Кэпсээ
Войти Регистрация

КИЙИИТ (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / КИЙИИТ (кэпсээн)

K
kyym.ru сайтан Айымньы
19.11.2021 17:38
 ()Ыас хараҥа түүн сири-дойдуну кууһан, сулустарынан дьиримнээн, иһийэн турар. Мырааны дабайан тахсыбыт массыына фарата ыраахтан уота көстөр. Бүгүн Сиидэрэптэр дьиэ-кэргэҥҥэ долгутуулаах күн - соҕотох, мааны уоллара кийиит сүктэрэн, айаннатан иһэр. Дэриэбинэ тутаах ыала - үс оҕолоох, үрдүк дуоһунастаах, хамнастаах, кыахтаах дьон. Үгүс дьон кэтии-маныы сылдьара: «Дьэ, хайа эрэ кыыс мааны кийиит буолан кэлэр», - диэн. Ол эрэн, уоллара ыксаабат курдуга, үөрэҕэр умса түһэн сылдьара. Биирдэ эмит төлөпүөнүнэн дьонугар эрийдэҕинэ ийэтэ үөрүүтүттэн уйадыйыар диэри дьоллоноро. Ыал бастакы, соҕотох уола буолан олус мааныланан иитиллибитэ. Икки балта кини кэннэ алта сылынан утуу-субуу төрөөбүттэрэ. Иккиэ буолан бэйэлэрэ-бэйэлэригэр сылдьан улааппыттара, олус тэһийэллэрэ, ханна да буоллуннар өрүү бииргэ суксуруһаллара. Арай убайдарын тоҕо эрэ туора көрөллөрө, хаһан да: "Убаай", - диэн ааттаан ыҥырбаттара. Сыл-хонук ааһан, оҕолор улаатан, бу бүгүн дьэ, күүтүүлээх кийиит кыыс айаннаан иһэр. Ийэлэрэ Прасковья Ивановна хара сарсыардаттан долгуйа түбүгүрдэ, дьиэтин иһин, муостатын хос-хос сууйда-тараата. Кыргыттарын көмөҕө ыҥыра сатаата да, хосторуттан биирдэ да быган абыраабатылар. Күнү быһа мээнэ тэйбэҥнэстилэр, эмиэ биир мааны оҕолор. Ийэлэрэ: "Оо дьэ, бу кыргыттары даа, туора дьон маннык көмөтө суох таах сытаргытын көрөрө буоллар, наһаа да кыбыстыам этэ, сатаан ииппэтэхпин быһылаах", - диирэ кэлин элбээбитэ. Күүттэххэ бириэмэ уһунун, түүн оройо буолбут эбит. Таһырдьа массыына тохтообут тыаһа иһилиннэ. Эмискэ аан аһыллаатын кытта туманы бүрүммүтүнэн уоллаах кыыс киирэн кэллилэр. Дэлэй астаах сандалы остуол тоһуйда. Дьиэ иһэ уурбут-туппут курдук толору маллаах, аныгылыы баай миэбэллээх. Сырдык уоттаах люстра остуол үрдүгэр ыйаммыт. Дьиэлээх хотун сойбут чаанньыгы хос сылыта уурда. Көрдөххө эдэрчи көрүҥнээх, сытыы харахтаах дьахтар төбөтүгэр эриммит солко былаата бэйэтигэр наһаа барсар эбит. Улахан сахалыы көмүс ытарҕата күлүмүрдээн олорор. - Хайа дьэ, киириҥ, уһуннук да айаннаатыгыт, суол хайдаҕый? - диэн уол ийэтэ туоһулаһа тоһуйда. - Суол бэрт бөҕө, көннөрбүттэр. Аара массыынам моһуоктаан, оҥоһуннубут, онон кыратык тардыллан хааллыбыт. Хата, Нарыйам баар буолан томмотум, - дии-дии кыыс диэки көрөн, мичиҥнээн ылар. - Папа ханна баарый? Кыргыттар утуйа сыталлар дуо? -Аҕаҥ бүгүн хоту командировкаҕа барбыта. Уонча хонугунан кэлиэхтээх. Кыргыттар тахсаллар ини, хосторугар бааллар, утуйа иликтэр этэ. - Здраствуйте! - чугдаарбыт куоластаах икки эмдэй-сэмдэй кыргыттар улаҕаа хостон куукунаҕа тахсан кэллилэр. Кылгас, солко халааттара имиллэн хаалбыт, баттахтара арбайа ыһыллыбыт. Саҥа утуйан турбут дьон курдук көрүҥнээхтэр. Дьааһыйан ыла-ыла кийиит кыыс диэки кылап-халап көрөллөр, атаҕын таҥаһыттан бэргэһитигэр диэри сыныйан ылаллар. - Билсэн кэбиһиҥ, бу мин Нарыйам, - уол балтыларын, ийэтин диэки туһаайан, мичээрдээн ылар. - Чэйиҥ, чэйдиэҕиҥ. Бэйэтэ билиһиннэрэр ини тугун-кимин, - диэтэ дьиэлээх хаһаайка. Итии чэйи көмүс кылдьыылаах, бүтүннүү дьэрэкээн оһуордаах чааскыларга кутуталаата. - Үүттүүбүн дуо, хайдах чэйи иһэр кыыскыный? - Прасковья Ивановна уһун тыҥырахтаах тарбаҕа көһүннэ. - Хайдаҕы баҕар иһэбин, үүттээх да буоллун, - кыыс симиктик, иһин түгэҕиттэн сыыйан таһааран саҥарда. Айаал балтылара кыыһы тонолуппакка утары көрөн олороллор. Санаатыгар сытыы харахтара кинини курдары көрүөх курдуктар. Оттон Айаала тугу да аахайбакка ийэтин кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, чэйдээн киирэн барда. Нарыйа кыбыстан нэһиилэ олорорун өйдөөн көрбөтө. - Туох дьонноох, ааттаах-суоллаах кыыскыный, кэпсээ? - ыал ийэтэ чэйин ньуоскатынан буккуйа-буккуйа ыйыталаһа олордо. - Устудьуоҥкабын, үөрэхпин бүтэрдэхпинэ музей үлэһитэ буолабын. Аҕам оскуолаҕа харабыллыыр, ийэм эмиэ оскуолаҕа үлэлиир. - Учуутал дуо? - Суох, муоста сууйар. - Ээ сөп, - Прасковья Ивановна ньуоскатын тыастаахтык остуолга уурда, кыргыттара бэйэ-бэйэлэрин ойоҕоско тоҥолохтоһон, бэтиэхэлээхтик көрсөн ыллылар. - Онтон ким да интэриэһиргээбэт да, хайдах, ханна биһи билсибиппитин? - Айаал үөрбүт сирэйдээх дьонуттан ыйытта. Кыргыттар күлсэн ыллылар, ийэлэрэ саҥарбат, итии чэйин сыпсырыйан, испитэ буолла. - Ийээ, кэпсиибин? - Суох чэ, чаас ыраатта, утуйуоххайын. Сарсын да күн үүнүө, сылайдым, - диэт остуолтан туран хоһугар барда. Кэнниттэн кыргыттара "сылыпыс" гынан хааллылар. - Нарыйаа, туох буоллуҥ? Туохтан эрэ санаарҕаабыт курдук сирэйдээххин, - Суох, үчүгэйбин, - Көстөр дии, кубарыйан хаалбыккын, - Сылайан, утуктаан буолуо, - кыыс мичээрдээн ылла. - Чэ, оччоҕо утуйуохха, - Нарыйатын сылаастык хам кууста. Сарсыардааҥҥы сонуннаах араадьыйа саҥатын быыһыгар Айаал ийэтин куолаһа куукунаттан иһиллэр. - Дьэ, булан-булан биһиэхэ түбэспит. - Дии. Даже шубата искусственнай, - биир балтыта хардарар, - Мне она тоже сразу не понравилась, - хайа эрэ балта саҥарар. - Дьоҥҥо быраас эҥин кийиит кэлэр ээ, биһиэхэ музей үлэһитэ буолаахтаан. Туохха наадалааҕый дьэ ол? Аны дьоно! Оо, дьэ, хаарыан уолбун иирдибит, - диэн айманна Айаал ийэтэ. - Да, у нее родители простолюдины. И лицом не вышла, саатар кыраһыабайа буоллар туох да диэм суоҕа этэ, - диэн күлэ-күлэ эппиэттэстэ биир балта. Айаал күн ортото уһуктубута туумбаҕа сурук сытар: "Миигин көрдөөмө, умун. Дьоллоох буол. Нарыйа." Айаал суругун туппутунан хоһуттан ойон тахсар, ийэтэ куукунаҕа тугу эрэ гына сылдьар эбит. - Ийээ, Нарыйа ханна баарый? - Ону мин хантан билиэмий? Эн Нарыйаҥ дии. Маарыын ааны хайа быраҕан, куотан эрэрдии ыстанан тахсыбыта. Дорообо-быраһаай суох оҕото. Дьэ булан-булан туох да культура иҥмэтэх кыыһын аҕалбыккын дии бэйэҥ даҕаны! - Эн билбэккин кинини ийээ, кэбис, инньэ диэмэ, - уол сонун үрдүгэр түһэр, - Хайа, ханна бардыҥ? Көрдүү сүүрдүҥ да? - Оннук. Кинитэ суох мин сатаммаппын, - диэт таһырдьа ойор. - Эчикийэ! Наһаа дии! Сатаммаппын буолан. Кининэн кыыс бараннаҕай, - Прасковья Ивановна уоскуйбат, саҥата хам буолбат. Борустуой дьон оҕото диэн кыыһы ахсарбата. Аҕалара баара буоллар туох диэ эбитэ буолла. Күн киирэн, халлаан хараҥаран киэһээҥҥи күөс буһан остуолга хоторуллан турар. Прасковья Ивановна кыргыттарынаан Айаалы кэтэһэ таарыйа тэлэбииһэр иннигэр дьыбааҥҥа сыталлар. - Кэбис чэ, аһыаххайыҥ, бу уол хойутаата. - Ийээ, ханна барбытай Айаал? - Нарыйатын көрдүү сүүрбүтэ, көстүбэтэҕинэ да киһи улаханы сүтэрдим диэбэт кыыһа. Сырыттын чэ, сотору кэлиэ, ханна барыай. Буоларын курдук буолар-буолбаты сэлэстилэр, күллүлэр-үөрдүлэр, Айаал хайдахтаах курдук аймана сылдьарын өйдөрүгэр да оҕустарбакка олороллор. Түүн ааһыыта, сарсыарда диэки таһырдьа хаарга атах тыаһа иһилиннэ. - Бай, уолум кэллэҕэ дуу? - диэт Прасковья Ивановна халаатын анньынна, куукунаҕа таҕыста. Кырдьык да уола Айаал эбит, этэрбэһин уста турар. - Хайа бу тугуй? Сирэйгин ким көҕөртөй? Холуочуйбуккун дуу, арыгы сыта кэлэр, - Ийээ, тугу да ыйытыма, мин утуйа бардым, наһаа сылайдым. - Дьэ аҕаҥ кэллэҕинэ тоскун ыларыҥ буолуо! Айаал аат эрэ харата нэһиилэ тэйбэҥнээн, хоһун диэки ааста. - Саҥа күн тугу аҕалыай? - диэбиттии Прасковья Ивановна араадьыйатын холбоон, түннүгүнэн таһырдьаны одуулаан, биир сири тонолуппакка өр көрөн турда. Онтон чаанньыга оргуйан, өйдөнөн кэлбит киһилии хамсанан барар. - Ийээ, уолуҥ турбат дуо бу? Ыалдьыбыт дуу? - улахан кыыһа Анфиса үөннээх куолаһынан чаҕаарар. - Уолуҥ диэ, убайыҥ эбээт! Эҥин-араастаан киһи оҕотун саҥаран көр эрэ, ыалдьыбыт дуо дии-дии! - ийэлэрэ иһитинэн тамнааттанан, тыастаахтык остуолун тардан барар. - Наар уолгун эрэ көмүскэһэҕин. Биһи эйиэхэ куруук иккис миэстэҕэ сылдьабыт. Урут уруккуттан Айаалгын эрэ ордук күүскэ таптыыгын. - Тыый доҕор! Аны хара сарсыардаттан ийэҕин кытта этиһэрдии оҥостон турбуккун дии! Бар хоскор! Көр да маны! Эбии буолан! Кыыһа сирэйин саба туттаат ытаан барар. Онуоха кыра кыыһа Алената түгэх хостон хаһыытыыр: - Туох буолан бурайыстыгыт?! Ийээ, эн Анфисаны мөҕөн бүт эрэ! Уолгун хата кэтээ, перегарын сыта ынырык дии! - идэтинэн эдьиийин куруутун көмүскэһэр кыра кыыһа бүгүн да туора турбата. Чахчы да уолларын ордук чорботоллорун кыргыттара билэллэр эбит. Ол иһин да улаатан, өйдөнөн истэхтэрин аайы убайдарыттан тэйэ туттар буолан барбыттара. - Хайа нокоо, турбаккын дуо сыллыай? Эбиэт буста, эн сөбүлүүр аскын буһардым, - Прасковья Ивановна уолун сүүһүттэн имэрийэ-имэрийэ намыыннык, сэрэнэн саҥарар. Уола сүрэҕин туттан сытар эбит. Сирэйэ кубарыйан хаалбыт. Тыынара тыын былдьаһар курдук, салгын ылан ынчыктаан ылар. - Оо, бу тугуй?! Ыарыйдыҥ дуо тоойуом, саҥарыый?? - уу-хаар баспыт сирэйдээх ыал ийэтэ хостон сүүрүүнэн кэриэтэ ойон тахсан төлүпүөн үрдүгэр түһэр - Алло! Скорая? Примите срочно вызов! - өр-өтөр күүттэрбэккэ суһал көмө массыыната тигинэтэн кэлэн уолу наһыылканан көтөҕөн илдьэ бараллар. Уһун, хараҥа түүнү саҥа күн солбуйар. Прасковья Ивановна кэргэнигэр телеграмма охсон, бу сарсыарда вертолетунан аҕалара көтөн кэлээт уолугар балыыһаҕа, хирургия отделениетыгар ыстанна. Чуубугурас кыргыттар кытары кэлэн олороллор. Саҥаларыттан матан им-ньим баран олордохторуна быраас тахсан кэлэр: - Ийэтэ уонна аҕата миигин батыһыҥ эрэ, - үрүҥ халааттаах эр киһи түргэн-түргэнник үктэнэн көрүдүөр устун батыһыннарда. Ыксаатахха коридор уһунун. - Чэ, киириҥ, - диэн сирдээн палатаҕа киллэрдэ. Арай көрбүттэрэ - уоллара маҥан бырастыынанан бүрүллэн хос ортотугар сытар эбит. Түөһүн ортотунан хайытан баран хам тигэн кэбиспиттэр. - Оҕобуун! - итиччэлээҕи көрөн баран ийэ киһи ытаан тоҕо барар, -Бырастыы гыныҥ, туох-баары барытын оҥоро сатаатыбыт. Бу сарсыарда 08:20 сүрэҕэ тохтоон хаалла. Эпирээссийэни тулуйбата. - Ыый-ыый ыыйбыан даа! Бу кэннэ хайдах дьон буолабыт?! Соҕотох уолбутун сүтэрдибит! Аны ким биһи ааппытын салҕыыр? - Истиҥ эрэ, бу сарсыарда сотовайыгар СМС кэлбитэ, онно маннык диэн суруктаах этэ: "Айаал, оҕобут уол үһү. Эн ааккын биэриэм. Нарыйа." - Нарыйа диэн кимий? -Кийииппит... САРДААНА
kyym.ru сайтан