Кэпсээ
Войти Регистрация

“Быраҕыллыбыт” оҕолор

Главная / Кэпсээн арааһа / “Быраҕыллыбыт” оҕолор

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
27.04.2018 16:25
Орто дойду мөҥүрүөннээх олоҕор хас биирдии киһи тустаах бириэмэтигэр, анаммыт чааһыгар Үөһээ айыылартан айдарыллан, ийэтин иһиттэн төбөтүн оройунан тоҕо көтөн тахсан, күн сырдыгын көрөр, ытаан бэбээрэр. Мантан ыла кини сирдээҕи ыраас, чаҕылхай күннээх, үтүөнү эрэ түстүүр олоҕо саҕаланан барар. Ийэ барахсан саҥа төрөөбүтүнэн оҕотун түөһүгэр ылаат, сыллаан сыймаарытар. Оҕо минньигэс бэйэлээх сыта сүрэҕи-быары сылааһынан угуттуур, дууһаҕар тылынан кыайан этиллибэт үөрүү-көтүү олохсуйар, дьол көстүбэт ситимэ ийэлээх оҕону үйэлэргэ ситимниир. Дьэ, мантан саҕаланар киһи диэн ааттанан төрөөбүт кырачаан оҕо сирдээҕи олоҕо. Ол эрээри... оҕо эрэ барыта күүтүүлээх күндү киһи, кэтэһиилээх кэрэ бэлэх буолан күн сирин көрбөт эбит. Саҥа төрөөт, төрөппүттэрэ аккаастаабыт эрэйдээхтэр эбэтэр кыратык көрүллэн иһэн сир-халлаан икки ардыгар быраҕыллыбыт, туох да буруйа суох кырачааннар бу Орто дойдуга эмиэ баар буолаллар. “Быраҕыллыбыт” дьаралыктаах этим “Төрөппүт ийэлээх аҕабын бу диэн чопчу билбэппин, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах сир үрдүгэр айыллан кэлбиппин даҕаны этэр кыаҕым суох”, – диэн кэпсээнин саҕалыыр мин иннибэр олорор дьиҥнээх саха нарын кыыһа, далбар хотуна. Айылҕаттан хоп-хойуу кугас баттаҕын биир гына өрүнэн баран, кэннигэр ыытан кэбиспит, уһун, дьулугур быһыылаах-таһаалаах, маҥан бэйэлээх сирэйдээх, сахалыы номоҕон, олус ис киирбэх дьүһүннээх саха кэрэ куота Алиса. — 80-с сыллар саҥаларыгар илин улууска күн сирин көрбүтүм. Ийэм төрөтөн баран, түөрт ый эрэ кэриҥэ нэһиилэ көрбүт. Ол эрээри «аһыы» уу доҕордоох буолан, миигин соҕотохтуу дьиэҕэ хааллара-хааллара сүтэн хаалар идэлээх эбит. Ону, баччаҕа тиийиэх дьолбор, билигин ийэм буолбут күндү киһим барахсан дьонтон мин туспунан истэн, ол дэриэбинэҕэ ааттаан-суоллаан кэлбит. Миигин ол дьиэттэн, өрүү да буоларын курдук, соҕотох сытарбын булан (төрөппүт киһим үгэһинэн арыгылыы баран хаалбыт) ылан бэйэтин кытта илдьэ барбыт. Бэйэҥ бэркэ билэҕин — тыа сирин дэриэбинэлэрэ кыратын, ааһа баран, киин улуустарга бэйэ-бэйэлэригэр чугас сыталларын. Онон оччотооҕу кыракый дэриэбинэҕэ төрөппүттэрим миигин хантан, хайдах ииттэ ылбыттарын дэриэбинэ дьэллик ытыгар тиийэ бары биллэхтэрэ дии. Нэһилиэк төһө даҕаны мааны, үчүгэй ааттаах-суоллаах ыалыгар иитиллибитим иһин, оскуола оҕолоро миигин хойукка диэри “подкидыш” диэн үөҕэллэрэ. Бастаан бу тылы оскуолаҕа алын кылааска үөрэнэ сылдьан, кулгааҕым таһынан истэн аһарбыттаахпын. Ол да буоллар туох эрэ бөрүкүтэ суох тыл эбитин өйдөөбүтүм. Онтон кэлин, куруутун ыстырыыстыыр буолан барбыттарыгар, бу тыл ис хоһоонун билиэх санаам баһыйан, “Нууччалыы-сахалыы тылдьыт” дьиэбитигэр баарын арыйталаан, наадалаах тылбын булан ылбытым. Туох ис хоһооннооҕун өйдөөн баран, олорор олоппоспуттан чуут сууллан эрэ түспэтэҕим, оннук улаханнык соһуйбутум, хомойбутум. Ким да көрбөтүгэр ойуурга сүүрэн тиийэммин, баччааҥҥа диэри төрөппүт ийэм, аҕам дии сылдьыбыт дьонум миигин төрөппөтөх эбиттэрин, хайа эрэ атын дьахтар мээнэ быраҕан кэбиспит оҕото буоларбын саныы-саныы, ис испиттэн маккыраччы ытаабытым. Халлаан диэки хайыһан олорон, саҥа саҕалаан эрэр олоҕум туһунан
арааһы бары санаабытым, толкуйдаабытым. Дьоммуттан ыйыталаһыахпын, аны хомотон кэбиһиэм диэн ыйыппатаҕым, барытын испэр сөҥөрөн сылдьыбытым. Ийэлээх аҕам барахсаттар миигин төрөппүт оҕолоруттан итэҕэһэ суох ииппиттэрэ. Ас минньигэһэ, таҥас мааныта барыта миэхэ ананара. Олус үчүгэй усулуобуйаҕа, дьиэҕэ-уокка, сыһыаҥҥа иитиллэн, оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитим. Баҕам хоту сөбүлүүр идэбин баһылаары, Дьокуускай куорат биир үрдүк үөрэҕэр үөрэнэ киирбитим. Бастакы кууруһу бүтэрээт, олоҕум аргыһын көрсөммүн, ыал буоларга быһаарыммыппыт. Бастаан аҕам барахсан ыал буолан эрэрбин улаханнык сэҥээрбэтэҕэ, идэ ылбакка сылдьан ыал буолаҕын диэн. Ол да буоллар, хайыахтарай, сөбүлэспиттэрэ. Билигин санаатахпына, миигин таптыыллара бэрдиттэн бэйэлэриттэн эрдэ ыытыахтарын, тэйитиэхтэрин баҕарбатах эбиттэр. Баара-суоҕа 19 эрэ саастаахпар бастакы кыысчааммар күн сирин көрдөрбүтүм. Ол кэннэ үөрэхпин ситиһиилээхтик бүтэрэн, ийэлээх аҕам эрэллэрин түһэн биэрбэккэ, Дьокуускай биир балыыһатыгар дьон доруобуйата тупсарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьабын. Билигин үһүс оҕолонон, дьиэҕэ олоробун. Дэриэбинэҕэ эһэлээх эбэбитигэр күүтүүлээх күндү сиэннэр, кэтэһиилээх мааны ыалдьыттар буолан, өрүү кэлэ-бара сылдьабыт. Дьонум барахсаттар миигин харыстаан, оччоттон-баччаҕа диэри улаханнык “олоҕум хара өрүттэрин” туһунан тугу да кэпсээбэттэр, бэйэм да ыйыталаһан, сиһилии билэ сатаабаппын. Арай биири баччааҥҥа диэри сатаан өйдөөбөппүн: киһи хайдах бэйэлээх бэйэтин оҕотугар күн сирин көрдөрөн баран, итинник эппиэтинэһэ суох быраҕан кэбиһэрин, оҕотун туһугар сүрэҕэ ыалдьыбатын, кымаардаан да көрбөтүн... Билигин туора дьонтон иһиттэхпинэ, миигин төрөппүт дьахтар билигин да баар, өссө испэт буолбут үһү. Ол эрээри хайа улууска, дэриэбинэҕэ олорорун отой билбэппин. Кырдьыгынан эттэххэ, билсэ-көрсө сатыырга улахан баҕам да суох. Билиҥҥи ийэлээх аҕам барахсаттар миигин үөрэхтээх, үлэһит киһи оҥорон, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэригэр тугунан да төлөммөт ытык иэстээхпин. Барахсаттарбын олус ахтабын, сотору-сотору тахсан өрүү билсиһэ турабыт. Кырдьар, кыаммат саастарыгар кинилэри көрөр-харайар — мин ытык иэһим.
kyym.ru сайтан