Кэпсээ
Войти
Регистрация
Учуутал кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Учуутал кэпсээнэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
12.07.2018 16:53
Киһи сааһырдаҕына, «кэннибэр тугу хааллардым?» диэн толкуйга түһэр, чугас дьонун, төрөөбүт дойдутун ахтар-саныыр. Үгэс курдук, үгүс атаһа-доҕоро, аймаҕа хайыы-үйэ «айаннаабыт» буолар. Олохпут, көр, оннук кылгас. Бу – учууталым Ньукулай Хабырыылайабыс оҕолоругар анаабыт кэс тыллара. Туһа киһитэ Оскуолаҕа киириэм биир сыл иннинээҕи күһүн тээтэбин кытта кылаакка оҕус иччитинэн сылдьыбыппын өйдүүбүн. Атын киһи суох буолан, миигин илтэхтэрэ буолуо. Хаһыа да быһыылаахпыт эрээри, кимнээхтиин, хас күн сылдьыбыппын бу диэн билбэппин. Кыһыныгар дохуот үллэстиитэ буолбута быһыылааҕа. Тээтэм: «Оҕом оннооҕор быйыл 8 үлэ күнүн өлөрбүт. Эһиил өссө улаатыа, оҕус сиэтэр киһи буолуо», – диэн, аһыы олорон кэпсиир. Онно мин атаҕым сири билбэт буолуор диэри үөрбүтүм. Кырдьык, онтон 7 сыл оҕус сиэппитим. Бастаан утаа оҕус муннун ончу кыайбат этим. Дьиҥэр, оҕус тигиилээтэҕинэ, оҕотооҕор буолуох, улахан да киһи кыайбат буолара. Күнүс күлүмэн хойуннаҕына, оҕуспутун күлүккэ таһааран баайан уоскутарбыт. Сөрүүдүйдэҕинэ, эмиэ көлүйэрбит. Наар оннук үлэлиибит. Сарсыарда оппутугар эрдэ турарбыт. Төһө да утуйуоххун баҕардаргын, хайыаххыный, дьонтон хаалыаҥ дуо. Тээтэбит от үрдүгэр турар, мин оҕус сиэтэбин, Байбал от угар, Мотурууна бугул түгэҕэ харбыыр. Арыт Баҕыр Тэрэппиин, арыт Мөккүһэр Бүөтүр (Герасимов Петр Меркурьевич), арыт убайым кыдамалыыллара. Бары да миэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһаллара: оҕуспун хайдах салайары, ханан тартарары сүбэлии сылдьаллара. Ардыгар от намыһаҕар сыарҕабын таҥнаран биэрэллэрэ, оччоҕо олус үөрэрим. Ол оннугар түстүүргэ кыдама тилэҕин үктээн көмөлөһөрүм. Атын сиргэ көһөрбүтүгэр Бүөтүрдүүн сатыы барарбыт, аара моҕотойдуурбут. Киһим эрчимнээх баҕайытык быраҕаттаан кууһуннарара. Онон булпутун маска хаалларбат буоларбыт. Быдан үрдүктэн туура быраҕан түһэрэн, омуннаах баҕайытык күлэн баһыгыратара. Бэйи, моҕотойуҥ үтэн сииргэ минньигэһэ сүрдээх, хайа, уонна бирэдьиитэли уодьуганныырга сорудахтаахпыт эбээт! Убайым аараттан кус оҕолоон кэлэрэ. Мин ардыгар дьоҕус иһиппэр отонноон дьоммун үөрдэрим. Оннук сайыны быһа сылдьарбыт. Ардах түстэҕинэ эбэтэр дьоммун ойуур баһаарын умуруортара ыллахтарына, дьиэбитигэр барарбыт. Оҕо туҥуй саастааҕы одоҥ-додоҥ өйдөбүлүм итинник. Кыра оҕо, олох очурун-чочурун билбэт буолан, барыны-бары сырдыктык саныыр, бэрт дуона суоҕу даҕаны улаатыннаран кытаанахтык өйүгэр илдьэ сылдьар эбит. Улахан, бэйэҕиттэн саастаах киһиҥ ханнык эмэ түбэлтэҕэ эйигин хайҕаабыта, эйиэхэ көмөлөспүтэ, үчүгэйи оҥорбуккун сэҥээрбитэ үйэҥ тухары умнуллубат курдук хатанар. Оттон буруйа суоххар мөҕүллүбүтүҥ, саҥарыллыбытыҥ, охсуллубутуҥ санааҕар эмиэ тутуллубут буолар. Оннооҕор төрөппүккүн, убайгын ким эрэ атаҕастаабыта, күлбүтэ эмиэ оҕоҕо умнуллубат. Онон оҕоҕо үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыт киһи үйэтин тухары төлөммөт иэстээх хаалар. Кыра киһиэхэ көмөлөһүү, кинини үөрдүү, тэҥнээҕин курдук сыһыаннаһыы – айылҕа эйиэхэ бэрсибит бырыһыаннаах кылаата, быстарар, өлөр-сүтэр бириэмэҕэр туттуллар уурунууҥ. Сырдыкка тардыһыы Алтыс кылааска Уйбаан Дьарааһынабыска Пантелеймоннуун олорон үөрэммиппит. Өрүс үрдүгэр турар интэринээт буолан турар дьиэҕэ муннук диэки биир хостоох кыра кыбартыыраҕа олорбуппут. Онно учуутал убайбытыгар Таанньалыын төрдүөн кыстаабыппыт. Тугу-тугу кэпсэтэн, хайдах аһаан-таҥнан кыстаабыппытын өйдөөбөппүн. Эһиилигэр, учуутал убайбыт
кэпсэтэн буолуо, интэринээккэ олорбутум. Киэһэ хараҥа буоларын өйдүүбүн. МТС-ка паарынан үлэлиир ыстаансыйа баара, киэһэ 6 ч. саҕана үлэ кэнниттэн ыалга, оскуолаҕа, интэринээккэ холбууллара. Лаампа бытыга барбах кытаран турар буолара. Оччоҕо интэринээт оҕолоро, тоҥмут таракаан курдук, оттуллан турар оһохпут ааныгар мустарбыт. Дьуһуурунай табаарыспытыгар хахтаах килиэби уурарыгар сэмээр үлэһэрбит. Ону баара, урут киирбит оҕолор, уларыта охсон ылан, кураанаҕы куустараллара. Дьуһуурустубаҕа түбэстэхпитинэ, баак кэһиэҕин сиэн дьоллонорбут. Ат сыарҕатыгар улахан дьааһыгы ууран, бэкээринэттэн килиэппитин үтэн аҕаларбыт. Арыт биир эмэ буулка килиэби аара хаарга көмөн баран, кэлин тиийэн, үллэстэн сиирбит. Сааһыары оҕолор сынгаалаан, атахтарыгар турбат буолан хаалаллара. Оччоҕо паартаҕа улахан уолаттар көтөҕөн таһааран олордоллоро. Дьэ, оннук иэмэн-туоман сэттис кылааһы тахсыбытым. Күһүнүгэр кыаммат оҕо элбэх диэн, миигин интэринээккэ ылбатахтара. «Олорор сирим суох, үөрэхпин быраҕабын» диэн, ийэм ыанньыксыттыы олорор Энэйээн диэн сиригэр таҕыстым. Дьонум айманнылар ахан. Аҕам оттуу сылдьан ыал кэпсэтиһэ Элгээйилээтэ. Ырааҕынан аймаҕа киһиэхэ олохтоото. Ийэлэрэ Огдооччуйа Сутурукаан Кыыһа диэн эбит. Уоллаах кыыс оҕолоохтор. Аҕалара Борокуоппай сөтөл буолан өлөөрү сылдьар. Түүнү быһа сөтөллөн утуйбат быһыылааҕа, сарсыарда мастыырга тахсан күп-күөх ириҥэнэн хотуолаабыт буолара. Мин оттук маһы тиэйсэбин, уу баһабын, арыт от тиэйсэбин, оҕо көрсөбүн. Ол саас Борокуоппай өлөөхтөөбүтэ. Биирдэ учууталым дьиэтигэр ыҥыран олорон ити ыалтан көһөрбөр сүбэлии сатаабыта. Сөтөл палочката олус сыстыганнааҕын өйдөтө сатаабыта. Мин атын ыала суох буолан, үс сылы быһа, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри, олорбутум. Учууталбар онтун иһин билиҥҥэ диэри махтана саныыбын. Онус кылаас икки этибит. Лидия Ивановна диэн нуучча кыыһа олус да үчүгэйдик үөрэппит эбит. Уолаттар бары куоталаһа-куоталаһа үөрэммиппит. Түмүгэ да оннук этэ. Физикаҕа, тылларга мөлтөх этим. Уот курдук ортоҕо үөрэнэн оскуолабын бүтэрбитим. Онон оҕо үөрэҕэ учуутал хайдаҕыттан быһаччы тутулуктаах эбит. Учуутал барыта Лидия Ивановна курдук үөрэппитэ буоллар, бары да сэниэлээхтик үөрэнэр кыахпытын ситэ туһаныа эбиппит дии саныыбын. Дириэктэрбит ачыстааттарбытын физзалга мунньан олорон бэбиэскэ биэрэр курдук туттартаабыта. үөрэххэ барыыны ол сылтан хааччахтаан барбыттара. Производствоҕа тахсыахтааххыт диэн буолбута. Сорох уол аармыйаҕа ыҥырыллыбыта, оттон мин хайдах эрэ быыһылаан үөрэххэ барар буолан хаалбытым. Сунтаарга медыспыраапка толорторо, напырабылыанньа ыла киирбиппит. Ыһыах буола турара. Уйбаан Дьарааһынабыс киэһэни быһа аҕытаассыйалаан, дьиҥэр, Алдан политехническай техникумугар барыахтаахпын пединститукка туттарсар буолбутум. ...Хороттон Элгээйигэ убайым Тэрэппиин атынан киллэрбитэ. Ийэм 3 киилэлээх бааҥкаҕа толору арыы уонна алаадьы укпута, аара сииргэ диэн тууйаска арыы симмитэ. Биир саппаас этэрбэс, таҥас эҥин буолуо, Дьэрэмиин оҕонньорго паньыаранан чымадаан оҥорторон тэрийбитэ. Онтубун барытын куулга уган баран, акка мэҥэстэн Элгээйигэ аттаммытым. Хас да күн айаннаан, аара чаардыы-чаардыы Дьокуускай Даркылааҕын түүн булбуппут. Борохуоппутугар үөрэх оҕото элбэх этэ. Онно билсэн-көрсөн айаннаабыппыт. Пуортан 42 буолан уоннуу солкуобайы төлөөн Сэргэлээххэ тиийбиппит уонна биир куукунаҕа уоллуун-кыыстыын бука
бары муостаҕа утуйан турбуппут. Эксээмэммин туттаран саха тылын салаатыгар киирбитим. Арааһа, оскуолаҕа саха тылын үөрэппит учууталым Рея Павловна өҥөтө буолуо. Учуутал өҥөтүн үөрэнээччи хойут сыаналыыр буолар эбит. Кууруһум оҕолорунуун олус бэркэ сылдьыбыппыт. Мэҥэҕэ, Таатта Чөркөөҕөр, Уус Тааттаҕа, «Дьоруой Попов» холкуоска, Нам Хомустааҕар быраактыкаламмыппыт. Дьокуускай 2 №-дээх оскуолатыгар педагогическай быраактыканы барарбыт. Сүнньүнэн, үчүгэйдик, көмөлөсүһэн үөрэммиппит. Дима Максимов көҥүл тустууга сахаттан бастакы спорт маастара, бэйиэттэр Николай Босиков, Василий Сивцев, Уйбаан Нуолур биһиги ортобутуттан үүнэн тахсыбыттара. Гена Сысолятин наука хандьыдаата буолбута, райком сэкирэтээрэ дуоһунаһыгар талылла сылдьыбыта. «Арассыыйа үтүөлээх учуутала» ааты ылбыт Миша Слепцовтуун күн бүгүнүгэр диэри суруйса сылдьабыт. Бары даҕаны биэнсийэҕэ тахсыбыт, олоххо сүрүн суолбутун дьоһуннаахтык булан, үлэлээн-хамсаан олорон ааһан эрэбит. Ганя Андросовпыт дэҥнэнэн, олохтон эрдэ туораабыта. Олоххо санаабытын кээспиппит суох курдук. Күннээҕи түбүккэ оҕустаран умнубуппут, ситиспэтэхпит баара буолуо да, ол билигин аастаҕа. Дима Лебедев учуонай буолуо хааллаҕа, Вася Ксенофонтовтан суруйааччы тахсыбата, Варя Винокурова өймөкөөнүгэр бүгэн хаалла. Мин устудьуоннуурбар үөрэх төлөбүрэ сылга 300 солкуобай этэ. Ону оҕо барыта төлүүр кыаҕа суоҕа: холкуостаах оҕолоро хантан ылыахпытый? Онно иҥнэн сырыттахпына, Саҥа дьыл иннигэр дириэктэрбит Марианна Алексеевна Чудинова Совмиҥҥа туруорсан биһигини, институт үрдүнэн уонча оҕону, босхолотон абыраабыта. Олоххо көрсүбүт биир дьоллоох түгэним ол этэ. Үөрэхпин үчүгэйдик бүтэрэн, үөрэх миниистирин бирикээһинэн оччолорго Элгээйигэ саҥа тэриллибит интэринээт оскуолатыгар иитээччинэн анатан кэлбитим. Онтон ыла олоҕум саҥа кэрдииһигэр тахсыбытым. Эдэр киһи үөрэммит сыллара саамай кэрэ өйдөбүлүнэн сыдьаайар, хаһан да умнуллубат уонна хатыламмат бириэмэтэ эбит. Бэйэ-бэйэбитин сураһабыт, үөрүүнэн оҕолуу дууһалаах көрсүһэбит. Араас дьону кытта алтыһан, үлэлээн-хамсаан аастым. Үчүгэйи-куһаҕаны биллим, ыараханы-чэпчэкини көрүстүм. Дьоҥҥо сирдэрбэтим, абааһы көрдөрбөтүм, кимиэхэ даҕаны чөл өйбүнэн сылдьан куһаҕаны оҥорботум, иэскэ хаалбатым, табаарыстарым көмөлөрө да баара, кыахпынан өйүү да сатаабытым. Үйэбэр көрсүбүт түбэлтэлэрбэр оҥорбут түмүктэрим: ханнык да киһиэхэ биир тэҥник сыһыаннаһыахха. Кими да сэниир, атаҕастыыр сыыһа; оҥорбут алҕаһы көнөтүнэн тутатына билинии; олоҕо суохха киһиргэнии дьон күлүүтүгэр ыытар; ханнык баҕарар киһиэхэ үчүгэйи таба булан көрүү киһини кынаттыыр; дьон туһунан кэмигэр сөптөөх, кырдьыктаах сыанабылы биэрии бэйэҥ суобаскар астык; ылсыбыт дьыалаҕын хайаан да ситэрэ сатаа, кыайбат, туолбат буоллаҕына, киһиэхэ эрэннэримэ; идэҕэр сыһыаннаах үлэни хаачыстыбалаахтык, дьон астынарын курдук толоро сатаа, бириэмэҕин харыстаама, сылааҕын тулуй; киһини үөрдэртэн ордук туох да суох, онтон бэйэҥ да дуоһуйуоҥ; оҕолоргун харыстаа, өйөө, сыыһаларын тулуй, куһаҕаны төлкөлөөмө, үчүгэйдэрин хайҕаа, сыыстахтарына, олус куруубайдык сэмэлээмэ, наһаа баргыытаама; оҕолоруҥ табаарыстарын бэйэҥ табаарыстарыҥ курдук көр; киһи үтүөтүн хаһан да умнума; аймахтаргын өйөө, кинилэргэ көмөлөс, сүбэлээ, ылыммат да буоллахтарына кыыһырыма, киэҥ көҕүстээх буол; атын киһиэхэ куһаҕаны баҕарыма, ыарахан кэмнэригэр күүс-көмө буола сатаа, аһыныыгын биллэр; халы-мааргы таҥныма, саҥарыма, быһыыланыма; доҕоргун харыстаа, кыыһырбыккын түргэнник аһар, мэлдьи
көмөлөс, үөрт, куһаҕаннык саҥарыма; ыалларгын кытта эйэлээх буол, ылса-бэрсэ олор; кырдьаҕас көлүөнэни убаастаа, эдэри сэнээмэ. 1997 с. от ыйа. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан