Кэпсээ
Войти Регистрация

“Бырастыы, быраһаай!”

Главная / Кэпсээн арааһа / “Бырастыы, быраһаай!”

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.04.2018 16:51
“Подсудимый Иванов Гаврил Иннокентьевич обвиняется в тяжком преступлении... Приговаривается к 15 годам лишения свободы...” диэн судьуйа сөҥ куолаһынан бириигэбэр ааҕара ханна эрэ ырыых-ыраах иһиллэргэ дылы. Ыар өлөрүүгэ бачча сылы биэриэхтээхтэрин эрдэттэн билэр буолан, Ганя маннык тыйыс бириигэбэртэн соччо соһуйбатаҕа. Буолуохтааҕын курдук ылыммыта. “Аны кэлэн ким итэҕэйиэн, таах сибиэ кырдьыкпын була сатаан эрэйи көрдөхпүнүй...” – диэн, сапсыйан кэбиспитэ. Дьылҕата быһаарыллар кэмигэр санаата букатын атыҥҥа этэ. Хаайыыламмытын кэннэ дьоно эрэйдээхтэр хайдах олороохтууллар? Ийэтэ эрэйдээх буорайаахтаабыт, сыл иһигэр дьүдьэйбитэ сүрдээх. Хараҕын уутун сотторун быыһыгар уолун диэки хайдах эрэ быраһаайдаһардыы, эмиэ даҕаны аһыммыттыы, эмиэ да кэлэйбиттии көрөргө дылы... Санаатыгар эбитэ дуу?.. Аҕата суукка кэлбэтэх. Туох буоллаҕай?! Ыалдьыбыта дуу?.. Балта барахсан ийэтин аттыгар сөрүөстэн олорор. Убайын диэки ыйытардыы, итэҕэйбэтэхтии көрүтэлиир. Баар-суох холоонноох доҕоро, Сардаана, уолун көтөхпүтүнэн саала түгэҕэр умса туттан олорор, хараҕын уутун соттор. Кэлэйбит быһыылаах, кини диэки көрбөт. Оо дьэ, билигин кэлэн кэмсиммит иһин, буолуох буолан бүппүтүн кэннэ тугу уларытыай?! Киһи акаары да буолар эбит! Сардаана ол күн төһөлөөх ааттаһа-көрдөһө, элэ-была тылын этэ сатаата этэй. Суох, истибэтэҕэ. Атастарын кытары көрсүһэ диэн барбыта. Көмүс чыычааҕа аҕата суох хайдах киһи-хара буолар?! Оо дьэ, сор да буолар эбит. Аны оҕото барахсан “аҕаа” диир минньигэс тылын, саһыгыраччы күлэрин истибэт, бастакы хардыытын, күлэ-үөрэ айманарын, оскуола боруогун атыллыырын көрбөт буоллаҕа. Бырастыы гын, оҕом сыыһа! Мин эйигин тулаайах хаалларыахпын баҕарбатаҕым. Баһаалыста туһугар, ийэҥ тылын истээр дуу... Мин суолбун эрэ батаайаҕын... Үөрэххэр кыһаллаар, улахан үлэһит, дьоллоох киһи буолаар дуу... Оҕом котоку. Баһаалыста, дьаат аһын хаһан даҕаны амсайаайаҕын дуу... Арыгы диэн баар – киһи олоҕун түҥнэрэр, алдьатар уодаһыннаах дьаат. “Последнее слово подсудимому...” диэбиттэригэр, туран тугу даҕаны кыайан этээхтээбэтэ. Арай хараҕыттан ыар хааппыла буолан биир таммах түстэ. Хайдах маннык суолга тиксэн хаалбытын өйдүү-саныы сатаата да, билигин кэлэн тугу уларытыай... Тугу даҕаны өйдөөбөт. Итирик этэ. Барыта ити дьаат аһын иһэн бу айылаахха тиийдэ. Өскө кэмигэр тохтоон дьиэлээбит буоллун. Үлэлии сылдьыа, дьонун кытары үөрэ-көтө олоруо, кыракый көмүһүн иэдэһиттэн аргыый аҕай сыллаан ылыа, Сардаанатын ыксары да ыксары кууһан ылыа, үһүөн сиэттиспитинэн пааркаҕа күлэ-үөрэ хаамсыа этилэр. Ол барыта бүттэҕэ, биир арыгылааһынынан сотулуннаҕа ити. Аны кэлэн, хаһан да туолбат ыра санааҕа кубулуйдаҕа. Ганя: “Итэҕэйимэҥ, кинилэр барытын сымыйалыыллар, мин буолбатах, мин буолбатах...” — диэн этэ сатаата да саҥата иһиттэн тахсыбата. Хомбуойдар аптамаатынан тирээн илдьэ бара турдулар. Кэннигэр ийэтин: “Тукаам...” — диэн ытыыр икки ынчыктыыр икки саҥата иһиллэн хаалла. Кэннин хайыһан, бүтэһигин Сардаанатын хомойбут, Киэсиккэтин ытаабыт сирэйдэрин көрөн хаалаахтаата. Бүттэхпит. Аны кэлэн, туох диэй?! * * * Ганя өлөрүөхсүт буолан төрөөбөтөҕө. Кини элбэҕи эрэннэрэр үчүгэй үөрэнээччилэр ахсааннарыгар киирэрэ. Оскуолатын үчүгэй сыананан
бүтэрбитэ. “Аҕам курдук тутуу инженерэ буолуом”, — диэн ыра санаалааҕа. Аҕата Киэсэ хааппыла да арыгыны испэт, туруу үлэһит киһи этэ, куруук уолун батыһыннара сылдьара. Күһүн-саас куска сылдьаллара, саас маска тахсаллара, сайын оттууллара. Дэриэбинэ дьоно бары да оннук үлэ үөһүгэр олороллоро. Ийэлэрэ Балбаара дьоно кэлэллэригэр мэлдьи итии чэйдээх, сылаас астаах буолара. Биир сиргэ олорбото, куруук дьиэ иһинэн-таһынан үлэлээн кутугунайа сылдьара. Балтын кытары мааныланан аҕай иитиллибиттэрэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, атын улуус кыыһын батыһыннаран кэлбитигэр, ийэлээх аҕата төһөлөөх үөрбүттэрэй. Сонно аймахтарын мунньан, үөрэ-көтө остуол тардан кийииттэрин көрсүбүттэрэ, ый буолан баран улахан уруу тэрийбиттэрэ. Аммалары кытары ыкса аймахтаспыттара. Кыыс аҕата күтүөт дьоһуннааҕын, өйдөөҕүн хайҕаабыта, уол дьоно кийииттэрэ хайдах курдук кэрэтин, маанытын эппиттэрэ. Ол күн кэлбит киһи эрэ бары эдэрдэр хайдах курдук дьоллоохтук олоруохтарын ыралаабыттара. Сыбаайбалаан баран, бастаан утаа куоракка дьиэ куортамнаһан олорбуттара. Ганя биир дьоҕус тэрилтэҕэ киирэн үлэлээн иһэн хоту дойдуга хочуолунай тута барсыбыта. Онно үс ый үлэлээн кэлбитэ. Тутуу инженерэ буолуохтаах киһи, тутуу хайдах ыытылларын ымпыгар-чымпыгар тиийэ билиэхтээҕэ. Ол иһин ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлээбитэ. Салалтата этэринэн, хоту үлэлээн балай эмэ уопутурбута, саҥа саҕалаан эрэр киһи диэтэххэ, үчүгэй испэсэлиис ахсааныгар киирбитэ. Сити курдук салгыы куоракка кэлэн быстах тутууларга үлэлэһэр буолбута. Биир эмэ судаарыстыбаннай тутууга тиэндэринэн кыайдахтарына, улууска баран улахан тутууга үлэлииллэрэ. Икки сыл итинник биллибэккэ ааспыта. Саас уоллара төрөөн, эдэр ыаллар улаханнык дьолломмуттара. Икки өттүттэн бэлэх-туһах бөҕө киирбитэ. Эдэр ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйыы бырагырааматыгар киирсэн, биир хостоох кыбартыыра атыыласпыттара. Онон, дьэ, күһүн малааһын оһуобайа буолбута. Кыыс дьоно куукуна ыскаабын ылан биэрбиттэрэ, оттон уол дьоно сымнаҕас миэбэл атыыласпыттара. Дьэ, уонна аймахтара, бииргэ үөрэммит доҕотторо бары кыра-кыра бэлэх-туһах туттарбыттара. * * * Кинилэр саҕа дьоллоох ыал суоҕа. Ганя сити курдук үлэлии-хамсыы сылдьан, хоту бииргэ үлэлээбит уолаттарын көрсө түспүтэ. Уолаттар “көрсүһүүнү бэлиэтиэххэ наада” дэспиттэрэ. Маннык аадырыска кэлээр диэн буолбута. Ганя кэргэнигэр кэпсээбитигэр, Сардаана ити ыҥырбыт киһини соччо сөбүлээбэт буолан, тоҕо эрэ ыытыан баҕарбатаҕа. Киэһэ аймахтарбытыгар барыахтаахпыт эҥин диэн этэ сатаабыта да, киһитэ истибэтэҕэ. Ганя уолаттар эппит аадырыстарыгар, инньэ Марха түгэҕэр, чааһынай дьиэҕэ барбыта. Киирбитэ, хотулар бары да түһүүлэнэр сирдэрэ быһыылааҕа. Дьиэ таһыгар таһаҕас тиэйэр биир улахан массыына турара, өссө биир УАЗ массыына баара. Уолаттар көрсүһэн үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттара. Баанньыска ботуччу соҕус таһаҕас аҕалбыт буолан, үгүөрү үптээҕэ. Дьонун күндүлээн дьааһыгынан арыгы аҕалбыта. Иһирдьэ-таһырдьа сылдьар дьон үксүлэрэ да иһиспиттэрэ быһыылааҕа. Ганя Баанньыскатын кытары биир “дьыалабыай кэпсэтиини” ыытаары дьон аҕыйыырын кэтэһэ-манаһа сатаабыта да... Аҕыйыахтааҕар өссө эбиллэргэ дылы буолбуттара. Сорох-сорохтор дойду бөдөҥ-садаҥ уолун атыҥыраабыттыы кырыы харахтарынан көрбүттэрэ. Бииртэн биир бытыылка кураанахтанан испитэ. Ганя күнү быһа сүүрэ сылдьыбыт буолан, аччык иһигэр кыллырҕаччы иһэн,
начаас ирим-дьирим барбыта. Улам сылаарҕаан, иһиттэн саҥата тахсыбат буолан, устунан утуйуон баҕарталыыр курдук буолан барбыта. “Дьиэлиэм этэ”, — диэбитин уолаттар саҥардыбатахтара. Ол икки ардыгар Баанньыска биир уоллуун туохтарын эрэ кыайан үллэстибэккэ уолуктаһан турбуттара. Ганя табаарыһын тохтото сатаабытын билигин онон-манан өйдүүр. Кинини истиэхтэрэ дуо, хоту дойду уолаттара ыгымнара сүрдээх этэ. Бардьыгынаһа түһээт, тутуһан киирэн барбыттара. Ганя тутуһа сылдьар уолу моонньуттан хам ылан, хоско соһон киллэрбитэ. Тугу эрэ өйдөтө сатаан саҥара сатыырын эмиэ кыратык өйдүүр. Анарааҥҥыта аны кини үрдүгэр түспүтэ. Сибиэһэй балык аһылыктаах дьон диэх айылаах, итирэн да быстыбаттара бэрдэ. Ганя мээнэ испэт буолан эбитэ дуу, аччык иһигэр иһэн эбитэ дуу, итирэн хаалбыта. Хайа эрэ уолу кытары уолуктаһан эрэрин, остуолга эт кырбаан сии олорбут быһаҕа сытарын көрөн, ыскаап диэки илдьэн кистии сатаабытын эмиэ онон-манан өйдүүр. * * * Ким эрэ тэбиэлээбитигэр уһук-тубута. Аттыгар Баанньыската кыа хаан буолан сытаахтыыра. Хаста даҕаны анньыллыбыт. Аттыгар, били, саха быһаҕа мин аҕай диэбиттии киэптээн, өлөрүү оруудьуйата буолан сытара. Полиция үлэһиттэрэ кэлэн кинини сахсыйа тураллар эбит. Били, хааннаах быһаҕы ылан салапаан бакыакка укпуттара. Кинини сулбу ойутан туруоран ыйытыы бөҕө буолбуттара. Ганя төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас этэ. Саатар, полицияларбыт бардьыгынаһан түһэн тоҕо да сүрдэрэй... “Тугу даҕаны өйдөөбөппүн...” — диэн этэ сатаабыта да саҥардыбатахтара. Сонно илиитигэр наручник кэтэрдэн, хас даҕаны буолан арыаллаан отделга аҕалбыттара. Түүннэри-күннэри хаайа сытан доппуруостаабыттара. Соруйан түүн ыҥыраллар быһыылааҕа. Лаампа уотун сирэйигэр тыктаран хаһыа да буолан ыйыталлара. “Мин буолбатах”, — диэбитигэр биир киһи кэлэн быарга саайбыта. “Эн биһиэхэ ону-маны кэпсээмэ. Быһахтаах сүүрэ сылдьыбыккын элбэх киһи көрбүт. Онон туох да муоҕа-чуоҕа суох “өлөрбүтүм” диэн билинэн кэбис. Туох баар дакаастабыл барыта бэлэм, онон төһөнөн түргэнник билинэҕин да соччонон буруйуҥ чэпчиэ этэ, акаары”, — диэбиттэрин өйдөөн хаалбыта. Баанньыска биир уоллуун кыыһырсан уолуктаспытын, кини туран тохтотолуу сатаабытын, ол уолу хоско илдьэн кэпсэппитин, уопсайынан, тугу өйдүүрүнэн кэпсии сатаабыта да, барыта хайдах эрэ этэ. Атын дьону эмиэ доппуруостууллар быһыылааҕа. Биирдэ өйдөөбүтэ, кинини өлөрүүгэ уорбалыыллар эбит. Атын дьон көрдөрүүлэрин бүтүннүү кинини түбэһиннэрэр гына суруйбуттар этэ. Саатар, сиэбиттэн Баанньыска харчытын булан ылбыттара. Маҕаһыыҥҥа ас атыылаһа сылдьан “сиэбим суох” диэн уктарбытын санаан кэллэ. Аны, били кистии сатаабыт быһаҕыттан кини тарбаҕын суола көстүбүт. Ону барытын “дакаастабыл” оҥороннор, сүрүн уорбаланааччы кини буолан хаалбыта. Дьоно соһуйан эрэ хаалбыттара. Биирдэ даҕаны көрүһүннэрбэтэхтэрэ. Албакаат наймыылаһан үлэлэтэ сатаабыттара да, киһилэрэ быыһаныах айылааҕы тугу да булбатаҕа. Хоту дойду уолаттара маныаха кыттыгаһа суох курдук тахсыбыттара. Илиитигэр быһах тута сылдьарын көрбүт киһи да баар буолбута. Ситинник бииртэн биир сымыйа көрдөрүү биэрэн испиттэрэ, дакаастабыл да хара баһаам буолбута. Саатар, бэйэтэ тугу даҕаны өйдөөбөт. Сити курдук
сыл аҥаарын быһа СИЗОҕа сыппыта. Суут кэннэ дьиҥнээх хаайыыга көһөрүөхтээхтэрэ. Сардааната кэлэйбит, суламмыт суругун ааҕан, хараҕа өссө хараҥарбыта. Дьиэтин куортамнаан баран, Аммаҕа дьонугар тахсан эрэрин туһунан суруйбут этэ. Маннык ыар баттыктаах сатаан олорботун, оҕолоро аҕатын суохтаан ытыырын, ийэтэ улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбитин, аҕата, балта нэһиилэ сылдьалларын эппит. * * * Эдэрдэр дьоллоох олохторо манан бүппүтэ. Ганя хаайыыга сытан аны уон биэс сылынан туох буолуохтааҕын ырыҥалаан көрө сатыыра да... Ырааҕа бэрдэ. Онуоха диэри Сардаана хайаан кинини күүтэн сылдьыай... Саатар, сэлликтээн иэдэйдэ. Хас да күн толкуйдаан баран: “Сардаана, миигин кэтэһимэ. Аны кэлэн хаһан киһилии олох олоруохпутуй. Үчүгэй киһини көрүстэххинэ, кэргэн тахсаар. Кылаабынайа, уолу киһилии иитэ сатаа. Мин суолбун баппатын. Бырастыы, быраһаай! Аны суруйума”, — диэн бүтэһик суругун суруйбута. Кини дьонун олоҕор орооһуон, мэһэйдиэн баҕарбатаҕа... СИККИЭР.
kyym.ru сайтан