Кэпсээ
Войти Регистрация

"Чэ кэлин, кэлин улааттаххына" (кэпсээн). Ааптар – Игнатий Слепцов–Хайа Тыала

Главная / Кэпсээн арааһа / "Чэ кэлин, кэлин улааттаххына" (кэпсээн). Ааптар – Игнатий Слепцов–Хайа Тыала

K
kyym.ru сайтан Айымньы
08.12.2021 10:11
Саас. Сир харааран, харалдьыктаан эрэр кэмэ. Сааскы туллуктар үөрдэрэ, кырдалтан кырдалга, хонууттан хонууга көтөн холоруктууллар, көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх. Арамаан оҕо сылдьан, интернаат оҕолорун кытары сыттык хаатын толору туллугу бултуулларын санаан кэллэ, ол барыта, үгүс сыралаах үлэттэн кэлэрэ, оннук сааскы туллукка иирэн, оннооҕор кылааһыгар хаала сыыспыттаах, аҥаардас оскуола общественнай олоҕор көхтөөх кыттыытын иһин кылааһын таһаарбыттара. Арамаан булт абылаҥар ис сүрэҕиттэн ылларбыт буолан, төрөппүт уолун Миикэни булт эйгэтигэр сыһыарыан баҕарбат, ол кэриэтэ үөрэхтээх киһи буолан, киин сиргэ олохсуйдун дии саныыра, бэйэтэ дьиҥэр үөрэҕэр бастыҥ киһини, туллуктааһын, кустааһын улаханнык атахтаабыта. Ол да буоллар оҕо саараннын диэн, аҕата былыр ох саа оҥорон бэлэхтээбитин санаан, уолугар Миикэҕэ, ох саа оҥорон бэлэхтээтэ, о5унан хайдах ытарга үөрэттэ. Бу саас Миикэ саастыыта уолаттар Миикэни үтүктэн бары ох саа оҥостон, ким оҕо ырааҕы ытарый диэн күрэхтэһэн оонньууллара. Ол онно Миикэ сороҕор бастыыр. Миикэ быйыл 5 кылааһы бүтэрэр сааһа, уол аҕата бултуу бараары хомунарын билэн, тэҥҥэ барсаары гыммытын, аҕата уолун ылбата, "Чэ кэлин, кэлин улааттаххына", диэн аҕатын этиитэ уол кулгаҕар өр да өр, хат-хат иһиллэргэ дылыта. Миикэ аҕатын кытары, бу бүтэһиктээх көрсүһүүтэ этэ, мантан ылата уол аҕатын хаһан да харахтаан көрбөтөҕө. "Чэ кэлин, кэлин улааттаххына" диэн аҕатын бүтэһик этиитин дуораана, уол кулгааҕар хаһан да умнуллубаттык, сүрэх бааһыныы хатаммыта. Номнуо 5 сыл ааһа охсор. Кэтириинэ кэргэнэ сүтүөҕүттэн, булт этин, күһүҥҥү эмис кус миинин испэтэҕэ ыраатта, урут аҕалара баарына, булда-алда, балыга, куһа остуол хотойорунан ууруллара, чугастааҕы ыалларынан Миикэ уол кус түҥэтэ сүүрэрэ, хайдахтаах курдук дьон күндүтүк саныырай, билигин ол суох, сатахха аны көҥүлэ суох сааланан баран сүүрдэххэ, төрөппүт буруйданар, Кэтириинэ ол иһин, уол 18 сааһын туоллаҕына, сокуонунан саалыахпыт диэн, аҕатын үрүҥ көмүс сотуулаах саатын сиэйпэҕэ ыга хатаан туруорар. Миикэ тэҥ саастыылаахтара, аҕалаах дьон, аҕаларын сааларын тута-тута көҥүллэринэн сүүрэллэр. Таһырдьаттан Сэмэн диэн Арамаан аҕата, уонна Охчут Миитэрэй киирэллэр. Икки оҕонньоттор иккиэн утарыта көрсөн олорон, хаартылыыллар, кэпсэтэллэр. «Дьэ уолбут Миикэ улаатта, киһи хара буолан эрэр, аҕата баара буоллар, булт абылаҥар ылларан улаатыа эбит, дьэ оччоҕо куобах, кус этэ амсайыа этибит», диэн Сэмэн Миитэрэйгэ кэпсии олордо. Охчут Миитэрэй: "Дьэ оннук бөҕөтө буоллаҕа". Ити курдук уруккуну-хойуккуну ахтыһа-ахтыһа икки оҕонньоттор хаартылыыллар. Охчут Миитэрэй, ити дьоһуннаах кэпсэтии кэннэ, санаата санаа буолбата, дьиэтигэр кэлэн, алгыс тылын этэ этэ, ох оҥорон барда. Сарсыҥҥы күнүгэр оҥорбут оҕун туппутунан Сэмэннээххэ сүүрэн элэстэннэ, үөрүүтүттэн доҕолоҥнуурун да умна быһыытыйбыт. Сэмэн: "Үтүө күнүнэн Миитэрэй, хайа бу ханна бардыҥ?". Охчут Миитэрэй: "Уолбут Миикэ баар дуо?", уол дьиэтиттэн тахсан кэлэр. Миикэ: "Эһээ Миитэрэй дорообо, туох сонун?". Охчут Миитэрэй: "Миикэ дорообо, төрөөбүт күҥҥүнэн, эйиэхэ бэлэхпин аҕаллым". "Миикэ: "Бай, ол тугу аҕаллыҥ". Миитэрэй саһаан кэнниттэн, былыргылыы оҥоһуулаах ох сааны аҕалан, уол иннигэр утары уунна, "Дьэ нохоо, уолбут эрэ буолларгын, байанайыҥ тардыылаах, оноҕоһуҥ охторуулаах, илии тутуурдаах, өттүк харалаах киһи буол" диэн алгыс тылын анаата. Миикэ: "Махтал бастыҥа, бу маны хаһан да умнуом суоҕа, миэхэ саамай бастыҥ бэлэх эбит" диэтэ да, уол хап-сабар таҥнан, квадроцикл үрдүгэр түһээт, тус-хоту диэкки көтүтэ турбута. Уол хоту эргин сытар күөллэри, көрдүгэттэри кэрийэн, саҥа көтөн тарыпынайа сылдьар кустары эндэппэккэ күөрэтэн түһэртээтэ, былыр аҕата баарына үөрэппит үөрэҕэ, кэм өйүгэр баар эбит. Оннооҕор кэлэн иһэн кыракый арыыттан, 3 куобаҕы бултуйда. Иннэ гынан киэһэ дьиэтигэр 7 кустаах, 3 куобахтаах барар буолла. Миикэ саастыы уолаттар оннооҕор доруоп да саанан биир чороҥ со5отох куһу да бултуйбаттар. Бу күн биир куобаҕы, икки куһу, Охчут Миитэрэйгэ илдьэн үөртэ. Сэмэннээх дьиэлэригэр дьоһун киэһэ олохтонно, аҕалара өлүөҕүттэн сибиэһэй булт этин сиэбэтэх бэйэлэрэ, сыаннан аҕаатылар. Сэмэн: "Дьэ уолбут аҕатын туйаҕын хатарар киһи буолсу, дии-дии, эһээтэ оҕонньор уокка сиэнин булдуттан бэристэ, уот иһиттим диэбиттии, өрө күдэпчилэнэн умайан ылла". Миитэрэй биир сарсыарда айа тутуурдаах Сэмэннээххэ кэллэ. «Буойуулаах баһыгар таалалаах этибит дии, ол онно баран маныахха эрэ, таарыйа уолбутун Миикэни хайдах айа тардарга үөрэтиэхпит», диэтэ. Дьэ икки оҕонньоттор укку-дьукку хомунан, уолларын илдьэ Буойуулаах таалатыгар аныгы, дьон сиэринэн квадроциклынан көрүөх икки ардыгар үктэтэн тиийэллэр. Таалалара ото-маһа үүнэн, чыҥха атыннык уларыйбыт, суоллар-иистэр кэм бааллар, үчүгэй эбит, дэсиһэллэр. Арай Сэмэн сүрдээх улаханнык, хаһыытаан баран сиргэ тобуктуу түстэ, "Оо барахсаным, ол иһин даҕаны", диэтэ. Эһээ туох буоллуҥ, Миитэрэй оҕонньордуун Миикэ сүүрэн кэллилэр. Кэлэн оҕонньор туохтан хаһыытаабытын тута сэрэйдилэр, «Чэ ол иһин да биһигини ыҥырбыт эбит», дэстилэр, Сэмэн уолун өлүгүн кырамтаннарын, сэрэнэн хомуйан, кыракый дьаама хаһа түһээт, көмөн, бэлиэ анньан кэбистэ. Айаларын иитээт, мантан чугас Майаҕатта Бэрт хара балаҕана баар этэ, уолбутугар ону көрдөрүөх, дэһистилэр оҕонньоттор, өр өтөр буолбакка, ойуур быыһыгар турар, былыргы балаҕаҥҥа ойутан кэллилэр. Балаҕан ортотугар улахан сэргэ турар, сэргэҕэ сүрдээх улахан, ох ыйанан турара, дьэ бу Майаҕатта Бэрт Хара бултуур үүтээнэ, ойуур быыһа буолан ким да сылдьыбат, маны билэр кырдьаҕастар бука диэн биһиги эрэ хааллахпыт, онон эдэр киһиэххэ эйиэхэ, көрдөрдөхпүт, кэлин сиэнэргэр кэпсиэҥ турдаҕа. Дьэ ити курдук, кистэлэҥ балаҕаны уолга көрдөрөн аастылар. Таалаларыгар тиийиилэригэр биир сүрдээх улахан кыыл атыыра, хайыы үйэ айа5а таарыллан, өрө мөхсө сытар, байанай баар. Икки оҕонньоттор сүһүөх-сүһүөҕүнэн арааран, бултарын көрүөх-бэтэрээ өттүгэр астаан бүтэрдилэр, киһи бэркиһиэн таҥастара, кыратык да хаан-сиин буолбата. Төһө да уолларын өлүгүн буллаллар, ааспыт-ааспытынан, олох салгыы устар. Сыл ааһар Миикэ саас күһүн устата, баай байанай тугу бэрсэринэн бар дьонун үөрдэр. Аны физико - математическай колледжка үөрэххэ киирбит. Үөрэҕэр барыахтаах кэмнэрэ, бу тиийэн кэллэ. Уһун күһүн устата уол куска-куобахха иирдэ, ол да буоллар, "Кэлин, кэлин улааттаххына" диэн аҕатын бүтэһик эппит тылын, аҕатын өлүгүн булан, көмөн ситиспиттии сананна. Миикэ эһэтинээн Сэмэниин таһырдьа, хортуоска оруу сылдьаллар. Миитэрэй оҕонньор кэлэр, эмиэ ох саа оҥорбут, "Миикээ бу ох сааны үөрэххэр ылан бараар, ааспыттааҕы Майаҕатта ох саатынан моһуоннаан оҥордум, билигин аны о5унан ытыы күрэхтэрэ ыытыллар буоллулар, дьэ онно кыттар буолаар, "Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума"", диэн алгыс тыл этэн, уол илиитигэр туттарда. Уол саҥа ох сааны илиитигэр тутаат, биир да өрөбүл да күнү көтүппэккэ дьарыктанар Саас. Миикэ уол дохсун спортивнай комплекска дьарыкка сылдьар, о5унан ытыы тренера Миикэҕэ уун утары кэлэр уонна этэр, «Сотору о5унан ытыы Өрөспүүбүлүкктээҕи күрэҕэ буолар, Уус Алдаҥҥа Чараҥҥа, эн онно кыттаҕын, үөрэххиттэн көҥүллэтиэм», диир. Бу күнтэн ылата, уол ыыппыт оҕо, аптаах буулдьалыы, туһаайбыт сирин хоту элэҥниирэ. Бииргэ дьарыктанар табаарыстара бэркиһээн, бэйэ-бэйэлэрин кытары, ботугураһан кэпсэтэр үгэстэммиттэрэ. Ол сүрүн төрүөтэ, Миикэни күрэхтэн туоратарга диэн этэ. Миикэ уол көрбөтүгэр, ох саатын сотовай телефонарыгар түһэрэн ылбыттара. Күрэх буолара үс күн хаалта, дьарык кэмигэр Савва диэн уол, Миикэ барбыт кэмигэр, оҕу тосту тута сатаан мэлийбитэ, хата илиитин иҥиирэ тардыалаан ылбыта, "Чэ кэбис, иччилээх ох быһыылаах", диэт төттөрү уурбута.         Күрэх буолар күнүгэр Дьокуускайтан Чараҥҥа сүр түргэнник элэҥнэтэн тиийдилэр. Кэлбит дьону охторун көрө-көрө испиһиэктээһин саҕаланна. Уолаттары утуу-субуу, испиһиэктээн иһэн, Миикэҕэ кэлэн тохтоотулар, бэйэ-бэйэлэрин кытары ботугураһан кэпсэтистилэр, харахтарынан имнэнсээт, "Эн бу, ох сааҕын, ханна кимиэххэ, оҥорторбуккунуй, стандартка эппиэттээбэт", дэстилэр. Миикэ: "Сыырдаах бөһүөлэгэр, Охчут Миитэрэйгэ", диэтэ. Суох биһиэххэ, "Охчут Охоноос эрэ оҥорбут охторо киирэллэр, эн оххун, күрэххэ киллэрбэппит, уопсай оҕунан ытар эрэ буоллаххына" диэтилэр. Уол хостон тахсан барда, санаата түһэн ыскамыайкаҕа олордоҕуна, Айаал диэн тренера ойон кэллэ, "Хайа Миикэ туох буоллуҥ, суруйтардыҥ дуо?", Миикэ: "Суох, мин оҕум, стандартка эппиэттээбэт үһү". Айаал: "Ама хайаан оннук буолуой, Главнай тренерга барыахха". Уол тренерын батыһыспытынан главнай тренер кабинетыгар ойон киирдилэр, Тимофей Петрович саха сирин оҕунан ытыыга, главнай тренера: "Айаал Петрович, хайа туохха киирдигит?". Айаал: "Тимофей Петрович, мин үөрэнээччибин, кыттар оҕуҥ, стандартка кыайан эппиэттээбэт диэн туораппыттар, хайыыбыт?". Тимофей Петрович: "Аҕалыҥ эрэ оххутун, Ээ бэрт дьикти оҥоһуулаах ох эбит, ким оҥоһугай?, метровка ылан кэмнээтэ, "Стандартка эппиэттиир эбит", диэтэ. Миикэ: Сыырдаах бөһүөлэгин олохтооҕо, Охчут Миитэрэй, Майаҕатта оҕугар дьүөрэлээн оҥорбута". Тимофей Петрович: "Сыырдаах да? Мин Сыырдаахха, Роман Семенович диэн, однополчаниннаах этим, ол баар ду? Миикэ: "Ол мин аҕам, өлүгүн бу ааспыт сайын таалатыттан булан харайбыппыт".         Тимофей Петрович: "Оо, ол иһин даҕаны, кэлин суруйбат буолан хаалта, Дьокускайга кэллэххинэ миигин кытта билсээр, кумааҕы илииһигэр олорор аадырыһын суруйда, чугас табаарыһым оҕото эбиккин, онтон билигин бу күрэххэ хайаан да кыттаҕын, киллэртэриэм, салгыы өссө улахан күрэхтэргэ кыттыахпыт". Миикэ, тренерын кытта күлэ-үөрэ тахсан бараллар. Күрэх саҕаланар, Миикэ улахан күрэххэ бастакытын кыттар, онон долгуйар. Бастакы түһүмэҕи сүрдээх долгутуулаахтык, ортоку эриэкэ түмүктээтилэр. Айаал Петрович оҕолоро бары да бэрткэ кытыннылар. Иккис түһүмэх сарсын ыытыллар. Интернатка баран хоннулар, арай түүн уол түүлүгэр Майаҕатта Бэрт Хараны кытта, тэҥҥэ бултаста. Сарсыарда уһуктан тренерыгар кэпсээтэ, тренера "Ол аата күрэхпит байанайдаах буолар буолбут", диэтэ, Миикэ диэкки күлэн кэбистэ. Кырдьык бу күрэххэ иккис-үһүс түһүмэхтэргэ биирдэ да сыыспакка, Миикэ уол Күрэхтэһии муҥур кыайыылааҕынан ааттаммыта, дьоно истэн үөрбүттэрэ. Уол кыттар кэмигэр, аҕата кыра сылдьан ох саа, оҥорон бэлэхтиирэ, кэлин Охчут Миитэрэй, сөһүргэстээн олорон оҥорбут оҕун уунара, барыта биир чочумча түгэҥҥэ элэстэнэн ааһара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Улуу Хоро» о5унан ытааччылар күрэхтэрин муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанар Михаил Черноградскай.   Игнатий Слепцов-Хайа Тыала
kyym.ru сайтан