Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ама да ааспытын иһин
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ама да ааспытын иһин
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
29.05.2018 17:29
Дьокуускай киһитэ Биэрэ кырдьаҕас Дьокуускайга, кыыһын аахха, кэлбитэ ыйтан орто. Дьиҥнээх төрөөбүт дойдутуттан – Халыматыттан – тэйбитэ син балай эмэ буолла: көр, уонча сыл биллибэккэ элэс гыммыт. Маҥнай утаа кыра кыыһа Балбаараҕа, куораттан син добуочча ыраах Кэбээйигэ, тиийэн сиэннэрин көрсө, дьиэ-уот иччитэ буола диэн ааттаан кэлбиттээх. Саҥа сири сөбүлээбитэ: маһа-ото хойуу, биир үксүн хатыҥ чараҥ, үрэҕэ диэн, күөлэ диэн, өссө чугаһынан Өлүөнэ эбэ хотун барахсан уста сыттаҕа эбээт! Кыыһа аах олорор бөһүөлэктэрэ киинтэн быдан чиэскитэ, онон булда-алда өлгөмө син биир Халыма курдук. Атына диэн, Халымаҕа наар талах хойуутук үүнэр, тиитэ абына-табына эбит буоллаҕына, манна ордук саас араас үүнээйитэ чэлгийэн (аҥаардас уот кыһыл сардаана да сибэккини ылан көр!), бүтүннүү ырай олоҕун кэриэтэ. Маҥнай кэлбит кустар киһиттэн ончу үргүбэккэ, тэлгэһэҥ таһынааҕы ньалыар ууга сарк гына түһэллэр, араастаан бары чалыгыраһан, аһаан айманаллар. Халымаҕа эмиэ үүт-үкчү оннук буолара: килиэп ыла маҕаһыыннаан истэххэ, сиэн үрдүнээҕи чалбахха, бэл, тыйааҕар, умсааҕар тиийэ мустан мучумааннаналлара. Дэҥҥэ мэник уолаттар арагаайкаланнахтарына, атын сиргэ көппүтэ буолан баран, син биир хат эргийэн кэлэн сапсырыһыы-сыпсырыһыы бөҕөтүн түһэрэллэрэ. Ити – кус ытыыта көҥүллэниэр диэри, маҥнай утаа, этэ. Биэрэ болкуоҥҥа тахсан, си буолуохтааҕар, ааһар дьону одуулуур, тиэргэн былаһааккатыгар кумахха булкуллан оонньуур, хачыаллаан айманар оҕолору сэргии көрөр. Тиэргэн оҕолоро барахсаттар «сахаҕын-нууччаҕын» дэспэккэ, тэҥҥэ оонньоон бытыгыраһалларын быыһыгар сахалыы да, нууччалыы да үймээлииллэр. Үйэ сайдыбыта сүрдээх: ким эрэ дьиҥнээх массыына курдук обургу оонньуурдаах, ким эрэ онтон уон төгүл кыра массыынатын соһон тарылатар. Өссө ити диэн кыра – түөрт саастаах кыра хос сиэнэ Мэлиэнэ «миэхэ нетбук наада» диэн, ийэтин бэлиэр үүйэ-хаайа тутан ынньаҕалатар буолбут. Оттон быйыл бастакы кылааһы Кирзавод оскуолатыгар бүтэрбит улахан хос сиэнэ Сайыына котоку, аҕатын ноутбугун ылан, Интэриниэт ситимигэр киирэн, сири-дойдуну бараан ырааппыт үһү. Биир сиэнэ Кыыдаана Санкт-Петербуртан дьоно тугу-тугу гыныахтаахтарын дьаһаллыы, Интэриниэтинэн, бэл, Дьокуускайтан онооҥҥо диэри кэлэр-барар билиэттэрин атыылаһа, быһата, киһи түһээн да баттаппатах сайдыылаах кэмин киһитэ буолан, арааһы бары оҥоро-хайыы сылдьар эбит. * * * Ол тыйыс кэмнэргэ... Биэрэ 1935 сыллаахха Орто Халыматтан син балачча тэйиччи, Лобуйа диэн сиргэ, күн сырдыгын көрбүтэ. Дьоно быстар дьадаҥы үһүлэр (ону кэлин ийэтин да, атын дьон да кэпсээннэриттэн билэр). «Ол саҕана Лобуйа хаайыы дойдута этэ» диэн эмиэ үһү-таамах курдук истэр буолара. Ити ордук Уларыта тутуу дьалхааныгар – 90-с сылларга дэмэкирээтийэлээн тыыныы саҕана – күүһүрэ сылдьыбыта. Устуоруйаны хасыһара буоллар, бука, билиэ этэ ол дьулаан ГУЛАГтарын туһунан. Ийэлэрэ Татыйаана оччолорго син эдэр эбит: бэл, баарсанан кэлбит таһаҕаһы санныгар сүгэн сүөкэһэр, сүүнэкий уһааттары үҥкүрүтэн аҕалан балык туустаһар буоллаҕына. Ким билиэ баарай, баҕар, ол туохтан да иҥнэн-толлон турбат хоһуун кыыс соҕурууттан эрэпириэссийэҕэ түбэһэн
кэлбит хайа эрэ муҥнаахтан ол куруусчуттаһа сылдьан оҕоломмута бу – кини, Биэрэ, сылдьара буолуо. Манна диэн эттэххэ, бииргэ төрөөбүт аҕыс оҕоттон кини эрэ ыраас нуучча хааннаах. Ийэтэ кэлин бу Орто дойдуттан бүтэһиктээхтик аттанарыгар даҕаны ол туһунан тыл аҥаарын да быктарбатаҕа, дьиҥэр, Биэрэ аҕата кимин билиэх баҕата баһаам этэ. Муҥнаах-таҥнаах олоҕу эҥээринэн тыырбыт кырдьаҕас ийэтэ тоҕо кэпсээбэтэҕэ буолла?! Ол туһунан, саатар, кырдьаҕас тастыҥ эдьиийдэрэ эрэйдээхтэртэн тыыннаахтарына ыйытан хаалбатах муҥа баар. Кыыстара биир сааһыгар, ол аата 1936 сыллаахха, Лобуйаттан Сылгы Ыытар диэн бөһүөлэккэ көһөн күккүрээн кэлбиттэр. Ити саҕана иэдээннээх куор ыарыы туран, элбэх оҕо суорума суолламмыт үһү. Биэрэни ити ыарыы тумнуо баара дуо – сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт кыысчааны ийэтэ сыттыкка көтөҕө сылдьан ыарыылыы сатаабыт. Онтон оҕото ытаабат да, тыыммат да буолбутугар «өллө» диэн, ол түбүгэр ытаһа-соҥоһо сырыттахтарына, кыыстара эмискэччи «тиллэн» кэлэн соһуталаабыт. Дьоно үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуттар. Эмп-томп кырыымчык кэмигэр төһөлөөх элбэх оҕо ити курдук төннүбүтэ буолуой?! Ити иннинэ ийэлэрэ икки игирэ оҕону төрөппүтүттэн биирдэрэ сонно кэриэтэ төннөөхтөөбүт. Кырдьаҕастар этэллэринэн, маннык түбэлтэҕэ оҕо абааһытын албыннаан, иккис оҕо тыыннааҕын курдук көрдөрүллүөхтээх эбит. Ол иһин ийэтэ эмэх маһынан оҕоҕо майгынныыры оҥостон олорон биир оҕотун кытта эмнэрбитэ буолар, онтон утуйарыгар эмиэ туспа таҥас бэлэмниир аакка сылдьыбыт. Баҕар, ол иһин буолуо, Биэрэ убайа Ньукулай оҕолонон-урууланан, лаппа сааһыран баран күн сириттэн барбыта. Төрөппүттэрэ Сылгы Ыытар Тоҥуулаах диэн учаастагар пиэрмэҕэ үлэлээбиттэр: ийэтэ аҕыс оҕотуттан ордон ыанньыксыттыыр, аҕата Дьөгүөр сылгыһыттыыр. Биэрэ аҕатын, кырдьыга баара, субу диэн өйдөөбөт: биирдэ сылгыларыгар сылдьан охтон хаалбытын тиэйэн аҕалбыттар. Сиртэн саҥардыы сэрбэйэн эрэр кыысчаан өйүгэр аны сэрии диэн ынырыктаахай өйдөбүл хаһан да сүппэт гына хатанар. Эр дьону «үлэ боруона» диэҥҥэ хомуйбуттара, аас-туор олох диэн, дьэ, манна саҕаламмыта. Үлэ түөрэтэ кыаммат кырдьаҕас, оҕо-дьахтар санныгар сүктэриллибитэ. Икки хараҥаны ыпсаран үлэ бөҕөтүн көрсөөхтүүллэр эбит, аны кэлэн санаатаҕына. Маныаха эбии араас нолуок, ис түһээн, эбилигээссийэҕэ сурутуу кыйма курдук элбэҕэ. Үлэ күнүн толоруу, онуоха кытаанах ирдэбил туһунан этэ да барыллыбат. Ол эрээри саамай ынырыга быстарыы, аччыктааһын этэ. Билигин сорох дьон «ама, итиччэ балыктаах, кустаах-хаастаах сиргэ олорон халымалар баҕас аччыктаабатылар, хоргуйбатылар ини» дииллэр. Хоргуйуу диэн кытаанаҕа этэ. Биэрэ ол кэмнэргэ өрүү титириэр диэри тоҥорун уонна мэлдьи «хаарыаны, тугу эмэ аһаабыт киһи баар ини!» диэн ыраланарын тыыннааҕын тухары умнуо суоҕа. Астара суох буолан, ийэлэрэ сутуканы тугу эрэ кытта булкуйан аһатарын, ардыгар ынах тириитин сулуйан ылан миин дуома буһарарын одоҥ-додоҥ өйдүүр; өссө хайа эрэ үтүө санаалаах барахсан тииҥ этэ бэрсибитэ, бу үчүгэйин эриэхсит! Кэлин (олох-дьаһах лаппа көммүтүн кэннэ, 90-с сыллар эргин) уолаттара бултаан кэлэн тииҥ сиэттэхтэринэ, «итиччэ дабархай амтаннаах аһы хайдах сииллэрэ
эбитэ буолла?!» диэн, сирэн сиэбэт буолара. Эрэй хаһан да аргыстаах буолар: биирдэ ийэтэ пиэрмэ ынахтарын ыы барбытын кэннэ көмүлүөк оһох көхөтүгэр иилбит дьэс чаанньыгы таһаарабын диэн, убайа итии ууну иһигэр куттан, ынырык энэлгэҥҥэ сытан ыалдьан өлөр. Ийэтэ Татыйаана хоһуун санаалаах буолан, эрэйи-кыһалҕаны эрдээхтик тулуйар, холкуос үлэтигэр аһыытын-абатын таһааран үлэттэн ордубат; ол сылдьан Бурнашев Баһылай (Дьаакса) диэн эдэрчи киһиэхэ эргэ тахсан, оҕолорун кытта атын нэһилиэккэ – Ойуһардаахха көһөллөр. Хомолтолооҕо диэн, ити саҕана ол сиргэ оскуола суох, онон кыра Биэрэ Сылгы Ыытар Бараабатыгар сүүрбэччэлээх эдьиийэ Балбаараҕа олорон маҥнайгы кылааска үөрэнэ хаалар. Оо, онно ийэтин, убайын сайыспытыан! Дьиҥэр, ити кэлин этэ. Ол түүн ийэтэ кыыһын хоонньугар уктан сүүһүттэн сыллыы-сыллыы «оҕом котоку оскуолаҕа үөрэниэҕэ-ээ, атын оҕолортон тураакы (ончу) хаалсыа суоҕа-аа» диэн уоскутан утуппута баара... Биэрэ сарсыарда уһуктубута – ийэтэ аах Ойуһардаахтаан хаалбыттар этэ. Ытаан да төһөнү ытаахтыай? Үтүө санаа Эдьиийэ Балбаара дьоҥҥо-сэргэҕэ кэтэр арыый сэнэх сарапаанын аччатан, иннэлээх сабынан киэһэни быһа тигэн оскуолаҕа кэтэр таҥаһын бэлэм гыммыта. Барааба оскуолаттан син балай эмэ тэйиэс этэ, хата, сотору интэринээт диэн тэрилтэни аһаннар, Биэрэ онно киирэн абыраммыта. Манна биэс-алта көстөөх Ойуһардаахтан кини курдук бытырыыс оҕолор кэлэн үөрэнэллэрэ. Утуйар таҥас диэн мэлигир буолан, матаҕаларга кураанах оту хаалаан тэллэх оҥостоллоро, саптарга өрбөх суорҕан дуома биэрбиттэрэ. Кыыс-уол диэн арахсыбакка, бары биир хоско суулаһан утуйаллара. Аһылыкка биир быһыы хара килиэп, уу судураай миин оҕото уонна курууска чэй биэрэллэрэ. Ити курдук күҥҥэ иккитэ үссэнэн, истэрин барбах көппөтөн сылдьаллара. Учууталлара Ылдьаа Дьөгүөрэбис Винокуров төһө сатыырынан үөрэтэрэ. Биэрэ олус толло саныыр этэ эрээри, учуутала биирдэ эмэ кыыһыран-тымтан турбутун өйдөөбөт. Кинилэр үрдүлэринээҕи кылааска Алексей Оконешников диэн син эдэрчи киһи учууталлыыра, оттон кэргэнэ Өкүлүүнэ интэринээт асчыта этэ. Бу барахсан оҕолорго үтүө да сыһыаннааҕа, бу аһыныгаһын, сайаҕаһын эриэхсит! Итиниэхэ эбии ырааһа, чэбэрэ сытаахтаатаҕа. Кылааска уонча оҕо бары кыһаллан-мүһэллэн үөрэнэллэрэ, мөлтөх баҕайы моһуоннаах, толоос көстүүлээх паарталаахтара. Учуутал кэпсиирин бүтүннүү кулгаах-харах буолан олорон истэллэрэ. Хата, чэрэниилэ, бөрүө баар буолан, кинилэр иннилэринээҕи оҕолор курдук сүөһү, хабдьы хаанын чэрэниилэ оҥостон муҥнамматахтара. Устуруойга олохтоох уолаттар Афонин Уйбаан, Берёзкин Ньукулай кэннилэриттэн Биэрэ кыыс үһүс турара. Учуутал хамаандатынан уҥа-хаҥас эргичиҥнииллэрин, этэрбэһинэн саллырҕаччы хаамалларын адьас сэриигэ бэлэмнэнии курдук саныыллара. Үөрэнэр саҕана күннээҕи кыһалҕа умнуллар курдуга, оттон уруок бүттэ да ийэтин ахтара, аччыктыыра ыар мэҥэһик буола түһэрэ. Оннук түгэҥҥэ кыыс аймахтарыгар баран ынах уулатан, туох эмэ үлэни бэрийэн, ол манньатыгар син өл хабан, сэргэхсийэн кэлэрэ. Ол эрээри ити саҕана киһи барыта даҕаны тиийиммэт-түгэммэт этэ. Биирдэ алдьанан хаалбыт таҥас дуомнаах, аччыктаан, нэһииччэ атаҕын сыһан-соһон сытырдаан истэҕинэ, бэрт сэнэх таҥастаах, уһун дьулугур уҥуохтаах эр киһи тохтотон, дьиэтигэр сиэтэн
илдьэн аһаппытын билиҥҥээҥҥэ диэри олус күндүтүк саныыр. Биэрэ аһаан-сиэн, сэниэлэнэн тахсаары турдаҕына «тоойуом, манна куруук кэлэ сылдьар буолаар, мин суох буоллахпына да, эбэҥ (халымалар хайа да кырдьаҕаһы ытыктаан, итинник ааттыыллар) аһатыаҕа» диэн үөрдүбүтэ. Бу – Решетников Николай Владимирович (Көлүүскэ) диэн, ырааҕынан аймахтара киһи эбит. Көр, ити курдук үтүө санаалаах барахсаттар баар буоланнар, дьон-сэргэ ыарахан да кэмнэри тулуйбута, инникигэ эрэлин сүтэрбэтэҕэ. * * * Балысхан сайдыы кэлбит үйэтигэр үтүө быһыы, амарах санаа сайҕаныа суохтаах. Былыр да, аны да КЭМ-КЭРДИИ тургутара диэн баар. Холобур, урут – аас-туор кыһалҕалаах кэминэн, оттон билигин, төттөрүтүн – баай-талым, халбархай олоҕунан. Оттон Биэрэ кырдьаҕас саныырынан, эрэй кэнниттэн хайаан да булгуччу дьол кэлиэхтээх. Ол аата, дьолу-соргуну эрэй уһааран таһаарар. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан