Кэпсээ
Войти Регистрация

“Иччилээх мас” баарын билэҕит дуо?

Главная / Кэпсээн арааһа / “Иччилээх мас” баарын билэҕит дуо?

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
22.03.2018 17:19
Саха тыла баай. Ол эрээри, аныгы үйэ ыган, саха тыла күн-түүн өлөр-тиллэр хапсыһыыга сылдьар курдук. Урукку өбүгэлэрбит хас эмэ үйэлэр тухары туттубут тыллара умнуллар, оттон сахалыы саҥа тыллар толкуйдамматтар, айыллыбаттар. Холобур, билигин ардьаах, сутуруо, оһох хорото, чабычах, симиир, моойторук, саары, этэрбэс, балтарык диэн курдук тыллары туттуоххун баҕарбытыҥ да иһин, ол маллар бэйэлиин мэлийбиттэр. Ол оннугар аныгы сайдыы тыллара: көмпүүтэргэ, электроникаҕа, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах хас эмэ тыһыынчанан саҥа тыл тоҕо тибэн киирэ турар. Ону барытын саха тыла кыайан буһарар, илдьиритэр кыаҕа да суох балаһыанньаланна. Дьон ол саҥа тыл төрдүн-төбөтүн ырыҥалыы барбакка, хайдах баарынан ылан туһанан барар. Син ол тэҥэ, саха духуобунай өйдө­бүллэрэ эмиэ умнулла быһыытыйда. Өбүгэлэрбит этэллэринэн, “оннооҕор от атах уол иччилээх” диэн. Ол эбэтэр, бу орто дойдуга айыллан оҥоһуллубут мал-сал, үүнээйи, киһи-сүөһү барыта иччилээх. Холобур, былыргы сахалар сыһыыга, хонууга ойдом турар, уопсайынан “ханна баҕарар” да диэххэ сөп, уратытык үүммүт, аһара улахан, туох эрэ бэлиэлээх, киһи хараҕар быраҕыллымтыа маһы ытыктыы, сүгүрүйэ көрөллөрө. Бу маска хайаан да дойду (аартык, тоҕой, сыһыы) иччитэ хорҕойон, саһан олорорун курдук саныыллара. Маннык маһы, биллэн турар, аньыырҕаан тыыппаттара, аттыгар кэлэн айдаарбаттара. Эгэ кэлэн, кэрдиэхтэрэ дуо! Оннук ураты мастары былыр ойууннар кэрэххэ туһаналлара (кэрэх мас диэн, судургутук, ханнык эрэ ыарыыттан-сүтүүттэн толук туттаары өлөрбүт ынахтарын-сылгыларын тириитин ыйаабыт мастарын аата. Ол маска ыйаммыт “куочай” диэн уһуктаах мас ол “бэлэх” хайа дойду абааһыларыгар анаммытын чопчу ыйан турар), сорохтор бу маска хайаан да үтүө иччилэр олороллоругар бүк эрэллээх, бэлэх-туһах ыйаан Ытык мас оҥостоллоро, сүгүрүйэллэрэ. Дьокуускай куорат Лермонтов уулуссатын бүтэр уһугар, “Гимеин” диэн дьикти ааттаах тохтобул таһыгар, Ийэ скверэ баар. Улахан пааматынньыктаах. Баҕар, ким эрэ өйдөөн көрбүтэ буолуо, ол сквер утары, уулусса кытыытыгар хатан хаалбыт соҕотох бэс турар. Өссө 2011 сыллаахха, уулуссаны саҥардан оҥоро сылдьар дьон бу маска кэтиллэ түспүттэр. Суол оҥоһуутун бүөлээн турар маһы, биллэн турар, кэрдэн ылан быраҕан кэбиһээри гыммыттар. Ол эрээри, туох эрэ имнэнэн, тохтообуттар. Дьиҥинэн, суолу оҥорооччулар диэн оннооҕор буолуоҕу суулларбыт-сууһарбыт, алдьаппыт да, оҥорбут да бойобуой дьон буоллахтара. Сэрэйдэххэ, атын омук дьоно эҥин буолуохтарын сөп. Быһата, бэйэлэрэ кэрдэн кэбиһиэхтэрин илиилэрэ барбатах. Ол иһин саха абааһытын эҥин туһунан туох да өйдөбүлэ суох туора омук дьонун наймыылаһан кэртэрэ сатаабыттар да – анарааҥҥылара эмиэ куттаммыттар. Кырдьыга да, “туох эрэ куһаҕаннаах буолан бэйэлэрэ кэрдибэккэ, биһиэхэ кэртэрэ сатыыллар” диэн уорбалыы санаатахтара. Ол курдук, хас да атын бөлөх дьон харчы да манньаҕа кэрдэртэн кыккыраччы батынан кэбиспиттэр. Ким да туһааннаах кэмин иннинэ өлүөн-сүтүөн, ыарыһах буолуон уо.д.а. баҕарбатах. Суолу оҥорооч­чуларга, эбиитин, ким эрэ “былыр манна саха төрдө буолбут Эллэй, Омоҕой эҥин олорбут буолуохтаахтар. Кинилэр Сайсары күөл соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр
олорбуттара дииллэрэ” диэн сырдаппыт. Инньэ гынан, мас туран хаалбыт. Суол кинини тумнан, арыылаан ааспыт. Дьокуускай куорат олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Е. Слепцова санаатын бу курдук этэр: – Былыр манна син элбэх бэс үүнэн турбута. Бу бэс кинилэртэн олох ойдом, кытыыга турара. Олохтоохтор маска кэлэн сороҕор салама ыйыыллара. Онтон сэбиэскэй былаас саҕана, араас өҥнөөх саламаны ыйыыр туһунан дьон умнубута. Ол эрээри, бу маска дьон син биир уратытык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Холобур, мин бэйэм бу кырдьаҕас маска чугаһыахпын куттанабын, оҕолорбор, сиэннэрбэр даҕаны инньэ диэн сүбэлиибин. * * * Уопсайынан ыллахха, Дьокуускай кырдьаҕас да олохтоохторо чуолаан бу мас туһунан ханнык да былыргы номоҕу, ураты сэһэни билбэттэр. Бу маска ким да туох эрэ дьикти бэлиэни көрбүтэ дуу, бу мас кимиэхэ эрэ үчүгэйи-куһаҕаны оҥорбута дуу диэни киһи истибэт. Хаппыт мас турар да турар. Аныгы сахалар “ити мас турдаҕына турар буоллаҕа, суулуннаҕына да сир-халлаан сиҥнэн түһэрэ биллибэт” диэн бөлөһүөктүү саныыр буолуохтаахтар. Ол эрээри, кэлин бу маһы суолу оҥорооччулар тумнан ааспыттарын, кэлин, эбиитин күрүөлээбиттэрин кэннэ дьэ дьон болҕомтото хатаммыт буолуон сөп. Онуоха эбии бу эргин кимнээх эрэ маһы “абааһылаах үһү”, “ити маска чугаһаатыҥ да ыалдьар үһүгүн”, “оннооҕор суолу оҥорооччулар куттанан тумнан ааспыттара” эҥин диэн сүрдээх-кэптээх сурахтары тарҕаппыттара. Онон, быһата, суолу оҥорооччулар тумнубуттарын эрэ кэннэ бу мас “урукку боростуой олоҕо” уларыйан, мааныга-далбарга, ытыктабылга, сүгүрүйүүгэ тиксибит курдук. Бу мас, өскөтүн этэллэрин курдук абааһылаах да эбит буоллаҕына, ону ханнык да учуонай анаан үөрэтэ, бигэргэтэ илик. Быйыл бэс ыйын 5 күнүгэр Сайсары күөл үрдүгэр турар маска “Харысхал бэлиэтэ” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Бу тэрээһини “Русский Север” диэн пуонда бэрэсидьиэнэ Юрий Григорьев тэрийбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, “Русский Север” диэн нуучча дьонун түмэр уопсастыба. Атыннык эттэххэ, биһиги, сахалар, маспытын, “саха омугун духуобунаһыгар суолталаах” диэн нуучча дьоно көмүскэһэ сылдьаллар. Кинилэр бу ураты маска болҕомтону туһаайар наадатын, кырдьаҕас мас норуот устуоруйатыгар улахан оруоллааҕын туһунан этэллэр уонна анал ааты иҥэриини туруорсаллар. Юрий Григорьев, “бу маска “мас пааматынньык” аата иҥэриллэрин биһиги салгыы туруорсуохпут” диир. Бу маһы көмүскэһиигэ иилээччи-саҕалааччы быһыытынан сылдьар Андрей И., Арассыыйаҕа барытыгар биллэр чинчийээччи, санаатын бу курдук кэпсиир: – Бу устуоруйаҕа суолталаах мас туһунан хас биирдии киһи билиэхтээҕин учуоттаан туран, биһиги түмсүүбүт, хаһыат, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа үлэһиттэригэр мунньан, субуотунньук тэрийбиппит. Маннык улахан суолталаах мас баарын туһунан олохтоохтор билбэттэр. Дьиҥэр, хас биирдии киһи бэйэтин олорор дойдутун устуоруйатын эндэппэккэ билиэхтээх этэ буоллаҕа. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу тэрээһиммитигэр олус аҕыйах киһи кытынна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр араас омук дьоно бөҕө кэлэн бараллар. Саҥа куоракка кэлбит киһи, үгэс курдук, “бу куораккытыгар туох ураты, бэлиэ сирдээххитий?” диэн ыйытар. Онно мин түмэллэри, пааматынньыктары көрдөрөн баран, кырдьаҕас
ойуун маһа баарын туһунан эттэхпинэ, киһи барыта өрө көрө, сонургуу түһэр. “Айабыын, оннук баар эбит дуу!” – диэн буолар. Бу маһы судургутук “ити туох да иччитэ суох мас” диэн баран сапсыйан кэбиһэр чэпчэки. Бу мас баар, турар уонна салгыы да туруоҕа. Кырдьык, ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыттарга олохтоох норуот устуоруйата, бэлиэ миэстэлэрэ болҕомтону тардар бөҕө буоллахтара. Өссө бу маһы туох да сиэрэ-туома суох кэрдэн ылаары гыммыттара. Оннук табыллыбат буоллаҕа дии?! Норуот устуоруйата симэлийэн сүтүө суохтаах, ол туһугар нуучча-саха диэн арахсыбакка бары бииргэ үлэлэһиэхтээхпит. Бу мас пааматынньыгы көмүскүү сылдьар дьону кытта кэпсэтэн баран, саха итэҕэлигэр сыһыаннаах, куорат устуоруйатын үчүгэйдик билэр дьоҥҥо төлөпүөннээн кэпсэтэ сатаатым. Ону баара, биир да киһи болҕомтотун уурбата. “Ханнык маһы этэҕиний? Оннук мас баар дуо?” – диэн төттөрү бэйэбиттэн ыйыталаһаллар. Сорохтор “ээ, ол маһы этэҕин дуо?” диэн аахайбатахтыы этэн баран бу кэпсэтиибитигэр интэриэстэрэ тута уостар. Быһата, билбэт мастара эбит. Дьэ, Дьокуускай куорат кытыытыгар турар биир Ытык Мас туһунан устуоруйабыт итинэн бүтэр. Кырдьык, бу мас урукку өттүгэр атын кэккэлэһэ мастартан туох да ураты айдарыыта, аба-хомуһуна суох да эбит буоллаҕына... Билигин кини – дьиҥнээх Ытык Мас. Ону кини аттыгар силигилээн турбут хара тыа барыта кэрдиллибитин кэннэ собус-соҕотоҕун ордон хаалбытынан, суолу оҥорооччулар сүгэлэриттэн-эрбиилэриттэн бэйэтин ис кыаҕынан, Үрдүкү Айыылар көмөлөрүнэн төлө көппүтүнэн, оннооҕор буолуоҕу солообут суол тиэхиньикэтэ барыта кинини тумнан, суолу өҕүлүннэрэн туран арыылаабытынан, эбиитин, кинини бэлиэтии көрөн ханнык эрэ үтүө дьон күрүөлээбиттэринэн, пааматынньык оҥорбуттарынан. Маннык чиэскэ мас эрэ барыта тиксибэт. Улуу, иччилээх мастары эрэ маннык ураты дьылҕа күүтэр. Онон, сылдьыҥ, сүгүрүйүҥ, ытык­тааҥ! Екатерина АФАНАСЬЕВА.
kyym.ru сайтан