Кэпсээ
Войти Регистрация

Байанай маанылаатаҕына

Главная / Кэпсээн арааһа / Байанай маанылаатаҕына

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
10.03.2023 14:28
   Күһүн. Сир-дойду араҕас солкоҕо сууланан, тыа иһэ ырааһыран, көтөр-сүүрэр үксэ соҕуруу баран, айылҕа барахсан  тугу эрэ кэтэспиттии иһийэн турар кэмэ.        Убайбын Бочуогу кытта икки устудьуон дойдубутугар бэҕэһээ кэлбиппит. Маалыкайга ийэбитигэр биир эрэ хонон баран, убайбыт Өстүөпэ бэлэмнээбит аттарын миинэн, аҕалаах убайым кэтэһиэх буолбут, дэриэбинэттэн биир көстөөх Тарыҥ үрэххэ баран иһэбит.    Тус-туһунан куоракка үөрэнэр буоламмыт, ахтыспыппыт да бэрт, бастаан утаа ону-маны кэпсэтэн баран, саҥабыт аҕыйаан барда. Убайым, оҕо сылдьан сылдьыбыт ахан сирэ буолан, тугу эрэ өрдөөҕүнү саныы иһэр быһыылаах, туохтан эрэ күлэн ылар. Мин улахан булка бастакы сырыым. Былырыын оскуоланы бүтэрэн, үөрэххэ киирэн, соҕуруу көтөөрү сырыттахпына, булчут убайым Өстүөпэ эһиил тайахха илдьиэх буолбута. Үөрэнэ сылдьан кыһыны быһа бэлэмнэммитим. Үөрэнэр куораппар «Охота» диэн маҕаһыынтан сүнньүөх уонна атын улахан булка наадалаах малы атыыласпытым.    Тиийиэхтээх сирбит Тарыҥ үрэх — сопхуос салалтата «элбэх оҕолоох киһи сир гыннын» диэн биэрбит сирэ. Бырааттарбын, убайдарбын кытта көмөлөөн кыһыҥҥы дьиэ, хотон, дал туттубуппут. Мэлдьи ыалынан сайылааччыбыт. От үлэтэ бүттэр эрэ оҕолор оскуолаҕа киириэхпитигэр диэри бултааччыбыт, сир астааччыбыт. Кыһынын табаарыс уолаттарбын кытта кэлээччибин.  Кус-хаас күһүн-саас тохтоон сынньанар сирэ, куобах сөбүлээн төрүүр, тайах да мэлдьи баар буолар.    Былаан быһыытынан үрэх уҥуор ыраата баран бултуохтаахпыт. Дьиэбит үрэх илин баһыгар баар, ыраахтан буруо сыта кэллэ, ыттар үрэн моргуйдулар. Инникилээн иһэр убайым атын соруйда, көлөлөрбүт бэйэлэрэ да тохтуур сир чугаһаабытын биллилэр быһыылаах — дьулурҕатык айаннаатылар. Ахтыспыт дьон сонуммутун үллэстэн, үүтээн миинньигэс чэйин иһэн, кэһии аспытын астына аһаатыбыт. Аҕам хойукка диэри эдэр сылдьан хайдах бултаабытын кэпсээтэ. Миигин бастакы улахан булка барарбынан алҕаата. Убайым Бочуок, үстэ тайахтаспыт киһи, улахан булчут курдук туттар-хаптар.         Сарсыныгар эрдэ туран үс атынан бултуу бардыбыт. Аҕам хаалла. Бараары турдахпытына: «Бултуйууһугут, түһээтэхпинэ, үс сылгыны хаайан тураллар. Табылыннаҕына, өссө туох эрэ баар курдук», — диэн атаарталаата. Кини түүллээҕин кырабытыттан билэр буолан үөрэ иһиттибит.    Икки күн сырыттыбыт, тайахтар эргэ эрэ суоллара баар. Убайым ыттарыгар эрэнэр ахан. «Муостаах баар эрэ буоллаҕына, ыттарым барахсаттар булуохтара» диир. Үс сыллааҕыта ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, дойдубуттан Маалыкайтан үс көстөөх Малдьаҕар диэн нэһилиэктэн, бырадьаага аҥаардаах тыһы ыты аҕалбытым. Онтубун күтүөтүм Красноярскайтан аҕалбыт эбэҥки булчут лаайкатыгар иссиһиннэрбиппэр убайым бастаан мөхпүтэ. «Бэйэҥ ыттаргар астыммакка, бырадьаага ыкка буола-буола», —диэбитэ. Бу ыт тас көрүҥүнэн аҕабар баар буола сылдьыбыт, ааттаах булчут Тарзаҥҥа майгынныыра. Аҕам көрөн баран, «ытым муҥнаах курдук» диэн наһаа хайҕаабыта. Ол ыт төрөөбүтүн кэннэ, икки оҕотун талан хаалларбытым. Баларым дьон бары ымсыырар, дэгиттэр булчут буола улааппыттара. Күнүс Хорҕунаах үрэҕин быстыбыт, хонукпутугар Лахаайы үрэххэ тиийдибит. Үрэххэ киирэн истэхпитинэ, улардар маска олороллоругар түбэһэн, икки улахан хара улары Бочуок атыттан түспэккэ эрэ туоһапкатынан суулларда. Мин ону көрөн, аппыттан ыстанан түспүппэр улардарым көттүлэр. Убайым ыксаабат буол диэн сэмэлээтэ. Лахаайыбыт үүтээнин булан хонордуу оҥоһуннубут. Аспытын астаан, улар миинин иһээри олордохпутуна, чугас ыттарбыт үрдүлэр. Убайым Өстүөпэ: «Арааһа, муостааҕы үрдүлэр быһыылаах, сарсыарда сырдаатаҕына, бултаһыахпыт. Ыттар хаайан туруохтара, хараҥаҕа бултуур сэрэхтээх. Булбут буоллахтарына, ыттарбыт ыытыахтара суоҕа», — диэтэ. Сарсыарда үөл-дьүөлгэ убайым уһугуннартаата. Ыттарбыт ыраах соҕус үрэллэр. Хап-сабар аһаан баран, түргэн соҕустук аттарбытын ыҥыырдаан, ыттарбыт үрэр сирдэригэр бардыбыт. Чугас үрэллэр диэбиппит ыраахтар эбит, өссө тэйэн иһэллэр. Үс хас чаас сырыстыбыт. Сирэ даҕаны куһаҕана бэрт, уот сиэбит куруҥа. Кэмниэ кэнэҕэс, ыттарбыт үрэр саҥалара, дьэ чугаһаата. Убайым атын тохтотто, тыаһаамаҥ диэн сапсыйда уонна иннин диэки тугу эрэ ыйа-ыйа көрдөрөр. Мин ол диэки көрбүтүм, үрэх маарын нөҥүө өттүгэр, ыарҕалар быыстарыгар, сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ икки тайах турар эбит. Сүрэҕим битиргэччи тэптэ. Үһүөн бэркэ сэрэнэн аттарбытыттан түһэн баайталаатыбыт. «Тайахтар ыттары кытары охсуһа тураллар уонна тыал утары, онон биһигини билбэттэр. Кэриигэ аа-дьуо тахсан баран ытыахпыт», — диэн буолла.  Кэриигэ кэлэн тайахтар көстөр буолбуттарын кэннэ, убайым хамаандатынан үһүөн тэҥҥэ ыттыбыт. Мин — иккитэ эстэр доруоп саабынан, Бочуок — туоһапканан, Өстүөпэ — аҕам харабыынынан. Муостаах тайах оҕутта, муоһа суоҕа ойон истэҕинэ, Өстүөпэ харабыына иккистээн эстээтин кытары кыылбыт талахтар быыстарыгар сүтэн хаалла. Арааһа, оҕутта быһыылаах. Оннук эбит. Тайахтарбытын астаан баран, чэй өрүннүбүт, байтаһын тайах быысаһыттан ылан кулуһуҥҥа үтэһэлээтибит, эчи минньигэһин.    Тайахтарбыт эттэрин холболоон баран үүтээммитигэр хараҥарбытын кэннэ тиийдибит. Тайах өлөрбүт сирбит, хата чугас эбит. Ол кэнниттэн үс-түөрт күн салгыы бултаатыбыт. Тайах сайыҥҥы суоллара бааллар, саҥаҕа түбэспэтибит. Бүтэһик күммүтүгэр икки убайым чугас улахан соболоох күөлгэ, баҕар, илимниэхпит, баҕар, биир эмэ тайаҕы көрүөхпүт диэн, илим үтэ бардылар. Баралларыгар миигин: «Тайах этин холболообут сирбитигэр тиийэн сыалааҕыттан, түөһүн этиттэн дьиэбитигэр илдьэрбитигэр аҕалаар. Сэрэнэн сылдьаар, үрэхтэн үлүбүөй ойуурга киирээйэҕин, мунан хаалыаҥ. Сааҕын бэлэм соҕус тута сылдьаар, баҕар, эһэкээниҥ тугу эмэ дук гыныа, үрэх баһыгар сылдьаргын умнума», — диэн убайым Өстүөпэ бараары туран сүбэлээтэ. Убайым эрэнэриттэн наһаа үөрдүм.        Эрдэ туран, хап-сабар чэйдээн баран, убайдарым барыахтаах сирдэригэр айаннаатылар, ыттар кинилэри батыстылар, Мин ыҥыра сатаатым да, биир да ыт кэннин хайыһан көрбөтө. Испэр кыһыйа санаатым. «Өссө киһи диэбэккэ сэнээбит буола-буолалар, мин баар буоламмын төрөөтөххүт» диэн иһим оргуйда.    Убайдарбын атааран баран,  аппын аа-дьуо хаамтаран,  түөрт хонуктааҕыта тайахтары холболообут сирбитигэр бардым. Син чочумча барбалаан истэхпинэ, миигиттэн үргэн үөр улар көттө. Чугас тахтаахаан (үрэх баһыгар үүнэр мас, улар туорааҕын сөбүлээн сиир) маска олордулар. Аппыттан түһэн мастарга сөрүөстэн үөмтүм. Син чугаһаатым, улардарым үөмэн иһэрбин билэн олороллор быһыылаах: моонньулара хоноһуу бөҕө. Син чугас киирдим, холбуу олорооччулары  көрөн баран, саам элбэрээгин тардан кэбистим. Көтөн тилигирэһэн таҕыстылар, биир улахан улары туһаайа түһэн баран иккиһин ыттым, сууллан түстэ. Көрдөхпүнэ, хас да улар сытар курдук. Саабар ботуруон уга-уга тиийбитим — үс улар сытар. Үөрүүбүттэн эккирээн ыллым. «Улар  тайахха тэҥнэһэр», — диэн аҕам этэрин өйдүүбүн.  Эһэкээммэр махтана санаатым. Хара улардар, эчи, улахаттарын. Көтөрдөрбүн уктан салгыы айаннаатым. Тиийиэхтээх сирим чугаһаатаҕын аайы, хайдах эрэ долгуйа саныыбын, тоҕотун бэйэм даҕаны билбэппин. Саабар сүнньүөх уктум, аппын кэриигэ баайан баран, маар кытыытыгар  сатыы киирдим. Арай, доҕоор, көрбүтүм – атын күтүр! Эт уурбут сирбит кэнниттэн эһэ төбөтө былтас гынна. Уҥуоҕум халыр босхо барда, иннибин-кэннибин көрүтэлээтим, куотуохпун, атым ырааҕа бэрт. Аҕам: «Эһэҕэ-бөрөҕө түбэстэххитинэ куоппат буолуҥ. Кыыл хараҕын батары көрүллэр, куоттугут да онно хам баттыыр, оттон куоппатаххытына, улаханнык түһэ сатаабат», — диэн эппитин саныы биэрдим. Эһэм эмискэ ойуур диэки ыстанна, тииттэр быыстарынан эт сытар маарын эргийэ сүүрэн иһэн тохтуу биэрдэ, мин диэки хайыһан, айаҕын атан, ырдьыгынаан улахан аһыыларын көрдөрдө. Мин эһэ куоппутугар уоскуйбут курдук буоллум. Хаҥас диэки ойуута кыҥаан баран иккитэ ыттым. Кыылым улахан баҕайдык часкыйда уонна сууллан түстэ... Турбахтыы түһэн баран, оргууй аҕай сытар сиригэр тиийдим. Аны,  тугу гынарбын, хайдах астыырбын билбэппин. Эмиэ аҕам хаһан эрэ: «Кыылы бултаан баран, сатаан таҥастаабат буоллахытына, иһин хайытан араардаххытына, эт күһүн аһыйбат» — диэн эппитин өйдүү биэрдим. Быһахпын таһааран тириитин иһин туһаайыытынан хайытан араардым. Бачча бултаабыт киһи, саатар, күөс буһаран аһыахпын баҕардым да, чаанньыкпын да, хочулуокпун да ылбатахпыттан кыһыйа санаатым. Кулуһун оттон, кыратык эһэм иһиттэн хайа быһан ылан үтэн сиэтим, уоппун аһаттым. Иһин сыатыттан, тараһатын этиттэн ылан сүгэһэрбэр уктум. Дьиэбэр тиийэн эһэм этин күөстээтим, убайдарбын кэтэһэбин да бириэмэ ыраатта. Күһүҥҥү халлаан хараҥарда. Дьэ кэллилэр, сүүрэн тахсан бултаабыппын кэпсээтим. Кыра убайым Бочуок итэҕэйбэтэ. Өстүөпэ атын да сыбыдахтаабакка үүтээҥҥэ киирдэ, матарааһын анныттан биир иһит арыгыны таһааран остуолга уурда. Бочуок биһиккини ыҥыртаата, мин дьиэҕэ киирээт бултаабыт киһи быһыытынан, булдум этин хоторон остуолга уурдум. Улахан убайым олох саҥарбат, кыра убайым хайдах бултаабыппын ыйыталаһар. Өстүөпэ, бастаан оһоҕор тиийэн алҕаан ас кээстэ, остуолугар кэлэн долгуйбут куолаһынан: «Бырааппыт улахан булчут буолан, аар тайҕа хаһаайынын кытта көрсөн кыайыылаах тахсыбытыгар эһэкээммитигэр махтал буоллун. Бырааппыт котокуну соҕотоҕун хаалларан кырдьаҕаска сиэтэ сыспыппыт. Ол гынан баран, маннык булт үйэҕэ биирдэ эмэ тосхойор», — диэтэ. Убайдарым илимнэрин үппүттэр. Күөллэригэр биир муойкааны ууга түһэрэн бултаабыттар. Илиммитин дойдубутугар барарбытыгар көрүөхпүт диэн буолла. Аһаан, төһө да хараҥатын иһин, аттарбытын аһаталаан баран, сатыы эһэни бултаабыт сирбэр бардыбыт. Тиийэн эт бөҕөнү буһаран, үтэһэлээн, ону-маны кэпсэтэн кулуһун таһыгар хоннубут. Халлааммыт сырдаабытын кэннэ эһэбитин сүлэн-эттээн кэбистибит, Ол күн сынньанан баран, сарсыныгар хомунан дьиэлээтибит. Баран иһэн илимнэрбитин көрбүппүт, харахтарын быыһа суох собо бөҕөтө иҥнибит.    Дойдубутугар өлгөм бултаах кэлбиппитигэр, төрөппүттэрбит хайдах курдук үөрбүттэрин киһи кыайан эппэт.    Эһэкээн күндүлээн байымнык биэрэрин онно билэн турабын.         Соччо Ку-ту-каай. Маалыкай.
kyym.ru сайтан