Кэпсээ
Войти Регистрация

Ааспыт олох таптала

Главная / Кэпсээн арааһа / Ааспыт олох таптала

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
16.03.2018 16:43
Бу эһиэхэ кэпсиир таптал устуоруйатын ийэм дьүөгэтиттэн истибитим. Кини миэхэ Дюссельдорфтан Арассыыйаҕа каникулга бара сырыттахпына кэпсээн турар. Анастасия Александровна бэйэтэ да куруук киһини сэҥээрдэр үгүөрү кэпсээннээх үтүөкэн дьахтар. Олортон саамай өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ тиэрдиим. Мэктиэтигэр ол түүн сатаан утуйбатаҕым. Таайыллыбат таабарын ис дьиҥин билэр баҕа киэҥ далайыгар умсубутум да, хоруйу оччолорго да, билигин да кыайан булбатым. Баҕар, эһиги этиэххит эбитэ дуу? Анастасия Александровна тапталлаах кэргэнэ эрдэ суох буолбутун син онон-манан ийэбиттэн истэр этим. Бокуонньугу олус өйдөөх уонна интэриэһинэй киһи быһыытынан кэпсээччи. Анастасия кэргэнэ киниттэн бүтүн 17 сылынан аҕа эбитэ үһү. Дьэ, арай биир киэһэ эмиэ таптал, ыраас иэйии туһунан сэһэргэстибит. Ол олорон түөтэ Анастасия тоҕо эрэ сирэйдиин-харахтыын уларыйбытын бэлиэтии көрөн, ыйыппыттыы одууластым. Онуоха кини: – Эн, реинкарнация диэн баарын, арааһа, иһиттэҕиҥ буолуо? Билигин ити туһунан арааһы бары суруйаллар быһыылаах. Оттон оччолорго оннук диэн баарын өйгө да оҕустарбат буоларбыт. Ол да иһин мин оччотооҕу кэпсээммин билэр дьонум төбөтүнэн бырахтарбыт курдук ылыммыттара баар суол. Төрөппүттэрим төрүт уус эмчит дьон этилэр. Онон миигин да эмчит буолуо диэн саныыллара, оннугу ыралыыллара даҕаны. Оттон мин ис-испиттэн муусуканан үлүһүйэрим. Дэлэҕэ, муусука оскуолата миэхэ иккис дьиэм тэҥэ буолуо дуо. Биирдэ эмиэ, үгэспинэн, киэһэ борук-сорук буолуута оскуолабыттан дьиэлээн истим. Оччолорго Магадаҥҥа олорорбут. Ити кэмҥэ 12 саастааҕым. Күһүн этэ. Инчэҕэй хаар кыыдамныыра. Уулусса устун хааман иһэбин, биирдэ өйдөөбүтүм, хайдах эрэ букатын атын, сип-синньигэс уонна кирдээх баҕайы уулуссанан баран иһэр курдукпун. Аны, саамай дьиктитэ, мин... мин буолбатахпын! Атыммын. Ити туругу сатаан быһаарбатым быһыылаах. Быһата, мин буолбакка атын киһи эбиппин. 14 хас саастаахпын быһыылаах диибин. Сырдык баттахтаахпын, дьиҥ олоххо бэйэбэр хаһан да кэппэтэх дьикти моһуоннаах бэргэһэлээх эбиппин. Сиэрис матырыйаалтан дьууппалаахпын. Ыйааһыннааҕа атахпар биллэр бачыыҥкалаахпын. Бу көстүүбүн олох чуолкай өйдүүбүн. Ону тэҥэ олохпор олус суолталаах киһиэхэ баран иһэбин диэн санаалаахпын. Ол киниттэн мин олоҕум, дьылҕам тутулуктаах эбиппин... Эмиэ уотунан охсубут курдук буолбутугар өйдөнөн кэлбитим: уулусса кытыытынааҕы ыскаамыйаҕа сытар эбиппин. Икки дьахтар уонна биир эр киһи үрдүбэр нөрүйэн, миигин көрөн аҕай тураллар. Биирдэрэ сирэйбин инчэҕэй былатыагынан сотор. Саҥалара, дьэ, чуолкай буолбутугар истибитим, киммин, ханна олорорбун ыйыталаһаллар эбит. Мин саҥарар да сэниэм суох курдук. Ол да буоллар син быһаарсан, хата, дьиэбэр аҕалан, төрөппүттэрбэр туттарбыттара. Ийэм барахсан олус да куттанаахтаабыта. Ити иннинэ мин ыарыһах оҕо ахсааныгар киирбэт этим буоллаҕа. Туох буолбутун, эбиитин бэйэбиттэн атын кыыс эбиппин диэн кэпсээбиппэр өссө улаханнык долгуйбут, куттаммыт көрүҥнэммитэ. Тиэтэйэ-саарайа эбии укуол туруорбута... Итинник дьикти туругум сыл аҥаара буолан баран хатыламмыта. Бу сырыыга биология уруогун кэмигэр буолбута. Учууталым кэпсиирин истэ олорбутум баара, эмискэ хараҕым улам-улам дьиримнээн, устунан туох да көстүбэт буола,
тулам устаҥнаан хаалла. Санаабар, өйдөнөн кэлбитим, сырдык, улахан, киэҥ хос ортотугар турар эбиппин. Уп-уһун оруосабай былаачыйалаахпын. Хос ис бараанын ымпыгар-чымпыгар диэри барытын өйдөөн көрөбүн. Хаҥас диэки клавесин (мусукаалынай үстүрүмүөн) турар. Ол аттыгар олус кырасыабай гынан баран, баттаҕа туртайан эрэр эр киһи олорор, вальсы оонньуур. Мин кинини сэргээн, сэҥээрэн аҕай көрөн турабын. Кини мин эппэкииним эбит диэн өйдөбүллээхпин. Кини миэхэ ырааҕынан убайым диибин. Кыахтаахтык олорор, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр-көстөр киһи, миигин – дьадайбыт аймахтарын кыыһын – көрүүгэ ылбыт. Миигин сөптөөх киһиэхэ эргэ биэрэн, оҕолорбун нэһилиэнньик гынар сыаллаах иитэр эбит. Эр киһи туран кэлэр, мин кинилиин «раз», «два», «три» диэн испэр ааҕа-ааҕа вальстаан барабыт. Кини мин сыыһа үктэниилэрбин холкутук сибигинэйэ былаастаан, быһаарар. Төбөбүн хайдах эргитэ тутуохтаахпын үөрэтэр. Ити кэнниттэн мин эмиэ дьиҥ бэйэм буола түһэбин. Олус өр “антах олохпор” сылдьыбатахпын быһыылаах, уруогум сол да буола турар этэ. Ити кэнниттэн балачча өр дьикти турукка киирбэккэ сылдьыбытым. Кыыс оҕо улаатар сааһын дьиктитэ буоллаҕа диэн толкуйдаабыппыт. Ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, төһө да дьоннорбун хомотторбун, Хабаровскайдааҕы муусука училищетыгар киирбитим. Үөрэхпэр үчүгэй этим. Элбэх табаарыстардааҕым, доҕоттордооҕум. Улуу мусукаан буолар ыра санаабын сол да ыһыктыбат этим. Син эмиэ атын дьүөгэлэрим курдук, туох да уратыта суох устудьуон олоҕун олорорум. Ол сылдьан биирдэ эмиэ “анараа олохпор көтөн” хааллым. Бу сырыыга аудиторияҕа Бах матыыбын оонньуу олорбутум. Оттон ол дойдуга мин олус кырасыабай, күһүҥҥү саадка баар эбиппин диибин. Балачча тымныы гынан баран, мас быыһынан күн сардаҥалара тыгаллара сылытар курдук. Антах диэки бэрт улахан таас дьиэ багдайан турар. Кытыыларыгар аккуратнай баҕайы газоннардаах. Мин күрэҥсийбит баттахтаах, накидкалаах сонноох эр киһилиин бодоруускалаһан хаамсан иһэбин. Мин оҕо күүтэр эбиппин. Силигин ситэрэн, бүтэһик ыйым буоларын билэбин. Аргыһым – били урукку олохпор көрбүт эппэкииним эбит. Кини тугу эрэ миэхэ кэпсиир да, мин истибэппин. Сүрэҕим ыарыылаахтык кымыстыыр. Кинини олус таптыыр эбиппин. Оттон кини ... миигин үчүгэй төрүттээх эдэр киһиэхэ кэргэн биэрбит. Биһиги ол уоллуун бастакы оҕобут кэлиэхтээҕин олус кэтэһэр эбит. Мин хааман иһэбин уонна киниэхэ тапталбын хайдах да аһаҕастык билинэр кыаҕа суохпуттан олуһун курутуйабын. Ол иһэн, иитиэх аҕам илиитин миигиттэн төлөрүтээт, хаҥас илиитинэн суол кытыытыгар турар оруосабай чөмөххө тиийэр. Онно соҕотоҕун иҥнэн хаалбыт оруоса дьөрбөтүн ылар. Ол кэннэ миэхэ кэлэн, аҥаар тобугар сөһүргэстээн олорон, хатан хаалбыт оруосаны уунар. Оо, онуоха кини хараҕын көрүүтүн көрүөҥ этэ.... Өйдөнөн кэлбитим, фортепианом аттыгар олорбутум курдук олоробун. Илиим түһэхпэр баара. Оттон сүрэхпэр туох эрэ быһа барбыт курдуга. Ити кэнниттэн мин “иккис олоҕум” хаһан да хатыламматаҕа. Кэлин ити дьикти турукпар биһиги ханнык тылынан кэпсэтэр этибитий диэн бэйэбиттэн ыйытар этим. Тоҕо эрэ, аангылыйа тылынан дии саныыбын. Арба,
манна диэн эттэххэ, билигин мин аангылыйалыы төрөөбүт тылым курдук олус холкутук саҥарабын. Оннук судургутук ылыммытым. * * * Чэ, салгыы кэпсиим. Үөрэхпин түмүктүүр эксээмэн хамыыһыйатыгар хас да чилиэн Москубаттан кэлиэхтээҕин билэрбит. Биллэн турар, биһиги долгуйуу бөҕө. Бу эксээмэн түмүгүнэн хайа дьоллоох сыыйа консерваторияҕа көһүөхтээҕэ быһаарыллар. Мин сыанаҕа тахсан, арайаал аттыгар олорунабын. Оонньуурбун саҕалыам иннинэ эксээмэннээччилэрим диэки көрөбүн уонна... оннук көрбүппүнэн, хатан хааллым! Биир кириэһилэҕэ, били, мин иккис олохпор көрбүт эппэкииним, ол гынан баран, ол киһитээҕэр эдэрчи саастаах, олорор эбит! Пахай, ити кэнниттэн мин оонньуур кыаҕым олоччу сүтэн хаалла. Хайдах эрэ куһаахан буолабын, киһи тылынан сатаан биэрбэт, кэпсээбэт туругар түһэбин. Көрүдүөргэ тахсыбыппар биир кууруска үөрэммит доҕотторум барахсаттар уу эҥин иһэрдэн бэттэх аҕала сатыыллар. Ол олордохпуна ким эрэ кэннибиттэн кэлэн сэрэнэ соҕус санныбыттан тайанна уонна: «Санаарҕаама, кэлин да барытын туттарыаҥ. Ханна да барыма, мин эйигин дьиэҕэр илдьиэм», – диир. Дьэ, ити курдук бэрт дьиктитик кэргэн тахсыахтаах киһибин кытта билсэн турабын. Юрий миигин Москубаҕа илдьэ барбыта. Биһиги онно холбоспуппут. Мин кинини олус да таптыырым! Тоҕотун билбэппин эрээри кинини “иккис олохпор”, өссө эрдэ көрбүппүн тыыннааҕын баттаһа кэпсээбэтэҕим. Миигин кэнники хат ыйбар балыы­һаҕа киллэрбиттэрэ. Киһим көрсөн барара. Биирдэ балыыһа территориятыгар тахсан иккиэн хаамса сырыттыбыт. Балаҕан ыйын бүтэһик күннэрэ тураллара. Мас-от саһаран бүтэн, ойуур маһа тараҕай кэриэтэ этэ. Бытааннык хаамсан иһэн, көрбүппүт тэйиччи соҕус оруоса угун чөмөҕө турар. Барыта суйдаммыт. Арай сыччах соҕотох дьөрбө хаалбытын киһим, көрөн, элэстэнэн тиийэн, сибэккини туура тардан ылаат, миэхэ хааман кэллэ уонна аҥаар тобугар туран... Быһата, били, “иккис олохпор” көрбүт хартыынам үүт-үкчү хатыламмыта. Долгуйбутум оччо буолан эбитэ дуу, сонно тута талыым татакайа киирэн барбат дуо! Мин игирэлэри, анаабыт курдук, кыыстаах уолу төрөппүтүм. Оттон ити кэнниттэн алта сыл буолан баран, тапталлааҕым букатыннаахтык суох буолахтаабыта. Оскуолабар, үөрэтэ турдахпына, соһуччу балыыһаҕа ыҥырбыттара. Быраастар онон-манан эргиппэккэ, сотору, биир-икки чааһынан тыына быстыаҕын сэрэппиттэрэ. Оо, ол хайдахтаах ыарахан мүнүүтэлэр эбиттэрин киһи тылынан кыайан эппэт, сэгэриэм. Мин кинини өйүгэр киирбэккэ, саатар биир көрүүнэн быраһаайдаспакка бу сиртэн барыа диэн олус да куттаммытым. Биир түгэҥҥэ кини хараҕын көрөн кэлбитэ. Чочумча одууласпыта да, кини миигин чуолкай көрбөт эбитин сэрэйбитим. Харахтарбыт ууламмыттара. Кини тугу эрэ этэ сатыыра. Ону истээри киниэхэ ыкса нөрүйбүтүм. Онно иһиттэхпинэ ... арай чуолкай баҕайытык ыйытта: «Эн өйдүүгүн дуу, мин эйигин вальстыырга үөрэппиппин?» Ол кэнниттэн кини иҥиир ситиитин тартаран барбыта. Аҕыйах мүнүүтэнэн мин баар-суох, бу уонна иккис олохпор суос-соҕотох тапталым-кэргэним, күндү киһим сүрэҕэ букатыннаахтык тэппэт буолбута... Киһим суох буолуоҕуттан балай өр кэм ааста. Бу тухары мин ити туох дьиктитэ буолбутун сатаан быһаарбакка кэллим. Ити аата тугуй уонна тоҕо итинник
буолбутай? Итиниэхэ сыһыаннаах элбэх матырыйаалы, кинигэни аахтым, ол иһигэр билим үлэлэрин, биэриилэри да көрдүм эрээри биһиэнигэр чугаһы, саатар, кыратык маарынныыры да була иликпин. Реинкарнация диэҕи эмиэ да атыҥҥа дылы. Арай биирдэ биир көрбүөччүгэ кэпсээбиппэр маннык диэн турар: «Эн урукку олоххор улахан аньыыны оҥорбуккун, дьиҥ тапталгын, дьылҕаҕын куоттаран, олоҕуҥ атыннык салаллыбыт. Инньэ гынан эн олоҕуҥ сыалын-соругун сатаан толорботоххун. Олох эйиэхэ иккис кыаҕы биэрбит. Ол гынан барыта туох барыта иэстэбиллээх, төлөбүрдээх буолар. Ол төлөбүрү эн Юраҥ төлөспүт». Nord-Rhein-Westfalen. Тылбаастаата Тапталина
kyym.ru сайтан