Кэпсээ
Войти Регистрация

Аныгы сэрииһит суруга

Главная / Кэпсээн арааһа / Аныгы сэрииһит суруга

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
27.07.2018 15:58
Эрэллээх доҕор Мин Арзу Балоевы кытта аармыйаҕа сылдьан ыкса доҕордоспутум. Биһиги чааспытыгар Саха сириттэн ким да суоҕа. Көрдөхпүнэ, бары да нуучча быһыылаахтара. «Молодуой», эбиитин наар соҕотох сылдьар омук буоламмын, диэмбэллэр син добуочча киэптииллэрэ. Аармыйаҕа былыр-былыргыттан оннук сыһыан баарын истэн-истэн улааттаҕым, онон «кылаабынайа, тулуйуохха, мин да диэмбэл буолар кэмим кэлиэ» диэн кыһаммат этим. Биирдэ икки диэмбэл сержант (Вла­димир уобалаһын уолаттара) түө­һүл­лэҥнэһэн киирдилэр да, туумбабар нө­рү­йэн сурук суруйа олордохпуна, ыарыылаах соҕустук кэтэххэ оҕус­тулар. Мин бач­чааҥҥа диэри тулуйан сылдьыбытым ханна барбыта эбитэ буолла – ойон турдум да чугас турар уолу уҥа сутурукпунан аллараттан өрө баһан сэҥийэҕэ ньиргиппиппэр кууллаах бурдук суулларын курдук, муостаҕа ньылк гына түстэ; иккис уол маатыра-куутура бөҕөтүн түһэрэн, уолукпуттан харбаан ылбытыгар тутуу былдьаһан, түөһүттэн ыга тардаат, төбөбүнэн муннуга саайдым. Дөйөн, хаана ыһыллыбытынан сонно нукус гынан хаалла. Кубрикпыттан көрүдүөргэ ыстанан тахсыбытым – биэс-алта диэмбэл миигин көрдө-көрбүтүнэн бу иһэллэр. «Сиир буоллулар» диэн санаа элэс гынан ааста. Кэккэлэһэ кубрикка бэйэм курдук «молодуойдар» бааллара да, миэхэ ким да көмөлөһөр санаата суоҕа. Арай бэйэм кубрикпыттан (эрдэ өйдөөн көрбөтөх эбиппин) киппэ көрүҥнээх хапкаас уола ойон таҕыста уонна көмүскүүр киэбинэн иннибэр хаххалыы турунан кэбистэ. Диэмбэллэр, киһи эрэ буоллаллар, чаҕыйдылар бы­һыы­лаах: тэйиччи туран, муут-маат бөҕөтүн түһэрэн баран, саҥардыы алтахтаан турбут сержаннарын кытары хаһаа­ры­маттан тахсан барбыттара. Ол кэннэ чугаһаабатахтара, оттон дойдулуохтарын иннинэ букатын даҕа­ны көстүбэт буолбуттара: «молодуойдар элбэх буолан саба түһүөхтэрэ» дии санаатахтара. Дьэ, итинтэн ыла Арзу Балоевы кытта доҕордоһон, иннэлээх сап курдук сылдьар буолбуппут. Аармыйа кэнниттэн даҕаны сибээспитин быспатахпыт. Бэл, эрдэттэн болдьоһон Тур­ция­ҕа бииргэ сынньаммыппыт. Олоҕу көрүүбүт биир со­ҕус этэ эрээри, мөккүһэр тү­гэм­мит элбэҕэ. Табаарыһым мэлдьи кэриэтэ биири этэрэ: «тэлэбиисэргэ, бэчээккэ баар иһитиннэриини сүүс бы­рыһыан итэҕэйбэт буол» диэн. Эдэр буоламмыт эбитэ дуу, арамаантыкаҕа олус охторбут: туох эрэ хорсун быһыыны – уратыны – оҥорбут киһи диэн саныырбыт. Биирдэ Интэриниэтинэн «үтүө ба­ҕабытынан ИГИЛ (Исламское государство Ирака и Леванта, Арассыыйаҕа бобуулаах) диэни кытары сэриилэһэ Сирияҕа барыах, Турцияҕа маннык аадырыска кэл» диэн Арзуттан сурук туппутум. Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй – Турциялаабытым. Төрөппүттэрим мин кырабар суорума суолламмыт буоланнар, чугас ки­һим тастыҥ эдьиийим эрэ этэ. Онон киниэхэ тугу да эппэккэ, табаарыстарбыттан кытта кистээн айаннаатаҕым ол. Хата, урут сылдьыбыт буолан, туох да моһуогу көрсүбэккэ Турцияҕа – били, Арзу Балоевтыын болдьоспут сирбитигэр – тиийбитим. Табаарыһым курд омуктары – тугу барытын суһаллык быһаарар хоһуун дьону кытта – сибээстэспит этэ. Урутаан эттэххэ, дьиҥнээх дэмэкирээттии сыһыан, хата, бу омуктарга баар эбит. Эр киһи-дьахтар диэн арахсыы суох: хамандыыр дуоһунаһыгар кытта барытын быыбар эрэ бы­һаа­рар. Саҥа сиргэ Сирия – балачча улахан дойду. Турцияны кытта сэр­гэстэһэ сытар. 14
аҥаар мө­лүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэ­лээх. 90 бырыһыана – араап омук. Курд, армян да элбэх. Итэҕэллэрэ: сунниттыы – 74, мусульманныы (шииттэр, ала­виттар) – 16, христианныы (гректэр, армяннар) – 10 бы­ры­һыан. Аангылыйа тылын билэриҥ хайаан да наада эбит. Таҥас биэрэллэр эрээри, пуормалара модороон баҕайы, онон кыһалҕаттан эрэ кэтэр киһи элбэх. Хата, наскыны, быһата, атах таҥаһын эрдэтинэ хааччыммыт ордук эбит. Бинтиэпкэҕин эҥин ыраастыыргар анал тэрилэ суох буоллаххына, эрэйи эҥээр­гинэн тэлэр дьылҕаланаҕын. Баҕа өттүнэн, сүнньүнэн, Дьобуруопаттан, Эмиэрикэттэн, Австралияттан хото кэлэллэр. Биһиги кэккэбитигэр кытайдар, ираннар, туроктар эмиэ бааллар. Ол эрээри биир да нууччаны (саханы этиллибэт даҕаны) көрбөтүм. Эмиэрикэттэн, Аангылыйаттан кэлбит дьон Иракка, Афганистаҥҥа сэриилэспит уопуттаахтар, онон кинилэр ат­тыларыгар төһө эмэ көмүскэллээх курдук сананаҕын. Биһиги курдук үтүө баҕа­тынан кэлбит сэрииһити өлөр­бүт джихадиска «ИГ» салалтата 500 дуоллары тө­лүүр үһү. Онон биһигинньиктэри өлөрөн хар­чыланыан баҕалаах элбэх буолсу. Доброволецтары тоҕо эрэ сэриилэ­һиннэрбэт буола сатыыллар. Ол эрээри ханнык этэрээккэ түбэспиккиттэн быһыылаах: Аангылыйаттан кэл­бит биир уолу (урут Афга­нис­таҥҥа сэриилэспит) курдтар ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьаллар, адьас Рэмбо курдук дииллэр. 40-чалаах биир табаарыс, Юго­славияҕа сэриилэспит доброволец, «калашниковынан» тааҥканы кытта хайдах киирсэри сүбэлиир — перископтарын хампарыта ыттахха, тааҥка экипаһа тугу да көрбөт буолар үһү. Биир бэйэм тааҥка чугаһаабатар ханнык диэн санаалаахпын. Үтүө баҕабытынан кэлбит буоламмыт, биһиэхэ харчы диэни саараама төлөөбөттөр. Туохха эмэ наадыйдахха, хамандыырга тиийэн этэбит, холобур, тиис суунар паастаны, кэмпиэти, кофены, утаҕы диэн. Оччоҕо соторунан босхо аҕалан биэрэллэр. Дойдум аһын ахтабын. Хаарыаны, маннык куйааска сөрүүн суораты сиэбит, көөнньүбүт быырпаҕы испит киһи баар ини! Манна чуҥкук соҕус. Ус­тар күнү быһа окуопаҕар дьы­лыйан олороҕун. Арай со­то­ру­таа­ҕыта регулярнай аармыйа сөмөлүөттэрэ «игиллэр» хорҕо­йон сытар сирдэрин түүнү быһа буом­балаабыттара. Итиччэлээх лүҥ­сү­йүү-дирбийии кэнниттэн, ама, инчэ­ҕэй эттээх ордубут үһүө диэххэ дылы. Киинэҕэ көрдөххө, итиччэ буом­балааһын кэннэ пехота атаакалыыр. Оттон манна биһигини ким да атаакалата сатаабат. Күнү-дьылы халтайга ыытар курдукпут. Букатын буорайыах дьону, хата, Интэриниэт баар буолан абырыыр (онтубут даҕаны саҥардыытааҕыта эрэ баар буолбута), сонуну онтон истэбит. Чуҥкуга бэрдиттэн «атын сиргэ көһөрүҥ» диэн сайабылыанньа биэрдибит. Саҥа сиргэ кэлэн, дьэ, сэрии тыынын истэр курдук буоллум. Холобур, тэйиччи минэмиэт «бүл» гынар, онтон аҕыйах сөкүүндэ буолаат, миинэ ыйылаан кэлэр да эстэн дэлби барар. Дьолго, ким эмэ бааһырбыта биллибэт. Ол эрээри өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕа эйигиттэн чугас баарын эккинэн-хааҥҥынан билэҕин. Биир табаарыспыт сынаайпар буулдьатыгар өттүккэ таптаран суорума суолламмыта. Муҥар, ол күн өҥүрүк куйаас этэ. Дьиҥэр, өлүө суохтааҕа буолуо эрээри, биинтэ диэн чугас эргин суоҕа. Хаана тоҕо баран (буулдьа тымырын быһа көттөҕө), түргэн ба­ҕайытык өлбүт. Ол кэмҥэ аттыгар баар дьон (курдтар) суһал көмөнү сатаан оҥорботохтор. Саҥа сиргэ бараары туран суһал көмөҕө аналлаах бакыатта аҕалыҥ диэн көрдөһө сатаабытын,
өлүөх быата тартаҕа, хамандыыр «онно тиийэн тугу баҕараргытын ылыаххыт» диэн аккаастаабыта. Манна туох кэлиэй – суохтан атыны билбэттэр. Барыта ити курдук буолан иһэр. Били, дьиэҕэр-уоккар олорон саныырыҥ курдук буолбатах. Сэрии толооно (дьиҥэр, манна хантан сыһыы-толоон кэлиэй) диэҥҥэ убаҕаһынан пырылатаргын эмиэ саныахтаах эбиккин. Доброволецтар түөрэ бары испит ыалдьан сору көрөбүт. Ол барыта – туспа дойду аһыттан-үөлүттэн, чыҥха атын килиимэтиттэн. Түүнүгүрэн хаалбыт лаваш, ириис, фасоль. Сарсыарда аайы – түүнү быһа ороһуолга сыппыт сыыр. Маныаха холоотоххо, хортуоска – ырай аһа! Уол оҕо дьолуота Үрдээтин Уу сахалыы толкуйдаан көрдөхпүнэ, бу сэриини арҕаа дойдулар күөртээ­тилэр, онуоха эмиэрикэлэр уокка арыыны кутан биэрэллэр. Сэрии сэбин (эргэлэрин) Сирия бөөхүллэ аармыйатыгар куду аспыттара «ИГ» уонна «Аль-Нусра» (Арассыыйаҕа бобуулаах) диэн эмиэ исламистыы бөлөхтөр илиилэригэр тиийбитэ эрэ баар. Аны ол бөлөхтөргө урукку Сэбиэскэй Сойуус өрөс­пүүбүлүкэлэриттэн кэлэн сэриилэһэллэр. Хайа да омук­тар­дааҕар, дьэ, баларыҥ ордук сэрии­һиттэр. Аны туран, аныгы сэрии сэбин талбыта баар дьоно. Атаакаҕа, ымыр да гыммакка, турбутунан киирээччи – кинилэр. Төрүт куттамматтар. Өллөх­пүтүнэ, тута ырайга тиийэбит дииллэр үһү. Маннык дьону сайдыы хайа эрэ кэрдиис кэмэ үөскэттэҕэ. Аат дьуоҕатыгар көөнньөн, сытыйан-ымыйан тахсыбыт көлүөнэттэн туох аанньаны күүтүөҥүй?! Туох эмэ үтүө-кэрэ үөскүө диэн саараама даҕаны. Ити барыта – арҕаа судаарыстыбалар бэлиитикэлэрэ. «Ислам судаарыстыбата» үөскээһинэ, ситэн-сириэдийэн тахсыыта – эмиэ кинилэртэн. Билигин «норуот этэрээтэ» диэҥҥэ баарбын. Табаарыспын Арзу Балоевы биир дойдулаахтара – хапкаастар – соһуччу ыҥыран ылбыттара уонна букатын атын сиргэ илдьэ барбыттара. Ол барыта – чып кистэлэҥ. Бэл, быра­һаай­даспакка да хаалбыппыт. Билигин ханна эрэ сырыттаҕа, тугу гынарын ким билиэй. Сэрэйдэххэ, саба түһэр бөлөххө ыллахтара. Биһигини таһынан «дьах­таллар ду­ру­сууналара» диэн баар. Кинилэр бэ­йэлэрэ туспа хамандыырдаахтар, ол эрээри син биир биир өстөө­ҕү – «игиллэри» кытта – сэ­рии­лэһэбит. Христианныы итэ­ҕэл­лээх омуктар эмиэ туспа милииссийэ диэннээхтэр. Ону таһынан арааптар этэрээттэрэ баар. Атылыыбыт диэн, сэппит-сэбиргэлбит биир: сэбиэскэй саҕанааҕы уонна НАТО киэннэрэ. Бинтиэпкэ, кыранаата, гранатомет, бүлүмүөт, бууска. Аныгы сэрии сэбин өлбүт боевиктартан эрэ ылабыт. Кинилэр хааччыллыылара бары өттүнэн оһуобай. Этэрээппит балтараа сүүсчэ киһи­лээх. Ким туох эбээ­һинэстээҕэ биллибэт. Арай аптамаатчык, бүлү­мүөт­чүк, сынаайпар, суоппар диэн уратылаахпыт. Дьуһуурустуба­ҕа, ол-бу илии-атах үлэтигэр – барытыгар бииргэ сылдьабыт. Холобур, хамандыырбыт эрэдэбиэйдэри кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлиир. Сааспыт ха­һын этэр буоллахха араас: отуччалаахтар элбэхпит, бэл, 15 саастаах уолаттар кытта бааллар. Ол эрээри эдэр дьону харыстыы сатыыллар: ууга-уокка киллэрбэттэр. Дьээбэтэ диэн баар: итиччэ аһынар эрээри, курдтар «сырдык идиэйэ» туһугар олохторун толук ууран, өстөөххө тиийэн дэлби тэптэринэр ыччат дьону олус ытыктыыллар. Аһаҕас атаакаҕа киирэн буулдьа аһылыга буолуох кэриэтин итинник өлөр үчүгэй диэн ааҕаллар. Киэҥ сири хабан өлөр-тил­лэр сэ­рии­лэһии диэн суох. Сирэ-уота да он­нук быһыылаах. Үксүгэр эмискэ саба түһэн баран, мэлис гынан хаалар
ньы­ма икки өттүттэн туттуллар. Сүрүн «ку­йахтаах тиэхиньикэлэрэ» – куусабыгар улахан бүлүмүөттээх, минэмиэттээх «пикап» диэн ааттаах дьоҕус массыына. Биһиги тайаан сытар сирбитигэр аҕыйах тааҥка уонна БМП баар. Курд­тар тиэхиньикэҕэ сыстаҕаһа суохтарын ааһан, тугу да харыстаабаттар. Уопсайынан да­ҕаны, бу омуктар байыаннай дьыалаҕа түҥ хааһах кэриэтэлэр, бэл, окуопа да хас­тыбаттар. Арааптардааҕар эрэ арыый ордуктар диэххэ сөп. Кылгас кэм иһигэр үс курд бинтиэпкэни сыыһа туттан бааһырда. Ол эрээри тиистэригэр диэри сэбилэммит «игиллэри» кытары бэркэ кыргыһаллар. Сирия уонна Ирак регулярнай сэриилэрэ ити чааһыгар быстар мөлтөхтөр. Курдтар хорсуннар уонна олус түмсүүлээхтэр. Кэлбиппин кэмсиммэппин. Ол эрээри сотору дойдубар төннөр санаалаахпын. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан