Кэпсээ
Войти Регистрация

Саллаат хомолтото

Главная / Кэпсээн арааһа / Саллаат хомолтото

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.03.2018 16:22
Сэрии — тыын тыыҥҥа харбас. Ким тулуурдаах, ким кыахтаах, кытаанах санаалаах ол тыыннаах хаалар. Тыыннаахтар умнубат сыллара! Оччолорго уон сэттэлээх уолаттар, кыргыттар сэрии диэни билбэккэ олорон төһөлөөх соһуйа истибиттэрэ буолуой?! Эһэм таайыгар иитиллэн киһи-хара буолбут. Кыратыттан эрэйи-муҥу силэйэн үөскээбит. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан үлэни кыайа-хото тутарга үөрэммит. Эт-хаан өттүнэн кыайыгас эбит. Сэрии буолбутугар иккис хомуурга түбэһэн барбыт. Бэйэтин лаппа кыанарын таба көрөн, аҕыйах хонук үөрэтээт, станковай бүлүмүөтү туттаран кэбиспиттэр. Украинаҕа сэриилэһэригэр ол бүлүмүөтүн сосуһа сылдьыбыт. Дьиҥинэн, ботуруонун эҥин атын киһи таһыахтааҕын бэйэтэ дьаһайар эбит. Сэриигэ анаан-минээн бүлү­мүөттээх киһини бултаһаллар. Өстөөх сынаайпардара сотору-сотору бүлүмүөтүн тимиригэр буулдьаны түһэрэн таһырҕаталларын иһин сороҕор окуопаттан төбөтүн өндөппөккө ытыалаан ылар түгэннэрдээх эбит. Биирдэ өстөөх хаһыс да кимэн киириитин кэмигэр аттыгар ытыалаан тигинэтэ турбут бүлүмүөт ах баран хаалбыт. Көрбүтэ, сибилигин кэпсэтэ сыппыт доҕоро төбөҕө табыллан окуопа түгэҕэр өлө сытар эбит! Биһиги дьоммутуттан ким да ол бүлүмүөккэ киирбэтэх. Сынаайпар бултаһарын биллэхтэрэ дии. Быстыа дуу, ойдуо дуу, эһэм ол икки бүлүмүөтүнэн сүүрэ сылдьан ытыалаабыт. Бүлүмүөтүн лиэнтэтин бүтэрэн эргиллэн кэлиэр диэри аттыгар сытар байыастар иккис бүлүмүөтүн иитэн тоһуйаллар эбит. Ол үрдэлгэ сытан, кимэн киирэн испит өстөөҕү оннук тохтоппут. Аччыктаан, тоҥ хортуоска хаҕын хат-хат оргутан, уоһунан үллэстэн иһээхтииллэр эбит. Сэрии киинэҕэ көстөрүн курдук, өрүү кимэн киириилээх буолбатах. “Ураа” хаһыынан куруук сүүрэ сылдьалларын көрдөрөллөрүн, оннооҕор оччотооҕу документальнай киинэлэри сиилиирэ үһү. Кимэн киириигэ хаспахтан хаспахха, мас-от быыһынан сыылан киирэн сэриилэһэллэрин кэпсиир эбит. Биирдэ эмэ улахан кимэн киириигэ “сүүс кыраам” аҕалан түҥэтэллэрэ. Аччык саллаат эрэйдээх арыгы иһэн, ураа хаһыынан ыстанар. “Дойдум иһин! Сталин туһугар!” диэн хаһыытаабытынан тааҥкаҕа утары сүүрэн киирэллэрин элбэхтэ көрбүт. Бүлүмүөттээх буолан, наар ол сосуһуутугар сылдьыбыт. Икки сыл кэриҥэ сэриилэспитин кэннэ аттыгар миинэ эстэр. Эһэбин саллааттар буортан хостоон таһаараллар. Улаханнык контузияламмыт. Дойдутугар нэһииччэ төннөр. Көрдөххө, туох да бааһырыыта суох курдугун иһин, улаханнык контузияламмыт киһи хаҕа эрэ, сыккырыыр тыына эрэ эргилиннэҕэ... Ханна да сырыттахха, дойду ахтылҕаннаах буоларын ким билбэтэ баарай. Кырыктаах сэрииттэн эһэм дойдутун төһөлөөх ахтан кэлбитэ буолуой. “Ону баара” диирбэр тиийэбин... “Сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэллим ээ” диэбитин, дойдутун дьоно: “Биһиги уолаттарбыт сэрии хонуутугар букатын хааллылар. Эн чороҥ соҕотох тоҕо эргиллинниҥ!” — диэбиттэр. Хомойуох иһин, эһэм эрэйдээҕи ол тыллара өстөөх буулдьатынааҕар сытыытык бааһырдыбыт! Ыарахан этии! Дойдум туһа диэн сэриилэһэн кэлбит, олоҕун кэрэйбэккэ өстөөх бөҕөнү сибиниэс ардаҕынан тэһитэ сүүрдүбүт киһиэхэ төһөлөөх хомолтолоох буолуой?! Ол күнтэн ыла дойдутуттан атын сиргэ, атыннык эттэххэ, биһиэхэ үлэлии кэлэр. Эбэбин көрсөр. Ийэм төрүүр. Бу сурук суруллар... Курус эргиллии Москубаҕа госпитальга сытан “илиитэ суох хайдах киһи буолабын?” диэн, санаам муунтуйан, эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Дьиҥнээх эрэй-муҥ иннибэр күүтэрин хантан билиэм баарай. 27
эрэ саастаах эдэр киһи буоллаҕым. Дойдубуттан туох да сурук-бичик суох. Айаҕалыы сатаан, Мэҥэ Хаҥалас райкомугар дьонум тоҕо суруйбаттарын билээри тэлэгирээмэ ыыппыппар “эҕэрдэлиибит... үтүөрэргэр баҕарабыт” диэн курдук судургу уонна хобдох ис хоһоонноох хоруй кэлбитэ. Кэлин санаатахха, сэриилэһэ сылдьар байыастарга куһаҕан сураҕы тиэрдэри цензура көҥүллээбэт эбит. Дойдубар 1942 сыл бэс ыйыгар төннүбүтүм. Майаҕа кэлэн, долгуйан сүрэҕим тэбиитэ, бэл, иһиллэн, салыбыраан аҕай дьиэм аанын арыйбытым — атын дьон көрүстүлэр! Дьиэбитигэр олороллор! Сүрдээҕин соһуйдум! Туоһуластым – ким да, тугу да билбэт буолан хаалла! Райкомҥа бииргэ үлэлээбит табаарыспар тиийэн ыйыталаһан ис дьиҥин биллим. Сэриигэ барарбар ыарахан хаалбыт балыыһа сэбиэдиссэйэ кэргэним эрэйдээх оҕолоноору өлөн хаалаахтаабыт. Чурапчыга хаалбыт ийэлээх аҕам хоргуйан өлбүттэр! Кэбээйигэ көһөрүүгэ түбэһэн барбыт бииргэ төрөөбүт убайым уолунуун уонна быраатым эмиэ былаҕайга былдьаппыттар! Сыл иһигэр сэрииттэн сыккырыыр тыыным эрэ эргиллэн кэлэн, чугас дьоно, дьиэтэ-уота, туга да суох аһаҕас халлаан анныгар чороҥ соҕотох туран хаалбытым ынырык суол этэ... Манныкка түбэһиэм диэн, куһаҕан да түүлбэр баттаппат этим... Иэдээни үтүө дьон баар буолан уонна син өй-санаа өттүнэн чиргэл буоламмын тулуйбутум. Билэр дьонум өйөөн абыраабыттара. Былдьаһа сылдьан, хоннорон-ыалдьыттатан, санаабын көтөҕөн, күүс-көмө буолбуттарыгар махталым муҥура суох! Оччотооҕуга билиҥҥи курдук туохтан эрэ санаалара оонньообута буолан, тостон хаалыы диэн суоҕа. Үлэлээн-хамсаан бардахха сатанара. Ити курдук биир ый сылдьыбытым кэннэ райкомҥа бырапагандьыыһынан ылбыттара. Степан Николаевич Ноговицын, 2004 с. биэрбит интервьютуттан... Сэрии бүтүөн 12 күн иннинэ Булчут ханна да тиийбитин иһин — булчут. Кыргыһыы хонуутугар Саха сириттэн барбыт дьон үксүлэрэ булчут этилэр. Кыра эрдэхтэриттэн сааны сүгэ сылдьыбыт буоланнар, бэргэнник ыталлара. Булчут саллааттар ардыгар сыыһа сэмэлэнэллэр эбит. Биирдэ кырыктаах кыргыһыыга үс эрэ киһиэхэ ботуруоннара бүппэтэх. Хамандыырдара ботуруоннарын көрөттөөбүт. Бүтэрбэтэх дьон быыһыгар биһиги эһэбит түбэспит. “Саһан сытан сэриилэспэтэх” диэн саҥарбыттар. Хоту дойдуга ботуруон кэмчи. Булчут дьон эккэ ыта үөрэммиттэринэн, хайаан да өстөөҕү булларардыы ытар буоллахтара дии. Сорох саллаат сүүрэн иһэн мээнэ ытарын көрө-көрө буулдьаны аһыйаллар эбит. Эһэм ол курдук сэриилэһэн Берлин чугаһыгар тиийбит. Сэттэтэ халымырдык бааһыран, хаста да госпитальга сыта сылдьыбыт. Ол сытан суруйбут суруктара хаалбыттар. Олортон бүтэһик суруга киһи кутун-сүрүн баттыыр. Эбэм ааҕа-ааҕа ытамньыйан ыларын өйдүүбүн. Сурукка “бааһым улахан... аны дойдубар эргиллэр биллибэт...” диэхтээбит этэ. Ол да сыттар дьонум санааларын көтөҕөн, “үтүөрүөм” диэхтээбит этэ. Быыһамматын билэн сытар киһи төһөлөөх эрэйинэн сурук суруйбута буолуой?! Ол сытан хаанын тоҕон кыргыспыт сэриитэ аны 12 күнүнэн бүтүөхтээҕин билбэккэ сырдык тыына быстаахтаабыт... Дьоммор ол сурук сэрии бүппүтэ сыл кэриҥэ ааспытын кэннэ кэлбит. Эһэбит туһунан ол тухары туох да биллибэккэ сылдьыбыт. Туох да биллэрии суох буолан, кэлиэ диэн кэтэһэ сырыттахтарына кэлэн хомоппут. “Бырааттыы ииҥҥэ көмүллүбүт” диэн хойут быһаарбыттара. Ол тиһэх сурук
сорҕотугар атын киһи эһэбит өлбүт күнүн суруйан ыыппыт этэ...
kyym.ru сайтан