Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох очуругар оҕустаран
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох очуругар оҕустаран
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
30.03.2018 16:13
Сэбиэскэй үлэһит Григорий 1897 с. Өргүөт нэһилиэгэр, Бүлүү оройуонугар орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Хампа оскуолатыгар үөрэнэн, сахалыы, нууччалыы суруйар, ааҕар буолбута. 1918 сылтан Бүлүүгэ сэбиэскэй былаас тэрийиитигэр актыыбынайдык кыттар. Өргүөт нэһилиэгэр оробуочай сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Улууска Совдеп чилиэнинэн талыллар. 1920 сылтан Орто Бүлүү улууһугар военкомнуур. Нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун сэкирэтээринэн үлэлээн истэҕинэ, салайар дьоҕурун таба көрөн, II Лүүчүн нэһилиэгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарбыттара. Саҥа анаммыт сиригэр үлэлээн иһэн, көһүппэтэх өттүттэн иэдээҥҥэ түбэһэр. 1922 с. муус устар 16 күнүгэр үрүҥ этэрээтэ кэлэн, Торотоевы үлэтиттэн тутан, саанан ыххайан дьиэтин таарыппакка да илдьэ барар. Ыстааптарыгар илдьэн сэбиэскэй үлэһит диэн буруйдууллар, “биһиэхэ холбоспотуҥ да – ытыллаҕын” дииллэр. Торотоев ээҕин эппэтэх. Үрүҥнэр илиилэригэр Үрүҥ саллааттара Торотоевы ытарга бэлэмнээн тас таҥаһын сыгынньахтаан ылаллар. Ис ырбаахынан, баркынан хаалларан баран, киэһэ хараҥа буоларын кэтэһиннэрэн, күнү быһа тымныы чуулааҥҥа кыһыл бартыһаан Ноосук кэргэнин кытта олордоллор. Ону билэн нэһилиэнньэ айдаарбыт. Ыксаан босхолообуттар гынан баран, Хампаҕа күүстэринэн аҕалан үрүҥнэр милииссийэлэрин начаалынньыгын көмөлөөччүтүнэн анаабыттар. Оннук 20 күн устата «сулууспалыыр». Хата, кини дьолугар, туох да куһаҕаны оҥорботохтор... Ол дьыл сааһыары сайыныгар үрүҥнэр хотторон, тойонноро Куонаан Никифоров (Куонаан бандьыыт) онтон-мантан халаан муспут малын илдьэ, күрүүрдүү оҥостубут. Харабылынан хас да киһини талан ылбыт. Олор ортолоругар сахалыы-нууччалыы кэпсэтэр-суруйар диэн, эдэр, сытыы-сымса, бэйэтин кыанар Григорий Торотоев түбэһэр. Утарылаһа барбатах. Кэбээйи сиригэр тиийэн бу дьон Никифоровтарын өлөрөн кэбиһэллэр. Ол туһунан архыыпка харалла сылдьар Торотоев Г.В. бэйэтин биир суругар маннык ахтар: «... Помог... в уничтожении главарей белой банды Никифорова Конона и Саввинова, которые были расстреляны в Кобяйском районе... Мои прошлые могут подтвердить вся беднота и батраки Орготского, Тасагарского, Тогуйского наслегов...» Торотоев, сэмэйэ бэрт буолан, ити түгэн хайдах буолбутун сиһилии суруйбатах. «Дьон бигэргэтиэҕэ» эрэ диэбит. Кырдьык, Куонаан Никифоров өлүүтүн туһунан номох уостан-уоска түһэриллэн билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбит... Торотоев дойдутугар кэлиэн дьулайбыт. Ускул-тэскил саһа сырыттаҕына, 1923 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр Бүлүү уокуругун исполкомун бэрэссэдээтэлэ, ЯЦИК чилиэнэ Петр Михалев, Уокуруктааҕы байыаннай хамыһаар Иван Редников, Уобаластааҕы ГПУ Бүлүү уокуругунааҕы боломуочунайа Алексеев илии баттааһыннаах «Открытое письмо» бэчээттэнэн тарҕанар. Онно этиллэр: «... Ваша политическая вина снимается от имени советской власти и протягиваем Вам, к заблудившимся братьям и товарищам руку и призываем сдать оружие и вернуться к мирной жизни, гарантируем неприкосновенность личности и имущества...» Ону ааҕан, билсэн баран, Григорий Торотоев саатын-сэбин сэбиэскэй уорганнарга туттаран, дойдутугар дьэ төннөр. Ол туһунан бэйэтэ ахтан суруйбута архыыпка баар: «... Во время ношения обязанности начальника милиции (үрүҥнэр этэрээттэригэр — Н.Д.) в варварских действиях не участвовал и худого другого рода не делал... в 1923 г. добровольно сдался...» Үөрүү хомолтоҕо кубулуйар ...Григорий Васильевич
нэһилиэгин дьонун кытта тыл-тылга киирсэн, сэбиэскэй тутууга үлэлэспитинэн барар. Үөрэхтээх киһи буолан, суруксуттаһар. 1925 с. нэһилиэк Сэбиэттэрин быыбарыгар, улуус Сэбиэтин сийиэһин ыытыыга икки боломуочунайдыыр... 30-с сылларга тиийэн күн-түүн кытааттар кытаатан, Торотоевтар тустарыгар күннэрэ кытта саппаҕырбыкка дылы буолар. 1931 сылга кэлэн Өргүөт нэһилиэгин быыбардыыр хамыыһыйата, дьадаҥылар, батараактар мунньахтарын уурааҕын ылыммакка туран, Торотоев Г.В. куолаһын быһан кэбиһэр. «Лишенец» диэн ааттаан туохха да кытыннарбаттар, мунньахтартан үүрэн таһаараллар. Григорий оройуонун үрдүкү салалтатыгар сурук түһэрэр. Сэбиэскэй тэрилтэлэргэ тугу үлэлээбитин ааҕан, үрүҥнэргэ сылдьан куһаҕаны оҥорботоҕун этэн туран, куоластыыр быраабын чөлүгэр түһэрэллэригэр көрдөһөр. Ити кэмҥэ Бүлүүгэ Дьокуускайтан маннык радиограммалар кэлэллэр: «Всем уполн. ЯЦИКа. Выборная. О лишении избирправ участников бандитизма 21-22 гг.» «Всем РИКам ОИКам по схеме отнять избирательных прав участников контрреволюцион. бандит. движен...». Хоруй кытаанах. Сотору буолаат, 1931 сыл алтынньы 22 күнүгэр, Г.В. Торотоевы куппуулар тутан хаайан кэбиһэллэр. 30-тан тахса киһини туоһу быһыытынан ыҥыран силиэстийэлээн баран “1929 сылтан ыла сэбиэскэй былаас бары дьаһалларын утара сылдьыбыт” диэн буруйдуур түмүк оҥороллор... Дьыаланы 1932 с. муус устар 3 күнүгэр ОГПУ кэллиэгийэтин иһинэн тэриллибит Оһуобай мунньахха көрбүттэр. Ол түмүгэр, Григорий Торотоевы 3 сылга хаайарга уураллар уонна бастакы этабынан Новосибирскайга ОГПУ Сибиирдээҕи лааҕырыгар атаараллар... 85 саастаах ийэтэ Анна Егоровна, таптыыр кэргэнэ Агафия Васильевна, үс кыра оҕото «норуот өстөөҕүн кутуруктара» аатыран, киһи сирэйин-хараҕын таба көрбөт буолан ытаһа-соҥоһо хаалбыттара...
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан