Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кини да үчүгэй олоххо баҕарбыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кини да үчүгэй олоххо баҕарбыта
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
06.04.2018 15:39
Балбаара, дьиҥэ, саас ортолоох дьахтар этэ. Хомойуох иһин, “этэ” дииргэ тиийэбит. Билигин кинини көрөн туран ким даҕаны “орто саастаах дьахтаргын” диэбэт. Баттаҕын аһа хайыы-үйэ кыырыктыйан, сирэйэ-хараҕа харааран, мырчыстан дьүһүн-бодо, таҥас-сап буолан олороохтуур. Быгыһын дьиэ анныгар үлүйэн өлө сыспытын үтүө санаалаах дьон булан, суһал көмөнү ыҥырбыттара. Хата, өлбөт быатыгар, ытын күүлэйдэтэ сылдьар киһи булбут. Тарбахтара үлүйбүтүн быспыттара. Сылдьыбыта сыччах, аны, инбэлииттэр халыҥ хамаандаларын хаҥатан, хас эмэ ыйы быһа балыыһа “иччитэ” буолан сытар. Билигин, төһө да маннык ньүдьүрээтэр, урут кырасаабысса бэрдэ этэ. Бастаан утаа үөрэҕин бүтэрэн медучилищеҕа үөрэммитэ. Үөрэҕэр үчүгэй буолан, тута уобаластааҕы балыыһаҕа үлэҕэ былдьаһыгынан ылбыттара. Бөлөҕөр саамай ситиһиилээхтэрэ кини этэ. Учууталлара үрдүк үөрэххэ туттарыс дии сатаабыттара. Дьоно кыахтара суох буолан, балыстарын-бырааттарын иитиһээри үлэлиир буолбута. Кэлин кэтэхтэн үөрэниэм диэн былааннаабыта да... Дойдуга аймалҕаннаах 90-с сыллар сатыылаабыттара. Инньэ гынан, бу ыар кэмҥэ саатар дьонугар көмөлөһөөрү, балыыһаҕа сиэстэрэлии киирбитэ. Бииргэ үлэлиир быраастара хайгыыртан соло булбаттар этэ. “Маннык биир-икки сыл үлэлии түһэн баран, мин даҕаны үрдүк үөрэҕи бүтэрэн быраас буолар инибин... оччоҕо, баҕар, Максимым төннүө... ” диэн ыра санаалааҕа. * * * Училищеҕа үөрэнэ сылдьан Максим диэн куорат уолун кытары доҕордоспута. Уол уопсай таһыгар кэлэн турарын бары көрөллөрө. Кыргыттар эттэхтэринэ, кыыс ойон тахсара. Онтон иккиэн киинэҕэ бараллара, мороженай сии-сии уулуссаҕа сиэттиһэн хаамсаллара. Ол саҕана Варя — кыыс оҕо кылааннааҕа. Уол бөҕө эккирэтэр этэ да, кыһаллыбат этэ. Кини сылаас мичээрэ соҕотох Максимҥа эрэ ананара. Инники дьоллоох олохторун, оҕо бөҕө саһыгыраччы күлэ-оонньуу сылдьалларын, туһунан дьиэлэнэн-уоттанан олороллорун сэмээр кистээн кэпсэтэр буолбуттара. Уол дьоно даачаҕа көспүттэрин кэннэ биирдэ-иккитэ баран хонон турардаах. Субу холбоһоору сылдьар таптаһар сүрэхтэр иэйии абылаҥар ылларан хоонньоспуттарын билбэккэ да хаалбыттара. Варя дьонугар “куорат уолугар кэргэн тахсарын” туһунан туох да кэтэх санаата суох үөрэ-көтө кэпсээбитэ. Дьоно, төһө да кыахтара суох буоллар, уруу тэрийиэх буолан үөрдүбүттэрэ. Максим дьоно даачаттан көһөн киирбиттэрин кэннэ “кыыспын билиһиннэриэм” диэбитигэр дьоно соһуйбуттара. Тапталлааҕа хантан сылдьарын, ханна хайдах үөрэнэрин, хас бииргэ төрөөбүттээҕин үөрэ-көтө кэпсээхтээбитэ. Куорат мааны ыала ол дэриэбинэ кыыһын тэҥниэхтэрэ баара дуо?! Ийэтэ сонно тута охтон түһэ сыспыта... Биллэн турар, онтун уолугар биллэрбэтэҕэ. Аҕалара, салайар үлэҕэ сылдьар киһи, дьиэтигэр хоноһо эрэ курдук сылдьара. Онон ийэлэрэ дьиэ ис-тас бытархайын соччо кэпсии сатаабат этэ. Бу сырыыга күҥҥэ көрбүт соҕотох уоллара хайа эрэ дэриэбинэ кыыһын билиһиннэрэ аҕалан эрэрин улахан алдьархайга түбэспит курдук ылыммыта. Онон хайаатар даҕаны аҕаларыгар этэргэ быһаарыммыта. Ол киэһэни быһа ийэлээх уол икки ардыгар кыыһырсыы тахсыбыта. Ийэ киһи быһыытынан уолун инники олоҕун, хайдах курдук Москуба куоракка баран үөрэниэхтээҕин, аҕатын туйаҕын хатарыахтааҕын, билигин кэргэннэнэрэ табыллыбатын, буолаары буолан — дэриэбинэ кыыһын, олоҕун алдьатан эрэрин туһунан
элбэҕи эппитэ-тыыммыта. Уол кини кыыһа хайдах курдук өйдөөҕүн, кэрэтин, киһи быһыытынан үчүгэйин туһунан этэ сатаабыта. Ситинник кэпсэтии кэннэ ийэ соҕотох оҕотун көрдөһүүтүн хайыаҕай, киэһэ “кийиит” көрсөргө санаммыта. “Дьэ, көрүллүө”, — диэн сөбүлэспитэ. Уол ийэтин улаҕалаах санаатын өйдөөбөтөҕө. Оҕо курдук барытын көнөтүнэн ылыммыта. Оттон ийэ, дьэ, хайдах курдук киэһээҥҥи көрсүһүүнү бэлэмнии сылдьарын кистэлэҥҥэ туппута. Максим киэһэ Варятыгар баран: “Ийэм, ыҥырда, эйигин кытары билсээри гынар, киэһэ биһиэхэ барыахпыт”, — диэмэхтээбитэ. Варя, биллэн турар, куорат ыалын дьиэтигэр ынырык кэпсэтии күүтэрин сэрэйбэтэҕэ. Кинини хайдах баарынан ылынан эрэллэриттэн үөрбүтэ, эмиэ даҕаны буолуохтаах көрсүһүүттэн ис-иһиттэн долгуйбута, эмиэ да толло санаабыта. Кыыс үөрэҕин кэнниттэн иккиэн киинэҕэ сылдьан баран уол дьиэтигэр барбыттара. Варя барахсан ох курдук оҥостубута. Төһөтүн да иһин, кийииттии барар буоллаҕа дии. Кэргэнэ буолуохтаах киһитин төрөппүттэригэр кэрэтик көстүөн баҕарбыта. Кэтэһиилээх киэһэлэрэ буолбута. Максимнаах Варя үөрэн-көтөн дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Дьиэлээх хаһаайка “кийиитин” көрсөөрү кыра ас тардан, эмиэ ох курдук оҥостон олорбута. Аҕалара кэм да кэлэ илигэ. Билигин, саатар, ыһыллыы-тоҕуллуу буолаары турар кэмигэр уларыйыы-тэлэрийии да үгүс буоллаҕа дии. Киэһэ хонугар кэллэҕинэ баһыыба. Ийэ кыыһы сыаналыырдыы үөһэттэн аллараа көрөн түһэрбитэ. Кэрэ сэбэрэтигэр уола умсаахтаабытын эмиэ өйдөөбүтэ. Таҥаһа-саба мөлтөҕүн сонно тута быһааран сиилии санаабыта. Хотун хаан дьахтар одуулууруттан кыыс долгуйан саҥата иһиттэн тахсыбат буолбута. Арай Максим эрэ биир кэм саҥар да саҥар буолбута. Ийэ киһи чэйдии олорон кыыс хантан сылдьарын, төрөппүттэрэ тугу үлэлииллэрин, бииргэ төрөөбүттэр хаһыаларын, ханна үөрэнэрин барытын доппуруостаабыта. Максимы сампааныскай ыллара маҕаһыыҥҥа таһаарбыта. Дьэ, ол кэмҥэ иккиэйэҕин хаалан баран, кинилэр уоллара сотору Москубаҕа үөрэнэ бараары сылдьарын, доҕотторун кыыһын кытары доҕордоһорун, ол кыыһы эрэ таптыырын, кинини сыччах аһынан эрэ сылдьарын, уол инники олоҕор мэһэй эрэ буолуоҕун туһунан биир тыынынан кутан кэбиспитэ. Кыыс оһоҕостооҕун туһунан этэн көрбүтэ да, дьыаланы өссө хаахтыппыта. Ийэ буолан-хаалан турбат дуо?! Варя муҥнаах сиргэ тимириэҕин сирэ кытаанах, халлааҥҥа көтүөҕүн кыната суох буолан, нэһиилэ тулуйан олорбута. Маннык ыарыылаах саҥаны-иҥэни тулуйар кыаҕа суоҕа. Хараҕыттан уу-хаар баһан, дьиэттэн нэһиилэ сүүрэн тахсыбыта. Ол тухары Максим кэлэн быстыбатаҕа. Варя уопсайыгар хайдах тиийбитин өйдөөбөт. Хараҕын уута букатын тугу да көрдөрбөтөҕө, тулата туман курдуга. Ол иһин даа, куорат мааны ыала хаһан кинини, хотон үлэһиттэрин оҕотун тэҥниэхтэрэй диэн, бииргэ олорор кыргыттара этэ, сэрэтэ сатаабыттара. Варя нэдиэлэни быһа ыалдьыбыт киһи курдук сыппыта. Кыргыттар сэмээр быраас эҥин ыҥыран көрбүттэрэ да туһа суоҕа. Оттон Максим ол нэдиэлэни быһа эҥин араастаан кыыһы ыҥыртара сатаабыта да, туһа тахсыбатаҕа. Ол икки ардыгар дойду үрдүнэн уларыта тутуу саҕаламмыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буолбута. Максим аҕата сууллан эрэр былаас биир бас-көс чөмчөкөтө буоларын быһыытынан буола турар быһыыны-майгыны бэрт ыарыылаахтык ылыммыта. Эмискэ сүрэҕэ тохтуу сыһан
суһал көмө эҥин ыҥыртаран сонно Москубалаппыттара. Максим ийэтиниин аҕаларын арыаллаан барсыбыттара. Ый курдук балыыһаҕа сытан тахсыбытын кэннэ, аны, саҥа олохтоммут былаас салалтатыгар илэмэ-салама түһэн бэрт түргэнник дьүһүн кубулуйбута. Улахан кэпсэтии кэннэ киниэхэ да дойду тэбэр сүрэҕэр даҕаны бэрт сымнаҕас кириэһилэ көстүбүтэ. Инньэ гынан букатыннаахтык Москубаҕа көспүттэрэ. Максим былаан быһыытынан, били баҕалаах үөрэҕэр киирбитэ. Бастакы таптала Варя сотору кэминэн түүл-бит курдук умнуллубута. Оттон Варя муҥнаах икки нэдиэлэ кэриҥэ биир да тоорохойу айаҕар укпакка сыппытын кэннэ “оҕоҥ өлбүт” диэн күүстэринэн түһэрбиттэрэ. Соннук бастакы тапталын оҕотун — күндү чыычааҕын күн сириттэн сүтэрбитэ. Инникигэ эрэлэ сүтэн соҕотохто холоруктана түспүтэ. * * * Варя куоракка аймахтара суох буолан, дьиэ-уот боппуруоһа ыарахан этэ. Бииргэ үлэлиир кыыһа: “Миигин кытары олорсон эриэххин сөп, харчытын кыттыһан төлүөхпүт”, — диэбитэ. Бастаан утаа “олорор муннуктанным” диэн үөрэ санаабыта. Соннук бииргэ үлэлээбит дьүөгэтиниин дьиэ куортамнаан олорбуттара. Ол кыыс сытыыта сүрдээх этэ. Долгуйар Дьокуускай куорат түүҥҥү олоҕунан олороро. Түүн дьүөгэтин кытары уоттаах-күөстээх дискотекаҕа барсар буолбута. Били чуумпу олоҕо букатын ыһыллыбыта. “Дискотека” да диэхтээн, оччолорго арыгылыыр, күүлэйдиир миэстэ быһыылаах этэ. Ыччат пиибэни, арыгыны буолунай хантата сылдьара. Кыргыттар барахсаттар баттахтарын ыһан баран ыстаҥалаһыахтарыгар, ийэттэн сыгынньах муостаҕа тэпсиллиэхтэригэр диэри итирэн-кутуран соһулла сылдьаахтыыллара. Уолаттар тирии куурка кэтэ-кэтэ сутуруктарын өрө тутан бөлөҕүнэн хаамсаллара. Сонно утары көрсүбүт киһилэрин үлтү кырбаан ааһаллара. Арыый “өҥнөөхтөрө” бары массыынанан тиэллэллэрэ. Биир эмэ кыыска харахтара хатаннаҕына, массыыналарыгар уган илдьэ бараллара. “Көҥүл” тыыммыт олохпут мөкү көстүүтэ оннук ыар сабыдыаллаах этэ. Быһата, суут-сокуон суох дойдутугар кубулуйбута. Биирдэ улуустаһан охсуһууга икки уолу ыттыы кырбаан өлөрбүттэрэ. Ол уол эрэйдээх тыын быһаҕаһынан бырдыргыы, хаанынан хотуолуу сытарын көрөн, Варя эмчит ааттааҕа буолан баран, саатар суһал көмөнү ыҥырбатаҕыттан, көрбөтөҕүн-истибэтэҕин билигин да кэмсинэ саныыр. Били, бииргэ үлэлиир дьүөгэтэ Оля: “Хас итирик киһини харайаары гынаҕын?!” – диэн саҥардыбатаҕа. Күүһүнэн “Чароит” диэки соһо турбута. Ол дьүөгэтэ баттаҕын кып-кыһыл өҥүнэн кырааскалыыра, сирэйэ-хараҕа эмиэ хойуу кырааска буолааччы. Таҥаһа-саба эмиэ онуоха сөп түбэһэр, кэннин эрэ сабар дьууппа, түөһэ көстө сылдьар куопта дуома. Онно холоотоххо Варя сирэйэ-хараҕа, таҥаһа-саба, уопсайынан, бэрээдэгэ бэтэрээнэн диэххэ сөп. Ол күҥҥэ диэри. Дьиэлэригэр түүннэри-күнүстэри кини биир дойдулаахтара, атастара-доҕотторо сыбыытыыллара. Хас кэллэхтэрин аайы кытаанах “аһааһын” буолара. Биирдэ биир дойдулаахтарын кытары мустан “бырааһынньыктаан” түҥ-таҥ түһэ сырыттахтарына, түүн эмискэ тирии кууркалаах бөтөстөр көтөн түспүттэрэ. Үөгү-хаһыы, бардьыгынаһыы, охсуһуу. Оля биир дойдулаахтарын сонно көрдөрбүтүнэн үлтү кырбаталаан кэбиспиттэрэ. Варя куттанан, остуол анныгар саһан олорбута. Олята тоҕо эрэ көстүбэт, арааһа, куоппут быһыылаах. Биир хара ачыкыылаах, хара кууркалаах киһи Варяны баттаҕыттан соһон таһааран хаһыытаппытынан сонно муостаҕа дьаабылаабыта. Онно сөп буолбакка, баҕайы өссө атастарын “кыттыгаска” ыҥырбыта. Сарсыарда нэһиилэ үнүөхтээн турбута, атаҕа, иһин түгэҕэ
бүүс-бүтүннүү кыа-хаан буолбут, сирэйэ-хараҕа, этэ-сиинэ күөх баламах. Туох буолбутун өйдөөбөт, өйүн сүтэриэр диэри кэбилээбиттэр быһыылаах. Ол ыар күн Балбаара хараҕар хара былыт курдук көстөн ааста. Бу санаатаҕына бандьыыттар эбит. Ол күнтэн ыла, Варя олоҕо тосту уларыйбыта. Дьүөгэтин кутуругар олорсон “көҥүл” олоҕунан олорбута, санаатын сайҕаары иһэр-аһыыр идэлэммитэ. Дьүөгэтэ буолуохсут Варя хас ытааһынын-соҥооһунун тэптэрэн биэрэ-биэрэ хас сырыы аайы үрүүмкэтин толорон испитэ. Соннук улам ылларан, бүтэһигэр бытыылка аргыстаах буолбута. Онтон дьүөгэтэ “ойох тахсар” аатыран киниттэн “куоппута”. Ол кэннэ ханна-ханна олорботоҕой. Биирдэ хаайыыга сыта сылдьыбыт урдуһу кытары “ыал” буолан олорсубута. Ыал буолуо дуо, иһэ-иһэ этиһэн-охсуһан тахсаллара. Күөх баламах буолбут дьахтары нэһиилэ балыыһаҕа илдьэн өрүһүйбүттэрэ. Балыыһаттан тахсан баран ол киһитигэр төннүбэтэҕэ. Көс бииһин курдук бииртэн биир дьиэҕэ, притоҥҥа көһөн испитэ. Ол аайы саҥаттан саҥа доҕоттор-атастар, “эркин курдук эрэллээх эрдэр” көстөн испиттэрэ. * * * Билигин кини дьиэтин бу балыыһа солбуйда. Барар-кэлэр сирэ суох буолан тахса да сатаабат этэ. Халлаан сылыйдаҕына, эмиэ уулуссаҕа тахсаахтыыр буоллаҕа. Балыыһаҕа сытар кэмигэр, кырдьык-хордьук ол үлэлээбит балыыһатын өҥөйөн көрбүтүгэр, муустаах ураҕаһынан үүрбүттэрэ. Биирдэ көрүдүөр устун сукуҥнаан иһэн, били, бииргэ үлэлээбит дьүөгэтэ Оляны уун-утары көрсө түспүтэ. Анарааҥҥыта хайыы-үйэ быраас буолан хонтолдьуйбут быһыылааҕа. Иһиллэр-иһиллибэттик дьүөгэтин ыҥыран көрбүтэ да, анараата билбэтэҕэ, түҥнэри көтө сыһан, эбиитин үлтү мөҕөн-этэн ааһа турбута. Дьүөгэтэ чахчы билбэтэҕэ эбитэ дуу, соруйан билбэтэҕэ буолбута дуу... Балбаара эрэйдээх ол дьүөгэтэ сүтүөр диэри өр кэннин хайыһан одуулаһан тураахтаабыта. Хараҕыттан уу ыгыллан тахсан, иэдэһинэн субуруйан түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Муҥнаах, аны ким эрэ көрүө диэбиттии, хараҕын уутун соттоохтообута. Бу дириҥ оборчоттон, огдолуйуу суолуттан, аны, кинини ким өрүһүйүөй?! СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан