Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрдьигэнтэн эҕэрдэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Эрдьигэнтэн эҕэрдэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
09.05.2018 17:30
Киргиэлэй бүгүн сурук тутан соһуйда. Соһуйумуна даҕаны. Аныгы үйэҕэ хайа киһи былыргы курдук кэмбиэрдээн-тойдоон суруйуой?! Буочарын көрөөт, сонно биллэ: Эрдьигэн эбит. «Аҕам, дорообо. Көрсүбэтэхпит күтүр үйэ буолла. Сэттэ сыллааҕыта түрмэҕэ хам-түм ас аҕалар этиҥ. Саҥаһым барахсан (инньэ эрэ диир кыахтаахпын, маачаха ийэм диэҕи сатамньыта суох) алаадьыта минньигэс да этэ. Хаамыраҕа ону бары да сөбүлүүллэрэ. Онно кэлэн, ис-искиттэн тымтан «айылҕа барахсан бачча көҕөрөн-наҕаран, тупсан турдаҕына хаайыылаах аатыран бу түүнүктээх түрмэҕэ дьуоҕара сыттаҕыҥ. Дьэ, тугуҥ тиийбэккэ итиччэ айылаах кэбилэнниҥ, элбэх сылы ыллыҥ?» диэбиттээххин. Мин онуоха туох да диэн хардарбатаҕым, көннөрү «дьылҕам оннук буоллаҕа» эрэ диэбиппин өйдүүр инигин? Ким билиэй, баҕар, уу туҥуй оҕо сырыттахпына, төрөппүт таптала тиийбэккэ, хабыр майгы испэр хаатыйаланнаҕа. Ийэбин кытта балтараа саастаахпар арахсыбыт үһүгүт. Дьэ, онтон ыла сотору-сотору саҥа «паапаланар» аатыгар барбыппын. Ол гынан баран тоҕо эрэ (хааным тардан буолуо) барыларыттан эйигин эрэ чугастык саныыбын. Арахсыбатаххыт буоллар, олус да дьоллоохтук олоруохпут хааллаҕа. Хайыахпытый, оҥоһуубут оннук буолбутун кэннэ. Оттон олоҕор сыыһаны оҥорбот киһи диэн суоҕа чахчы. Ийэм, төһө да саҥаттан саҥа «паапаны» аҕаллар, өрүү үтүргэҥҥэ сылдьаахтыырын өйдүүрүм, ол иһин «хайдах эмэ гынан харчы өлөрбүт киһи» диэн санааҕа ылларбытым. Аармыйаттан кэлээт, көмүскэ үлэлиир дьону кытта булсубутум. Олорор сирбитин бэйэҥ бэркэ билэҕин – былыр-былыргыттан ГУЛАГ дойдута. Барыта – устугас дьон түбүлээбит сирэ. Билигин манна олох-дьаһах өссө уустугурда. Дьэ, ол сахтарга чааһынай бириискэлэр саҥардыы үөскээн эрэллэрэ. Мин, аны санаатахха, дуона суох хамнаска курьер буолбут эбиппин. Эбээһинэһим этиллибит аадырыска тос курдук ыйааһыннаах малы түргэнник тиэрдии этэ. Ол эрээри аҕыйах ыйынан ОБЭП үлэһиттэрэ маллары-саллары тутан ылбыттара. Хата, бастакы сууттаныым уонна муора пехотатыгар взвод хамандыырын солбуйааччыта буолан, Хотугу Хапкааска сыл аҥаара эҥкилэ суох сулууспалаабыт үтүөм аахсыллан икки сыл «усулуобунайга» түбэспитим. Миигин ким уган биэрбитин сонно билбитим: барыта эрдэттэн оҥоһуу эбит этэ. Оччону билэн баран «быһаарсыахха!» диэн, иэстэһэр санаа оргуйан тахсыбыта уонна сол киэһэ тиийэн, били, миигин түбэһиннэрбит омугу сууллары тэбэн түһэрбитим. Миигиттэн атын киһи, баҕар, 50 кыраадыстаах тымныыга таһырдьа хаалларыа этэ, оттон мин кинини – ОБЭПтар кистэлэҥ үлэһиттэрин – көрүдүөргэ сылаас батарыайа таһыгар соскойдоспутум, эбиитин «Суһал көмөнү» ыҥыртарбытым. Дьыалам барыта түмүллэн алта сылы ылбытым. Хаайыы ырай дойдута буолбатах эрээри, түҥнэри чэчэгэйдээх киһи диэн ханна да суох дииллэрэ кырдьык. Дьиҥэр, туга кэлээхтиэй, хаайыы икки көҥүл олох икки арда сирдээх халлаан кэриэтэ атын-атын. Ол гынан баран биири өйдүөххэ наада – оҥорбут дьыалаҕа эппиэти хайаан да сүгүллүөхтээх. Аҕам, кыыһырбыт уоххар «хаайыыны дьиэ оҥостор дьылҕаланныҥ быһыылаах» диэбитиҥ. Оннук санаа миэхэ хаһан да киирбэтэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, дойдубар миигин таптыыр, күүтэр киһилээх этим. Суох, ийэм буолбатах, эн кинини билбэккин – украинка. Олеся
диэн. Санаан көр, хайдах курдук уһуннук күүппүтүн?! Ол эрээри аны биир кыһалҕа күөрэйдэ: соторутааҕыта Олесям уоппускатын ылан ийэлээх аҕатын көрсө Киевкэ айаннаабыта. Ол эрээри тоҕо эрэ олус тардылынна. Уоппуската бүппүтэ, суотабайа үлэлээбэт. Күн аайы төлөпүөннүүр, сибээстэһэ турар бэйэтэ тоҕо эрэ ньим барда. Туохха эрэ түбэстэ быһыылаах диэн ытырыктата саныыбын. Манна олохпун саҥалыы тэринэн испитим баара. «Ол дойдуттан» кэлэн баран кэргэним көмөтүнэн ботуччу хамнастаах үлэни булбутум. Бу сырыыга баҕас харым күүһүнэн. Көр, ити гынан баран мин туспар син туох эрэ оһол-төрүөт хайаан да көстөр, кырдьык, оҥоһуум оннук быһыылаах. Олесябын көрдүү Украинаҕа булгуччу барар санааланным. Тэлэбиисэргэ көрдөрөллөрүн, кэпсииллэрин итэҕэйбэппин. Айанныырбыттан толлубаппын. Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна өлбөтөҕөй, наада тирээтэҕинэ, саа-саадах да тутуллуо. Быстах кыргыһыыга сылдьыбыт бойобуой уопут да син баар. Онон, аҕаа, хаайыыны кэрийэр, ону дьиэ оҥостон олохпун моҥуур санаам ончу суоҕа. Хата, эн доруобуйаҕын харыстаа. Аны хаһан, хантан суруйар биллибэт, саатар, отут биэстээх киһи диэтэххэ, көмпүүтэри да сатаабаппын, ити өттүгэр эйигиттэн быдан ыраах хааллым. Олесябын буллахпына, үөрэнэн интэриниэттэрэ диэни хайаан да туһаныам. Барыгытыгар эрчимнээх эҕэрдэ, доруобай буолуҥ. Эрдьигэн». * * * Киргиэлэй урукку олоҕун санаата: Эрдьигэнэ биир сааһыгар хайыы-үйэ сүүрэн тоһугурайара, ким-хайа иннинэ олоппос аҕала охсон остуол үрдүгэр ыттыбыта эрэ баар буолара. Ийэлээх аҕатын ыккардыларыгар сытан утуйан буккуратара. Эрдьигэнин аны көрүө дуо? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан