Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булчут санаата... (хоһооннор). Ааптар - Даҕанча
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булчут санаата... (хоһооннор). Ааптар - Даҕанча
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
18.11.2021 11:47
Сэтинньи ый - Байанай ыйа. Ааҕааччы болҕомтотугар булка сыһыаннаах бэртээхэй хоһооннору таһаартыыбыт. Ааптар – Даҕанча. Булчут санаата... Турабын эмпэрэ үрдүгэр, Өлүөнэ эбэбин одуулуу, Ол онно, үлүскэн үөһүгэр, Көтөбүн мин бүгүн хотойдуу... Арыыны, үөстэри уҥуордаан, Ахтыбыт үүтээммэр тиийэммин, Булт кэмэ кэлбитин уруйдаан, Алгыаҕым, уоппар ас кээһэммин... Хоҥор хаас, эриэн түөс, кэлиитин, Мончууктаах олорон, күүтүөҕүм, Маҥнайгы көҕөнү кэтээммин, Дурдабар ньимийэ сөҥүөҕүм... Манньыйыа мин булчут айылгым, Сааскы тыал сүрэхпин сиксийиэ, Бу сыыйа уһуктар айылҕам, Кэпсээнин, кулгаахпар, сипсийиэ... Сахалар, биһиги дууһабыт, Сис тыаҕа, үүтээҥҥэ,дурдаҕа, Булт хаанын, өбүгэ алҕаабыт, үйэҕэ бэриллэ турдаҕа... Кэтэспит дьэ дьикти түгэни, Мин булчут буоламмын, күүтэбин, Тулабар тиллибит кэрэни, Ардыгар хоһоонноон этэбин.... Турабын эмпэрэ үрдүгэр, Өлүөнэ эбэбин одуулуу, Улуукан бу Кыайыы күнүгэр, Көтөбүн, үүтээммэр, хотойдуу... Даҕанча, 07.05 19. Мунхаҕа айан Мин бүгүн дьэ кэмниэ айаннаан, Маардары, тыалары уҥуордаан, Көтөбүн дойдубар муҥхалыы, Көрсүүй дуу, оо эбэм, айхаллыы... Ааһаллар алаастар элэҥнээн, Айаннаан ахсымнык дайабыт, Күүтэр дии, кэһиитин бэлэмнээн, Күндэлэс эбэбит-Лахабыт... Күөх Боллох, Байанай барахсан, Күндүлүүр дии эбээт сыл ахсын, Быстыбат баайыттан бэрсэрэ, Бар дьону куруутун үөрдэрэ... Аймахтар доҕоттор мустаммыт, Анньыыны күөрэччи тутаммыт, Киириэхпит кэккэлии эбэҕэ, Күөх Боллох көрдөрөн иһиэҕэ... Халлааным, кылааҥҥын кыларыт, Хахсааттаах тыалларгын оҕуурдаа, Муус чоҥку санааҕын уҕарыт, Муҥхаһыт саханы уруйдаа... Көмүс күн алҕааҥҥын амалый, Көрүүй дуу, санаабын кынаттаан, Тумарык ыгарын эн арый, Тулабыыр эйгэбин алыптаа... Ама дуу, кэтэһиин кэтэһэн, Айаннаан иһэбин муҥхаҕа, Сорукпун барытын ситиһэн, Төрөөбүт дойдубар, Лахаҕа... Даҕанча, 2019 с., сэтинньи. Хоҥор хаас Сылы быһа кэтэспиппин толорон, Киирдим номнуо хаастыы диэн арыыга, Хас да күн олохтоохтук оҥостон, Бэлэммин дьэ дүппүлүөттээн ытыыга... Кумах тахсан, өрүс эриэн иэннэнэн, Хахсаат тыала соммун курдат өтөрө, Хаһан эрэ Байанайым имнэнэн, Кэлэр булчут саамай күүтэр көтөрө... Тыалга оргууй мончууктарым хамсыыллар, Кумах тибэн, харахтарбар симиллэр, Хатааһыннар, хаҕыс тыаллар, тымныылар, Бултуур санаам онтон бууһа эбиллэр... Хоту диэки хотоҕостуу субуллан, Хоҥор хааһым хоҥкуната айаннаар, Хоһуун булчут мончуугунан тардыллан, Хойуостаҥҥын, холкутуйа халыйаар... Оо оччоҕо сүрэх тэбэн тиҥийиэ, Үүнүө булчут саамай күндү түгэнэ, Түргэн туттуу, бэргэн ытыы дьэ билиэ, Хотутуохтун куйаххын дэрэбинэ... Хоҥоруулаах,олус сэрэх майгылаах, Хоҥор хааһы бултаһарбын таптыыбын, Хотуттарбат, чугаһаабат айгылаах, Хоруол курдук туттарын убаастыыбын... Өбүгэм саҕаттан сөбүлэммит үгэскэ, Бултка бүттүүн, дууһалыын бэринэрбин, Көрөн билэн бэрсиэ бүтүгэскэ, Байанайым диэн бигэ эрэбилбин... Сааскы күнүм харахтарбын саатырдар, Саҕах быыһын кыраҕытык маныыбын, Хаһан эрэ дьэ били аатырдар, Хоҥор кэлэн, аахтарабын ытыыбын... Даҕанча, 11.05.21. Умсаах умсулҕана... Саабын сото олорон, Санаан кэллим, оҥорон, Сайылыкпар сытарбын, Сааскы куһу ытарбын... Дурдам турар элгээнэ, Долгуннура устаахтыыр, Дьыбар тымныы чэлгиэнэ, Дьигиһитэ кууспахтыыр... Эмискэччи үрдүбэр, Элиэтээтэ,халыйда, Эр-биир кэлэн түстүлэр, Эргийбэхтээт, ханайдар... Умса-умса күөрэйэ, Ууттан тэйэ, күөгэйэ, Көөчүктэнэр көҥүллээх, Күндү көтөр-көҕүллээх... Куһуйбахтыыр көтүүлээх, Кустан ордук күүтүүлээх, Кэһиэҕирбит саҥалаах, Күндү ыалдьыт, дьэ, умсаах... Кыраһыабай баттаҕын, Кылбаҥнатта,илгистэ, Кытта кэлбит аргыһын, Көҥөнөөхтөөн кииристэ... Бэркэ таптыыр биэбэйим, Биэстэ эстэр бэниэллим, Биэстээҕинэн биэртэлээн, Биллиргэттэ биирдиилээн... Тоҕо бэрдэй, үөрдэрэ, Туртайдылар түөстэрэ, Табылламмын бултааммын, Тыыбар сүүрдүм буурдааммын... Хаһан тиийэн элгээммэр, Киирэбиний дурдаҕа, Байанайым үүтээммэр, Кэтэһээхтээн турдаҕа... Даҕанча
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан