Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ол суостаах сылларга
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ол суостаах сылларга
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
22.03.2018 15:13
Уол оҕону сөпкө иитэбит дуо? Суох. Оҕо саадыгар иитээччи – дьахтар. Оскуолаҕа учуутал – дьахтар. Аармыйаҕа – ийэлэр кэмитиэттэрэ. Ити курдук – барытыгар дьахтар. Уу ньуулдьаҕай уол таҕыстаҕа ол. Сэмэн кырдьаҕас, аныгы ыччаты көрөрө буоллар, туох дии саныан өйүм хоппот. Арааһа, ити этиибэр сөбүлэһиэ этэ. Кыайыы 70 сылын бэлиэтээтибит. Үгүс бэтэрээн онно тиийбэтэ. Ол иһигэр – Сэмэн Хандыраатыйап, саха биир хорсун сэрииһитэ. Өрдөөҕүтэ, сэрии бэтэрээнэ диэн, дьэ саҥардыы чиэстиир-бочуоттуур буолан эрдэхтэринэ, кырдьаҕас тастыҥ быраатыгар маннык кэпсээбититтэн хайдах баарынан эһиэхэ тиэрдиим. Уол оҕо – ат кулун Бастакы хомуурга, 1941 сыл атырдьах ыйын бүтүүтэ, ыҥырыллыбытым. Билигин санаатахха, үксүбүт 25 сааспытын ааспыт эр бэртэрэ эбиппит. Кырдьыгынан эттэххэ, һсэриигэ баран эрэбинһ диэн ытыы-соҥуу сылдьар биир да киһини көрбөтөҕүм. Хата, төттөрүтүн, ырыа-тойук, атах оонньуута, хапсаҕай, мас тардыһыыта эҥин сүрдээх этэ. Өрүс уута түһэн хаалан, Дьокуускайтан борохуот кэлбэт диэн буолла. Онон Ленскэй оройуон Турукта диэн сиригэр сатыы айаннаатыбыт. 260 биэрэстэ. Үчүгэйэ диэн, бырдах суох, сөрүүн. Өссө иннибитигэр малы-салы, иһити-хомуоһу ындыыламмыт 80 аттаах киһилээхпит. Бу дьон эрдэ тиийэн, ас буһаран, хонук сирбитин бэлэмнээн иһэллэр. Киэһэ тохтобулга – оһуокай. Ленскэй сиригэр-уотугар кэлбиппитигэр һубайдарһ өргөҥнөөн, киэбирэн-хаабыран тураары гыннылар. Аһылык түҥэтиитэ буоллун, туох буоллун – барытыгар кинилэр айбардыахтаах үһүлэр. Хата, ону биир дойдулаахпыт, аатырбыт хапсаҕайдьыт Күүстээх Ньукулаайап алта-сэттэ уолу батыһыннара сылдьан начаас ыккардыгар оннуларын буллартаабыта. Ол кэнниттэн үс мэндиэмэннээх һЛенинһ борохуот кэлбитигэр сахалар көҥүл көччүйбүппүт, оттон били урааҥхайдарбыт күөх оту тосту үктээбэт дьон буола уларыйбыттара. Туруктаҕа кэлиибитигэр 600-чэкэ этибит. Иркутскай уобалас биир ыстаансыйатыгар байыаннай үөрэххэ дьарыктаан бардылар. Дьэ, саҕаланна ээ саллаат олоҕо! Сержаннар обургулар биһигини сүүрдүү-көтүтүү бөҕө – олордор да, сытыарар да аат суох. Таастаах тоҥ буору хастар да хастар. Астара – дьаабы: хаппыыста уута миин дуома, балтараа-икки хамыйах хааһы. Хамандыырдарбыт килиэби тута сылдьан сииллэр, хортуоппуй хооруйан аһыыллар. Биһиги сытын эрэ ылабыт. Сахалар элбэхпит. Билэр дьоммуттан Кынаачайап Уйбаан учуутал баар. Иккиэн араа-бараа да буолларбыт, уолум, миэхэ холоотоххо, нууччалыы үчүгэйдик саҥарар, саамай кылаабынайа, сүүһүнэн киһи ортотугар бэйэтин биллэрэр курдук кыанар, күүстээх-уохтаах. Табаҕы тарпаппыт, атыттар табаҕа суох эрэйдэнэллэрин көрө-көрө аһынабыт. Нэдиэлэҕэ биир хаа мохуорка биэрэллэрин, хата, килиэпкэ атастаһабыт. Сержаннар элбэх киһини кэккэлэһиннэрэ туруоран баран сүүртэхтэринэ, Уйбааным барыларын куоталыыр. Кэлиҥҥинэн хамандыырдарбыт сүрдэннилэр, киэһэ утуйуох иннинэ көрүдьүөһүрэр идэлэннилэр. Хаһаарыма уһун көрүдүөрүн уһугар олоппоско хара килиэп аҥаарын уураллар уонна ким баҕалааҕы апчаарка ыты кытта тэҥҥэ түһэрэллэр. Ыт иннигэр тиийэн харбаан ыллаххына – килиэп эйиэнэ. Уолум хаста даҕаны кыайан, килиэппитин үллэстэн сиэн, биир бэйэм улаханнык абыраммытым. Бастакы сүрэхтэнии Ахсынньы ортотун диэки буойаһынан арҕаа айаннаатыбыт. Били сержаннарбыт фронт чугаһаатаҕын аайы сыыйа сымнаан, бэл, хаһаас астарыттан кытта бэрсэр
буолан хааллылар. Старая Русса куоракка кэлбиппит, бүтүннүү уотунан уһуура, буруонан бурҕайа олорор. Уйбааммын атын чааска ыыттылар, оттон мин аптамаатчыктар роталарыгар түбэстим. Арахсаары туран табаарыһым һЧакыр чулуута, кытаат, өрөйөн-чөрөйөн биэр!һ диэн, илии тутуһан быраһаайдаһан баран, этэрээтин дьонун быыһыгар киирэн, сүтэн хаалбыта. Куораты үлтү буомбалаабыттар. Таас дьиэлэр дэлби урусхалланан, барыһан аҕай тураллар. Хантан эрэ сэнэрээт, буомба, миинэ түс да түс. Өй мэйдээх тулуйбат тыаһа-ууһа. Им балайга уоттара-күөстэрэ күүдэпчилэнэн, хас эмэ төгүл улаатан, ынырыктыйан көстөр. Оттон сир ийэ барахсан дэлби тэбииттэн өрө дьигиһийэр, көһөҥө буор күтүр ыраах кыырайар. Төбөҕүн даҕаны өндөппөт алдьархайыҥ. Инники кирбиигэ бастаан киирбит киһиэхэ, чахчы, дьулаан хартыына этэ. Өстөөх бэйэтэ олох көстүбэт, ол да буоллар ити миинэлэрэ, сэнэрээттэрэ, буулдьалара ыйылаһан түһэн хайа да киһини сөп оҥороллор. Тулаҥ барыта хаһыы-ыһыы, энэлгэн, ынчык, көмөҕө ыҥырыы, маатыра-куутура... Дьэ, манна баар эбит дьиҥнээх хамаанда, бирикээс диэн. Ону хайаан да толоруохтааххын. Биири ситэрэ иликкинэ, иккис хамаанда дуорайар. Били, аптамаатчыктар роталарыгар түбэспитим эрээри, отучча киһиттэн биир-икки сержаҥҥа эрэ баар, уоннааҕылар былыргы үйэтээҕи бинтиэпкэлээхпит. Аны туран, бирикээс кытаанах – биир чаас иһигэр 200 ботуруону ытыахтааххын! Ол аата, мүнүүтэҕэ, кырата, үс ытыы. Биһиги, сахалар, өбүгэ саҕаттан буулдьаны харыстаан, табар эрэ буоллахха ытар дьон буоллахпыт. Ол гынан баран ханна да көстүбэт өстөөххө хаарыаннаах 200 ботуруону ороскуоттуох тустаахпыт. Дьэ, кыһалҕа. Бастакы икки-үс күн ол мөҕүллүүтэ – аҕыйахтык ытаҕыт диэн. Онтон биир сааһыра барбыт младшай лейтенант кэлэн: һӨстөөх биһигини эмиэ көрбөккө эрэ ытыалаан табыталыыр. Элбэх киһи тохтоло суох ыттаҕына, ыраах баар ньиэмэс син биир табыллар. Онон кытаатан, ытан иһиҥһ, – диэн сүбэлээтэ. Онтон ыла өстөөх хорҕойбут сирин диэки ыт да ыт. Саҥа бирикээс кэллэ: чугастааҕы дэриэбинэлэри босхолуурга. Куорат кытыыта өссө дьаабы эбит – хаара халыҥа бэрт. Ону хаһан окуопа оҥостобут эрээри буулдьа курдары ааһар, сэнэрээт, миинэ үлтүркэйдэрэ хаартан иҥнииһилэр дуо?! Элбэх сүтүктэннибит. Өссө бирикээс кэллэ: хаары ааһа түһэн окуопа хастыҥ диэн. Дьэ, маныаха, били, Иркутскай уобалас ыстаансыйатыгар тоҥ буору хаһа үөрэммиппит туһалаата. Онтукабыт баара, доҕоор, тобукпутугар да тиийэ иликпитинэ аны уу өтөн таҕыста! Хаһан муҥнаммыт окуопаларбыт тобус-толору уу буолан хааллылар. Өстөөх миинэтэ чуһууран кэллэҕинэ, хайыаххыный – уулаах окуопаҕар кирийэҕин. Ити да гынан дэриэбинэни ылбатыбыт, төттөрү куотан таҕыстыбыт. Аҥаарбыт ол хаардаах, бадарааннаах хонууга хаалла... Бирикээс кытаанах – дэриэбинэни хайаан да ыларга! Хантан эрэ уонча улахан буусканы аҕаллылар. Олор ытыалаан биллиргэттилэр. Ыксаабыттар быһыылаах, баччааҥҥа диэри хорҕойо сыппыт ньиэмэстэр сүүрэкэлэһии бөҕөтө. Тыыннаах өстөөҕү, ыраахтан да буоллар, аан бастаан көрдүм. Атаака саҕаланна. Мин тэлигириэйкэлээхпин, атыттар уһун синиэллээхтэр. Сэриилэһэргэ тэлигириэйкэ туох да ааттаах, оттон синиэл соччото суох, арай утуйарга, сынньанарга, кырдьык, үчүгэй. Дэриэбинэ бастакы дьиэлэригэр начаас
тиийдибит. Улахан утарсыы суох. Онно-манна күөхтүҥү синиэллээх ньиэмэс өлбүт аҕай. Бастаан ону көрөн дьик гынаҕын эрээри, атыллаан, оннооҕор үктээн ааһаҕын. Сороҕор ыксаан, өлүккэ кытта хаххаланаҕын. Киһи барыга-бары түргэнник үөрэнэр эбит. Арай биир дьиэттэн аптамааттаан тачыгыраттылар. Буулдьа ыйылас. Мин ол аайы ньыкыс гынан ылабын, санаабар, аһаран биэрэр курдукпун. Урутаан эттэхпинэ, хантан оннук буолуой. Ити – эйигин ааһан бүппүт буулдьа иһиирэр, оттон эйигин табыахтаах буулдьа биллибэккэ кэлэн түһэр. Охсуута наһаа күүстээх буолар: олох тиэрэ баран түһүөххэр диэри саайар. һҮчүгэйэһ диэн, ону өйдөөбөккө, билбэккэ да хаалаҕын. Биэстэ табыллан, билбит баҕайым. Бастаан табылларгар чэпчэки-ыарахан бааһырыы диэн быһаарбаккын. Барыта сүрдээх ыарыылаах буолар. Дьэ, били, аптамааттаабыт сирдэрин диэки хаһыытыы-хаһыытыы сүүрдүм, ол иһэн биирдэ-иккитэ ыттым быһыылаах. Онтон эмискэ көрө түспүтүм, биир ньиэмэс дьиэттэн ойон тахсан, уулуссаны туора сүүрэн эрэр эбит. Үһүс ытыыбар умса баран түстэ. Саабар саҥа обуойманы укта-укта, охторбут киһибэр сүүрэн тиий – көхсүн хараҕар түһэрбиппин, хаан бөҕөтө. Төгүрүктээһинтэн тахсыы Бастакы ньиэмэспин охторуохпуттан атаакаҕа элбэхтик сылдьыбытым. Старая Русса таһынааҕы өссө аҕыс дэриэбинэни босхолообуппут. Биир да киһи-сүөһү ордубатах этэ. Оһохторо эрэ хороһон тураллара. Бастааҥҥым курдук буолбатах, ботуруонум бүтүөр диэри элбэхтик ытан, бинтиэпкэм олус итийэрэ. Бинтиэпкэ барахсан ыраахтан ытарга үчүгэй. Ол эрээри сэп сэп курдук сороҕор хаппырыыстыыр, ботуруонун эспэт, ыраах тэппэт буолан хаалар. Дьэ, ол иһин соло булларгын эрэ сууйа-сото, имэрийэ-томоруйа сылдьаҕын. Биирдэ Жуков диэн нуучча уолунуун кэлээскэлээх матасыыкыллаах ньиэмэстэри охтортообуппут. Кэлээскэҕэ олорон бүлүмүөтүнэн ытыалыыр суон ньиэмэһи тус бэйэм таппытым. Бүтэһик дэриэбинэни ылыыбытыгар сүүрбэччэ буолан төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиппит. Хантан эрэ кэннибитигэр элбэх баҕайы ньиэмэс массыынанан кутулла түспүтэ. Лейтенаммыт биһигини түөрт бөлөххө араарда, өлбүт ньиэмэстэртэн аптамааттарын ыларбытыгар эттэ. Жуковым аптамааттанан, бинтиэпкэтин ботуруонун барытын миэхэ биэрдэ. Мин аан боруогар өлө сытар ньиэмэстэн куругар иилинэ сылдьар уһун уктаах икки кыранаататын ыллым. Бу сэп ыраах кыыратарга оһуобай, ол эрээри өр буолан баран эстэр адьынаттаах. Ону барытын учуоттаан туттуохтааххын. Биһиги дьиэлэринэн күлүктэнэн чугуйабыт, өстөөхтөр уулуссанан эккирэтэллэр. Биир дьиэҕэ куотан киирбитим – түннүк да, үөлэс да суох, хата, холуодьас баар. Мин ол кэннигэр састым. Өр буолбата икки ньиэмэс тиэргэҥҥэ адаҥхалаһан киирдилэр да, дьиэ иһигэр кыранаатаны бырахтылар. Чочумча буолаат, онтулара эстэн, буруо-тараа бөҕөтө буолла. Кус-хаас саҥатын түһэрэн баран, күлсэн алларастастылар, өссө миэхэ кэннилэринэн туран табах уматтан киирэн бардылар. Мин кыранаатабын тутан олоро түһэн баран – элит. Сонно дэлби тэбээтин кытта күдэҥҥэ көттүлэр. Ойон тураат, дьонум туһаайыыларынан сүүрдүм. Дэриэбинэ кытыытыгар кэлэн, инники бөлөхтөрбүтүн кытта холбостубут. Хамандыырдарбыт сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх – хайаан да төгүрүктээһинтэн тахсарга диэн буолла. Кыһыл ракета халлааҥҥа кыырайан тахсаатын кытта атаакаҕа туруннубут. Хаһыы-ыһыы суох, ыппакка эрэ иннибит хоту сүүрэбит. Эмискэ хаҥас өттүбүтүттэн өстөөх бүлүмүөтэ өлүү
уотунан тибиирдэн барда. Аймалҕан бөҕө буолла. Дьиҥэр, суол нөҥүө түстүбүт да быыһанабыт. Аны кэлэн туох харсай! Хаһыытыы-хаһыытыы ол диэки түһүнэн кэбистибит. Мин, били, үрдүк кутуу суолга ким-хайа иннинэ тиийэн, аттаан кэриэтэ тахсыбытым, ойоҕоспор, уонтан тахса миэтэрэлээх сиргэ, икки ньиэмэс бүлүмүөт туруора сатаан букунаһаллар. Кыранаатабын бырахтахпына, үлтүркэйдэрэ үөһэ чарбачыһа сатыыр бэйэм дьоммун таарыйыыһы. Ол иһин бинтиэпкэбинэн түөртэ ыттым. Бэтэрээ ньиэмэс сонно бүк түстэ, иккис сиэхсит мин диэки эргийээт, аптамаатынан уһун уочараты биэрбэт дуо?! Хата, инньэ гынан абыраата – һшмайсерһ уһун уочарата буулдьатын ыһан кэбиһэр. Бүтэһик буулдьабынан түөскэ түһэрбитим – ньиэмэһим эһиллэн хаалла. Ол кэмҥэ оруобуна ротам хамандыыра аллараттан тахсан кэллэ. Ньиэмэстэри сууллартаабыппын көрбүт уонна тойон эрбэҕин көрдөрдө: һхорошоһ диэтэҕэ. Полкабыт төгүрүктээһинтэн этэҥҥэ тахсыбыта. Бу кыргыһыыга өстөөх бүлүмүөтүн былдьаабытым иһин һБойобуой үтүөлэрин иһинһ диэн бастакы мэтээлбин ылбытым. Сэрииттэн Кыһыл Сулус, Албан Аат үһүс истиэпэнэ уордьаннардаах, һХорсунун иһинһ, һГерманияны кыайыы иһинһ мэтээллэрдээх кэлбитим. Хорсун саллаат 1941 сыллааҕы түгэннэрэ – ити. Сэмэн Хандыраатыйап сэриини Германияҕа түмүктээбитэ, 1945 сыл сэтинньитигэр дойдутугар эргиллибитэ. БУТУКАЙ А.В. Васильев-Көрдүгэн "Саха саллаата Сэмэн Кондратьев" диэн кинигэтин сүнньүнэн. Хаартыскаҕа: С.А. Кондратьев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан