Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэрэ кэмнэри эргитиэх...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэрэ кэмнэри эргитиэх...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
17.04.2018 17:59
Дьогдьоот күһүн кэллэ. Бэҕэһээ аламай маҥан күммүт барахсан кыырпах да былыта суох күп-күөх халлааҥҥа көмүс сардаҥатын ыспахтаан, сайынын иккистээн эргиппит курдук буоллаҕына, бүгүн лүҥкүрэн түһэн, эчи, куруһун. Санньыар санаа хантан эрэ саба барыйан кэлэн, кэннигиттэн хам кууһан ылбытын курдук үлүгэрэ. Хайа да диэки хайыс – барыта болоорхой. Аҕыйах хонуктааҕыта аҕай сиккиэр тыалга бигэтэн көмүс дуйунан күлүмүрдүү сыппыт күөл хайыы-үйэ лигиччи тоҥон, килэгир мууһун кыраһаҕа саһыаран, эмиэ тугу эрэ иһиллиирдии иһийэн хаалбыт. Барыта ити курдук. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы, иэгэйэр икки атахтааҕы төһөнөн хаар баттаан истэҕин аайы оннук. Көр, адьас соторутааҕыта үнүбэрсиэт Кылаабынай куорпуһун иннигэр туналыспыт хатыҥнар сэбирдэхтэрин тыаһа хайдахтаах курдук суугуну түһэрэн кылабачыһар этилэрэй?! Олор билигин суохтар, оттон аны саас эмиэ биир итинник саҥа сэбирдэхтэр тыалы кытта сырсан тэлибирэһэн тахсыахтара. Ол эрээри... оруобуна оннук сэбирдэхтэр дуо? Хайдах барыта атылыы буолуой? Туох барыта уларыйар, тупсар, саҥатыгар түһэр, атыннык эттэххэ, эргэни саҥа солбуйар. Ахсынньы ыйга саха тылын анал идэлээх дьонун бэлэмниир үрдүк үөрэх кыһата аһыллыбыта 75 сылын үөрэ-көтө бэлиэтиэхтэрэ. Киргиэлэй Кэрэмээһэпкэ, бу тэрилтэҕэ син балай эмэ кэмҥэ үлэлээбит киһиэхэ, биир туспа долгутуулаах. Кини даҕаны бу үөрэх кыһатыгар 40-ча сыл анараа өттүгэр киирэн бүтүн алта сылы быһа үөрэммиттээх. Ити курдук арааһы саныы-саныы, Ярославскай аатынан уулусса таһынан, оруобуна ол сахтарга Саха судаарыстыбалыы үнүбэрсиэтин устуоруйа-билэлиэгийэ бакылтыата (СГУ ИФФ) дьэргэйэн турбут сиринэн, ааһан истэҕинэ, сааһыра барбыт биир дьахтар тохтотон «манна билигин устудьуоннар үөрэммэттэр дуо, сэгээр?» диэн ыйытта. Киргиэлэй бу хаһааҥҥыта эрэ эмиэ кини курдук манна үөрэммит киһи кэлэн сураһа турдаҕа дии санаан, өйдөөн-дьүүллээн көрдөҕүнэ, бэркэ билэр киһитин курдуга. Арылхай харахтыын, тэтэркэй иэдэстиин үүт-үкчү Маргыына Мэхээйилэбэ буолуон сөпкө дылы. – Эн... Маргыына Мэхээйилэбэ буолбатаххын дуо? – Ээ... оттон эн Кириис Кэрэмээһэпкин быһыылаах дии. Ончу уларыйбат эбиккин, арай баттаҕыҥ кэрэмэстийэрин ааһан биллэ туртайбыт, – мааны таҥастаах дьахтар үрүҥ көмүс ытарҕата эйэҥэлээн ыларын быыһыгар эйэргээбит хараҕынан имэрийэ көрөн туран саҥаран эҥээрийдэ. Онтон салгыы – элбэх да сыл ааста бу дьиэттэн дьупулуом той тутан, үрдүк үөрэхтээх испэсэлиис аатыран, көччөх буолан көппүппүт... – диэн баран, тохтоон хаалла. – Маргыына, эн, арааһа, дойдугуттан – Уһук Хотуттан – тэйбэтэҕиҥ ырааппыт быһыылаах. Хата, биһиэхэ барыах, мантан чугас соҕус олоробут. Оҕолорбут дьиэ-уот тэринэн туспа барбыттара ыраатта, онон кэргэним Нотууну кытта бэйэбит эрэ баарбыт. Бүгүн субуота дии, хонон, уруккуну-хойуккуну санаһан ааһыах баара, – диэн баран, бокуой биэрбэккэ дьахтары хонноҕун анныттан ылбыта. * * * Дьиэтигэр аҕалан Нотуутун кытта билиһиннэрбитэ, өссө киэһэлик омук сухуой арыгытын бакаалларга кутан күөгэҥнэппиттэрэ. Маргыына урукку кэрэ дьүһүнэ оннунан хаалбыт этэ, арай арыый сонос көрүҥнэммит быһыылааҕа. Күлэрэ-үөрэрэ, кыраттан да тэптэн чаҕаарыйан ылара – отой
уруккута, 40 сыллааҕыта этэ. ... Ол сахтарга Киргиэлэй саха тылын үөрэҕэр туттарсыам диэн түһээн да баттаппакка сырыттаҕына, бу бакылтыакка үһүс кууруска кэтэхтэн үөрэнэр эдьиийэ «саха тылыгар нобуордара туолбатах, эн, хата, хоһоону тааҕы-таах уҥа-хаҥас ыһа сылдьар киһи, боруобаҕа туттарсан көрүөҥ этэ» диэччи буолбута. Киргиэлэй «кырдьык даҕаны, эксээмэҥҥэ кырбаан таһаараллара баарай, киирбэтэххэ даҕаны туох буолуой» диэн, эдьиийиттэн хас да кинигэлээҕин уларсан, бэлэмнэммитинэн барбыта. Баччаҕа тиийиэх быатыгар, эксээмэннэрин хоп курдук туттаран, устудьуон кэккэтигэр киирбитэ. Кэтэхтэн үөрэххэ. Үөрэххэ киирбит күннэригэр бастакы куурус устудьуоннарын «хаапыдыра салайааччыта» диир, чахчы, тимир-тамыр туттуулаах киһилэрэ бүрүйүөмнээбитэ. Мааны таҥастаах, саас ортолоох ол киһи, көбүс-көнөтүк туттан туран, хаа-хаадьаа төбөтүн кыҥнах гыннаран ыла-ыла арааһы бары кэпсээбитэ. «Этэрбэс араадьыйата» этэринэн, бастаан абааһы бухатыырын аата иҥмит бу учууталы төлө түстэххэ, онтон төрүт былыргы өбүгэлэрбит ииччэх-бааччах суруктарын үөрэтэр хаар маҥан баттахтаах курбалдьыйбыт учууталы туораатахха, үрдүк үөрэҕи бүтэрбитинэн ааҕыныахха сөп үһү. Онон ооҕуй оҕус бадараанныыр кэмэ-дьыла бастакы-иккис куурус эбит диэн быһаарбыттара. Кырдьык даҕаны, тылын-өһүн «ыйааһынныы-ыйааһынныы» аа-дьуо саҥаран кынталдьыйар табаарыс барыларын салыннарбыта. Кини этэринэн, алта сыллаах үөрэхтэрин бу олорор дьонтон бэрт аҕыйах киһи бүтэриэ үһү. Аҥаардара кыайбакка, сир ортотуттан үөрэҕин быраҕара чуолкай диэн буолла. Онон эрэй эрдэтинэ, сибилигин даҕаны, субу ылбыт устудьуоннуур билиэтин ууран биэрэн баран, дойдулаах дойдутун диэки айанныы турара көҥүл үһү. Итинэн эрэ бүппэтэҕэ: сорох-сорохторо ойохтонон-урууланан, силис-мутук тардан баараҕадыйан барар, оттон хас эрэ бырыһыаннара, төттөрүтүн, кэргэниттэн арахсан эҥиннээн адьас атын дьылҕаланар диэн эппитэ-тыыммыта... Куурус устудьуоннарын хайа быспыт аҥаара учуутал этэ. Үксүлэрэ Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн, устудьуонтан туох ирдэнэрин «мунна-уоһа кэрдиллэн» син балачча билбэхтэһэрэ. Арай Киргиэлэй, ол иннинэ училищеҕа үөрэммэтэх уонна оскуолаҕа үлэлээбэт буолан, мунаарар боппуруоһа элбэх буолара. Уруок былаана, халандаарынан-тиэмэнэн былаан эҥин диэннэри саабыс табаарыһа Дэниис Сөдүөтэптэн ыйыталаһан ыйдаҥардара. Тас көрүҥүнэн тоҥ нуучча эрээри, Дэниис, дьиҥэр, уу саха этэ. Урутаан эттэххэ, төрдүс дуу, бэһис дуу кууруска тиийэн оскуола дириэктэрэ буолбута, ону таһынан уруккуттан нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата буолан, түс-бас тыллааҕа. Сиэссийэлэрэ түмүктэннэҕинэ, хотуттан төрүттээх буолан, дьоҕус быраҥааттаны саталлаахтык кыһан кырылатара. Күп-күөҕүнэн көрө-көрө, уутугар-хаарыгар киирэн бардаҕына, күөл уһугар кирийэн олорон, ачака диэн уу куһа (туотаайы) субу көтөөрү дайан талыгырайан эрдэҕинэ ойон туран, соһутан хонууга суулларарын кэпсиирэ. Өссө онтун түүлэри-майырдары дэлби бырыыга таптайаан-таптайан баран, кутааҕа уурбута астык баҕайытык бүскүччү буһан тахсарын кэпсээтэҕинэ, истээччи барыта силин быһа ыйыстара. Эдэригэр ол туундара дойдутугар ДТ-54 тыраахтарынан хастыы эмэ сууккаҕа таһаҕас тиэйэ барарын сэһэргиирэ эмиэ биир туспа арамаантыка этэ. Дьэ, бу Дэниис маҥнай утаа Маргыына Мэхээйилэбэ диэн сырдык хааннаах кыыстыын адьас иннэлээх сап курдук суксуруһаллара. Лиэксийэҕэ бииргэ олороллор, остолобуойга бииргэ аһыыллар, онтон киэһэлик эмиэ бииргэ бараллар. Киргиэлэй бастаан кэргэнниилэр диэн санаабыта, сотору соҕуһунан
онто сыыһа буолан соһуппута, кистээбэккэ эттэххэ, үөрдүбүтэ даҕаны. Кинилэр үрдүлэринээҕи иккис кууруска сирэйинэн Маргыынаҕа ырааҕынан тиийбэтэр даҕаны, дьылыгырас уҥуохтаах, көбүс-көнө атахтаах Күннэй Кириллина диэн кыыс үөрэнэрэ. Кини эмиэ Бүлүү педучилищетын бүтэрбит, оччолортон Дэнииһи кытта бэркэ эйэргэспит кыыс хотун эбит. Киргиэлэй сөхпүтэ диэн – бу кыыс Дэниис сордооҕу эрбэҕин үрдүгэр тааҕы-таах эргитэрэ. Уоллара, бэл, кинилэри кытта «суостаах эксээмэни» нэһииччэ туораабыттарын «бэлиэтэспэккэ» (Дэнииһиҥ үрүүмкэни киэр аспат элик этэ!) Күннэйин кытта сус гынан хаалара. Маргыына Дэнииһиттэн маппыт киһи буолан, санаарҕаан ылла эрэ суох – биллибэт. Хата, Киргиэлэй лиэксийэҕэ бииргэ олорор киһилэнэн, кыраттан да үөрэр дьүөгэлэнэн, эгэ-дьэгэ буолбута. Биирдэ кыыһа лиэксийэ кэнниттэн олорор дьиэтигэр атаартарбыта. Үөрэнэр сирдэриттэн 5-6 мүнүүтэ хаамыылаах эбит этэ. Манна тастыҥ балта аах олорор үһүлэр эрээри, ол киэһэ тоҕо эрэ суох буолан биэрбиттэрэ. Сулумах, эбиитин өрүс пуордун уопсай дьиэтигэр олорор эдэр киһиэхэ – Киргиэлэйгэ – сүөгэй үрүҥнээх хойуу чэйи иһэр, саһарчы буспут сып-сымнаҕас алаадьыны сиир туохха тэҥнээх буолуой?! Оо дьэ, асчыт да барахсан – Маргыына котоку! Иккиэйэҕин ол түүнү быһа астыктык да таптаспыттара. Киргиэлэй аска-үөлгэ аралдьыйан, бастаан утаа дьүөгэтэ дойдутугар эрдээх, оҕолордоох, быһата, дьиэлээх-уоттаах хаһаайка эбитин өйүгэр оҕустаран да көрбөтөҕө. Хайдах эрэ «тугун баҕас үчүгэйэй, хайаан да кэргэн ылыам!» диэн, бүүс-бүтүннүү имэҥ уотугар күүдэпчилэнэн, үрүмэччи курдук өрүтэ көтүөлүү сытан санаталаан ылара. Арыый уоскуйан, тыын ыла түһэн баран, дьахтар суорҕанын киэр хаһыйан, сыбыс-сыгынньаҕын туналыйан тиийэн остуолга уурбут суумкатыттан дьонун кытта түспүт хаартыскатын аҕалан көрдөрбүтүгэр Киргиэлэй тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолбута. Тоҕо да итинтин көрдөрөөччү буолбута буолла?! Баҕар, дириҥ сыһыаҥҥа киирэн тимирбэтин диэтэҕэ дуу, биитэр «эн эмиэ биһиги дьиэ кэргэн арахсыспат истиҥ киһитэ буолаҕын» диэбит быһыыта эбитэ дуу – ким билиэй. Маргыыната сиэссийэ бүттэҕинэ, дойдулуон эрэ иннинэ хайаан да Киргиэлэйгэ быраһаайдаһыы имэҥнээх тапталын бэлэхтиирэ уонна туох да буолбатаҕын курдук, оҕолоругар, эригэр кэһии бөҕөтүн атыыласпытын тэлгэтэ сытан көрдөрөрө. Онтун быыһыгар Киргиэлэйи төһө таптыырын, дьонун быраҕан киниэхэ эргэ тахсарын туһунан тыл быһаҕаһын саараама быктарбатаҕа. Үрдүк үөрэх кыһатын эмиэ сол курдук түмүктээбиттэрэ: Маргыына – дойдутугар, оттон Киргиэлэй дьол көрдөһө букатын атын оройуоҥҥа барбыттара. * * * Маргыына Киргиэлэйдээххэ хонон, уруккутунуу, туох да буолбатаҕын курдук истиҥник быраһаайдаһан барбыта. Саха тылын идэлээхтэрин бэлэмниир кыһа 75 сыллаах үбүлүөйүгэр хайаан да кэлиэх буолар. Оттон куурустарын биир дьоһуннаах киһилэрэ, саастаах дьонтон биирдэстэрэ, хоту дойду хоһуун ыччата Дэниис Сөдүөтэп соторутааҕыта 70 сааһын бэлиэтээбит сурахтаах. Бочуоттаах аат-суол баар аҕай кырдьаҕаһа элбэх сиэннэнэн, бэйэтин курдук күп-күөҕүнэн көрбүт ыччаттарданан олордоҕо. Бары даҕаны ол тэҥинэн сырыттахтара эбээт урукку устудьуоннар. Ити гынан баран 40-ча сыллааҕы устудьуоннар таптыыр идэлэригэр саҥаттан саҥа көлүөнэни үүннэрэн, утумнарын салҕаан баччаҕа кэллэхтэрэ.
Ким төһө кыахтааҕынан. Туох барыта уларыйар, тупсар, саҥатыгар түһэр, атыннык эттэххэ, эргэни саҥа солбуйар. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан