҥҥа харбаспыт турбалара күннэри-түүннэри хара буруонан уһаарда тураллар эбит. Олохтоохтор ону сөбүлээбэттэр эбит этэ да, хайыахтарай. Хаһаарымабыт ситэ оҥоһуллубутах буолан, балааккаҕа олорон аҕыйах кэмҥэ онно үлэлээбиппит. Ону бүтэрээт, дьэ, хаһаарымабытыгар киирэн, олохпутун-дьаһахпытын булунан дьиҥнээх сулууспа саҕаламмыта. Күнүстэри-түүннэри көтүү саҕаламмыта... Кыыспар суруйуохтаах этим да, аадырыһын суруммут блокноппун, били, ыксал көһүү кэмигэр сүтэрбит этим. Кыыһым албыннаабыт эбит диэҕэ диэн, өр утуйбакка эрэйдэммитим. Саатар дембеллэнэн иһэн таарыйар санаалааҕым. Ону баара, оруобуна “Ийэҥ ыарыйда, кэлэ оҕус” диэн сурук туппутум. Онон эмиэ табыллыбатаҕа. Биир сыл буолан баран, куоракка киирэн киинэ мэхээнньик кууруһугар үөрэммитим. Саас биир атаспын кытта Хатаска кыыспын көрсөн быһаарсар санаалаах тахса сылдьыбыппыт. Көрдүү сатаабыппыт да, булбатахпыт. Ханна эрэ барбыт этэ. Билигин кини ыал ийэтэ, эбэтэ буолан олордоҕо. Оттон мин үйэбэр сүгэһэр оҥостубут санаабын хойутаан биллэрбиппэр хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан туран, көрдөһөбүн, баһаалыста бырастыы гынаргар. Аны, кэлэн тугу оҥоруом баарай. Василий Ефимович Николаев, Өлөөн.
kyym.ru сайтан