Кэпсээ
Войти Регистрация

Тойон өһүө баһыттан тойук

Главная / Кэпсээн арааһа / Тойон өһүө баһыттан тойук

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
22.06.2018 15:32
Дьөгүөр аҕата Садуот Бөдүөтэбис Аҕа дойду сэриитигэр 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар аттаммыт уонна 1943 сыллаахха эрэйи эҥээринэн тэлэн, чэгиэн этин сэймэктэтэн, алта-сэттэ сиринэн улахан бааһырыылаах сыккырыыр эрэ тыына эргиллэн дьонун-сэргэтин булаахтаабыт. Уҥа саннын хаптаҕайын оскуолакка хайа тэптэрбит, сымсын үрдүнэн улахан баҕайы килэччи оспут баас оруннаах, хаҥас хараҕын үрдүн буулдьаҕа дьөлө көтүппүт, барыта биэс-алта сиринэн буулдьаҕа таптарыылаах, эрэй-кыһалҕа бөҕөтүн көрсөн, сырыы бөҕөтүн сылдьан, мүччүргэннээх түгэн бөҕөтүн төлө көтөөхтөөбүт эбит. Садуот Бөдүөтэбис аармыйаттан кэлээт да, доруобуйатын туругар сулана-кэлэнэ сылдьыбакка, үлэ үөһүгэр төбөтүн оройунан түспүт. Дьонун-сэргэтин итэҕэлинэн "Коммунар" холкуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии-хамсыы сылдьан, 1947 сыл олунньутугар хомолтолоохтук өлөн, төрөөбүт-үөскээбит дойдутуттан, тапталлаах дьонуттан-сэргэтиттэн үйэ-саас тухары аттаммыта. Табаҕаҕа, баартыйа райкома тэрийбит мунньаҕар ыҥырыллан, сыарҕалаах атынан кэлбит. Оччотооҕу райком мунньаҕа хаһан эрдэ бүппүтэ баарай, киэһэ букатын хойут бүппүттэр. Тохтообут ыалыгар кэлэн ыксал-тиэтэл бөҕөнөн аһаан-сиэн баран, ыалларын Хабырыыс оҕонньордоох сиэннэрин 4-5 саастаах кыысчааны тиэнэн, Садуот Бөдүөтэбис дьиэтигэр-уотугар Чыгыдай Кыыһыгар тэптэрбит. Төһө даҕаны от-мас тиийбэт, сут-кураан сыллар турдаллар, бэрэссэдээтэл ата сэниэлээх соҕус буоллаҕа, курдурҕаччы хааман тамайан испит. Бүтэйдээҕи аһара түһэн, дьиэлэригэр чугаһаатахтарын ахсын ат тиэтэйэн дьаҕыһыйан барбыт. Өр-өтөр гыммакка суолларын айаҕар турар эргэ дьиэлээх-уоттаах алааска көтөн түспүттэр. Арай, өтөххө чугаһаан эрдэхтэринэ онно турбут балаҕан тиэргэниттэн сүүнэ улахан киһи тахсан суолларыгар тоһуйа турунан кэбиспит. Ыксаан испит ат соһуйан хорус гына тохтуу түһээт, таныытын хаһыҥырата-хаһыҥырата өрүтэ батыччахтаабыт, соруйары истибэккэ кэннинэн тэйбит. Садуот, кырачаан аргыһа кэпсииринэн, атын соруйа сатаан таһый да таһый буолбут. Ол быыһыгар: "Киһи буоллаххына — туораа, абааһы буоллаххына — үрдүгүнэн бардаҕым," — диэн кылана-кылана атын айаҕын илгиэлээбит, сыарҕатыгар ойон тура-тура муоһатынан сырбаталаабыт. Ат барахсан мөхсөн, кэтэмэҕэйдээн, уҥа-хаҥас хадьырыйталаан көрөн баран, соруйуу кытаанаҕыттан, "синим биир" диэбиттии иннин хоту түһүнэн кэбиспит... Ол кэннэ тэппит атаҕын кубулуппакка, наар тарайа сэлиинэн астаран кэлэн дьиэтин таһынааҕы сэргэҕэ хорус гына түспүт, көлөһүн-балаһын бөҕө аллыбыт, тыын быһаҕаһынан тыыммыт. Ону кытта дьиэ таһыгар сылдьыбыт ыттар ыстаҥалаһан туран үрэн баргыйан барбыттар, киҥнэрэ-хааннара дэлби холлон, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы төттөрү-таары сырса сылдьан баран, тэскилиир быһыынан кыбыы диэки түһэ турбуттар. Ити кэмҥэ дьиэлээх дьахтар Анпыыса уолунуун Дьөгүөрдүүн, хоно сытар холкуос суоччута Дьэбдьэкиэйэ Тарбыыкыналыын, саха ыалын сиэринэн, утуйар чэйдэрин иһэ олорбуттар. Аҕалара киирбитигэр ийэлэрэ ойон туран оһоҕун күөдьүтэн биэрбит, аһын-үөлүн бэлэмнээбитинэн барбыт. Бу кэмҥэ остуол анныгар сытар ыттара, өрүү иччитин үөрэ-эккэлии көрсөр бэйэтэ, үрэн баргыйбытынан хаһаайыныгар утары ыстамыт. Дьон буойан хаһыытаспыттарыгар эрэ тохтоон, кыбыстыбыттыы төннөн кэлэн остуолун анныгар сытынан кэбиспит. Ол эрээри ырдьыгыныырын өргө диэри тохтоппотох. Дьиэлээхтэр онтон улаханнык соһуйбуттар, дьиктиргээбиттэр даҕаны. Кэлин өйдөөтөххө, ыттара туох эрэ көстүбэт күүс батыһан кэлэн балаҕаннарыгар киирсибитин сибикилээтэҕэ. Ыт барахсан айылҕа оҕото буоллаҕа. Аара дэлби соһуйбут,
куттаммыт, отуора хамсаан салҕалас буолбут Садуот Бөдүөтэбис наҕылыччы чэйдээбит да, иһигэр күттүөннээх ас киирбэтэх. Кэпсээнэ-ипсээнэ да уруккутун курдук буолуо дуо, бэрт кэмчи буолбут. Туохтан эрэ дьик-дьах тутта олорбут. Уола Дьөгүөр оронун оҥостон таһырдьа наадатыгар тахсан истэҕинэ аҕата: "Тоойуом, үчүгэйдик таҥын. Аккын сыгынньахтаан киир", — соруйбут. Уол тахсыбыта, ата муус кыаһаан буолан баран хараҕа биир кэм өрө чаҕылыҥныы, таныыта тардыргыы турар эбит. Чолоҥнооһун-хаптаҥнааһын, өрүтэ бэдьэҥэлээһин, илин-кэлин атахтарынан хаары табыйан дьүһүн-бодо бөҕө буолбут... Дьөгүөр иһирдьэ киирэн аҕатыгар: "Атыҥ туохтан эрэ олус куттаммыт, кыыла турбут. Сүгүн-саҕын сыгынньахтаппакка эрэйдээтэ", — диэх курдук гынан иһэн, тоҕо эрэ эппэтэх. Киирэн атын сэбин куурда ыйаталаабыт. Аҕата: "Тоойуом, тоҕо уһаатыҥ?» — диэн ыйыппытыгар, этиэх буолбутун умнан: "Ээ, бэйэм," — диэн судургутук хоруйдаабыт. Тоҕо этиэх буолбутун эппэтэҕин кини күн бүгүнүгэр диэри билбэт. Дьиҥинэн, ол эппититтэн да туох уларыйыа эбитэ буолла... Уол оронугар сытан утуйан хаалбыт. Хоноһо Дьэбдьэкиэйэ, ийэлэрэ эмиэ утуйардыы сыппыттар. Аҕалара ата сойорун кэтэһэн олорон хаалбыт... * * * Тыа ыала оччолорго сарсыарда тыҥ хатыыта турар үгэстээҕэ. Дьөгүөр тура үөрэммит кэмигэр уһукта биэрээт, куолутунан ойон кэлэн оһоҕун оттубут. Уот умайан дьиэ иһэ сандаара түспүт. Дьиэ сырдаабытыттан, салгына ырааһырбыкка дылы буолбутуттан сүргэтэ көтөҕүллэн, Дьөгүөр оһоҕун иннигэр киҥинэйэн ыллыы-ыллыы этэрбэһин кэтэ олордоҕуна ийэтэ: "Хайа, тоойуом, аҕаҥ?" — диэн ыйыппыт. Уола суолта биэрбэтэхтии: "Утуйа сытар ини", — диэбит. "Оронугар суох дии, киэһэ хайдах оҥоһуллубутунан турар," – диэн ийэтэ хардарбыт. Онуоха хоно сытар холкуос суоччута Дьэбдьэкиэйэ олоро биэрбит уонна: "Бэйэ эрэ, хайдах-хайдаҕый? Түһээтим дуу, илэ дуу, бастыҥ өһүө баһынан дьикти үчүгэй куоластаах киһи "Тойон киһи сүрэҕин хаанын тоҕо уулаатым, хотун дьахтар көхсүн хаанынан утахтаннаҕым буоллун", — диэн ыллыырга дылы гыммыта. Тоҕо баҕас муодатай, иччилээҕэй, сүрэ-кэбэ да бэрт," — диэбит. Оччо айылаах суостаах тыллары истээт, дьиэлээх хотун барахсан тута таһырдьа ыстаммыт. Дьукаах олорсубут таайдара Хабырыыс Сомуолдьун: "Нохоо, Дьөгүөр, ийэҕин кытары тахсыс, куттанан кута ыстаныа," — диэн соруйбут. Уол сонун, бэргэһэтин анньынаат таһырдьа тилир гынан хаалбыт. Ыттара ыйылыы-ыйылыы кыбыыттан ыстаҥалаһан кэлэн, Дьөгүөр түөһүгэр түһүтэлээт, төттөрү сүүрбүттэр. Ыттарын саппай уопсубутунан Дьөгүөр кыбыыга кэлбитэ, аҕата кыбыытын ааныгар тиэрэ түһэн сытар эбит. Кутталыттан сарылыы түһээт, дьиэтигэр төттөрү ыстанан иһэр Дьөгүөр утары иһэр ийэтигэр кэтиллэ сыспыт. Ытаһан-соҥоһон дьиэлэригэр киирбиттэр. Дьөгүөр, аанын ситэ саппакка эрэ: "Аҕам өлбүт", — диэн хаһыытаан ыыра баран дьиэлээхтэри улаханнык соһуппут, оҕону-урууну куттаабыт, уйулҕаларын хамсаппыт. Аймалҕан улахана манна буолбут, ытаһыы-соҥоһуу да кэмэ-кэрдиитэ суох барбыт. Дьөгүөр аттыларыгар туспа дьиэҕэ олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ ойон киирээт: "Аҕам өлбүт," – диэт төттөрү ыстаммыт. Эмээхсин соһуйан өмүрэ хаалбыт, оҕонньор ис таҥаһынан ыалларыгар тахсыбыт, өйүн-төйүн булбакка: "Хайа, туох алдьархайа ааҥнаата... өлбүт,
барбыт, бүппүт, сор-муҥ буолбут," — дии-дии ытыы турбут. Таайдара, холкуос бастыҥ-мааны булчута, кырдьаҕас киһи быһыытынан, ким хайа иннинэ уоскуйбут: "Тохтооҥ, туох үлүгэрэ буоллугут, өйгүтүн-төйгүтүн булуҥ. Киһибитин харайар сүбэтэ-амата көрдүөҕүҥ", — диэн уопсай аймалҕаны тохтоппут. Холкуос салалтатыгар тыллаабыттар, нэһилиэк актыыбын ыҥырбыттар, өлбүтү харайар хамыыһыйа тэрийбиттэр, оройуоҥҥа биллэрбиттэр. Нөҥүө күнүгэр Зыков милиционер, быраас О.Васильевтыын (кэлин доруобуйа харыстабылын миниистирэ) тахсан чинчийбиттэр, көрбүттэр-истибиттэр, сүбэ-ама биэрбиттэр. Киһилэрэ атын аһаппыт, кыбыытын кэннигэр чэпчэтиммит. Төннөн кэлэн икки сүлдьүгэһи саппыт, үсүһүн тардан иһэн, илиитинэн сүрэҕин туттубутунан, иккис сүлдьүгэскэ биллэҕи түспүт, устунан оннук сытан тоҥон хаалбыт. Таайдара Хабырыыс: "Оо, абам эбит. Ити оҕо ат сиргэммитин эппитэ буоллар, бэйэм аһатарым хааллаҕа. Атын киһини, миигин тугу гыныах этэй?» — диэн кэп туоммут, сиэнин сэмэлээбит. Итини истээт, Дьөгүөр бэйэтин буруйдана санаабыт, улаханнык хомойбут, эппэтэх абаккатыттан ытаан сыҥсыйбыт. Киһилэрин көмөллөрүгэр туспа араллаан буолбут. Урукку өттүгэр тоҥон өлбүтү харайар үөрүйэхтэрэ суох буолан, балайда моһуогурбуттар. Үөрүөхтэрин быатыгар, С.Б. Боппуоба диэн дьахтар (Майа араадьыйатын диктора) Баатараҕа үлэлии сылдьан тоҥмут киһини дьиэҕэ киллэрэн ириэрбиттэрэ хараара ууллан тохтубутун кэпсээбит. Онтон дьаарханан, хаары кытары сыыйа ириэрэр толкуйу тобулбуттар. Эриэн Ынах диэн сиртэн былыргы хаһыы тыыны аҕалан тобус-толору көмүрүө хаары симпиттэр уонна киһилэрин өлүгүн онно сытыаран баран хаарынан көмөн кэбиспиттэр. Ол кэннэ тыыны дьиэҕэ киллэрэн, дьаалатынан сыыйа ирэр гына оһохтон тэйиччи уурбуттар. Ити түмүгэр, өлүк хаары кытта сыыйа ирбит, тас дьүһүнүгэр туох да уларыйыы, дьүдьэйии сибикитэ биллибэтэх. "Сүүс киһи сүбэтэ түмүстэҕинэ, аалы да хамсатар" диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Олохтоох кырдьаҕастар: "Садуот эрэйдээх эрэйи эҥээринэн, муҥу муннунан тэлбит, сырыы-кыһалҕа бөҕөтүн билбит-көрбүт киһи этэ. Этин-сиинин сэриигэ сөптөөҕүн сэймэктэппит киһи. Онон, сатанар буоллаҕына, эттээн-хайаан эрэйдээбэккэ ийэ буорун булларар ордук буолуох этэ", — диэн быраас У.О. Баһылайаптан үҥэн-сүктэн көрдөспүт. Ону ылыммыттар. Былыр да, аны да "кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэһит оҥоһун" диэн өс хоһооно баар, кырдьаҕас дьон ыллыктаах тыла хаһан баҕарар күндү буоллаҕа. Инньэ гынан, соһуччу, улахан айдаан доҕуһуоллаах өлбүт киһилэрин көмүс уҥуоҕун ийэ буоругар сиэр-туом быһыытынан киһилии туттарбыттарыттан олохтоох, аймах-билэ дьон олус дуоһуйбуттар, биллэр-көстөр буола чэпчээбиттэр, эгди буолбуттар. * * * "Аҕам өлөрүн эрдэттэн да билэр быһыылааҕа", — диэн ыкса табаарыһым, чугас доҕорум Дьөгүөр кэпсиирэ. Ити сыл Садуот Бөдүөтэбис бэйэтин олоҕун 10 тыһыынчаҕа страховкалаабыт этэ. Оччолорго тыа дьоно страховка суолтатын хантан билбиттэрэ-көрбүттэрэ баарай? Ол син биир сотору өлөрү сэрэйэн дьаарханыы бэлиэтэ буоллаҕа. "Өллөхпүнэ улахан киһи маны ирдэһэн ылыа, онуоха-маныаха диэри туттуоххут буоллаҕа," — диирэ үһү. Өлөрүн чугаһыгар: "Ийэҕитигэр илии-атах буолаарыҥ", "үлэни таптааҥ, оччоҕо өлөн-охтон биэриэххит суоҕа", "дьоҥҥутун-сэргэҕитин кытары эйэ дэмнээхтик сылдьаарыҥ, ойуурдаах куобах охтубат" уо.д.а. курдук кэриэс-хомуруос тыллары, тоҕо эрэ, элбэхтик туттар буолбут.
"...Оттон ити абааһыны кытта күрэс былдьаспыта ырааппыт быһыылааҕа", — диэн Дьөгүөр кэпсиирэ. Холобур, бу түгэни кыра оҕо сылдьыспыт, кини кэпсээбит эрэ буолан билэр буоллахпыт, киһи билбэтигэр соҕотоҕун сылдьан тугу билбитин-көрбүтүн аны ким билиэ буоллаҕай? Ол кэмҥэ, холобур, кини Дьаакыбылап диэн оройуон боломуочунайын кытта Уоттаахха ааһар суол кытыытынан баран иһэн, ыраахтан маҥан ат аһыы сылдьарын көрбүттэр. Киэһэ хараҥа эбитэ үһү. Көлүүр аттара тоҕо эрэ дьик-дьах буола испит, ол маҥан акка чугаһаан кэлэн баран өрө хаһыҥыраат, иннин диэки түһүнэн кэбиспит. Ааһан иһэн көрбүттэрэ... Арай, били аттара киһи буола охсон баран кэннилэриттэн эккирэтэн сүүрүү бөҕөтүн сүүрэн тэбэн иһэр эбит. Балай эрэ барбахтаан баран, тохтообут уонна сутуругун суулуу тута-тута өрүтэ ууналаан дугдуҥнуу хаалбыт. Боломуочунай онтон куттаныы бөҕөтүн куттаммыт, мэктиэтигэр уҥуоҕа халыр-босхо барбыт, хас да хонукка ыалдьан сытан турбут. Ол кэнниттэн икки-үс ый ааспытын кэннэ, Садуот аны "Булгунньахтаахха" үс тиит аттыгар аарыма улахан киһини көрсүбүтүн кэпсээбит. Улаханнык долгуйбут, сүрэҕэ-быара сэлибирээбит, ол да буоллар ити туох да бэлиэтэ суох этэҥҥэ ааспыт. Онон, доҕорум Дьөгүөр Садуотабыс кэпсээнэ киһини дьиҥ-чахчы долгутар. Кини аҕата Садуот Бөдүөтэбис Силэпсиэп эмискэ өлүүтэ абааһыттан эбэтэр ханнык эрэ көстүбэт күүстэртэн сибээстээҕэр киһи саарбахтаабат. Оччолорго ити туһунан аһаҕастык кэпсии-ипсии сылдьыы оччолорго сатаммат да этэ. Ол саҕанааҕы дьон сиэри-туому таһынан, сиэрдийэни үрдүнэн сананарбыт, хомуньуустар баалларын тухары айылҕаҕа дьиктилэр, дьээбэлэр, дьиибэлэр суохтар дии саныырбыт. Төһө да айгыраабыт доруобуйалааҕын иһин, Садуот сүрэҕин бүрүүстүбэ туох даҕаны сылтаҕа, улахан долгуйуута, ньиэрбэ күүрүүтэ суох кэлбэтэҕэ чуолкай. Туох барыта төрүөттээх, сылтахтаах буолар баҕайыта. Ол аҕаларын страховкатын ирдэһэ сатаабыттара да, иннин-кэннин булбатахтара, кэлтэгэй кэппиэйкэни даҕаны туһамматахтара үһү. Садуот өлбүтүн кэннэ суоччут Дь.У. Тарбыыкына ирдэһэн, харчыны булуох буолан докумуоннарын барытын илдьэ барбыт. Бириэмэ ааһан, арда ыраатан испит, устунан олох да мэлийбит. «Онто суох, манта итэҕэс, эккирэтэ сылдьабын» диир эбит. Суоччут Дьэбдьэкиэйэ Садуот Бөдүөтэбистэн үс сылынан быысаһан өлөн хаалбыта. Бу дьиктитин санааҥ эрэ. Били, бастыҥ сэбэргэнэ баһыттан "тойон киһи сүрэҕин хаанын тоҕо уулаатым, хотун дьахтар көхсүн хаанынан утахтаннаҕым буоллун", — диэн ырыа иһиллибиттээҕэ дии. Кырдьык, тойонноох хотун, бэрэссэдээтэллээх буҕаалтыр иккиэн өллөхтөрө. Еремей Попов, «Кэккэлэһэ сылдьар кистэлэҥнэр» кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан