Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийэҕин, аҕаҕын, дьоҥҥун санаа

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийэҕин, аҕаҕын, дьоҥҥун санаа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.03.2018 15:11
Аармыйа. Сорох баҕатынан, сорох үтүрүллэн... Бастаан утаа ким хайдаҕын, “туохтан оҥоһуллубутун” көрдөрөр кэм саҕаланар. Дойду түгэх да, киин да сириттэн эр бэртэрэ кэлэллэр. Олох оскуолатын бу кэмҥэ ааһаллар. Эр киһи уйана-хатана манна биллэр. Аармыйаҕа Аармыйа. Сорох баҕатынан, сорох үтүрүллэн... Бастаан утаа ким хайдаҕын, “туохтан оҥоһуллубутун” көрдөрөр кэм саҕаланар. Дойду түгэх да, киин да сириттэн эр бэртэрэ кэлэллэр. Олох оскуолатын бу кэмҥэ ааһаллар. Эр киһи уйана-хатана манна биллэр. Кырдьык, куорат оҕолорунааҕар тыйыс, хабыр, кытаанах олохтоох тыа оҕолоро саастыылаахтарыттан чыҥха атыттар. Олоҕу көрүүлэрэ, көнөлөрө, судургулара, тулуурдара харахха быраҕыллар. Куорат “быһа тутан сиэбит” эрэйдээхтэрэ, эт-үүт аһылыга суох буолан, хачаайылара, кыамматтара киһи куттаныах айылаах. Аармыйа эгэлгэ эрэйэ барыта ол сордоохтор үрдүлэринэн ааһар... Сулууспалаабыт сирбэр доруобуйа өттүнэн соччото суохтар, уоруйахтар, кыраҕа сууттана сылдьыбыттар, “кырдьыбыттар” мустар сирдэрэ этэ. Үлэҕэ-үөрэххэ сылдьан, сааһым ыраатан хааллар да, үлэ аҥаардаах аармыйаҕа тылланан барбытым. Аармыйа олоҕо хара маҥнайгыттан “Маяктан” саҕаламмыта. Төрөппүт далбарыгар сылдьыбыт оҕолорго бу, кырдьык, ыарахан быһыылааҕа. Сулууспалыы сылдьан, “оннук-маннык” буолан хаалан, табыллыбатах үгүс этэ. “Билэр киһилээхтэр” дьиҥнээх аармыйаттан күрээн кэлэн, манна дьоруой курдук тутта-хапта сылдьаллара. Ол – бөтүүк күрээтинньиккэ хаамыталаан хоноҥнууругар майгынныыра... * * * Аармыйа диэн пирамида курдук. Бүгүн саллаат бирикээһи толорбото – сержант үөҕүллэр, сарсыныгар толорбото – өйүүн эписиэр тэбиллэр. Ол курдук үөһэ диэки тахсан иһэр. Дьэ, ол иһин сымнаҕас эккэ тэбиллимээри, бары үрүт үөһэ хамаандалаа да хамаандалаа буолаахтыыллар. Чааһыттан улахан тутулуктаах. Аармыйа туһунан кэпсэтии ол иһин өрүү араас-араас буолар. Сорох чааска бирикээс чыпчылыайыах бэтэрээ өттүгэр толоруллар. Оттон биһиги чааспытыгар бастаан утаа көрдөрүнньүккэ диэн хамнана түһэллэрэ, онтон тохтоон хаалаллара. Баҕар, ол иһин буолуо, “аармыйа – көрдөрүнньүк” диэн өйдөбүл хаалбыт. * * * Ол да буоллар, кэмигэр сырбатыһан кэбиһэн, бааһы-үүтү кистэнии да, кистээһин да баара. Сороҕор ол сотуһан баран, иллэһэн, аллар атастыы буолар түгэн эмиэ тахсара. Саллаат олоҕо күн аайы биир хартыына буолан суккуллар. Онон үлэҕэ, ыраас салгыҥҥа үөрүүнү кытта тахсарбыт. Ол тахсан үлэлээччи үлэлиир, дьаарбайааччы дьаарбайар... Сахалар айылҕа оҕолоро буоллахпыт эбээт. Күһүн, саас чааспыт үрдүнэн хаастар обургулар илии эрэ тиийбэт үрдүгүнэн көтөн күпсүтэн ааһаллара! Бултуох баҕа санаам хаайтаран сылдьарын, дьэ, онно эрэ өйдүүрүм. Биир оннук “күөгэл-нусхал” күн этиҥ этэринии “саллаат иннэни ыйыстыбыт, өлө сатаабыт!” диэн буолла. Ол – биһиги аармыйаҕа кэлбиппит ый да буола илигинэ. Туоһуласпыппыт, атын ротаҕа эбит. Эбиэт кэнниттэн ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук оргуйа түстэ! Соҕурууттан өссө улахан тойоттор кэлбиттэр диэн буолла. Кыра сыбаанньалаахтары кытта ньылбы сыгынньахтаан, барыбытын, били, кулуттары көрөр курдук, туруортаан кэбистилэр. Ол кыра сыбаанньалаахтар киэбирэллэрэ ханан да хаалаахтаабатаҕа. Оҥой-чоҥой көрсүү диэн кытаанаҕа. Саҥа-иҥэ эҥин диэн мэлийбитэ. Кэрийэ сылдьан, эргитэн баастаахтары, көҕөрүүлээхтэри
көрдүлэр-иһиттилэр. Хоско киллэрэн быһаарыы суруйтардылар. “Хаһан, ханна, ким, хайдах, тоҕо, тугунан эттээтэ?!” диэх курдук утуу-субуу “дьуһуурунай” этии-тыыныы бөҕөтө. Төрүөхпүттэн этим-сииним нарын буолан, кыратык да онно-манна таарыйдахпына, көҕөрөн тахсара. Ол иһин аармыйаҕа ылымаары гыммыттарын көрдөһөн-ааттаһан, “туох эмэ буолар түбэлтэтигэр, бэйэм буруйдаах буолуом” диэн, сурук суруйан кэллэҕим. Онтукам чуут иэдэтэ сыһан турар. Доппуруостуу турааччы ыт оҕотун курдук ыйылатыам диэхтээбит быһыылааҕа! “Буруйдаах баҕас билиниэ” диэн эрэллээҕэ. Онтуката сирэйигэр-хараҕар “сурулла” сылдьара. Сибиинньэ курдук уойан ырҕайбыт баҕайы көлөһүн алла-алла, доппуруостаабыта. Мин тугу кистиэм баарай “вещмешок быата быһа киирэр” диэбиппин булгуруппаппын. Баары-баарынан этэ турабын. Киһим олорон эрэ субу кумалыах курдук хааннааҕынан көрүтэлиир. Этэн аһарбытым курдук, өссө улахан чыыннаах-хааннаах тойоттор кинини бэйэтин, туох эмэ буоллаҕына, сиикэй сирин хаалларыахтара суоҕа турдаҕа. Ол эрэ иһин тулуйар быһыылаах. Сыапка бааллыбыт ыттыы түһүөлүү сатыыр. Арыы-сыа иҥмит аҕай сирэйэ үллэр, силэ бырдаҥалыыр. Онто хайдах эрэ тэллэх ытын курдук ырдьаҥнаан көстөр. Испэр “билиннэрэ сатааҥҥын төһө эрэ киилэ сыаҕын көҕүрэтэҕин” диэн толкуйдуубун. Арыычча туттунан күлүөхчэ-күлбэккэ турабын. Киһи эрэ буоллар син сылайаахтыыр буоллаҕа дии. Санаатын хоту тиниктии сатаабыта табыллыбатаҕыттан холлон, хоһуттан үүрэн таһаарда. Мин дуоспуруннаахтык туттан аа-дьуо таҕыстым... Мин кэннибиттэн киирбит саллаат сонно тахсан эписиэрдэргэ тыллаабыта. Ол баҕайы күөмэйэ бүтэн, муннуттан хаана баран, сэниэтэ эстэн, олох буорайан олорор эбит. Куоспуталга утаарбыттара. * * * Иннэни ыйыстыбыт саллаат, хата, “анараа дойдуга” айаннаабатах. Икки ый курдук куоспуталга эмтэнэн, мөскөччү уойан кэлбитэ. Ол түүн утуйа сыттаҕына, хайалара эрэ тимиринэн муннуга биэрэн таҥаралата сыспыта... Ол сордоох биһиги чааспытыгар кэлин көстүбэтэҕэ... “Хата, хайдах сытыы иннэ оһоҕоһугар хатанан хаалбатаҕа буолла?!” диэн мунаарарбыт. Онтубут баара, иннэни тоһутан баран ыйыстыбыт эбит! Тахсар сиригэр чугаһаан баран иҥнибитин хайа хаһан, тырыта тыытан ылбыттар этэ! Дьэ, саарбах быһыыланыы диэтэҕиҥ! Тугу санаахтаан оннукка тиийбитэ буолла?! Бииргэ сулууспалаабыт уолаттарыттан туоһуластахха, ончу саҥарбат, кими да кытта айах атан кэпсэппэт үһү. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ ыар санаалааҕы эмиэ бу курдук ойуулууллар. Ол аата, эрдэттэн сананан сылдьыбыт буолуон сөп эбит. Инбэлиит буолаахтаатаҕа ол. Үйэтин тухары куртах, оһоҕос ыарыытын хааччыннаҕа... Үтүктэн өнүйбэппит Күннээҕи да олоххо оҕо бэйэтигэр тиийиниитэ, хомойуох иһин, элбээтэ. Аан дойдуга маннык куһаҕаҥҥа иккис сылдьар эбиппит... Саха сирэ маннык ыар испииһэккэ инникилэр кэккэлэригэр сылдьар. Тоҕо элбэҕий? Дьиҥинэн, үөрэхтээхтэр анаан-минээн үөрэтэн көрбүттэрэ, саха бүөмнээн олорор сиригэр бэйэҕэ тиийинии урут отой да суох эбит. Саҥа үйэ саҕаламмытыгар элбээн барбыт. Омуктары үтүктүү олус үксээтэ. Түмүгэр бэйэлээх-бэйэбит ыччаппыт ханнык омук буолара биллибэт да буолан барда. Аҥаардас нууччалыы саҥара сатааһын, арҕааҥҥы култуураны батыһыы, үтүктүү – омук симэлийиитин биир көстүүтэ. Урут да, билигин да ол – баар аҕай. Илин-кэлин түсүһүү күүркэйдэ. Биир өттүнэн олохпут сайдар, иккис өттүнэн кыаммат-түгэммэт
өттө ол-бу буолан хаалаахтыыр... Интэриниэтинэн арааһы бары түргэнник билиэххэ сөп. Ол эрээри мантыбыт сорох омукка туһатын оннугар алдьархайа элбэх курдук. Үтүктээйилэр онтон тахсаллар. Холобур, Эмиэрикэ түгэҕэр баайдар хайдах олороллорун түҥкэтэх санааларыгар сүһэн ыла сатыыллар. “Үчүгэй олох туһунан” устубуттарын астына көрөллөр. “Биһиги олохпут хаалынньаҥ, куһаҕан да эбит” диэн санааҕа тиийэллэр. Сахалыы толкуй диэн мэлийэр, араас албын киинэ, күдээринэ ырыа-тойук аргыстаналлар. Олоҕу сыаналаабат буолан хаалаллар. Атын омуктар сарахачыйалларын үтүктэн, бииртэн-биир түһэрэн иһэллэр. Бу оҕуруктаах өйдөөх эмиэрикэлэр төбөлөрүттэн тахсар дииллэрин итэҕэйиэх курдукпун. Дьоҥҥо-сэргэҕэ хайдах курдук “үчүгэйдик олороллорун” киинэ оҥорон аан дойдуну толороллор. Бу барыта ааҕан-суоттаан үчүгэйдик толкуйдаммыт киитэрэй санаа. Ону өйдөөбөккө, эдэрдиин-эмэнниин булкуллаахтыыллар. Быстах санаан “ыраах сир түгэҕэр олорор дьон ол алдьатыылаах санаалара хайдах дьайыаҕай?” диэххит. Бу санаа дойдуну эһэр, ыһар. Украинаҕа олорор дьон санаатын булкуйбуттарын санатар наадата суох ини. Биирдэ этэн кэбиһэр эмиэ табыллыбат. Барытын бу халыыпка хаалыыр кэрэгэй. Ол эрээри тыала суохха мас хамсаабат! * * * Олохпут бүтүннүүтэ бэйэбититтэн эрэ тутулуктааҕын, ама, ким өйдөөбөт үһүнүй?! Дьоммут сааһыралларын саҕана, күүстээх дурда-хахха буолуохтаахпытын ким умунна?! Хас биирдиибит ытык иэспит эбээт. Олоххо дьулуһуу, олох кэрэкэтэ “атыттарга холоотоххо” өлбөөркөй буолан көстөр дуо? Тоҕо? Тыаттан куоракка киирэ сатыыбыт. Дьиҥинэн, толкуйдаан хамсанар-имсэнэр, үлэни өрө тутар киһиэхэ олох оргуйар чыпчаала тыаҕа эрэ баар! Баҕардахха – булдуҥ, балыгыҥ, отуҥ-маһыҥ! Оҕуруотуҥ, түөс муҥунан тыынар көҥүл салгыныҥ ырааһа, ааҕан сиппэккин... Куоракка туора дьон туһугар сүүрэртэн ордубаккын! Ким эрэ хармааныгар өлө-тиллэ... Хаарыаннаах бириэмэҕин барыыгын. Бириэмэ сырсыыта... барытыгар сүүрэ-көтө сылдьаҕын... Оннооҕор сэрии саҕана дьоммут бэйэлэригэр тиийиммэттэр этэ. “Дойдубут туһугар!” диэн кыргыспыттарын курдук кыргыһан кыайдахтара! Ол туһунан толкуй да киирбэт дьонобут быһыылаах! Билигин сэрии эҥин суох, хата, ол оннугар араас барыта баар... Бары тугу эрэ сырса сылдьар курдукпут. Сорохтор бу тэтими хайдах да батыһар кыахтара суох буолар. Тыаҕа үлэ суох, сыана ыарахан, аһыы утах дьон өйүн сайҕаан, сордоон аҕай олорор. Бу курдук төһө баҕарар ааҕан бара туруохха сөп. Сайдыылаах олох диибит да... Киһи аймах сайдан истэҕин аайы, оннук-маннык быһыы-майгы хойдон иһэр. Ыччат бэйэтигэр тиийинэрэ күн түүн аайы тоҕо элбээн иһэрий? Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, урукку курдук, батыһыннара сылдьан үөрэтии суох үһү. Кырдьык, оннук иитии-такайыы аҕыйаан иһэр дуу? Билигин “былансыаты” оҕо икки сааһыттан туттар буолла. Ийэ – “ватсап”, аҕа – “Вконтакте”... Түмүгэ – хос иһигэр олорон көмпүүтэринэн кэпсэтии. Хаартыска иннигэр эрэ ньылаҥнаһыы. Кэннэ кээнчэ да буолар бадахтаах. Киһилии утары көрсөн олорон кэпсэтии мэлийдэ. Урукку төрөппүт күннээҕи этиитэ – билигин уйулҕа үөрэхтээҕэ эрэ “кыайар” үлэтэ... Хас биирдии киһиэхэ олоҕор долгутуулаах, тыҥааһыннаах кэмнээх. Киһи дэнээччи бу Орто дойдуга ыарахаттары туораары кэллэҕэ буолуо. Уруккуга төнүннэххэ Бэйэтигэр тиийиммит киһини таҥнары
көмөн, тэтиҥинэн сүрэҕин туһунан батары саайан, тааһынан баттатан көмөллөрө. Маны көрбүт дьон хаһан да бу курдук кэбилэммэтиннэр диэн. Аныгы үйэҕэ толооһун иһин, оччотооҕу төрүттэрбит сөпкө дьаһаналлар эбит. Бэйэтигэр тиийиммит киһи үксүгэр туохха эрэ санаата сатамматаҕын бырачыастыыр курдук ылынаахтыыр. Оннук бокуонньугу дьон көрөрүгэр харайарга, чугас дьоно бааллара булгуччулаах. Төһө кыалларынан ытаабакка-соҥообокко, кытаанах санааны ылынан көмүллүөхтээх. Ситэ өйдөөбөттөн маннык хомолтолоох быһыы-майгы хатыланан бара турар. Киһилии кэпсэтиҥ, санааҕытын аһаҕастык этиҥ, сүбэлэтиҥ. Өйдөһүҥ, өйөһүҥ. Буркун.
kyym.ru сайтан