Кэпсээ
Войти Регистрация

Симиэрт аанньал

Главная / Кэпсээн арааһа / Симиэрт аанньал

K
10.03.2023 14:30
   Былыр үрүҥ ыраахтааҕы тэҥэ суох сэриигэ кыайталаабыт, бэриннэртээбит кыра омуктарыгар бэйэтин итэҕэлин соҥноон үүрүү сүөһүтүгэр кубулутаары саҥа итэҕэли ылыммыт дьону Улуу Бүөтүр ыраахтааҕы саҕаттан олоҕурбут “киис өлбүгэлэриттэн” биэс сыл болдьохтоон босхолообута, “дьокуут” диэн саҥа ааты биэрбитэ.        Православие үгүс таҥараларын ортотугар син биир биһиги абааһыбыт курдук киһини сиир Симиэрт аанньал диэн баара үһү. Кини, саха абааһытыттан уратыта диэн, кырдьаҕас-эдэр диэн араарбакка, ыарытыннаран суорҕан-тэллэх киһитэ гынан эрэйдээбэккэ түүн-күнүс илэ-бодо кэлэн куттарын (дууһаларын) ылан өлөрөр эбит. Симиэрт аанньал сир ортотуттан кэлэн тосту-туора орооһуута былыр-былыргыттан “киһини абааһы сиир” диэни үгэс курдук ылыммыт, онто да суох кэнэн дьон олорор олохторун, утуйар ууларын аймаабыта.    Мааһа эмээхсин Симиэрт аанньал туһунан истэр-билэр буолан улаханнык кэтэнэ-манана сылдьыбыт. Биирдэ эдэр кийиитэ Маайыстыын түннүк анныгар иистэнэ олорбуттар. Ол олордохторуна уһун хара таҥастаах үс киһи суол устун сиэллэрэн дьигиһитэн иһэллэрэ көстүбүт. Дьиктиргиэхтэрин иһин, аттара атыллыыра биллибэт, сиэллэрэ-кутуруктара өрүкүйбэт, нэксиэлээн дьон таҥаһа да хамсаабат, быһата, тоҥон хаалбыт курдук дьон устан иһэллэр. Эмээхсин бу дьон кимнээхтэрин тута сэрэйбит, “тоҕойуом, саһа оҕус” эрэ диэн хаалбыт. Саҥатын да дорҕооно сүтэ илигинэ, аттаахтар тиэргэн аанын сабыытын аһа сатаан бадьыыстаспакка уу курдук курдары өтөн түннүк анныгар баар буолан хаалбыттар. Кэлбит “дьонтон” биир баҕайы кийиит аатын ааттаан “Маайыс, биһигини кытта барсаҕын!” диэбит уонна тыыга олорон иһэр курдук устан ааһа турбуттар. Уолуйа куттаммыт эмээхсин “олох олоро илик оҕону ылыма, ол кэриэтин миигин, сиэхпин сиэбит, аһыахпын аһаабыт киһини ыл!” диэн көрбүт да, Симиэрт аанньаллар хайыһан да көрбөтөхтөр. Кийиит кыыс “ийээ, сиэтилэр!” диэбитинэн өлөн, охтон хаалбыт.    Симиэрт аанньаллар төһө өр ити курдук илэ-бодо кэлэн дьону өлөрө сылдьыбыттара биллибэт. Кэлин кинилэр тоҕо эрэ сүтэн хаалбыттар. Онно олохтоох абааһылар аһылыктарыттан матан айдаарбыттара дуу, өлөр дьон утарылаһыылара дуу сабыдыаллаабыттара биллибэт.   Барыыс Махсыынап,  Сунтаар, Кутана.    Холдьоҕуллуу      Икки сыллааҕыта биир бэркэ билэр 50 саастаах киһим, Дьокуускай олохтооҕо, күһүөрү дьиэтиттэн чугас олорор атаһыгар төрөөбүт күннээн баран дьиэлээн испит. Киэһээҥҥи бүтэһик оптуобуһунан айаннаан тиийиэхтээх тохтобулугар түһэн баран, эбинээри, киоскаттан биир бытыылка буокканы ылбыт. Ити турдаҕына күлбүт-үөрбүт икки эдэр саха уола баар буола түспүттэр. Онто да суох холуочук куоҕаҥныы турар киһини үөс-батааска биэрбэккэ массыыналарыгар анньан кэбиспиттэр уонна куорат устун элээрдэ турбуттар. “Билсиһии туһугар” диэн били ылыллыбыт буокканы иһэн кэбиспиттэр. Биһиги киһибит өссө эбии итирбит. Иирсээн туохтан саҕаламмытын биһиги киһибит өйдөөбөт. Биирдэ өйдөммүтэ били “билсиспит” дьон кинини массыынаттан соһон таһааран тэбиэлээн-охсуолаан үлтү түнэйдээн эрэллэр, ол ыарыытыттан өйүн сүтэрэн эрэр курдук эбит.    Төһө өр сыппытын ким да билбэт. Өйдөнөн кэлбитэ, хабыс-хараҥа уулусса кытыытыгар сытар. Сиһэ-көхсө уотунан салыырын тулуйа сатыы-сатыы биир быраҕыллыбыт эргэ уопсай дьиэҕэ байааттаҥнаан киирэн утуйарга санаммыт. Эргэ, илдьирийбит дьыбааҥҥа сытан утуйардыы оҥостон эрдэҕинэ, кэккэлэһэ хоско киһи хаамар тыаһа иһиллибит. “Эмиэ бэйэм курдук киһи сырыттаҕа” диэн хоһун аанын көрө сыттаҕына, маҥан таҥастаах дьахтар киирэн кэлбит уонна “уходи из этого дома!” диэбит. Ол кэнниттэн салгыҥҥа суураллар курдук сүтэн хаалбыт.    Билсэр киһим “кутталбыттан хайдах таһырдьа баар буолбуппун бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым” диэн кэпсээнин түмүктээбитэ. Биллэн турар, итиригин аанньа улаханнык кырбаммыт киһи хараҕар туох баҕарар көстүөн сөбө өйдөнөр да буоллар... дьикти.   Виктор Васильев.   Ойуун чаҕылҕана      Былыргы улуу ойууннар тустарынан куһаҕаны этии, саҥарыы иэстэбиллээх буоларын бу кылгас кэпсээҥҥэ суруйабын.    Отучча сыллааҕыта биир өтөххө муҥхаһыттар түһүүлэнэн сыппыттар. Бу өтөх муҥха хаһаайынын төрүттэрин өтөҕө эбит. Онон, билэр буолан, кини бу дойду күөллэрин барытын тардан муҥхалаппыт. Олус элбэх собону баһан ылбыттар. Муҥха хаһаайынын аҕата аар-саарга аатырбыт, аҕа дойду сэриитин иннигэр кырдьан өлүөр диэри дьон бөҕөтүн эмтээбит улахан ойуун эбитэ үһү. Уҥуоҕа муҥхалаабыт сирдэрин таһыгар чугас тыаҕа, кумах томторго баар эбит.    Ситиһиилээх муҥха кэнниттэн дэриэбинэҕэ бараары сылдьар балыксыттар “аһаабыттар”.     Биир итирдэ да өйө көтөн түҥ-таҥ тыллаһар, дьоҥҥо баайсар идэлээх солуута суох киһилэрэ, дьон төһө эмэ буойа сатаабытын үрдүнэн, муҥха хаһаайынын дэлби үөхпүт, баайсыбыт. “Ойуун аҕалаахпын диэн киэбирээри гынаҕын дуо, бу дьиэни уоттаан кэбиһиэм...” эҥин дэтэлээбит.    Ол онон ааспыт. Нөҥүө сылыгар саас ол солуута суох киһи кыттыгастарын кытта били муҥхалаабыт күөллэригэр баар өтөххө кэлбит. Бастаан утаа барыта этэҥҥэ буолбут. Кустаан, андылаан баран дьиэлэригэр барар күннэригэр халлааҥҥа ыас хара былыт ыгыллан тахсан этиҥ эппит, чаҕылҕан чаҕылыйбыт. Кусчуттар ардах астарын кэтэһэн олордохторуна олус сырдык чаҕылҕан чаҕылыйарын кытта көмүлүөк оһох ураатынан киһи төбөтүн саҕа уот көтөн киирбит уонна аан иннигэр күлүмнүү турбут. Дьон куттанан олорбут сирдэригэр хам хараҕаланан олорбуттар. Онтон уот ала-чуо били дьиэни уоттуом диэбит киһи үрдүгэр кэлэн күлүм гынаат сүтэн хаалбыт. Киһилэрэ олорбутунан охтон түһэн өлөн хаалбыт.    Бу быһылааны дьон “били былырыын дьаабыламмытын иһин ойуун иэстэстэҕэ” диэн хойукка диэри кэпсэтэллэрэ.
kyym.ru сайтан