Кэпсээ
Войти
Регистрация
ЭМЭХ ДЬОН (кэпсээн). Ааптар - Наталия Рязанская.
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ЭМЭХ ДЬОН (кэпсээн). Ааптар - Наталия Рязанская.
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
30.11.2021 14:39
Дьэ доҕоттоор, олус да үчүгэй, алыптаах ураты кэм кэлбит. Күүтүүлээх Саҥа дьылбыт сүпсүлгэнэ, хаһан да быстан-араҕан биэриэ суох курдук, ахсынньы аам-даам тымныытын арыый уҕарытарга дылы гыммыт. Уулуссаҕа үөрбүт-көпппүт сирэйдээх, бу олохтон дьиктини-кэрэни кэтэһэр сырдык санаалаах дьон ыксыы-саарайа хаамсаллар. Сааһыттан тутулуга суох, киһи аймахха олус да күүтүүлээх бырааһынньык. Били суостаах-суодаллаах хамсыкпыт эрэ, харантыыммыт эрэ. Сааскы-сайыҥҥы омуннаах сэрэхпит букатын да умнууга хааларга дылы гыммыт. Бу күннэргэ хас биирдии киһи дууһалыын чэпчиир, оҕолуу уйан, ыраас, кынаттаах ыра санааҕа уйдарар. Бэл, тугун барытын быраҕан туран, ботуччу харчыны, улахан толкуйа суох, араас кэһиигэ, эҥинэ бэйэлээх бэлэххэ-туһахха туттар. Мин эмиэ дьонтон хаалсымаары, сылга биирдэ буолар дьоллоох түгэнтэн матымаары, оҕобор бэлэх көрдүү сүүрдүм. Хата, тугу бэлэхтиирим чопчу. Уолум наушник баҕарар. Өссө бэҕэһээ “Связной” маҕаһыыҥҥа 20% чэпчэтии, скидка диэни истээт, бүгүн үлэм быыһыгар көҥүллэтэн, тыын быһаҕас тыынан, аналлаах сирбэр тиийэн кэллим. Арай маҕаһыыҥҥа киирбитиим... ааҥҥа дылы тобус-толору уочарат. Этэргэ дылы, общественнай сиргэ барытыгар ирдэнэр, айдааннаах балтараа миэтэрэбит диэн ханан да суох, мэлигир. Консультант уолтан наушник баарын-суоҕун дьон быыһынан үөгүлээн сурастым. Хата, уолум “баар” диэн үөртэ. Хайыахпыный, маскабын харахпар дылы тардынан баран, уочаракка турарга тиийдим. Бачча көҥүллэппин киһи, тиһэҕэр дылы былааммын олоххо киллэрэргэ сананным. Кэнникилэрим кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсин эбит. Син бастаан өрүкүйбүтүм ааһан, уоскуйа быһыытыйдым, маҕаһыын халтарыйар сыанатын, хараҕым төһө ыларынан, үөрэтэн бүтэрдим. Сыыйа иннибэр турар дьону одуулаһан бардым. Хараҕым тута чугас турар оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ хатанна. Чээн, бу кырдьаҕас дьон бачча ыарыы саҕана туох улахан кыһалҕалаах буолан манна кэллэхтэрэй? Ээ, чэ оҕолоругар бэлэх-туһах ыла сырыттахтара. Аата, барыта эргиччи бобуу-хаайыы буоллаҕай. Ол да буоллар хайдах эрэ кырдьаҕастары аһына санаатым. Устунан турарбыттан сылайа быһыытыйдым. Саатар уочараппыт да бытаана. Атахтарым биир-биир накыһан, олорор баҕабын бэркэ улаатыннардылар, сиһим да ыйааһыммын уйбакка, баарын биллэрэн, ыалдьан, аалан барда. Утары дьоммун көрөбүн, үөһэ тыынабын, кинилэрдээҕэр лаппа эдэрбин өйдөөн бөҕөргүү сатыыбын. Дьиҥэр, кыахтаах киһи, бу барахсаттары олордуохха да баар эбит. Саатар, итиитэ да бэрт. Мааскам дэлби сиигирэн, муннубар, айахпар сыһынна, көлөһүн-балаһын аллан, буһуу-хатыы кытаанаҕа буолла. Дьэ ону-маны истэрим, чуорум эбии сытыырхайан, хараҕым баары барытын тэһэ көрөрө күүһүрэн истэ. Кырдьаҕастарбын сыныйан, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, оҕонньор бараан истээх халыҥ баҕайы үтүлүктээх эбит. Онтун сотору-сотору уһулар-кэтэр. Билигин да итинник үтүлүк баар эбит дуу диэн сөҕө санаатым, хайдах эрэ саҥа аллайыах курдук гынан иһэн, туттунан, таах мээнэ сөтөллүбүтэ буолан, көхсүбүн этиттим. Дьон бары соһуйбуттуу мин диэки эргиллэн көрбүттэригэр, кыахтара баарынан тэйэ сатаабыттарыгар, уоспун быһа ытырдым. Арба даҕаны, быстахха былдьанаары, сөтөллөр билигин олус кутталлаах этэ дии. Дьон да “ынырык” кэпсээнигэр киириэххэ сөп. Ким эрэ, ханна эрэ сөтөллө аҕай турара, ыалдьан баран дьиэтигэр сүгүн олорбокко, сараасатын тарҕата сылдьар диэн. Куһаҕантан киһи да күлэр диэн ону-маны саныы-саныы, салгыы дьоммун одууластым. Оҕонньор соно бараан саҕалаах, халлаан күөҕэ дьүһүннээх, ээ, олох да сэбиэскэй кэмтэн сылдьар таҥас эбит дии. Хата, киһиҥ додо курдук таба тыһа этэрбэстээх, хара саһыл кулгаахтаах бэргэһэлээх. Эмээхсинэ кини иннигэр турар. Кылгас андаатар шубалаах, нуорка хорообуска бэргэһэлээх. Бастакы тоҕус уонус сылларга кэлбит нуорка бэргэһэ быһыылаах. Мин ийэбэр итинник баар этэ. Оо, оччолорго ийэм барахсан төгүрүк быһыылаах нуорка бэргэһэни куораттан атыылаһан аҕалан баран, үөрбүтүн эриэхсит. Биһиэхэ букатын да тыыттарбат үлүгэрэ этэ. Үөһэ, ыскаап үрдүгэр, кичэйэн, харыстаан да уурара. Сиидэс таҥаһынан саба сылдьара. Онтубут, бэлиэр, муодаттан тахсан, киһи дьиибэргии көрөр таҥаһа буола охсубута түргэнин. Сотору дьонум туран эрэ тугу эрэ булукунастылар. Ээ, эмээхсинэ хотун эбит. Додо курдук туохха эрэ мөҕүттэр. Оҕонньоро, буруйдаах киһи быһыытынан, умса көрөр. Тайахтанар торуоскатынан сотору-сотору сири тоҥсуйар. Сирэйдэрин-харахтарын өйдөөн көрдөххө, бэрт номоҕон дьүһүннээхтэр. Эдэрдэригэр киһи сэргии көрөр дьоно быһыылаахтар. Оҕонньор сахаҕа ортону үрдүнэн уҥуохтаах, кырыылаах кэтит мунна мааска нөҥүө чоройор, хойуу түрдэстибит хаастаах, дьиктитик көрөр эргэлээх харахтаах. Эмээхсинэ да уурбут-туппут курдук чочуонай сирэйдээх-харахтаах, чоруун чороон курдук чуочайбыт быһыылаах-таһаалаах. - Тэлимнэтимэ диибин ээ, үтүлүгүн иһигэр угун, биитэр миэхэ биэр,-эмээхсин оҕонньорун диэки өтөрү-батары көрөр. - Суох-суох, бэйэм-бэйэм. Итиитэ бэрт ээ, бу үтүлүк иһигэр тутан туруохпун,-оҕонньоро тугу эрэ быыкааны бобуччу тутан турар, онтун сотору-сотору өҥөйөн көрөр курдук гынар. - Тулуйа түс, аата кыра оҕоҕо дылы буолан түһэҥҥин,-эмээхсинэ кыыһырбыт курдук иҥиэттэн кэбиһээт, түҥнэри хайыһар. Сотору дьонум уочараттара тиийэн кэллэ. Эмээхсин кыра радикуль суумкатыттан тыс гына хатанар төгүрүк кумааһынньыгын таһаарда. Ол иһиттэн сүүстүүлээх хас да кумааҕы харчыны ороон, атыыһыт эдэр уолга уунна. - Ханна угаҕытый, мегафоҥҥа дуо, нүөмэргитин этиҥ эрэ. Биэс бырыһыаны тутар,-дии-дии уол бэрт түргэнник талыгыратар. Эмээхсин бэркэ ыгылыйбыт куолаһынан доргуччу, дьон бары истэр гына, төлөпүөнүн нүөмэрин эттэ. Мин бу туран истибиппин-көрбүппүн сөҕө санаатым. Чээн, кырдьаҕастар барахсаттар, бачча ыксалга, төлөпүөннэригэр харчы угаары кэлбиттэр эбит дии. Кыл түгэнэ да буоллар, өй булан, оҕонньору кэнниттэн, сонун сиэҕиттэн тардыалаатым: - Бырастыы гыныҥ, эһиги эмиэ төлөпүөҥҥүтүгэр харчы угаҕыт дуо?-диэн өрүсүһэ былаастаан ыйыттым. Арай оҕонньорум соһуйан ходьох гынна уонна хайдах эрэ мин диэки көрбөккө, мээнэнэн мэлээриҥнээтэ, олуонатык туора хайыста. Эмискэ этим тымныйан, дьар гына түстэ. Пахай... олох даҕаны киһим көрбөт, хараҕа суох эбит дии. Ол да буоллар, уолуйбуппун биллэрбэккэ, аргыый аҕай: - Туох... көрүҥ эрэ, мин сбербаан онлайн диэн төлөпүөммэр сыһыарыы баар. Ол онон эһиэхэ харчы угуом. Бырыһыана суох. Ол аата харчыгыт бүүс-бүтүн киирэр. Инньэ да диэбиппэр оҕонньорум мулук-халык тутунна, бэргэһэтин өрө анньынан муннун мускунна, саарбаҕалаабыт курдук, хоруй биэрбэккэ, биир сиргэ тэпсэҥнээтэ. Арай кэннибитигэр турар дьон аймана түстүлэр. Сбербаан онлайн сыһыарыы туһунан бэрт элбэҕи оҕонньорго үрүт-үрдүгэр быһааран кэпсээтилэр. Мин иннибэр турар эдэр киһини бэйэм уочараппар быһа киллэрдим. Хайаан да бу дьоҥҥо, кыра да буоллар, көмөлөһөргө сананным. Биһиги мучумааммытыгар эмээхсинэ эмиэ тиийэн кэллэ. Дьон аймалҕанын быыһыгар сыныйан, мин сирэйбин-харахпын тонолуппакка одуулаһар. - Биэр эрэ, харчыгын бу оҕоҕо, уктун. Киирэрин-киирбэтин билигин көрүөхпүт, -диэтэ. Бөөччөх курдук хам тутуллубут, бүтүннүү көлөһүн буолбут үс мөһөөҕүн кытта, быыкаа илиис оҕотугар суруллубут төлөпүөнүн нүөмэрин оҕонньор миэхэ уунна. Мин сып-сап сбербааным нөҥүө тустаах сиригэр харчытын ыыта оҕустум. Ол кэннэ оҕонньорум бэрт өр бодьуустаһан, моонньугар иилинэ сылдьар хара дэрэбээскэ төлөпүөнүн сонун иһиттэн хостоон таһаарда. Онтон төлөпүөнүгэр смс кэлэн тылыгыраабытыгар, харахтаах киһитигэр, эмээхсинигэр сып-сап биэрдэ. Биирдэрэ харчы киирбитин көрөн саҥа аллайда. Онтон иккиэн тэҥинэн үөрэн, мааска нөҥүө сирэйдэрэ сырдаан, сэгэс гына түстүлэр. Миигин туох да сатабыллаах сүдү киһи курдук сыаналаан, махтал-баһыыба тылларын үрүт-үрдүгэр эттилэр. Кэннибэр турар саас ортолоох дьахтар онуоха: - Бу билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ хас биирдии киһиэхэ маннык баар буолуохтаах. Бачча ыарыы саҕана кырдьаҕас дьон дьиэҕитигэр да олоруо эбиккит. Варвара Ивановна, оҕолоргут, сиэттэргит тоҕо укпаттар? Бачча тымныыга даҕаны, улахан кыһалҕата суох киһи таһырдьа быкпат күнэ-дьыла,- диэтэ. - Ээ, биһиги оҕолорбут аттыбытыгар суох буоллахтара. Марина угуо эбитэ буолуо да, Москваҕа олорор, ырааҕа бэрт. Сатаан эрийэн да кэлбэт. Элбэх харчыны ылар диир, туох эрэ руомуна атын үһү, -диэн баран Варвара Ивановна дэппит кырдьаҕас курустук үөһэ тыынна. - Оттон уолуҥ, сиэннэриҥ?-дьахтар тоокколоһон баран хаалар киһи буолла. - Ээ, Уйбаанчык дуоһунастаах киһи куруук солото суох аатырар. Сиэннэрбит букатын да кэпсэппэттэр, түөһэйбит дьону кытта. Саатар күүлэйдии да кэлбэттэр. Дэриэбинэҕэ, оскуолаҕа киириэхтэриттэн, тахсыбаттар, сайдыыта суох сиргэ олороҕут дииллэр. Баһылай, чэ дьиэлиэххэ, -диэн баран эмээхсин кыбыстыбыттыы, оҕонньорун уҥа илиититтэн тардыалаата. Оҕонньоро эмиэ буруйдаах курдук, үүтүн тохпут оҕолуу, умса тутунна. - Биһиэхэ, туох да туһата суох, эмэх дьоҥҥо, кыһамматтар буоллаҕа. Балбаара, саарпыкпын ыга баай эрэ, көр, сөпкө тимэхтэммиппин дуо? -диэбитинэн кэргэнин иннигэр чөкөллөн тураахтаата. Кэпсэтии манан бүттэ. Эмээхсин оҕонньорун сирэйин тууна баайан, таҥаһын-сабын көннөрөн, иккиэн бэрт истиҥник тутуспутунан батыаккалаһан, аргыый аҕай кыараҕас маҕаһыынтан тахсан бардылар. Кэннилэриттэн тумарык туман оргуйан киирэн иһэн ааҥҥа тута уостан хаалла. Биир кэм аймана турбут дьон бары саҥата суох бардылар. Арай бэрт дьикти чуумпуну үрэйэн: - Көр, ити Варвара Ивановна барахсан уруккута учуутал. Кыыстаах уолун олус да маанылаан, атаахтатан ииппитэ. Бэйэлэрин көрүммэккэ, биир уоппуска диэни үчүгэйдик билбэтэх, сынньамматах да дьон. Эмээхсин сылын ахсын, кыанар эрдэҕинэ, сайынын оҕуруот аһын үүннэрэн атыылыыра. Оҕолорбут ол оннугар кыра эрдэхтэриттэн соҕуруунан-хотунан сылдьыбыттара, үөрэҕи эрэ өрө туппуттара. Ити кэргэнэ Баһылай олоҕун тухары пуочтаҕа суоппардаабыта. Барахсан, ээҕи кытта сылдьар, сүрдээх көнө майгылаах киһи. Хараҕынан көрбөт буолбута уонча сыл буолла. Эрдэ эпэрээссийэлэммитэ буоллар, харахтаах хаалыахтаах этэ диэн быраас эдьиийим кэпсиирэ. Ону, дьиҥэр, харчыларын дуомун мунньан баран, уоллара дэлби хаайан, оҕолоругар куоракка дьиэ ылбыттара. Ол бэйэлээхтэрэ билигин ийэлээх аҕаларыгар букатын кыһамматтар, кэлэ да сылдьыбаттар. Кырдьаҕастар бэйэлэрэ эрэ олороохтууллар. Дьэ, сүрдээх да баҕайы, - диэн кэннибэр турар дьахтарым төп-төгүрүгүнэн күлтэччи көрө-көрө, биир тыынынан кутан кэбистэ. Мин туох диэхпин билбэккэ, күөмэйбин туох эрэ кыбыс-кытаанах бүөлүү анньан, саҥата суох тылбыттан матан турдум. Санаам буолбакка, уочаратым кэлбитигэр, сыыр намыһахтыы, атыыһыт уолга: -Ити кырдьаҕас дьоҥҥо бырыһыана суох сатаан укпаккын дуо?-диэн өс саҕа буолан улахан соҕустук ыйыттым. -Суох буоллаҕа, мин үлэм оннук. Ити кырдьаҕастар сотору-сотору кэлэн уктараллар. Кинилэр эрэ уонна буолбатах. Итинник уктарар кырдьаҕастар бааллар ээ. Тугу ылаҕыт?-диэн уолум быһа түһэн утары ыйытта. Мин салгыы туох да диэбэккэ, кэлбит сүрүн сыалбын-сорукпун толорон, уолбар баҕалаах наушнигын атыыластым. Ол эрээри оҕом ыратын ситистэрбин да, үөрүөх-көтүөх санаам кэлбэтэ. Маҕаһыынтан тахсарбар халлаан номнуо киэһэрбит, борук-сорук буолбут этэ. Туман эбии хойдон, арҕааттан сытыы тыалырбыт. Тымныыбыт эбии тэбиэһирэн, олус сүрдэммиккэ дылы. Ханна эрэ ыттар охсуһар, биир кэм кырыктаахтык хадьырыйсар, ырдьыгынаһар саҥалара иһиллэр. Мин ыксыы-саарайа киэҥ уулусса устун хааман бардым. Арай ойоҕос, кыараҕас хараҥа уулуссаҕа киириигэ, халтарыйан охто сыстым. Хатаннык кыланаат, лаампа суоҕар мөҕүттэ-мөҕүттэ, атаҕым тумсунан сирдэтэр аакка бардым. Эмискэ инним сырдыы түстэ. Эмиэ өмүрэммин хаһыыра түстүм. Хантан сырдык кэлэрин билээри үөһэни кыҥастастым. Арай хараҕым аат эрэ харата кылаҥныыр лаампа уотугар хатанна. Онтон сыыйа аллара түстүм. Өйдөөн көрбүтүм, уот баҕаната тирээбил мастаах, алларата улаханнык эмэҕирбит, кыҥнайан, сууллара чугаһаабыт эбит. Мин тоҕо эрэ, оройго бэрдэрбит курдук тохтоон, чочумча таалан хааллым. Онтон чуо-бааччы инним диэки хардыылаатым. Ахсынньы ый дьыбарын аахсыбакка, илиибин өрө уунан, баҕана сырдык уотун одууластым. Тоҕо эрэ олоххо тардыһар сүдү күүһү таайаардыы, өр соҕус, саҥата суох соҥуоран, үөһэни көрөн, хантайан турдум.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан