Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийэ суох буоллаҕына...

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийэ суох буоллаҕына...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.05.2018 15:35
Кини кэргэн ылыахтаах кыыһын сайын оттуур ходуһаҕа аан бастаан көрбүт. Сып-сырдык хааннаах, бааһынайдыҥы көрүҥнээх, таҥара табатын курдук кырасыабай кыыһы көрсөн, тойон сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүт, өйдүүн-санаалыын абылаппыт. Сайыҥҥы от үлэтигэр турар-турбат барыта кыттыахтаах сиэринэн, оттуур биригээдэҕэ кинилэр сүтэрсибит дьон көрсүһэринии көрсүбүттэр. Эдэр дьон күлэн-оонньоон, дьээбэлэһэн, уопсай тылы була охсон, хардарыта сөбүлэһэн, уохтаах таптал абылаҥар куустарбыттар. Бу быстах умсугуйуу буолбатаҕын хайа-хайалара да тута өйдөөбүттэрэ. Онон сырдык, ыраас иэйиилэрэ өссө дириҥээн, Василий 28 сааһыгар диэри билбэтэх таптал абылаҥар ылларбыта. Оттон Марина баара-суоҕа 19 эрэ саастааҕа. Онон сотору кэминэн аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн, уруу-аймах дьонун үтүө алгыстарыгар арыаллатан ыал буолбуттара, туһунан олохтоммуттара. Аҕа баһылык кэпсээнэ Ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн, олохпут дьоллоох түгэнэ саҕаламмыта. Үс сыл субуруччу оҕоломмуппут, онон кэргэним Марина оҕолорун көрөн дьиэтигэр олорбута. Хаһаайка быһыытынан асчыта, түргэнэ-тарҕана, ырааһа, хаһаайыстыбаннайа диэн сүрдээх, мэнээк киһи тэҥнэспэт киһитэ этэ. Олус үчүгэй майгылааҕа, мэлдьи үөрэ-көтө, мичилийэ сылдьара. Төһө да тэрилтэ дьиэтигэр олордорбут, дьиэтин-уотун хоп курдук тутан олорбута. Үс кыра оҕо көрүүтэ, аһатыыта, манан дьыала буолбатах, ноҕуруускалаах буоллаҕа. Мин суоппар буоламмын, сарсыарда тыҥ хатыыта дьиэбиттэн тахсан барарым уонна киэһэ хойут биирдэ кэлэрим. Сороҕор хастыы эмэ хонукка ыраах айаҥҥа баран хааларым. Онон дьиэҕэ оҕо көрүүтүгэр, бу санаатахпына, көмөм суоҕун кэриэтэ этэ. Ол иһин сүбэлэһэн баран, аҕыс сыл устата оҕолонору тохтоппуппут. Уһаайба ылан, саҥа дьиэ туттубуппут. Дьиэлэммиччэ, оҕолор борбуйдарын көтөҕөн, арыый улааппыттарын кэннэ, эмиэ оҕолонорго сүбэлэстибит. Билигин санаатахпына, ол кэмҥэ кэргэммин хаан баттааһына булбут эбит. Ол иһин төрдүс кыыспытын Светаны, быраастар сэрэхэдийэн, Дьокуускайга ыытаннар, онно этэҥҥэ оҕоломмута. “Аны оҕолонума, бэйэҕэр сэрэхтээх буолуо, хааныҥ баттааһына үрдүгэ бэрт эбит” диэн сэрэппиттэр этэ. Быраастар төһө да боппуттарын үрдүнэн, бэһис оҕобутун Васяны, элбэх эмп-томп күүһүнэн балыыһаҕа киирэн эмтэнэн, син этэҥҥэ оҕоломмута. “Дьылҕа Хаан бэйэтэ билиэҕэ” дэспиппит 90-с сыллар саҥаларыгар, ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланан, тэрилтэлэр сорохторо сабыллан, биһиги тэрилтэбит эмиэ ол иһигэр түбэһэн, мин биир күн үлэтэ суох буола түстүм. Биэс оҕолоох ыал иккиэн үлэлээбэккэ оҕолорбутун хайдах иитиэхпитий? Аны мин дьиэҕэ олорооччу, оҕолору көрөөччү, оттон кэргэним Марина тэрилтэҕэ үлэлээччи буолла. Аҕыйах ый үлэлээт, ыарахан буолбута билиннэ. Аны саҥа үлэлээн иһэн, үлэтиттэн тохтууругар тиийиэхтээх. Эбиитин быраастар хаанын баттааһына мэлдьи үрдүгүн, оҕолонума дииллэрин иһин, Дьокуускайга баран түһэртэрбитэ. Ол кэннэ аны ол түһэртэрбит оҕотун аһыйан, ытаан тахсар буолла. Түүн уһугуннахпына, ытаан санна дьигиҥнии сытар буолааччы. “Түүлбэр көрөбүн, мин диэки илиитин уунан ыллара сатаан ытыыр, үчүгэйкээн бэйэлээх кыыс оҕо, оруобуна бэйэм курдук”, — дии-дии, ытаа да ытаа. Ону истэ-истэ, аны мин уйадыйабын. Ол иһин аны оҕо үөскээтэҕинэ, түһэртэриэ суохха, дэлби эмтэниэххэ дэһистибит. Дьылҕа Хаан бэйэтэ билиэҕэ. Таҥара аһыныа
диэн бүк эрэннибит. Кэргэним дьэ уоскуйан, бэттэх кэлэн, сирэйэ-хараҕа сырдаан, үөрэн-көтөн барда. Кэмсиммитим иһин, аны кэлэн хайыам баарай... Алтыс оҕобутун Мишаны эмп-томп күүһүнэн манна, улууска, этэҥҥэ оҕоломмута. Ийэбит доруобуйата син биир мөлтөҕө. Сотору-сотору төбөтө ыалдьан, күнү-күннүктээн сытан тахсара, ардыгар балыыһаҕа да кииртэлиирэ. Аны кэлэн, кэмсиммитим иһин, хайыахпыный... Биир күн тэрилтэбиттэн ылбыт таһаҕас тиэйэр массыынабытынан оҕолорбутун илдьэ балаакканан сир астыы, отоннуу бардыбыт. Ол — атырдьах ыйа этэ. Маринам котоку, онно отоннуу сылдьан төҥкөҥнөөбүтүн тулуйбатаҕа буолуо, эмискэ тымыра быстан суох буолбута. Оо, онно аймаммыппыан... киһи тылынан сатаан эппэт ыарахан туругар киирбитим. Ол күн мин туспар үрүҥ күнүм өлбөөрбүтэ, халлааным хараҥарбыта. Алта оҕом ийэтин, тапталлаах кэргэммин, көрдө-көрбүтүнэн күн сириттэн букатыннаахтык сүтэрии, сүрэхпин ыараханнык бааһырдыбыта. Эр киһи уйулҕата дьахтар киэнинээҕэр уйан эбитин онно билбитим. Утуйбакка эрэйи көрөр уһун түүннэрим, урукку дьоллоох олоҕум үтүө кэмнэрин, ааспыт кэминэн саныырга олус ыарахана. Кутум-сүрүм аймаммытын, дууһам ыар баттыгын, ыарыытын оҕолорбор биллэрбэт буола сатыырым. Мин олохпор чаҕылхай сулустуу биирдэ элэс гынан ааспыт, тапталлаах кэргэним, сэгэртэйим сыыһын кэрэ мөссүөнүн санаатарбын эрэ, сылдьан эрэ хараҕым уута халыс гыммытын бэйэм да билбэккэ хааларым. Ол курдук, олус убаммыт, ылларбыт этим. Онно эрэ өйдөөбүтүм, таптал диэн күүстээх, туох да солбуйбат истиҥ иэйии эбитин. Онон тапталгытын харыстааҥ, көмүс ньээкэ уйаҕытын, дьиэ кэргэн олоҕун сыаналааҥ диэн этэбин. Ол кэннэ саҕаламмыта, соҕотох аҕа олоҕун эрэй эҥээрдээх, кыһалҕалаах олоҕо. Атахтарыгар өссө да тура илик алта оҕону кытта соҕотоҕун хааллаҕым. Наһаа да ыарахан кэмнэри хайдах тулуйбуппун билигин кэлэн сөҕөбүн. Аны туран, оһоҕос түгэҕинээҕи мурун бүөтэ уолчааным: “Ийэбит ханнаный, хаһан кэлэрий?” – диэн, үүйэ-хаайа тутан ыйытан, онто да суох нэһиилэ сылдьар киһини аймыыра, оччоҕуна барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ буолан хаалара. Ол кэмнэргэ оҕом ньиэрбэтин, уйулҕатын кэбирэппэт курдук хайдах хоруй буларга эрэйдэнэрим. Онтон “ийэбит ырыых-ыраах барбыта, ол сулустары көрөҕүн дуо, онно сылдьар, аны биһиэхэ өтөрүнэн кэлбэт” диир буолбутум. Ол эрэ кэннэ уолчааным барахсан арыый уоскуйбута, ийэтин ыйытара тохтообута. Кыра уолум – икки сааһыттан инбэлиит, сыл ахсын Дьокуускайга баран көрдөрүнэбит, эмтэнэбит. Онно кырата икки нэдиэлэ буолабыт, сороҕор ыйга да тиийээччибит. Оҕолорум дьылҕаларын санаан, уҥа сыһабын Эр киһи кыанар, күүстээх-уохтаах буолуохтаах диэммин, биир уолбун Васяны үһүс кылаастан тустуу сиэксийэтигэр сырытыннардым. Син тустуох, саастыылаахтарыттан хаалсыа суох курдук этэ. Спордунан бэркэ дьарыктанан испитэ. Ону баара, иккис сылыгар олус сылааргыыр, сэниэтэ суох, сытыганныыр буолбутун иһин, Дьокуускайга илдьэн көрдөрбүппэр, балыыһаҕа кэтээн көрүүгэ сытыардылар. Онтон сүрэҕинэн инбэлиит оҥорбуттара. Новосибирскайга баран иккитэ сүрэҕин эпэрээссийэлэтэн кэлбитэ. Онон да буолуо, сорох ардыгар өйүм-санаам саппаҕыран, оҕолорум дьылҕатын санаатахпына, уҥа сыһабын, ааһа баран охтуох курдук буолан ылар кэмнэрим эмиэ
бааллара. Ол саҕана икки инбэлиит оҕону көрүүнү, бодьуустаһыыны, эмтэниини олох кыһалҕатын билбэтэх, тоҥ хонтуора тойотторо өйдүү, көмөлөһө да сатаабат этилэр, эгэ, көмөлөһүөхтэрэ дуо, суох буоллаҕа... Муҥ саатар, сүбэлииллэрэ ыарахан буолааччы. Онон эр киһи дьахтар өйөбүлэ суох уу кырбас оҕолору кытта соҕотоҕун хаалан, олоҕу салгыыра балачча ыараханын эт хааммынан билэн олордоҕум. Ийэ күнэ – биһиэхэ ыарахан бырааһынньык Оччолорго, оҕолорум кыра эрдэхтэринэ, саамай ыарахан күммүт Ийэ күнүн бырааһынньыга буолар этэ. Саатар, сылга иккитэ – алтынньыга уонна кулун тутарга бэлиэтэнэр. Биллэн турар, кимиэхэ эрэ үөрүү-көтүү, өрөгөй бырааһынньыга буолуо эрээри, биһиги туспутугар ыарахан бырааһынньык этэ. Аны кыһайбыт курдук, оҕо саадыгар да буоллун, оскуолаҕа да буоллун – ийэ туһунан хоһоон аахтара биэрэллэр. Уолаттарым барахсаттар, дьиэҕэ кэлэн, харах уулаах олорон, нойосуус үөрэтэ сатаан эрэй бөҕөтүн көрөллөрө. Ону истэр миэхэ, дууһабар наһаа ыарахана. Оскуолаҕа оҕоҕо барытыгар ийэлээҕин, ийэтэ суоҕун аахсыбакка, ийэ туһунан өйтөн суруйтараллара. Бу ийэтэ суох оҕоҕо төһөлөөх ыарыылаах, санаа түһүүлээх буолуой?! Ол күн “биһиги туох диэн суруйуохпутуй?” диэн, оҕолорум барахсаттар ытаан-соҥоон кэлээхтииллэрэ. Ону көрө-истэ сылдьан, мин эмиэ хараҕым ууланара, сүрэҕим ытырбахтыыра, ийэбит кэрэ, нарын мөссүөнүн санаан, өссө ордук уйадыйарым, ол түүн оҕолорбун кытта ытыы хонорбут. Ама да ааспытын иһин, ыарахан күннэр-дьыллар этилэр... Уолум бииргэ үөрэнэр оҕолоро, мэник-тэник өттүлэрэ, ардыгар улахаттар даҕаны, ийэтэ суоҕун этэн, онон хаадьылаан, сырҕан бааһын ыарыылаахтык таарыйдахтарына, оҕом барахсан паартатыгар бүк түһэн, күнү быһа сытаахтыыр үһү. Ону санаан кэллэхпинэ, билигин да сүрэҕим ыарыылаахтык ньүөлүйтэлиир. Ол биһиги көлдьүргээн ийэтэ суох үһүбүт дуо?! Ийэ буоллаҕа дии, сир үрдүгэр саамай күндү киһи. Итини өйдөөбөттөрүн, өйдөппөттөрүн сөҕөбүн эрэ. Киһи да бүтэй эттэнэр буолар эбит. Бэл, оҕолорум инбэлиит дииртэн өһүргэнэллэр, кыыһыраллар, санаалара түһэр. Эмиэ да сөп ээ. Эн киһи тэҥэ суоххун, ыарыһаххын, итэҕэстээххин диэн сирэй-харах анньар, туох үчүгэйдээх буолуой? Ким ону сөбүлүөй, утары көрөн туран сэнэтэри. Кимиэхэ баҕарар, буолаары буолан, аҕата, ийэтэ суох оҕолорго ураты сыһыан наадатын өйдүүрбүт буоллар... Ийэтэ суох оҕо олус чараас, уйаҕас буоларын, тугу барытын дууһатыгар чугастык ылынарын өйдүүллэрэ буоллар ньии.. Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан