Кэпсээ
Войти Регистрация

Наталия Рязанская. ТААТЫККА ДЬОЛО (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Наталия Рязанская. ТААТЫККА ДЬОЛО (кэпсээн)

K
kyym.ru сайтан Айымньы
21.12.2021 15:03
Мин урут улаханнык ыалдьыам диэн тѳбѳбѳр да суоҕа. Куруук маннык эдэр, чэгиэн сылдьыах курдугум. Онон, балыыһа түѳрт муннугун манаһар буолуохпуттан санаам түһэн, тугу барытын абааһы кѳрѳр, кыраттан да кыйыттар, бэйэбин аһынан ытыыр-соӊуур буолбутум. Бастаан ыар санаа-оноо баттыгар ылларыах курдук буолан иһэн, бэйэм курдук ыалдьар Туонньа диэн олус элэккэй, куруук күлэ-үѳрэ сылдьар, хаһан да хомойбутун-хоргуппутун таһыгар биллэрбэт киһилиин билсиэхпиттэн, хайдах эрэ уоскуйан, син ыарыыбын кытта «иллэһэн»  барбытым. Кини сүбэтинэн бэйэбин ырыӊалаан кѳрѳр, тулабын анаарар, дьоӊӊо сыһыаммын уларытан айылҕа күүһүгэр итэҕэйэр буолбутум. Бу курдук Туонньалыын эн-мин дэһэн, бэркэ тапсан ыйтан ордук, палаатабытыгар киирэр-тахсар дьахталлары кытта, бииргэ сыппыппыт.  Арай биир үтүѳ күн, эбиэт кэннэ саӊа ыарыһађы киллэрбиттэрэ. Быыкаа, хап-хара мѳкѳчѳк курдук дьахтары иккиэн олус аһына кѳрбүппүт. Бу да буолларбыт, хайа да түгэӊӊэ дьахтар  хараҕынан, дьүһүнүн кѳрѳн, хайдах эрэ сонньуйа санаабыппыт. Этэргэ дылы, биһиги, тѳһѳ дађаны, балађан аайы баар дьахталлар буолларбыт, бэйэбитин ордук курдук санаммыппыт. Ама, бу дьахтар тѳрѳппүт киһитэ дуо диэн Эрилик Эристиин  ойуулуур Уулаах Уйбаана да киниттэн таһыччы курдуга. Ол сүрүн тѳрүѳтэ - дьахтар олус бүрэ этэ. Мүлтүгүр санныгар улахан, саллађар тѳбѳтѳ тута олоро сылдьара, ыйаастыгас харађа кыарыы сатаан баран арыт соһуччу алаа-малаа кѳрѳн соһутара, мунна сэлтэйэн тыастаахтык таныытынан тыынан сырдырҕыыра, уоһа тэллэйэн, омуннаатахха, сэӊийэтигэр тиийэрэ, хаас-кыламан диэн букатын да суођа. Саатар кылгас баттађа дэлби түһэн, куйахата бүтүннүү маӊхайан кѳстѳрө, кѳрѳргѳ олус сүѳргү этэ, хайдах эрэ үргэммит, иннэтин тоноппут дьуос ођотун санатара. Ол эрээри киирбит киһибит биир үчүгэйдээђэ – куруук сирэйигэр мичээр аргыстаађа. Ол мичээрэ хайдах эрэ киһини бэйэтигэр тардара.  Дьахтар аата Натааһа диэн этэ. Майгытынан олус сэмэй быһыылаађа. Мүчүк гына-гына ону-маны ыйытара, сытан эрэ, халыӊ таастаах ачыкытын кэтэн, куруук кинигэ аађара. Тѳлѳпүѳнүнэн аймахтарын, дьонун кытта сүр эйэђэстик сэлэһэрэ, ыалдьабын диэн суламмата, кэпсэтиитэ барыта үчүгэйинэн түмүктэнэрэ. Туттара-хаптара чэнчис, хоп курдуга. Куоракка олорор буолан киэһэ аайы кэргэнэ уонна уола, атастаһа сылдьан, аллара этээскэ кэлэн, кѳрсѳн бараллара, ас бѳђѳ ађалаллара. Маннык син саӊа дьукаахпытын кытта ыаллаһан, Натааһабытын кытта нэдиэлэ курдук сытан баран, биир киэһэ, идэбитинэн, буолары-буолбаты кэпсэтэ сыппыппыт. Туонньа арай «билигин хайыһар кэмэ кэллэ, хаарыан биатлонум хаалла , телевизор суођа олус да куһађан» диэн муӊатыйан турбута. Ону истэн Натааһабыт: – Кѳӊүллүүллэр дуо? Миэхэ кыра баар ээ. Дьоммор ађалтарыахпын сѳп. Антенната хайдах эрэ холбонор, чэ ону кэргэним сатыыр, туруоруо, – диэн турбута. Ону истээт, Туонньабыт тута ойон турбута да, ординаторскайга тэбиммитэ. Сиэстэрэ Машаны кытта кэпсэтэ охсон, сѳбүлэӊин ылан,  олус үѳрэн-кѳтѳн палаататыгар тѳннѳн кэлбитэ. Онон сарсыӊӊыттан сэргэхсийэр, Аан дойду сонунун истэр дьон буолан,  сүргэбит кѳтѳђүллэн, бу киэһэ эрдэ  утуйбуппут. Сарсыӊӊытыгар сарсыардааӊӊы укуолбутун, системабытын ылан баран, сэниэ киллэринээри Туонньа диетическэй кууруссатын сии олорбуппут. Арай Натааһабытын аллара ыӊырдылар, киһибит мүчүк гынан баран, ситэ аһаабакка, тахсар ааммыт диэки мүлүкүлдьүйэ турда. Сотору палатабыт аана тэлэллэ түстэ да, телевизор туппутунан олус кырасыабай эр киһи Натааһабытын батыһынарбытынан киирэн кэллэ. Биһиги аһыы олорон уолуйа соһуйан, мах бэрдэрдибит. Мин кууруссам этэ куолайбар киирэн чиккэччи турунан кэбистэ. Хардым. Харахпыттан уу-хаар баһа-баһа киллиргэччи уу иһэн, нэһиилэ антах диэки ыыттым. Туонньам да икки харађа быччайыађынан быччайан, халаатын уолугун кѳннѳрүнэ сатыы, чѳмчѳйүѳђүнэн чѳмчѳйѳн баран олорор эбит.  Дьэ, дођоор, Натааһабыт кэргэнэ  кѳннѳрү кырасыабай буолбатах, киһи харађар тута бырађыллар кыыс кэрэ дьүһүннээх киһи буолан биэрдэ. Эчи, уӊуођунан да улаханын, уурбут-туппут курдук быһыы-таһаа, кырыылаах мурун, күѳхтүӊү сиэрэй хайа да бэйэлээх дьахтар тимирэр арылхай харах, туох эрэ омук хаана булкаастаађа тута биллэр. Чахчы, били Голливуд сулуһа Ален Делоӊӊа маарынныыр. Ханнык  эрэ муода сурунаалыттан түспүт курдук. Маннык иккиэн Туонньабынаан араас санаађа ытыллан, Натааһабыт кэргэнинээн телевизордарын кыра остуолга  ууралларын, антенналарын туруоралларын кѳрѳн, чочумча дѳйүѳрэн олордубут. Дьиӊэр, эр киһи бэрт сылбырђатык туттар-хаптар, сып-сап бүтэ ођуста. Натааһабытын «Таатыкка» диэн бэрт минньигэстик ааттыыр, туумбатыттан кыра иһит, мал баарын сыа-сым курдук ылан салапаан бакыакка угунна. Ол тухары биһиги аһаабыта буолан биилкэбитин тутан баран чороһон олоробут.  Онтон эр киһи тахсаары турдађына Натааһа: – Ээ, Туонньа, Света, бу кэргэним Сарыал, Сарыал Уйбаанабыс,– диэтэ. Биһиги Туонньабынаан эппэт кэлэђэй буолан, сымыйанан мичээрдии, биир кэм кэђиӊнии олордубут. «Олус үчүгэй, дьэ билистэхпит дии, Таатыкка, чэ, сарсын кэлиэм, олох үчүгэйдик эмтэн, ыксаама» диэн баран, Сарыал Уйбаанабыс тахсаары туран, кэргэнин убађас баттахтаах оройуттан сырылаччы сыллаан ылла, ыксары олус истиӊник кууһан турда.  Эр киһи тахсыбытын да кэннэ биһиги Туонньалыын хайдах эрэ кыбыстыбыт, тугу эрэ сааттаађы билбит курдук, туох диэхпитин билбэккэ саӊата суох олордубут. – Кыргыттаар, соһуйдугут да? – диэн Натааһабыт аттыбытыгар кэлэн олорон букатын да ѳмүтүннэрэн кэбистэ. Ама да биһиги буолбуппут иһин, «соһуйан ађай, эн наһаа бүрэђин, оттон кэргэнин олус кыраһыабай, хайдах оннугуй?» диэбэт буоллахпыт.  Ол иһин иккиэн мулук-халык туттан, мээнэ ыгдаӊнаһа, «хата, телевизорданныбыт» эӊин диэн ѳйбүтүгэр туох түһэрин саӊара олордубут.  – Чэ, соһуйађыт бѳђѳ буоллађа. Мин ыал буолбутум быйыл лоп курдук отут сыл буолла. Ол тухары куруук үгүс дьон биһиги ыалыы омнуолуу кѳрѳр, онно, хата, бу сыллар тухары үѳрэнэн, симмитигэр түспүппүт ыраатта. Саамай  сүрүнэ – иккиэн бэйэ-бэйэбитин таптаһабыт. Онон бүттэ. – Ээ, оннук буолумна, – диэн сэргэх киһим Туонньа тута иилэ хабан ылла. – Оттон кэргэмминээн ыал буолбуппут олус дьикти. Итэђэй-итэђэйимэ диэбит курдук. – Тыый, ол хайдах? – диэн аны мин соһуйа сэӊээрэн утары ыйыттым. – Кэпсиибин дуо? – диэн Натааһабыт алаа харахтара кылахачыӊнаһа түстүлэр. – Оо, кэпсээ-кэпсээ, – диэн биһиги иккиэн, кууруссабытын тута умнан, кэпсээнньиппит сирэйин мыӊаатыбыт. * Биһиги Сарыаллыын иккиэн биир оскуолађа үѳрэммиппит, кыра нэһилиэккэ тэӊӊэ улааппыппыт. Кини миигиттэн биир сыл ађа. Оскуола эрдэхтэн кыыс бѳђѳ муннукка ытаабыт уола этэ. Үчүгэй үѳрэхтээх, бэрээдэктээх, ааттаах спортсмен, ахтыбыыс бэрдэ. Биир да кэнсиэр, тэрээһин кинитэ суох ааспата. Этэргэ дылы, мин курдуктар кинини утары кѳрүѳхтээђэр, санаабыт да тиийбэт киһитэ этэ.  Оскуоланы бүтэрэр сылыгар, ыаллыы нэһилиэктэн кѳһѳн кэлбит, кынталдьыйбыт кырасаабысса Клара диэн кыыстыын билсэн барбыта. Биһиги оторой-моторой дьон бу икки куба курдук кэрэ паараны ыраахтан «эчи, хаарыаны» диэн кэрэхсии, ордургуу кѳрѳрбүт. Куруук уоллаах кыыс сиэттиһэн баран уулусса устун хаамсаллара, күлэ-үѳрэ олус иллээхтик, эйэлээхтик сылдьаллара. Сотору иккиэн оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Клара сайын үѳрэххэ туттарсан баран кыайан киирбэтэђэ. Онон нэһилиэккэ хаалан, детсадка ньээӊкэнэн киирбитэ. Онтон  Сарыал уон ађыһын туолан армиялыыр буолбута. Уоллаах кыыс ѳрүс кытылыгар  харах уулаах арахсыыларын нэһилиэк дьоно бары кѳрбүт курдук хараастыылаах кэпсэл оӊостубуттара. Номнуо ыал оӊорон, уол армияттан кэллэђинэ холбоһоллор үһү диэн сурађы бэркэ сэӊээрэн, уос номођор тиспиттэрэ. Биһиги да дьиэбитигэр ол сурах-садьык кэлбитэ.  Онтон мин кинилэр кэннилэриттэн биир сылынан эмиэ оскуолабын бүтэрбитим. Ситиһиилээхтик эӊин үѳрэммитим диэн сымыйан кэпсиир кыах суох. Үѳрэхпэр орто эрэ этим. Ханна да сылдьыбат, кимниин да улаханнык бодоруспат муӊкук, тоӊкуруун майгылаађым. Хонтуорађа харабылынан үлэлиир сођотох ийэлээђим. Ийэм барахсан оскуоланы бүтэрээппин кытта бэйэтин миэстэтин туран биэрбитэ, үѳрэххэ ыыта да сорумматађа. Кыра эрдэхпиттэн ыарыһах буоламмын ийэм куттанар быһыылаађа. Нэһилиэккэ туох  ыарыы, дьаӊ-дьаһах кэлэр да ону барытын бастакынан мин хабан иһэрим, иммунитетым наһаа мѳлтѳх этэ. Онон  оскуола паартатыттан тута харабыл буолан хаалбытым. Биир  сыл син этэӊӊэ ааһан, сэтинньи ыйга, ѳрүс мууһа туран эрдэђинэ, Сарыал армияттан кэлбит сурађа иһиллибитэ. Аны Кларата буоллађына саӊа история учууталынан үлэлии кэлбит уоллуун номнуо куучугунаспыттара ырааппыт этэ.  Уол кыыһы кэргэн ылан, Саӊа дьылга илдьэ дойдулуур сурађа иһиллэрэ. Чэ, ону мин, кѳнѳтүнэн «Сарыаллаах Клара син биир холбоһуохтара,  итиччэ барсар пааралар хайдах итинник арахсан хаалыахтарай» эӊин диэх курдук санаан аһарар быһыылаађым. Ол эрээри кинилэр ыраахтан кылатан эрэ кѳрѳрүм, ис дьиӊнэрин билэр кыађым  букатын да суох курдуга. * Биир киэһэ үлэбиттэн, идэбинэн, уону ааһыыта,  оһохпун эбээри маӊнайгы хаар түспүт маӊан ньуурунан кыычыр-хаачыр үктэнэн, халтарыйан охтон сыһа-сыһа, дьиэбэр баран истим. Ийэм эрэйдээх номнуо улаханнык ыалдьан, дьиэтин иһигэр нэһиилэ сылдьар кэмэ  этэ. Кулуупка танцы буола турара, арааһа, арыый эрдэ бырааһынньыктаађы кэнсиэр буолан бүппүт быһыылаађа. Иннибэр хас да дьахтар кэпсэтэ-кэпсэтэ баран иһэллэрэ. Арай, дођоор, уулуссађа утары биир киһи барыс гына түстэ. Мин «уой» диэбитинэн туора ойдум. Киһим: – Олох уойбаппын, дорообо, хайа, бу кимӊиний? Ээ, Наташа Боппуоба эбиккин, – дии-дии сирэйбин ыйдаӊа уотугар кыӊастаста. Мин киһибин ѳйдѳѳн-дьүүллээн кѳрбүтүм – армияттан кэлбит Сарыал уол эбит. Эбии улааппыт, тѳлѳһүйбүт, форматын кэтэ сылдьар, харах халтарыйар кып-кырасыабай, уол да уол. Мин симиттэн эргэ хаатыӊкам тумсун кѳрѳбүн. – Наташа, иһит эрэ, уопсайынан маннык, мин эйиигин кэргэн ылабын. Бэнидиэнньикэ бэлэм олороор. Сэлсэбиэккэ сайабылыанньа суруйа барыахпыт, дьиэђиттэн баран ылыам, – диэн баран уӊа харыбыттан харбаан ылла.  Мин олус соһуйан саӊа аллайдым, хаһан да айах атан кэпсэппэтэх уолбар: – Тыый, хайдах буоллун, иирдиӊ дуу, итириккин дуу? Тођо киһини күлүү гынађын! – диэн баран туппут  илиитин садьыйаат, дьиэм диэки сүүрдүм.  Олбуорбар ађылыы-ађылыы сүүрэн киирээт, калиткам аанын хатаатым уонна тођо эрэ марылаччы ытаан бардым.  Арааһы бары санаатым, ол эрээри Сарыал туохтан итинник киһини күлүү гыммытын сатаан ѳйүм дуомугар хотуппатым, эппиэтин булбатым. Син ѳр тура түһэн, салгын сиэн баран дьиэбэр киирдим. Ийэм эрэйдээх мин арбы-сарбы сирэйбин тута кѳрѳн, сыгынньахтанар бокуой биэрбэккэ: – Хайаа, бу кыыс туох буоллуӊ? – диэн миигин маныыр түннүгүн анныгар, остуол муннугар олорон ыйытта. Мин ону-маны ыраађынан эргиппэккэ: – Кэлэн иһэн Сарыал Мандаарабы кѳрүстүм, итирик дуу, хайдах, кэргэн тађыс диэн күлүү гынна,-диэтим. – Ээ, ол түс-бас ыал ођото хайдах буола сылдьар буоллађай? Бэйэтин тэӊнээхтэрин дьээбэлиэ эбит, – диэн баран үѳһэ тыынна. Ити итинэн ааспыта. Ийэбин кытта уонна ордук хос дугу да кэпсэппэтэхпит.  Үс хонон баран бэнидиэнньик үүммүтэ. Биһиги ийэбинээн сарсыарда оһохпутун оттон баран, саӊа чэйдээри аспытын тарда сылдьыбыппыт. Арай күүлэ аана тыастаахтык аһыллан баран, ким эрэ эрчимнээхтик хааман  киирэн иһэр тыаһа иһиллибитэ. Мин тођо эрэ соһуйан хаалбытым, кини буоларын сүрэхпинэн сэрэйбитим.  Өр кэтэһиннэрбэккэ ааммытын тэлэччи арыйан, мичээрдээбитинэн Сарыал киирэн кэлбитэ. – Ыаллар дорообороруӊ. Бађар, соһуччу буолуо эрээри, дьиӊ эр киһи санаатын ылынан кэллим. Наташа, мин эйиэхэ бээтинсэђэ эппитим дии, ыал буолуохха диэн. Хайдах эрэ халы-мааргытык ыйытаммын эн ѳйдѳѳбѳтѳђүӊ быһыылаађа дии. Мин кими да күлүү гыммаппын, чахчы, илэ ѳйбүнэн, кырдьык этэбин. Ону бу бүгүн ийэђиттэн уонна бэйэђиттэн чопчу ыйыта кэллим, – диэн баран бэдэр бэргэһэтин устан, аан таһыгар тэпсэӊнии турбута. Мин тута ийэбин кѳрбүтүм. Хайдах эрэ икки хааһа түрдэстэн Сарыалы чинчилии турар курдуга. Ол да буоллар мин син ѳй булан: – Сарыал, мин эйиэхэ  кэргэн тахсыбаппын. Туох санааттан маннык быһыыланаргын билбэппин. Эн миигин билбэккин, мин да эйиигин билбэппин. Мин санаабар, бэйэлэрин ыкса билсэр, икки таптаһар дьон холбоһоллор. Ол, арааһа, сѳп буолуо, – диэн тѳһѳ кыалларынан  кытаанахтык эппитим.  – Сѳп, оччотугар суох диэтиӊ, ѳйдѳѳтүм, – диэн баран Сарыал бэргэһэтин кэппитэ. Онтон эргиллэн, аан тутаађын тутан тахсыах курдук буолан истэђинэ ийэм: – Ээ, тохтоо эрэ, Сарыал. Наташа сѳбүлэһэр, бэйэбит билигин кэпсэтиэхпит. Онтон таӊнан баран эйиигин кытта барсыађа. Күүлэђэ тахсан кэтэс эрэ, – диэбитэ. Мин соһуйан «туох даа?» диэн баран харахпын тиэрэ кѳрѳн кэбиспитим. Сарыал күүлэђэ тахсаатын кытары ийэм: – Наташа, иһит эрэ миигин. Сарыалга кэргэн тахсар эбиккин. Олох суох диэмэ. Кинини биһиги кыра эрдэђиттэн билэбит. Туох да иэӊэ-дьааӊа суох ођо. Дьоно да үчүгэйдэр. Бу диэн уонна эттэххэ, эйиигин аны итинник үчүгэй киһи кэргэн кэпсэтэрэ биллибэт. Киһини дьүһүнэ быһаарбат. Ол кини кырасыабайа, эн судургуӊ олох олорорго мэһэй буолбат. Саатар ођолонон хаалыаӊ этэ буоллађа.  Мин дађаны ыалдьарым бэрт. Тѳһѳ ѳр маннык барарым биллибэт. Тыыннаахпар ођом үчүгэй ыалга кийиит буолла диэн үѳрүѳм этэ, – диэбитэ. Мин олус соһуйбутум диир ити түгэӊӊэ түктэри курдуга. Олођум тухары миигин бүѳбэйдэспит, хаһан да, тугу да ыраађынан эргиппэт, баарынан этэр сиэрдээх майгылаах ийэм быһаарыныытыттан тылбыттан маппытым уонна хайдах эрэ баарынан, бу тустаах түгэӊӊэ ылынарбар тиийбитим. * Маннык дьиктитик ыал буолан, Сарыал ађыйах хонугунан бэйэтин дьонугар кѳһѳрѳн илдьибитэ. Дьонугар ађалаат, «уруу эӊин тэрийбэппит, аныгы ыалбыт, харчыбытын мунньан куоракка киириэхпит» диэн маас-таас курдук  этэн кэбиспитэ. Ким да миигин киэр бар диэбэтэђэ эрээри, сѳбүлээбэттэрин бүтэйдии сэрэйбитим. Ађата хонтуорађа бухгаалтарынан, ийэтэ оскуолађа саабыһынан үлэлииллэрэ. Онон нэһилиэк биир баар-суох тумус туттар ыала этэ. Сарыал ыал улахан ођото, кини аннынан икки эмдэй-сэмдэй оскуолађа үѳрэнэр кыргыттар бааллара.  Мандаараптар тэлгэһэлэригэр икки дьиэ баара. Биһиги кыра дьиэђэ олохсуйбуппут. Сотору Сарыал фермађа от тиэйиитигэр үлэђэ киирбитэ. Мин харабыллаабытым курдук харабыллыы, ийэбин ыарыылыы кэлэ-бара сылдьыбытым.  Сарыаллыын сыһыаммыт дьикти сођус этэ. Улаханнык айах атан кэпсэппэт, күннээђинэн «барда-кэллэ» диэбит курдугунан муӊурданарбыт. Тус-туһунан утуйарбыт, эгэ, эрдии-ойохтуу сыһыан кэлиэ дуо? Онон, арыт ыал буолан маннык олорботторо буолуо дии диэн араас санаа үүйэ-хаайа тутара. Арай биир үтүѳ күн  таӊас сууйан баран, таһырдьа икки улахан биэдэрэнэн уу тођо тахсан истим. Хайдах эрэ сыыһа үктэнэн, кирилиэспэр халтарыйан,  уубун барытын  тођо түһэрэн кэбистим. Сиспин ѳлѳрѳн, айа-дьойо бѳђѳ буолан саӊа дьиэбэр киирэн, инчэђэй хаатыӊхабын уста турдахпына, хотунум Марыына Бииктэрэбинэ кѳтѳн түстэ. – Уугун таһааран тођо кирилиэскэ тохтуӊ, сүрүн бађаһын ньии. Тахсан сип-сибилигин ыраастаа! – диэн чаӊкынаата. Мин соһуйан, арай акаары бађайытык: – Хаатыӊкам анна барыта инчэйэн хаалла. Кэтэн тахсар таӊаһым суох. Сарыал кэлэн ыраастыыр ини, – диэтим. Дьиӊэр, оттон, соруйан гымматым, алђас эӊин диэхтээђим эбитэ буолуо да… Онуоха Марыына Бииктэрэбинэ ыгыччы кыыһыран, умайыктанан кэлбэт дуо: – Өссѳ диэ?! Ол аата ыраастаабаппын диигин да? Уопсайынан, эн биһиэхэ хайдах кийиит буолан кэлбиккин киһи барыта билэр. Клара атын уолламматађа буоллар эн манна букатын да суох буолуоӊ этэ. Мин хаһан да дьону сэнээбэппин эрээри, баарынан эттэххэ, мин ођом аӊар да атађын тыӊырађар тиийбэккин. Хайдах бэйэђин ѳйдѳѳн кѳрбѳккүнүй? Хаһаайка быһыытынан бу мѳлтѳђүӊ, уугун таһааран кирилиэскэ тођо сылдьађын,  майгыбытын этэ да барбаккын, түктэрилэһэ олорођун, эчи, дьүһүммүт да марата.  Уопсайынан, толкуйдан, ыал буолуу ођо оонньуута буолбатах, – диэт ааммын тыастаахтык хайа бырађан тахсан баран хаалла. Мин бу түгэӊӊэ дьэ ѳйүм дьэӊкэрбит, мэйиим чѳлүгэр түспүт курдук буолла. Кырдьык дађаны, дьон холбоһуохпутуттан соһуйар, куруук кѳрсүбүт эрэ хайдах ыал буолбуппутун сураһар, «сирдээх халлаан» курдуккут» дии-дии ону-маны эђэлиир. Ол аата бары миигин Сарыалга  сѳбѳ суох диир буоллахтара. Чэ кэбис, ыал буолан оонньоон бүтэр эбиппин диэт, таӊаһым дуомун хомунан барбытым. Ол былаһын тухары биир кэм маккыраччы ытыы сылдьабын. Бэйэбин аһынан, кэргэммэр тэӊэ суохпун ѳйдѳѳн, ол быыһыгар ийэм бађатын кыайан толорор кыађа суохпуттан. Оннук ытыы-ытыы сээкэйдэрбин аан таһыгар чѳкѳлүү сырыттахпына, Сарыал киирэн кэллэ. – Хайа, туох буоллуӊ бу, ханна бардыӊ? – диэн таӊаһын да устубакка, уун-утары  кѳрѳн туран ыйытта. Мин симмэр түспүт, бу арахсан бараары турар киһи быһыытынан: – Сарыал, мин эйиэхэ тэӊэ суохпун. Дьон барыта инньэ диир. Ийэӊ киирэн эмиэ марађын, куһађаӊӊын, ођом аӊар атађын да тыӊырађар тиийбэккин диэтэ.  Онон мин барар эбиппин, чахчы. Хайдах маннык олоруохпутуй? Арба, уонна Клара ыал буолбутун иһин миигин кэргэн ылбыккын дии, – дии-диибин ытаан харахпыттан уу-хаар бѳђѳ бастым. Киһим бастаан хайдах эрэ мух-мах барда уонна сотору кэминэн соруктаах ађайдык: – Наташа, чэ баарынан кэпсиибин. Ону хайдах ылынарыӊ бэйэӊ кѳӊүлүӊ. Армияђа сырыттахпына Клара атын уолу таптаатым, кэргэн тахсабын диэн суруйбута. Мин бастаан итэђэйбэккэбин наһаа аймаммытым, хомойбутум да диэххэ сѳп. Онтон син баары ылыммытым. Армияттан кэлбит күммэр уолаттарбын, Киэсиктээђи кытта сулууспалаан кэлбиппин сууйбуппут. Онтон кулуупка танцыга тиийбиппит. Онно арай Клара ол кэргэн тахсар уолунаан үӊкүүлүү ађай сылдьаллар этэ. Өссѳ киһи кыһыйыах мин иннибэр кэлэн эриллэӊниирэ. Мин олус абарбытым. Уолаттарбын кытта таһырдьа табахтыы тахсыбытым. Онно турдахпына уолаттарым «аата, ити биир Кларанан кыыс бараныа буоллађай. Бачча кыраһаапчык хайа бађарар кыыһы кэргэн ылађын буоллађа» дии-дии уоскута сатаабыттара. Мин өр толкуйдуу барбакка «чэ, оччотугар сакалааттаһыаххайыӊ, билигин уулуссађа бастакы кѳрбүт кыыспын кэргэн ылабын» диэбитим. Уолаттарым күѳ-дьаа буолан, тылбын ылан илии охсуһуннара охсубуттара. Онтон уулуссађа тахсыбытым - эн утары иһэриӊ. Салгыы туох буолбутун бэйэӊ да бэркэ билэђин, – диэн баран илиитин санныбар уурбута. Мин букатын да ытыырым улаатан,  биир кэм тохтоло суох, иэрийэ-иэрийэ барбытым. – Оччотугар тугуй, сакалааттаһан баран ойох ылбыккын, ол аата кыайбыккын. Билигин тѳһѳ бађарар арахсыаххын сѳп! – дии-диибин малым дуомун үрдүгэр түспүтүм. – Тохтоо, бээ, салгыы иһит. Мин эйиигин чэ, ол сакалааттаһан ойох ылбыт буолуум. Ол эрээри арахсыам диэбэтэђим. Онон, арахсар санаам букатын суох. Барыма. Мин эйиигин олођум тухары атађастыам суођа. Эр киһи тылын биэрэбин, – диэн баран хайдах эрэ бэйэтигэр сып-сылаастык, ыксары кууһан ылбыта. Мин ытыырбын кыатана сатыы-сатыы тута иһийэн хаалбытым, дьикти үчүгэй турукка киирбитим. Хайдах эрэ барытын умнан, бу киһиэхэ маннык куруук куустаран туруохпун бађарбытым. Бађарбытым киниэхэ эрэниэхпин, хас биирдии тылын итэђэйиэхпин.  Ол иһин күүгэн курдук уостан, налыйан хаалбытым.  Уоскуйбуппун билэн Сарыал «барыма, Наташа...Таатыкка. Мантан инньэ Таатыкка буолуон миэхэ. Мин  билигин кэлиэм» диэн баран таһырдьа тилир гынан  хаалбыта. Сотору ийэтин батыһыннарбытынан киирэн кэлбитэ. Хотунум хайдах эрэ эмиэ маађыӊӊы кылаана намыраан, бэркэ сымнаабыт куолаһынан: – Наташа, бырастыы гын. Сыыһа, мээнэ толкуйдаабакка, ѳйдѳѳбѳккѳ тылласпыппын. Аны эһиги олоххутугар орооһуом суођа. Олоруӊ, – диэбитэ. Мин дађаны бу түгэӊӊэ миигин кѳмүскүүр турдалаахпын-хаххалаахпын билэн эрдийэ быһыытыйбытым. Иккиэн истэллэрин курдук улаханнык «сѳп» диэбитим.  Бу түүн бастакыбытын эр-ойох курдук бииргэ утуйбуппут. Сарсыарда күн тахсыар дылы арааһы бары кэпсэппиппит. Сарсыӊӊы күнтэн сађалаан олохпут чыӊха атын буолбута. Дьиӊнээх ыал буолуу тугун иккиэн билэн барбыппыт. Мин  Сарыалбын таптыырбын ѳйдѳѳбүтүм, онтум күн-түүн күүһүрэн испитэ. Бэл, кыыһырар да түгэнигэр кинини сыллыы, имэрийэ-томоруйа сылдьыахпын бађарарым.  Сотору кэминэн ыарахан буолбуппун билбитим. Оо, Сарыал онно үѳрбүтүн кѳрүѳ этигит.  Икки дьиэнэн кыайан сүүрэр кыађым суох буолан ийэбин бэйэбитигэр кѳһѳрѳн ађалбыппыт. Ийэм барахсан  олођун тиһэх күннэригэр сиэн кѳрүѳм диэн эрэл кыымнаах, ођом дьоллоохтук олорор эбит диэн уоскулаҥ санаалаах олорбута. Мин сэттэ ыйбар тиийиибэр ийэм суох буолбута. Сарыалым баар буолан наһаа аймаммакка, баар-суох күндү киһим силигин барытын ситэрэн, ийэбин этэӊӊэ тѳрүт буоругар кистээбиппит. Бу ыарахан күннэрбэр сођотох буолбатахпар, аттыбар ѳйүүр-ѳйдүүр киһим баарыгар, билэр-билбэт таӊараларбар, айыыларбар  –  барыларыгар  олус махтаммытым. * Самаан сайын салаллан кэлиитэ этэӊӊэ быыһанан уолламмыппыт. Сарыал дьонун үѳрүүлэрэ муӊура суох этэ. Күһүн, эрдэ былааннаммыппыт курдук, ођобутун туппутунан куоракка кѳһѳн киирбиппит. Ийэм дьиэтин атыылаан уонна бэйэбит кыра уурууну харчыбытын мунньан, Сарыал дьоно кѳмѳлѳһѳн, биир хостоох дьиэ атыыласпыппыт. Кэргэним физкультура учуутала буолар бађалаах кэтэхтэн  үрдүк үѳрэххэ киирбитэ. Биһигини иитээри, туох кѳстѳрүнэн, хара үлэђэ барытыгар  сылдьан үлэлээбитэ.  Онтон үѳрэђин бүтэрэн оскуолађа учууталынан анаммыта. Сотору ађыйах сылынан саабыс  буолбута, онтон дириэктэр. Олохпут кѳнѳн барбыта. Билигин Сарыалым үѳрэх министерствотыгар үлэлиир.  Мин уолум кэннэ икки сыл буолан баран кыыстаммытым. Үѳрэх эӊин диэӊӊэ уруккуттан сыстађаһа суох киһи улаханнык үѳрэнэ  сатаабатађым. Бу диэн уонна эттэххэ, онтон букатын кэмсиммэппин. Чэ, үчүгэйдик сатыырым диэн кинигэ аађабын. Билигин бэйэм сѳбүлүүр дьарыктаахпын. Кыра эрдэхпиттэн ођуруот үлэтигэр сыстађас этим. Ол иһин, ођолорум улаатыылара,  Сарыалым кѳмѳтүнэн учаастак ылбытым уонна онно күн-бүгүн сибэкки үүннэриитинэн дьарыктанабын. Ођолорбут билигин номнуо улаатан, борбуйдарын кѳтѳђѳн, бэйэлэрэ ыаллар. Уолбут манна баар,  бэйэтэ чааһынай тэрилтэлээх, икки моторуспут сиэннээхпит. Кыыспыт Москвађа олорор, нуучча кэргэннээх, биир мааны кыыстаах. Эмиэ университекка үлэлиир, тос курдук хотун.  Онон бэйэбин дьоллоох дьахтарбын диэн тѳһѳ бађарар этиэхпин сѳп дии саныыбын. Биири арай кэлин ылыммытым, муударай сааспар кэлэн баран.  Мин 10-тан тахса сыл хайдах эрэ дьиэбинэн, ођолорбунан эрэ олорбутум. Ону арай кэргэним биирдэ оскуолатын Саӊа дьылыгар хайаан да илдьэ барабын диэтэ.  Кини оччолорго дириэктэр. Мин бастаан идэбинэн барымаары дьирээлэстим ађай. Киһим туох да элэ-была тылын барытын эттэ. Бачча элбэх сыл олорон баран биир дьиэттэн быкпаккын, кэллэктиибим туох да ааттаах, учууталлар оннук үрдүк култууралаахтар, маннык иитиилээхтэр, элэккэйдэр диэн буолла. Мин, киһи эрэ буоллар, таптыыр кэргэммин кытта сѳбүлэһэрбэр тиийдим.  Биир күнү быһа кэргэмминээн мађаһыын кэрийдибит. Таӊас бѳђѳ сыымайдаатыбыт. Бырадабыастар биһигини дьиибэргии кѳрѳр курдуктар. Кэргэним мааны бѳђѳ, мин таӊас-сап мѳлтѳх. Уопсайынан, бэйэм дьүһүммүн, быһыыбын-таһаабын сѳбүлээбэт буолан улаханнык тугу да атыыласпат этим. Ађыйах баайыы куопталаах уонна онно дьүѳрэлии  биир дьууппа ођолоођум. Мааныга  кэтэр былаачыйа диэн букатын да суођа. Дьиӊэр, кэргэним таӊын, симэн диэн атахпар эрэ үӊкпэт этэ. Бэл, Саха сиригэр бастакы нуорка сађынньађы мин кэппит буолуохтаахпын. Дьиэм иһигэр, ону дађаны. Сарыал Турцияттан ађалбыта. Ыскаабым иһигэр онтум билигин да ыйанан турар.  Бээ, ол Саӊа дьылбыттан халыйаары гынным. Мин, дьэ саӊа былаачыйа атыылаһан, кыра хобулуктаах соппуоска кэтэн, баттахпын салоӊӊа оӊотторон (ону да Сарыал туруорсан), кырааскаланан-самааскаланан, санаабар, ытыахпар дылы киэргэнэн кэргэним оскуолатыгар үктэнним. Арай сыгынньахтанан, саалађа киириэх курдук гынан истэхпитинэ, бэл, муускукалара ах барарга дылы гынна. Улаханнык соһуйбут, кэлэйбит харахтары мин билигин да умнубаппын. Бары, «пахайбыын, бу дириэктэрбит кэргэнэ маннык эбит дии» диэн сиргэммиттии  одуулаһаллара. Били култууралара, иитиилэрэ, элэккэйдэрэ ханан да  кѳстүбэт курдуга. Мааны бађайы дьахталлар сүүрэн кэлэ-кэлэ кэргэним тула иилиӊкэйдэнэллэрэ, мин баарбар букатын да кымаардаан кѳрбѳттѳрѳ. Аны ханна эрэ ыӊыраннар, киһибин букатын да сүтэрэн кэбиспитим. Муннукка кутуйах курдук саӊата суох кирийэн олорбутум. Ким да миэхэ наадыйбата. Араас дьэрэкээн уотунан күлүмүрдүүр Саӊа дьыллаађы күѳх харыйаны, күлэр-үѳрэр, үӊкүүлээн эргичиӊниир дьону кѳрѳн олорон испэр ытыы олорбутум. Онтон харађым уута таспар тахсаары гынан, куттанан, сып-сап саалаттан тахсан, таӊнаат, таһырдьаны былдьаспытым. Тымныы салгыны толору түѳспүнэн эђирийэ-эђирийэ туран эрэ син ѳр ытаабытым. Сотору таһырдьа Сарыалым тахсан кэлбитэ. Миигин кѳрѳн, сүүрэн кэлэн «бырастыы гын» дии-дии кууһан ылбыта. Мин эмиэ күндү киһим аһыммытыттан, били кырааскам дуома барыта суураллыар диэри,  «мин эйиэхэ тэӊэ суохпун бырастыы гын» дии-дии уйа-хайа суох маккыраччы ытаабытым. Дьэ ол кэннэ кэргэмминээн элбэхтик кыыһырса сылдьыбыт кэмнэрдээхпит. Мин кинини дьоӊӊо барытыгар күнүүлүүр курдугум. Бэйэбин абааһы кѳрѳрүм. Букатын бэйэм бэйэбэр бүгэн, ханна да быкпат буолбутум. Маннык олордохпутуна арай биирдэ саас тыаттан хотунум Марыына Бииктэрэбинэ киирбитэ. Син ийэ киһи буолан, арбы-сарбы олохпутун ѳйдѳѳн кѳрѳр буоллађа. Сарыал үлэтигэр, ођолорум оскуолаларыгар  барбыттарын кэннэ чэйдии олорон: – Хайдах олорођут, Наташа? – диэн эмискэ ыйытан соһуппута. Мин, арааһа, тыыным-быарым хаайтаран олорор киһи буолан буолуо, тута аһыллан, олохпутун барытын тиэрэ ууран, кэпсээн биэрбитим. Кини уолугар, чахчы, тэӊэ суохпун, куһађан дьүһүннээхпин диэн билиммитим.  Арай хотунум эмискэ күлэн тођо барбыта: – Наташа, эн, кырдьык, ити киһи олођо тас кѳстүүгүттэн тутулуктаах диигин дуо? Бачча сааска тиийиэхчэ киһи ону-маны истэр ээ. Чэ, сѳп. Эн бастаан кийиит буолан кэлбиккэр, быстах санаа, омос кѳрүү ухханыгар ођустаран эйиигин мыына кѳрбүппүт баар суол. Ол эрээри сыыйа эн ис дьиӊӊин билэн, уолбутугар сыһыаӊӊын кѳрѳн хайдах да тэӊэ суох кэргэннээх диэн этэр кыахпыт суох. Сарыал эн суођун буоллар маннык олоруо этэ дуо? Кэргэннии дьон син биир бэйэ-бэйэђитин ситэрсэн, итэђэстэргитин толорсон биэрэђит. Эн кини сорђото буолађын. Ону ѳйдѳѳ. Бэйэђин эрэ билинимэ. Сүүс киһи сүүс араас санаалаах. Тођо онно кыһанныӊ? Кинилэр эһиги олоххутунан олорботтор.  Дьэ уонна бу диэн эттэххэ, Сарыал кыраһыабай буолан тѳрѳѳбүтүгэр буруйдаах дуо? Мээнэ кыраттан, дьүһүн аайыттан  араллааны тардымаӊ, кыыһырсымаӊ, – диэбитэ. Мин хайдах эрэ аһыннараары гыммыт киһи, оройго бэрдэрбит курдук буолбутум. Харађым дьэ аһыллан, били ытаары олорбут бэйэм, тута дьүһүн кубулуйан, бэйэм ѳйдѳѳбѳппүнэн, мичээрдээн ылбытым.  Бу күнтэн сађалаан дьон кырыы харахтарынан кѳрѳллѳрүгэр наадыйбат халыӊ тириибин кэппитим. Куруук санаарђыы, туохтан эрэ дук-дах туттарым ханна эрэ үрэллэн хаалбыкка дылыта. Сарыалым нүлэтигэр барарыгар-кэлэригэр үѳрэ-кѳтѳ атаарар, кѳрсѳр буолбутум. Бэйэбин уонна кэргэммин баарбытынан ылынары дьэ бу сыллар тухары саӊа сатаабытым. Саамай сүрүнэ – кэргэммин буруйдаабат буолбутум. Сыыйа бэйэм интэриэспэр болђомто ууран, сибэккинэн дьарыктанан, толкуйбун мээнэ, солуута суохха сынньарбар, бириэмэм да суох курдук буолбута. Олођум күн ахсан саӊалыы киэркэйэн иһэрэ. Маннык, кѳрүӊ, муударай хотунум биир этиинэн биһиги сыһыаммытын быыһаан турар. * – Дьэ, дођоор, киһи үѳйбэтэх-ахтыбатах ѳттүттэн ыал буолбут эбиккит дии. Оттон Кларата ханна тиийбитэй? – диэн Туонньа Натааһа сэргэх кэпсээнэ бүтээтин кытта, саӊа аллайан ыйыталаспыта. – Клара били учуутал уолу кытта холбоһон баран, тута толору икки сыл буолбакка арахсыбыт сурахтаађа. Билигин тѳрдүс эрин кытта бэрт диэнник олорор үһү. Ођо-уруу, сиэн бѳђѳ дииллэр. – Айабыын, тѳрдүс буолбаккађын. Ол иһин дађаны, – дии-дии Туонньа күлэн саһыгыраабыта. – Онтон кэргэниӊ Сарыал хаһан эйиигин таптыыбын диэбитэй? – диэн мин маађыттан ааллара олорбут сүрүн ыйытыкпын биэрбитим. – Дьэ дии, бэйэм да сѳђѳбүн эрээри, бу улаханнык ыалдьыбыппар биирдэ билиммитэ. Ол эрээри кини тылынан буолбакка, бэйэтин сыһыанынан бастакы ођом кэннэ таптыырын сэрэйбитим, – диэн баран Натааһабыт мүчүк гынаат, сирэйигэр сырдык мичээр аргыстаммыта. – Туох да диэбит иһин, дьоллоох дьахтар эбиккин, – диэбитэ Туонньа уонна курустук үѳһэ тыыммыта (арааһа, икки сыллаађыта ѳлбүт кэргэнин санаатађа буолуо). – Оннук, этэӊӊэ олоруӊ. Киһи маннык интэриэһинэй олохтоох дьону иһиттэђинэ бэйэтэ үѳрэр. Дьол, таптал баарын киһи итэђэйэр,-диэбитим мин. Салгыы күѳ-дьаа  буолан атыны, күннээђини кэпсэтэн тиэмэбититтэн халыйан хаалбыппыт. Натааһабытын тахсыар дылы атын харахпытынан кѳрѳр буолбуппут. Чахчы, киһи дьүһүнэ киһи олођор улахан оруолу ылбатын кини тус холобурунан билбиппит. Хас биирдии киһи олођун тухары араас дьону кытта билсэр, алтыһар, дођордоһор. Сиилиир, ордургуур, таптыыр, абааһы кѳрѳр. Ким эрэ дьоллоох, ким эрэ сордоох, ким эрэ эрэйдээх аатырар.  Ол эрээри киһи тус олођо бэйэтиттэн эрэ тутулуктаађын бигэ ѳйдѳѳн дьолломмут ахсааннаахха дылы.
kyym.ru сайтан