Кэпсээ
Войти
Регистрация
Барытыгар бэйэҥ буруйдааххын!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Барытыгар бэйэҥ буруйдааххын!
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
05.07.2018 14:58
Мотуруона куукунатыгар нэһиилэ сыҕарыйан тиийэн, оһоҕун аанын сэгэтэн, олоппоско олорон эрэ өөр да өр табахтаата. Оһоҕун аанын арыйдар да, табаҕын буруотун оборон бэрт. Дьиэтин тунуйа олордо. Ол аайы кыһаллыбат. Уруккута эбитэ буоллар, дьиэтин иһигэр табахтаппат хотууса. Мырчыстыбыт сирэйин алдьаммыт сиэркилэ дуомугар көрүннэ, аастыйбыт баттаҕын тарааммыта буолла. * * * Билигин кыаммат буолбутун иһин, бэйэтин кэмигэр сүрдээх киириилээх-тахсыылаах, саҥалаах-иҥэлээх хотун-хаан дьахтар этэ. Оччолорго мээнэ дьахтары холкуос бэрэссэдээтэлэ оҥорботтор. Бөһүөлэк эр дьоно хонтуораҕа улаханнык толло-толло киирэллэрэ. Силипиэнтэбинэ олоруоҕуттан, устар күнү быһа табахтаабыта буолан хаадьылаһа тураллара тохтообута. Наадаларын да бэрт эрэйинэн ыйыталаһаллара. Тугу эмэ өйдөөн быстыбатахтарына, бүттэхтэрэ ол. Хаптас гыныахтарыгар диэри үөгүлээн тоҕо барара. Иннилэрин-кэннилэрин билбэт буолуохтарыгар диэри мөҕөн-этэн сөп оҥортуура. Онон бөһүөлэк дьоно сөбүлээбэттэр этэ. Киһини киһи диэбэт, бэрт сэнэбиллээх хотун оройуонтан тойоттор таҕыстахтарына, иннилэригэр-кэннилэригэр түһэ сылдьара. Хонтуора дьахтарын барытын ыҕарыйан ас бэлэмнэтэрэ. Дьэ, уонна түүнү быһа бырааһынньыктыы хоноллоро. Ол барыта холкуос туһугар диэн буолара. Оччолооҕу сиэбит-аһаабыт тойоттор, ама, үчүгэй үлэлээх диэхтэрэ суоҕа дуо?! Ол гынан баран, чахчы, үлэһит дьахтар. Куһаҕана диэн, сирэй көрбөҕө. Итинник бардам дьахтарга хайа эр киһи киирэн биэриэй?! Ол иһин хойукка диэри соҕотох сылдьыбыта. Сылдьыа дуо, биирдэ эмэ бырааһынньыкка тойотторун кытары сылдьара. Ойохтоох дьон кинини кытары сыччах күннээҕи таҕылларын таһааран сылдьаллара. Биирдэ оройуон киинигэр холкуостар уопсай мунньахтара буолар диэбиттэригэр, Силипиэнтэбинэ хонтуоратын массыынатынан бэрт эрэйинэн тиийдэ. Этэҥҥэ бырааһынньыктаан истэҕинэ массыына сордоох улахан бадарааҥҥа батыллан хаалла. Суоппар Бүөккэ оччолорго күүһэ-уоҕа, үлэһитэ бэрдэ. Сытыары-сымнаҕас, холку майгылааҕа. Ол иһин хотунун кытары син тапсан сылдьара. Бу сырыыга атын киһи эбитэ буоллар, сонно бастакы маска ыйыахтааҕа эбитэ буолуо. Силипиэнтэбинэ хайҕаныы бөҕөтүн хайҕанан, наҕараада ылан настарыанньалаах иһэрэ. Онон киһи эрэ буоллар, кыра батыллыы аайы кыһаммата. Бүөккэ соҕотоҕун хостуу сатаан баран, күүһэ-уоҕа баранан, чугас отчуттар отууларыгар хонор буоллулар. Түүн сылаас буолан соччо кыһаллыбатылар. Кулуһун оттон, чэй оргутан истилэр. Бырааһынньык аһын өйүөлээн ыыппыттарын сиэтилэр. Силипиэнтэбинэ эбиитин бартыбыалыттан ханньаак таһааран суоппарын күндүлээтэ. Ол кэннэ күһүөрү “Силипиэнтэбинэ ойох тахсар үһү” диэн сурах бөһүөлэги биир гынна. Хотун илимигэр хайа сордоох иҥнэн хаалбытын таайа сатаан сор бөҕөтүн көрдүлэр. Бүөккэ хотунуттан сааһынан балай эмэ балыс, ол иһин кини эрэ буолуо диэн өйдөрүгэр да киирбэт. Көннөрү суоппардыы сылдьар дии саныыллар. Сыбаайба бу буолан эрдэҕинэ биирдэ “Бүөккэ хотунун ылар үһү”, — диэн сураҕы истэн, сөҕүү бөҕөтүн сөхтүлэр. Чэ, баҕар, ойох киэбин кэттэҕинэ, аматыйар ини диэн күлүктэригэр имнэннилэр. Сыбаайба күн ыраахтан-чугастан мааны ыалдьыт бөҕө кэлэр. Кэлбит ыалдьыттар, биллэн турар, “Силипиэнтэбинэ буолан баран хайдах боростуой суоппарга тахсарый?” диэн сүөргүлээһин, сөҕүү-махтайыы. Мотуруона ол аайы кыһаллан бэрт, бэйэтин курдук хотуусаларга: “Төрөппүттэрим билигин суохтар, дьиэбин-уоппун, сүөһүбүн-аспын ким көрүөй, үлэһит
наада”, — диэн судургутук быһаарар. Силипиэнтэбинэ сыбаайбатын кэннэ барара-кэлэрэ элбээн, дьиэҕэ-уокка букатын көстүбэт. Хонор хоноһо курдук сырытта. Бүөккэни сыбаайба кэннэ үлэтиттэн ууратан, дьиэтин-уотун көрдөрө олордубута. Эр киһи хотун ойохтоох буолан баран хайыай, сөбүлэһэригэр эрэ тиийээхтээтэҕэ. * * * Үс сыл буолан баран кыайан оҕоломмокко, балыыһаттан уол оҕону иитэ ылбыттара. Күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Дьэ, ыал ыал курдук олорон иһэн Мотуруона эмиэ үлэтигэр тахсыбыта. Оҕотугар бастаан утаа ымманыйан баран, эмиэ үлэтигэр “сүтэр” идэлэммитэ. Ыаллар кыыһырсаллара элбээн иһэр. Хаһан эрэ уопсастыба ортотугар үөрэ-көтө сылдьыбыт Бүөккэ, аҕыйах сылынан дьиэ үлэһитэ, сүөһү көрөөччү буола кубулуйар. Ол сылдьан аһыы утаҕы амсайан, ойоҕуттан күннэтэ мөҕүллэн-үөҕүллэн, үүрүллэн-үтүрүллэн киһи аатыттан ааста. “Оҕом туһугар” диэн, дьиэтигэр үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө үлэлиир. Хотун кэлэригэр астара бэлэм. Киһитэ истэҕинэ туга кэлээхтиэй, сирэйдэрэ тэҥнэһэр. Силипиэнтэбинэ салайар үлэҕэ кыаммакка, боростуой испэсэлиис үлэтигэр көһөр. Бүөккэ биирдэ эмэ эр дьону кытары саалана бараары гыннаҕына — улахан айдаан. Дьиҥэ, онно баран тугу гыныа баарай, наай гыннар, салгыҥҥа көччүйэн тыынын таһаарыа этэ. Атын дьон ойохторо эрдэрин ас эгэлгэтин астаан, өйүөлээн-тайаалаан ыыталлар. Оттон кини киһитэ “кустуу буолбакка, арыгылыы, күүлэйдии, дьахтардыы барар” диэн, саа дуомнааҕын былдьаан дьаабы. Мотуруона сааһыран, аны, күнүүлүүр адьынаттанна, хас остуолба аайы күнүүлээн сорун сордуур. Эр киһи сааланыахтаах, бултуохтаах айылгытын быһан, көҥүлүн күөмчүлээн, быһата, эрин эр курдук туппакка, аҕа баһылык курдук көрбөккө, оҕото истэригэр үлтү үөҕэн сордуур. Инньэ гынан оҕолоро аҕатын ыкка да холообот буола улаатар. Бүөккэ уолугар тугу эмэ соруйаары гыннаҕына, утары этэрэ, охсоору ыксатара. Ол аайы ийэтэ уолун көмүскээн букатын иэдэйэрэ. Үлэттэн барытыттан харыстыы сылдьан сүрэҕэ суох киһини иитэн таһаарбыта. Соннук оҕотуттан, ойоҕуттан үүрүллэн-үтүрүллэн, ыкка да холоммот киһи аатыран аһыы утахха ыллардар ылларан истэ. Уоллара Оппуонньа ууга уймаммат буола атаахтык иитиллэн, ийэтиттэн өссө ордук бардам майгылаах буола улаатан истэ. Оскуолаҕа үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан оҕо бөҕөнү кырбаан, дьиэни халаан, ийэтэ аны милиисийэттэн арахпат буолла. Ол аайы буруй барыта аҕаларыгар түһэн иһэр: кини арыгылыы сылдьан оҕону киһилии ииппэтэх аатырар. Атын ыаллар уолаттара аҕаларын кытары тэҥҥэ бултуу тахсаллар, ол сылдьан олох оскуолатыгар уһуйуллаллар. Мотуруона ону өйдөөбөт, кини эрэ арыгыһыт буолан оҕолоро иитиллиитэ суох диир. “Эр киһини эр киһи курдук тут, үлэлэт, бултат, тэҥҥэ сүбэлэс, санаатын иһит, кинини эмиэ өйдөө, киһи курдук көр”, — диэн аймахтара, дьүөгэлэрэ дэлэ эппэтэхтэрэ. “Мин барытын дьаһайан, ыал буолан олоробут, кини киһи үһү дуо, арыгылыырын, дьахтардыырын, харчыны суох гынарын эрэ билэр”, — диэн кими да саҥардыбат этэ. Эрин эр курдук туппакка, оннукка тиэрдибитин букатын өйдөөбөт. * * * Биэс сыллааҕыта уоллара Оппуонньа оскуоланы бүтэрэн баран, куоракка киирэн үөрэнэ сылдьан, кыыһы күүһүлээһиҥҥэ кыттан дьыалаҕа
эриллэр. Ийэтэ Мотуруона урукку-хойукку сибээстэринэн быыһыы сатыыр да кыаллыбат. Холуобунай дьыала көбүтүллэн суукка утаарыллар. Суут бөлөҕүнэн күүһүлээһини бырастыы гыммат, барыларын аҕыстыы-тоҕустуу сылга хаайарга уураахтыыр. Аһара атаахтык ииппитэ аанньа буолуо дуо?! Мотуруона уолун үрдүнэн чыычааҕы да көтүппэт этэ. Оҕо “ньах” диэтэ даҕаны талбыт сыаналаах мала-сала баар буолара. Хотунан-соҕуруунан сылдьан күүлэйдэтэрэ. Ыалдьар аатыран, биир даҕаны үлэ лааҕырыгар сылдьыбатаҕа. Оннук оҕо, эгэ, дьиэтигэр үлэлиэ дуо... Суох. Оппуонньа майгытынан ийэтин бардамын куоппуйалаан ылбыта. Дьиэҕэ-уокка көмөлөспөтө, кырдьаҕаһы-кыамматы аһынар диэни билбэтэ. Оскуолаҕа куруук кини айдаана. Ол аайы Мотуруона оҕотун көмүскэһэн учууталы үүрдэрээри тииһэрэ. Ситинник иитиллибит оҕо туох аанньа киһи тахсыай?! Мотуруона олоҕо олох буолан бүппүтэ. Бүөккэтэ өссө эбии аһыы утахха ылларан, кырдьык, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат киһитэ буолар. Дьиэтигэр суос-соҕотоҕун хаалаахтаабыта. Бөһүөлэк дьоно кэлэйэн киирэ да сылдьыбаттар. Киэптээбитэ элбэҕэ бэрт буоллаҕа, дьон ону умнар диэтэҕиэҥ... * * * Таһыттан Бүөккэ тастыҥ эдьиийэ Настаа эмээхсин киирдэ. Мотуруона оһох иннигэр табахтыы олорорун көрөн кыттыһарга сананна. — Туох нуомас баар эһиги диэки? – диэн ыйыппыта буолла да, киһи киирдэ диэн эргиллибэтэ. — Туох киһилии нуомас баар буолуой?! Арай эн Бүөккэҥ хорууга түһэн өлбүтүн булбуттар үһү диэн иһиттим... – диэт, балай эмэ саҥата суох олордо. Мотуруона даҕаны тугу да саҥарбата. Соннук иккиэн уонча мүнүүтэ саҥата суох олордулар. Онтон Мотуруона эмискэ төлө биэрэн хараҕыттан уу-хаар баста. — Дьиккэр баара, хата, өлбүт эбит дии. Уолбут Оппуоччук хаайыы киһитэ буолуоҕуттан олоҕум олох буолан бүппүтэ. Ити кини оҕобутун сиэтэ. Хата, уонна куотуммут дии... – диэн өлбүт киһини идэтинэн үөҕэн-кыраан барда. Настаа манныгы эрэ истиэм диэбэккэ олорон соһуйда аҕай. — Бүөккэни тыыннааҕар киһи курдук көрбөтөҕүҥ, биирдэ эмэ ойох быһыытынан ас астаабытыҥ дуу, “доҕоор” диэбитиҥ дуу?! Куруук мөҕөн-үөҕэн, кыраан-таныйан тахсар этиҥ. Саатар, өлбүт киһини саҥарыма. Итинник куһаҕан майгылааҕыҥ иһин олоҕуҥ табыллыбат, — диэн Настаа сэниэлээх соҕустук саҥара олордо. — Мин наар салайар үлэҕэ сылдьыбытым, хайдах кыанан дьиэҕэ-уокка үлэлиэмий?! Кини көмөлөһөрүн оннугар арыгылыыр аакка барбыта, — диэн, билигин даҕаны иннин биэрбэттии саҥарда. — Суох, эн сыыһа саҥараҕын, Мотуо. Өскө эр киһини киһи курдук туппутуҥ, аҕа баһылык оҥостубутуҥ, тэрилтэҕэ үлэлэппитиҥ, көҥүлүн күөмчүлээбэтэҕиҥ, быраабын быспатаҕыҥ, хам баттаабатаҕыҥ буоллар, ама, Бүөккэ барахсан иһэ-аһыы барыа этэ дуо?! Барытыгар эн буруйдааххын! – диэн Настаа илдьэ сылдьыбыт санаатын барытын тоҕо сүөкүүргэ сананан кута олордо. – Бэйэҥ оҕоломмотох эрээри, Киргиэлэйэптэр кыыстарыгар оҕолообутун, үөскээбит оҕону кытары айдааран түһэртэрбитиҥ. Өйдөөх дьахтар эбитиҥ буоллар, ол оҕону иитэ ылыахтаах этиҥ. Эр киһи айылгытынан бу Орто дойдуга киһини айыахтаах. Эн, бэл, үөскээбит оҕону... Ол аньыыгар-хараҕар хараҕыҥ уутунан сууна олороҕун. — Тохтуургут буолуо... Кинилэр уоллара иһээччи буолбутугар, аны, мин буруйдаах
аатырдым дии... Эһиги уолгут миэхэ сыгынньах киирбитэ. Мин баайбар-дуолбар, мин бэлэммэр көҥүл күөлэһийбитэ. Ону тулуйбакка таах сылдьа сатаан тиэринньэхтээн арыгылаатаҕа дии. Таах сибиэ киниэхэ эргэ тахсан, хаарыаннаах олохпун алдьаттахпыан... – диэт, устунан ытамньыйан барда. — Баҕайы, өссө билигин даҕаны баайынан-дуолунан өттөйө олорор. Эн эдэр киһини суоппардаппыта буолан, күүскүнэн хоойгор уктан олоҕун алдьаттыҥ. Муударай дьахтар эбитиҥ буоллар, эдэр киһини хайдах баҕарар чочуйан таһаарыахтаах этиҥ... Ханна баарый?! Бэл, билигин сааһыран баран өйдөнөөхтөөбөтөххүн. Кыра ычалаах, кылгас санаалаах дьахтаргын! Хайдах бүтүн холкуоһу салайан үлэлии сылдьыбыккын сатаан санаабаппын, — диэн Настаа салыбырыар диэри кыйаханна. — Уолгун итинник олус атаахтаппатаҕыҥ, киһилии көрбүтүҥ-истибитиҥ, оҕолор курдук үлэлэтэ үөрэппитиҥ, аҕатын истэригэр үөхпэтэҕиҥ буоллар, ама, куһаҕан суолунан барыа этэ дуо?! Олоҕуҥ бэйэҥ илиигэр баара, ону эн сатаан оҥостубатыҥ... Барытыгар бэйэҥ буруйдааххын, олоххун бэйэҥ үлтүрүттүҥ! Саатар, билигин киһилии быһыылан, Бүөккэбитин киһилии көмүөххэ... Хоруоп эҥин оҥорторуохха, — диэн Настаа эмээхсин саҥара олордо. Мотуо, киһи эрэ буоллар, чочумча саҥата суох олоро түһэн баран: — Билигин кэлэн... Тугу уларытаары... Ол гынан баран, эрэйдээх дьиҥнээхтик таптаабыта ээ, “уолбут туһугар майгыгын көннөр, оҕобутун киһилии иитиэххэ” диэн көрдөһө сатаахтаабыта... Ону мин бэрдимсийэн, бардамсыйан киһилии көрүөм дуо?! – диэт, хараҕын уутун соттоот, хомуотуттан ууруу харчытын ылла уонна Настааҕа уунна: — Кырдьык, эрэйдээҕи, саатар, киһилии атаарыахха наада... СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан