Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэскил иһин өсөһөн туран
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэскил иһин өсөһөн туран
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.07.2018 15:44
Киһи олох оллуругар-боллуругар оҕустарбатаҕына, этинэн-хаанынан билбэтэҕинэ, атын дьон кыһалҕатын өйдөөбөт быһыылаах... Атаһым оҕо сылдьан, оһолго түбэһэн өлбүт буолан, кыра эрдэхпиттэн олох туһунан элбэҕи толкуйдуурга үөрэммиппин. Олох суолтатын хас биирдиибит хайдах өйдүүрүнэн быһаарыан сөп. Кытаанах ытарчаҕа түбэспит, ойдон, тостон сууллубакка, сырдык ыра иһин бүтэһигэр диэри охсуспут өрүү ахтылла туруо! Бу дьон курдук санаабытын бөҕөргөтөн сылдьыахтаахпыт. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан саҕалыым. Оскуолаҕа куруук учуутал оҕото аатыран, дьонтон-сэргэттэн өрүү туора тутуллар этим. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум миигин кытта ирэ-хоро кэпсэппэт, туора тутар этилэр. Табаарыс, атас оҥостуохтарын кэриэтэ, үлтү түспүттэрин ордоруох курдуктара. Онтон сылтаан соҕотоҕун сылдьарбын ордорорум. Дьонум бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын көрө-билэ сылдьан көмөлөһөр кыаҕа суохпуттан олус хомойорум. Аҕам “аһыы утаҕы” аһара аһаан-сиэн, бэйэтин да билиммэт буолуор диэри “дьүһүн кубулуйара”. “Аһаабакка” сырыттаҕына киһи киһитэ, “тоттоҕуна” тосту уларыйаахтыыра... Киһиэхэ ийэтиттэн күндү туох да суох. Ийэм эрэйдээх санааҕа ылларан сылдьаахтыыра. Ол иһин кыһалҕабын кимиэхэ да кэпсээбэккэ, хаайтаран, маска-окко, кыылга-сүөлгэ кэпсээн чэпчиирим. Аҕабын үлтү сынньан, тырыта тыытан кэбиһиэхпин ийэм тохтоторо. Бу курдук дьону кытта бииргэ сылдьыбатаҕым. Үөлээннээхтэрбиниин биирдэ да эн-мин дэһэн, оонньоон-көрүлээн ыларбын өйдөөбөппүн. Өрүү соҕотох сылдьан оскуоланы бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн үөрэх туттарсыыта саҕаламмыта. Барыы-кэлии, киирии-тахсыы түбүгэр түспүппүт. Син үөрэхпэр үчүгэй буоламмын, дьоҥҥо туһалаах киһи буолаарыбын, учуутал идэтин талбытым. Этэҥҥэ үөрэххэ киирэн саҥа сырдык олох саҕаламмыта. Саҥа сиргэ, талааннаах оҕолор быыстарыгар сылдьан, олоҕу саҥаттан көрөр курдук санаммытым. Ис кыахпын сатаан туһаммакка сылдьыбыппын билбитим. Дьон араас сирэйин-хараҕын көрөн улааппыт буоламмын, артыыс идэтин интэриэһиргээн киирэн барбытым. Өссө да хайаны дабайар курдук, тахсан иһиэм эбитэ буолуо... Бу курдук үөрэнэ сырыттахпына, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, дьоммун өлөртөөбүттэрэ! Мин инним бу күнтэн ыла хараҥаран барбыта. Ытыс үрдүгэр сылдьар, үөрэхпэр үчүгэйтэн атыннык үөрэммэтэх киһи, аһыы утаҕы иһэн барбытым. Хаһан да испэтэх киһини, кыра да арыгы киирэн төбөбүн сайҕаан кэбиһэрэ... Киһилии киэп түргэнник да ааһар эбит. Итирии-кутуруу, санаа алдьаныыта түргэнник да тыыммын-быарбын быһа туппута. Ол кэми санаатахпына, билигин да сүрэҕим ытырбахтаан ылар! Дьоҥҥо абарыы-сатарыы саҕаламмыта. Өлөрүөхсүттэри бэйэлэрин өлөртөөрү көрдүү сатаабыттаахпын... Дьоҥҥо-сэргэҕэ абарбытым-сатарбытым ынырыга! Хас да түүн утуйбакка сылдьарым. Булан ылан тырыта-хайыта тыытан кэбиһиэх курдук, түүҥҥү куораты кэрийэн тахсарым... Өлөрүөхсүттэртэн биирдэстэрин билэр эбиппин. Кыраттан да кыыһырар этим. Дьон бары миигин утары турар курдук саныырым. Санаан көрдөххө, санаа киһини кынаттыан да, буорга да булкуйуон сөп эбит. Ол эрээри бириэмэ барытын мүлүрүтэр курдук. Бу сыллар тухары төһөлөөх элбэх ыра санаа быстыбыта буолуой. Хас киһи үтүө тыла мин кулгааҕым таһынан чыычаах көтөн ааһарыныы, олохсуйбакка, иҥмэккэ ааһаахтаабыта буолуой... Ол да буоллар инним диэки, көлүөһэтин тыына тэстибит массыыналыы, бара сатаан дьүккүйэбин. Өлбүт киһи төннөр анала суох. Бу дойдуга хаалбыт дьон – дьоммут ситэ
олорботох олохторун салҕаан, ыра санааларын олоххо киллэрэн эрэ баран уоскуйуох тустаахпыт. Ону умнар сатаммат. Туппут хайысхаҕыттан хаһан да туораама. Хараҥа кэнниттэн хайаан да сырдык кэлэр дииллэр. Мин да олохпор син сырдык кыыма саҕыллаа ини! Хараҥаны хайа анньан Киһи аймах хааһы курдук ытыллан, салалтата суох сылдьыбыта буоллар, сир сирэйиттэн симэлийбитэ ырааппыт буолуо этэ. Салайар дьон бэйэлэрин тустарыгар эрэ кыһаллар-мүһэллэр адьынаттаахтар диэн өйдөбүл киэҥник тарҕаммыт. Ол эрээри дьиҥ норуот туһугар туруулаһан охсуспут хаарыаннаах дьоммут ыалдьан, олох очуругар-чочуругар оҕустаран, төннүбэт гына туораан күлүккэ киирдэхтэринэ, ким үтүө тылынан ахтарый?! Салайааччы эрэ барыта биир халыыпка кутуллубут курдук, сиэмэх дьүккүөрдээх буолбат ээ. Оччотугар киһи этэҥҥэ сылдьарын эрэ тухары үтүө киһи аатырар дуо? Бэйэ-бэйэни туоратыһыы, киһи киһини киһи диэбэт кэмэ үүннэ дуу, тугуй?! Сирэй көрбөх, кэннигиттэн сылдьан үөҕээччи илэ мэнээк быһыылаах. Хоп-сип тарҕатан хоппоҥноһор эрэйдээхтэргэ суобас диэн өйдөбүл баарын санатыам этэ. Суобас оонньоотоҕуна, туохтааҕар да ыараханнык дьайарын мин саарбахтаабаппын! Киһини тугун иһин “КИ¤И!” диибитий? Үлэлии сатыыр бииртэн-биир дьоммутун үтүрүйэн, күлүккэ тэбэн, үлэлээбитин, оҥорбутун, үтүө саҕалааһыннарын тоҕо сыыска-буорга тэпсэбитий?! Санаата түһэн сылдьар дьоҥҥо тоҕо көмөлөспөппүтүй?! Эбиитин киртитэн, хам баттаан биэрэбитий? Ама, саха омук оччо кэнэн, кылгас өйдөөх-санаалаах дуо? Куһаҕаны төрөттөххө, куһаҕан өссө күүс-уох ылан төрүү туруон билэр эрээри, тоҕо дьону үтүктэн, ыыстаан-хаахтаан барабытый?! Кыһаллан-мүһэллэн саҥаны киллэрэ сатыыр дьоммутун, салайааччыларбытын, тоҕо тэпсэ, хараарда сатыыбытый? Туохтан сылтаан дьиҥ үлэлии сатыыр дьону туоратан, сири кытта тэҥнии сатыыр идэлээхпит эбитэ буолла?! Тойон буолла да, ыалдьар сүрэҕэ суох, тимир курдук саныыбыт. Кини эмиэ киһи. Бары да буолбатахтарын иһин, син ол быыһыгар кырдьыгынан, көнөтүнэн сылдьааччы баар ээ. Үксүгэр маннык дьон көнө буоланнар, кири-хоҕу толкуйдаабаттарыттан киирэн биэрээхтииллэр... Балары араастаан холуннаран “ыт да сиэбэт гына” үөҕэллэр. Хаарыаннаах сэниэлэрин, ыра санааларын сарбыйан кэбиһэллэр. Дьон туох ааттаах ыттыйбыта буолла?! Кэрэни кэрэ диэбэт, сырдыгы-ырааһы кэрэхсээбэт, барыта саппаҕырбыт санааҕа баттатан сылдьарга дылы... Хомойуох иһин, быстах ыгыыттан-хаайыыттан сылайан, суорума суолланан, сир сиигинии симэлийэр түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Арай түҥ былыр киһини сии сатыыр кэмэлдьилээх этилэрэ. Билигин олох төһө эмэ чэпчээтэҕэ дии! Үлэлээн-хамнаан төһө баҕарар кэскил тэринэн сылдьыахха сөп. Маныаха дьоҕура суох, күн ыаһаҕа дьарыктаах, салайааччы үлэтин-хамнаһын ончу билбэт дьон дойҕохтуур, куолулуур идэлээхтэр. Бэйэлэрэ кыамматтарын тоҕо да үөхсэллэрэ эбитэ буолла? Киһини кытта уопсай тылы да булан кэпсэппэт эрээри, онон-манан киирэн аатын хараардаллар, киртитэллэр. Атын дьон оҥорбутун сиилиэх иннинэ “мин норуотум туһугар тугу оҥордум?” диэн бэйэҕэ ыйытыы биэриэххэ баар этэ. Ити кэриэтэ бастаан бэйэлэрэ салайааччы тириитин кэтэн көрдүннэр ээ. Тоҕо аҥаардастыы кириитикэлиири эрэ сатыыбытый? Дьону сиилээбиттэн туох уларыйыай? Ол оннугар тугу эмэ саҥаны олоххо киллэрдиннэр. Арахсыы Арахсыы... Ыарахан тыл! Киһи ыраас санаатын төрдүттэн түөрэр,
санааны саппаҕырдар быһыы-майгы. Ийэлээх аҕам арахсалларын билбит буолан, арахсыы, саатар, миигин тумнар ини дии саныырым. Ким эрэ үөһэттэн көрөн олорон, таҥнары кыраабытын, ыйан-кэрдэн биэрбитин курдук буолар дуу? Таптыыр, убаастыыр кыыспын кытта үйэ-саас тухары бииргэ олоруох, оҕо-уруу төрөтүөх ыра санаабыт сатамматаҕа. Тугум да сатамматыттан сылайан бардым. Сэгэрбин кытта арахсыахпыттан утуйар уум уу буолбат буолла. Аҥаардас таптал эрэ сатыылаабыт, сылаас илиитинэн кууспут ыала уһуннук олороллоро буолуо дии саныырым. Ойуур маһа уһуннааҕын, кылгастааҕын курдук, дьон эмиэ араас. Сорох дьон таптал сырдык иэйиитигэр куустарбакка эрэ төннөөхтүүллэр. Сорох отой да бу сырдык иэйиини харыстаабат, таҥнарар, киргэ-хахха тэпсэр. Оттон мин сэгэрбин көрөөт, күүскэ таптаабытым. Таптаабыт дьон миигин өйдүөхтэрэ, онуоха төрүт саарбахтаабаппын. Таптал сүдү күүһүн итэҕэйэбин. Туох да буолбутун иһин, биһиги син биир бииргэ буолуохпут дии саныыбын. Санаабыттан бэйэм үөрэн-көтөн кэлэбин... Түмүк тыл оннугар Кырдьаҕастар: “Хас биирдиибит хайдах олоҕу олорбуппутунан сыаналыыбыт”, – диэччилэр. Бу этэллэрэ кырдьык быһыылаах. Холобур, арахсыбыт дьонноох оҕо ыал буоларга ыксаабат. Арассыыйа ЗАГС сулууспата этэринэн, холбоспут ыаллартан 80 бырыһыана арахсар эбит. Хомойуох иһин, бу сыыппара улаата турар. Ол аата уон ыалтан иккитэ эрэ салгыы унаар буруону таһаарар эбит. Төрөппүттэрэ атырдьах салаатыныы тус-туспа барбыттарын билбит киһи элбэх буолан тахсар. Саха сиригэр холбоспут ыал 53 бырыһыана арахсар эбит. Ордук Дьокуускай куоракка, Нерюнгри, Ленскэй, Алдан, Мииринэй, Хаҥалас улуустарыгар арахсыы бырыһыана үрдүк. Оттон хоту улуустарга арахсыы аҕыйах. Кэтээн көрбүттэринэн, ордук 25-тэн 39-гар диэри саастаах ыаллар арахсыбыттар. Үксүгэр бастакынан дьахтар арахсар туһунан сурук биэрэр диэн быһаарбыттар. Ким үтүрүллэ сылдьыбыт, кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт, олох туһунан көрүүтэ эмиэ уларыйар. Улуу эрэ дьон олох сокуонугар бэриммэккэ, туппут хайысхаларыттан туораабакка кэннилэригэр кэскиллээҕи хаалларан бараллар дуо? Бу дьон санаалара-оноолоро тус-туһунан эрээри, олох төһө да ыарахан оллуругар-боллуругар түбэстэллэр, сырдыкка талаһаллара сыппаабатах. Эбиитин өсөһөн туран, кэрэни кэрэхсии кэскили кэҥэтэ сатыыллар эбит. Төһө да ыарахаҥҥа түбэспиккит иһин, бэйэ бодотун ыһыктымаҥ. Санааҕыт күүһүнэн салайтаран, иннигит диэки кимэн киирэн иһиҥ! Дьон эһигини төһө да үтүрүйэ сатаабытын иһин, ончу бэринимэҥ. Кыһалҕа кыһарыйар кэмигэр өһөскүтүн киллэрэн, олох иһин туруулаһан охсуһуҥ! Киһи санаатынан сылдьар. Онон төһө кыалларынан санааҕытын бөҕөргөтүҥ. Сырдыгы ыраланыҥ, баҕа санааҕытынан кынаттанан сылдьыҥ, айыҥ-тутуҥ. Иннигит ибири, кэннигит кэбири билбэтин! Этэҥҥэ буолуҥ. Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан