Кэпсээ
Войти
Регистрация
Урукку кэм уорҕатыгар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Урукку кэм уорҕатыгар
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.03.2023 19:30
Кириискэ Никииппэрэп, Сахсаа Силипиэн уола, оҕо эрдэҕиттэн кытыгыраһынан, илиитигэр тэтиэнэҕинэн биллибитэ. Уонун ааһаат, тыаҕа аҕатын кытта куобахха ииппит сохсолорун соҕотоҕун кэрийэр буолбута. Быһыттаан ииппит сохсолоруттан кыһын хастыы даҕаны куобаҕы сүгэн киирэрэ. Кириискэ хара үлэттэн толлон турбат, сүрдээх сүрэхтээх, кыайыгас буола улааппыта. Кыра уҥуохтаах эрээри киппэ көрүҥнээх, кэтит сарыннаах уол куруук ис иһиттэн сырдаан мичээрдии сылдьара. Соломо курдук сып-сырдык баттахтааҕын иһин түбэтин дьоно таптаан Кырыадьа диэн хос ааттыыллара. Уол сүүрбэччэтин диэки дьоно «ыал буоларыҥ уолдьаста» дииллэр. Хайа ыал кыыһын ыйытыахха сөбүн сыымайдыыллар. Улахан баай ыаллар кыргыттарыгар санамматтар. Нэһилиэктэригэр оннук ыаллар да аҕыйахтар. Дьаранаас, быстар дьадаҥы ыаллар кыргыттарын эмиэ ахсааҥҥа ылбаттар: сыылба эбэтэр аһаах, ыарытыган буолаллар, үлэни кыайаахтаабаттар. Онон, уот орто олохтоох, бэйэлэрин бараллаалара ыаллар кыргыттарыттан талаллар. Күһүөрү, Ньылаах Уйбаан кыыһын Маарыйаны ыйыта, Кырыадьа аҕатынаан бараллар. Төгүрүк сирэйдээх, хойуу хаастаах, өрүллүбүт, уһун, хара суһуохтаах ис киирбэх кыыһы Кириискэ сөбүлүү көрөр эбит. Кыыс кулуһун курдук дьылыгыр, уолтан уҥуоҕунан өндөс. Чэйдии олорон Сахсаа туох соруктаах кэлбиттэрин этэр. Кыыс аҕата: «Оҕону күлүмэ эрэ», — диир. Кириилэ уҥуоҕунан кыратын иһин «сааһын ситэ илик, уон түөртээх-уон биэстээх оҕо» дии санаабыт эбит. Силиппиэн уола сокуоннай сааһын туолбутун быһааран биэрэр. Онуоха дьиэлээхтэр: «Оҕобут бэйэтэ биллин», — дииллэр. Кыыс имэ тэтэрэр, төгүрүк остуолтан туран, хаппахчытыгар киирэн хаалар. Ийэтэ кэнниттэн батыһар. Чочумча буолан баран тахсар. «Оҕом сөбүлэһэр», — диир. Бастакы сыарҕа хаар түһүүтэ Кириискэ Маарыйатын сүгүннэрэн аҕалар. Сайын Кириискэ саҥа балаҕан туттар. От үлэтэ бүтүүтэ онтуларыгар көһөн киирэллэр. Бастакы оҕолоро «турбат». Хас да, утуу-субуу төрөөбүт оҕолоро, «төннөллөр». Онтон биир кыыс син бороохтуйан, Өлөксөөндүрэ диэн ааттанан баран, ыспааҥкаҕа «туоруур». Кириискэ убайа Сэмэн эдэрчитигэр өлбүтэ. Сэмэн кэргэнэ олоҕун иккистээн оҥостордуу тэриммитэ. Убайын уолун Уйбааны Кириискэлээх бэйэлэригэр ылаллар, оҕолорун курдук ииттэллэр. Кириискэлээх олорор түҥкэтэх түбэлэригэр саҥа олох тыала биллэр. Дьалхааннаах уларыйыылар саҕаланаллар. 1929 сыллаахха өрөпкүөмнэр сири саҥалыы үллэрэллэр. Ону «земпередел» диэн ааттыыллар. 1931 сыллаахха, тохсунньу ортотугар, томороон тымныы түһэн турдаҕына, Маарыйа кылбардык уолланар. Баһылайап таҥара күнүгэр төрөөбүтүн быһыытынан, саҥа кэлбит киһини Баһылай диэн ааттыыллар. Эһэтин Силиппиэн аатын араспаанньа оҥороллор. Оччолорго эһэлэрин эбэтэр хос эһэлэрин аатынан фамилияланыы тэнийбит үгэс этэ. Онон, уолчаан Ксенофонтов Василий Кириллович диэн буолар. Баччырыттан, бороохтуйан, «тимэҕэ сөллөн», олорон эрэ даллаҥалыыр, ийэтин, аҕатын, убайын Уйбааны көрө-көрө күлэр, үөрэр буолан, дьонун кутун тутар. Ийэтэ уолун Бааска, Бааса диэн таптаан ааттыыр. Уолчаан балтараатын ааһан баран, наара орон сыҥаһатын кыйа хааман түөрэҥэлиир. Эрдэ, иккитигэр, тылланар. Бааска түөрдүгэр сырыттаҕына Маарыйа кыыстанар. Уол убай, «улахан киһи» буола түһэр. Кыыстарын эдэр ыал Иэлэ, (Дьэлиэнэ) диэн ааттыыллар. Кириискэлээх Маарыйа үс оҕолоох ньир бааччы ыал буолан, бур-бур буруо таһааран, иллээхтик
олорбуттара. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан