Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыраас сыһыан – дьоллоох олох мэктиэтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыраас сыһыан – дьоллоох олох мэктиэтэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
15.03.2018 17:36
Дьон олоҕун алдьаныыта үгүс өт­түгэр кэскил сарбыллыытыгар, иэдээн ааҥнааһыныгар, өссө ааһа баран, омукпут кэхтиитигэр, ыччат иитиллэрин сарбыйыыга тиэрдэр. Ыал ыһыллыыта, арахсыыта дьахтардаах эр киһиэхэ куһаҕан дьайыылааҕа саарбахтаммат. Маннык түбэлтэҕэ төрөппүттэн биирдэстэрэ оҕотуттан ытыс соттор. Онон туохха да кэмнэммэт оспот баас үөскээн чэрдийэн хаалар. Кинилэр бастаан таптаһалларын, бииргэ олороллорун саҕана иитиэхтээбит ымыылаах ыра санаалара үрэллэр, инники олохторо барыарар. Сүтүктэн сүтүк сүгэһэрдэнии, сэттээх-сэмэлээх олох салҕанар. Бар дьон хараҕын далыгар хара мэҥнэнэн «ойоҕуттан үүрүллүбүт», «эриттэн арахсыбыт» диэн дьаралыктаныы, сэмэлээһин, уор­балааһын буулуур. Кэнникинэн холбоһуу да, арахсыы да оҕо оонньуутун курдук буолан бар­да. Аны туран, «гражданскай» эр-ойох буолуу элбээтэ. Бүгүн кыыһырса түһээт, дьахтар өттүттэн чымадаан хомунуу сыыдамсыйда. Онуоха эр ки­һибит дьахтардыы ньырамсыйан, ааттаһар аатыгар барар. Дьахтар уоскуйда, чымадааҥҥа угуллубут таҥас аныгыскы уочараттаах айдааҥҥа диэри миэстэтин булла. Ситигирдик хартыына билиҥҥи олохпут эриэккэс көстүүтүгэр кубулуйда. Дьэ, кыһыылаах. Олохпутугар дьиэ кэргэн сыаннаһа түстэ дуу? Икки өт­түттэн туох да эбэһээтэлистибэтэ суох бииргэ олоруу, кыыһырса-этиһэ түһээт, икки аҥыы барыы олох нуорматыгар кубулуйда дуу? Эбэтэр олохпут таһыма мөлтөөбүтэ, сиэр-майгы сатарыйбытын түмүгэ эбитэ дуу... Билигин эр киһи интеллектуальнай, култуурунай таһыма дьахтардааҕар намыһаҕын, сиэр-майгы өттүнэн ордук сатарыйбытын бэлиэтииллэр. Ол түмүгэр эр дьоммут дьахталларын кырбыыллара, биллэн турар, олохпут хобдох, күлүк көстүүтэ буолла. Дьахтарга илиитин көтөҕөр эр киһи, ол аата бэйэтин эр киһи быһыытынан сыаналаммат, сэнэнэр киһи буолаахтаатаҕа. Туох аанньа буолуой... эр киһи дьахтарыгар сутуругун күөрэтэ сылдьара. Кырдьык, көрүөххэ түктэри көстүү, сааттаах дьыала. Билигин ханнык баҕарар улууска, дэриэбинэҕэ, куоракка да буоллун, эрдэриттэн кырбана-кырбана олохторугар эрэйи көрө олорор дьахталлар суох буолбатахтар. Кинилэр тус кыһалҕаларын кимиэхэ да кэпсээбэттэр, саакка-суукка киириэхтэрин баҕарбаттар. Муҥур уһугар эрэ тиийэн баран арахсааччыта арахсар. Эр киһи кэргэнигэр, оҕолорун ийэлэригэр илиитин тоҕо көтөҕөрүй? Биричиинэтэ тугуй? «Кырбыа суох буолан андаҕайбыта, ханна баарый...» – диэн кыһыытын-абатын кэпсиир Ту­йаара. Кини кэпсиирин истиэҕиҥ: – Мин бииргэ төрөөбүт эдьиийим кыыһа Танюшка ыал буолбута балачча кэм буолла. Ийэтэ кыыс кыра эрдэҕинэ Орто дойду олоҕуттан күрэммитэ. Онон сэгэрим сыыһыгар баар-суох чугас киһитэ буолабын. Бастакы ыал буолбут сылларыгар бэрт үчүгэйдик олорбуттара. Кыыс оскуолатын нэһиилэ үөрэнэн бүтэрээт, улахан тапталынан ыал буолбуттара. Билигин уоллаах кыыс оҕолоохтор. Хас да сыл буолла айдааннаахтык олорбуттара. Ол тухары эриттэн төһөтө кырбаммытын айбыт таҥара билэн эрдэҕэ. Кырбаннаҕын аайы миэхэ төлөпүөннээн кыһалҕатын кэпсиир, ытыыр-соҥуур. Ол аайы мин, чараас сүрэхтээх киһи, эмиэ тэҥҥэ ытаһабын. Төһөтүн да иһин, бииргэ төрөөбүт эдьиийим оҕото буоллаҕа. Хаан уруу балтым. Кини ыарахан, кыһалҕалаах олоҕу олороруттан мин эмиэ санаам тууйуллар. Кыыһым биирдэ эриттэн улаханнык кырбаммыта. Эрэ төбөтүн истиэнэҕэ лигиччи саайбыт этэ. Ол түмүгэр тө­бөтүн улаханнык өлөрөн, билигин быласымаастаах сылдьар. Ол эрэ буолбатах. Илии-атах оһоло элбэх. Кырбанар кыһалҕатыттан
хаста да оҕолорун илдьэ арахсабыт диэн букатыннаахтык дьиэттэн тахсан барбытыгар эрэ кэнниттэн батыһан тиийэн ымманыйбытыгар, аны кырбыа суох буолан андаҕайбытыгар, ээҕин этиттэрэн эрэнэн кэлбитэ да, ханна баарый... Дьэ, иэстэбиллээх кырбаныы саҕаланнаҕа ол. Билигин да кырбана-кырбана олороохтуур. Мин «эргиттэн араҕыс, атын сиргэ баран олор», – диэн төһөлөөх күөмэйим бүтүөр диэри мээрилээбитим, эппитим-тыыммытым буолуой... Суох, кыы­һым тылбын адьас истибэт. «Таптыыбын, кини миигинэ суох кыайан олорор кыаҕа суох», – диир. Кэлэйэммин, билигин аны сапсыйан кэбиһэн баран сылдьабын. Күтүөт аны иһэр. Испэт кэмигэр хаһаайыстыбаннайа сүрдээх, дьиэтигэр тугу барытын оҥорор. Олох күндү күтүөт оруолугар киирэн хаалар. Тугу сатаабатаҕа баарай... Илиитигэр сатабыллаах даҕаны, ол илиитэ кыһыйдаҕына, сутуруктуур даҕаны. Дьэ, кыһалҕа. Арыгытын хаста да эмтэппитэ. Ол эрээри биир-икки сыл буолаат, иһэн кэбиһэр. Аны онтун быыһыгар, киһи кыһыйыах, көссүүлэнэн ылардаах. Саамай кыһыйарым диэн, ойоҕун кырбаары гыннаҕына, баттаҕыттан соһон муостаны биир гына сиппиирдиир. Эбиитин ханна да сылдьыбатын диэн, хараҕын көҕөрдөн «бэчээт» уурар. Ити куһаҕан быһыыта барыта арыгы истэҕинэ тахсан кэлэр. Аны күнүүһүтэ – биир эрэй. Араа­дьыйаҕа саҥара турар, тэлэбиисэргэ мичээрдиир эр киһиэхэ барытыгар оҥорон көрө-көрө күнүүлээн, ханна түбэһиэх саайталыы сылдьар. Дьэ, сору-муҥу көрөн эрэйдээхтик олорор балтым эрэйдээх. Оо, төһөлөөх харах уулаах олорон киниттэн көрдөспүтүм буолуой «эргиттэн араҕыс» диэн. «Таптыыбын ээ» диэн муҥатыйаахтыыр. Таптал хараҕа суох диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Кинилэргэ тапталларынааҕар атаҕастабыл күүстээх быһыылаах. Улахан уола ийэтин аҕата кырбыырын билэр буолан, хайдах эрэ наар туохтан эрэ куттанар, дьиксиммит курдук тутта-хапта сылдьаахтыыр. Оҕо уйулҕатын кэбирэппиттэр, хайдах-туох киһи буола улаатаахтыыр? Дьэ, оннук олохтоох балтым котоку. Сокуоннай эрбиттэн элбэхтик үүрүллүбүтүм Вера, 40-тан тахсыбыт, 3 оҕо ийэтэ: – Биһиги дьиэ кэргэн 3 оҕолоохпут. Хайа ыал буолуохпутуттан айдааннаахтык олоробут. Сутурук кытаанах сокуонун элбэхтик амсайбыт мин буолуохтаахпын. Кыһалҕабар булкуллан баран олоробун. Оо, дьэ, бэйэлээх бэйэҥ оҕолоруҥ аҕаларыттан кырбанан олорор баар ыарахан хартыына... Төбөм истиэнэҕэ төһөлөөх ыалдьыттаабытын ааҕан сиппэккин. Куруутун сынньылларбыттан этим-сииним мэлдьи көҕөрөн баран сылдьааччыбын. Биирдэ улаханнык кырбанан ту­рардаахпын. Муннубун тоһутан, си­рэйбин кытта тэҥнээн кэбиспитэ. Тии­һим барыта көтүрү охсуллубута. Киһи өстөөҕөр да баҕарбат ынырык ыарыытын онно билбитим. Балыыһаҕа барбыппар муннубун төттөрү таһааран чө­лүгэр түһэрэр абытай ыарыыката, дьэ, онно этэ. Эрэйдэммитим аҕай. Хайыамый, ол да буоллар төттөрү кэлэн олорбутум. Ханна да барар-кэлэр сирим суох этэ. Аны үлэтиттэн санаата түһэн, кыы­һыран-тымтан кэллэҕинэ, киирээт да, биир-биэс тыла суох миигин түҥнэри саайан түһэрэр этэ. Милииссийэҕэ үлэлиир буолан, ньиэрбэтэ бүппүт бы­һыылааҕа. Аны иһэн кэлэн, кырбаталаан сорбутун сордуур. Оҕолорбун илдьэ икки атахпытынан куотабыт. Онтон санаам буолбакка, оҕолорбун төттөрү соспутунан төннөн кэлэрбит. Кыһыыта-абата диэн, оҕолоро көрөн турдахтарына кырбыыр, баттахпыттан соһор. Ыал буолан, кыра хос дуома атыылаһан олоробут. Оннооҕор ол хоһуттан кытта көҥөнөр.
«Ыамайдаргын хомуйталаан дьиэбиттэн тахсан бар!» – диэн үгүстүк үүрүллэбит. Онон сокуоннай эрбиттэн элбэхтик холдьоҕоллубутум. Санаам түһэрэ ханна барыай, ытыыбын-соҥуу­бун, мунчаарабын. Кими да кытта санаабын үллэстибэппиттэн өссө ордук иэдэйэбин. Инникитин хайдах-туох олорорбун сатаан санаабаппын, оҕолорум эрэ тустарыгар күннээҕинэн олороохтуубун. Тугу кистиэмий, маннык олохтон сылайаммын, кэнники кэмҥэ аралдьы­йаары кыралаан амсайар буоллум. Саатар, санаабын үллэстэр чугас ки­һим суох. Оҕолорбун эрэ атахтарыгар этэҥҥэ туруорбут киһи... Хайа дьоллоохтор эрдэриттэн кырбаммакка үөрэ-көтө олороллоро буолуой?! Билигин кэлэн кэмсинэбин Александра, 40 саастаах: – Мин хойутаан, 30 сааспар кэргэн тахсыбытым. Ыал буолуом иннинэ эдэр сааспар олох минньигэс амтанын билэн хаалыахха диэн өйдөбүллээх этим. Онон биир кыыс оҕо сырыытын сылдьан баран, олохпун оҥостубутум. Биллэн турар, ыал буолуом иннинэ уолаттар болҕомтолоругар сылдьыбыт буоламмын, бириэмэбин халтай атаарбат этим. Көстөр дьүһүммүнэн кимиэхэ да сирдэрбэтэҕим. Онон хаһан баҕарар ыал буолар кэмим кэлиэ диэн эрэнэрим. 29 сааспар кэргэммин көрөөт, сонно таптаабытым. Ыал буолан баран, акаары санаабар, кыыс эрдэҕинээҕи сырыыларбын кэпсиир, санаабын үллэстэр этим. Таҥара накаастаабыта эбитэ дуу, олорбуппут 10 сыл буолла, оҕолоно иликпит. Киһим бастаан холбоһорбутугар сыһыана наһаа үчүгэй этэ. Онтон кэлин миигин дьахтар быһыытынан сэҥээр­бэт буолбутун сүрэхпинэн-быарбынан сэрэйбитим. Кэлин аны кыралаан иһэн кэлэн, санаата алдьаннах буолан, миэхэ илиитин көтөҕөр идэлэммитэ. Хайыамый, испэр кини иннигэр буруйдаах курдук санаммытым. Хаарыан киһини буорту гынан эрэрбиттэн санааҕа ылларар буолбутум. Кини миигиттэн ыраас, сырдык, истиҥ сыһыаны күүппүтүн хойутуу билиммитэ. Мин, дьэ, онно өйдөөбүтүм, урукку сырыыларбыттан кини хайдах курдук дууһа моруута буола сылдьарын. Онон бу 10 сыл тухары кини иннигэр буруйдаах курдук олорон кэллим. Иккиэн тапталбыт күүһэ бэрт буолан эрэ, тулуйсан олоробут. Кини миигин, мин кинини таптыыбын. Ол иһин ыыстыырын-үөҕэрин, охсорун-тэбэрин барытын тулуйан олоробун. Олох диэн, дьэ, уустук эбит. Ону эдэр сылдьан кэмигэр өйдөөбөккө хаалбыппын. Билигин кэлэн кэмсиммитим иһин, хайыыр да кыах суох. Онон кыргыттарга этиэм этэ, мин сыыһабын хатылаамаҥ диэн. Киһилии, сиэрдээхтик олоруҥ! Эркин курдук эрэнэр эр дьоммут, эһиги дьиэ кэргэн тирэҕэ, сирдьитэ, эрэлэ буолаҕыт. Мин эр дьону барыларын биир халыыпка укпаппын эрээри, дьахталларга илиилэрин көтөҕөр эр дьон бэйэлэригэр эрэлэ суохтарыттан итинник быһыыланаллар дии саныыбын. «Эр киһи дьахтарга тоҕо илиитин көтөҕөрүй?» – диэн хас да киһиэхэ ыйытык биэрбиппэр, маннык эппиэттээтилэр. Зинаида Семенова, 60 саастаах: – Мин эдэр сылдьан оннук олоххо олорбутум. Эрим күнүүлээн быһа сытыйан, миигин сорбун сордуура. Интэриэһинэйэ диэн, олох арыгы испэт этэ. Дьэ, ол оннугар илиитин көтөҕөрө. Ол барыта күнүүлээн сордоноруттан тахсара. Хайыамый, кыайан тулуйан олорбокко арахсыбытым. Кырбана-кырбана олоруох кэриэтин арахсыбытым ордук эбит. Эр киһи ойоҕор биирдэ илиитин көтөхтө да, оннук буола турар адьынаттаах. Онон ыал буолуох иннинэ киһиҥ майгытын үчүгэйдик билэн баран, биирдэ ыал буолар ордук.
Ньукулай оҕонньор, 75 саастаах: – Мин эмээхсиммин кытта уһун­нук олорбуппут. Сэгэрим сыыһа таҥа­ра­лаабыта ыраатта. Ааспытын кэннэ тугу кистиэмий, сымнатан эттэххэ, дьарыйа түһэр этим. Тоҕо диэтэххэ, кини миигин куруук тылынан сулуйан тахсар этэ. Тулуйбат этим, сутуруктаан боппуруоһу быһаарар этим. Билигин кэлэн ол бы­һыыбыттан олус кэмсинэбин. Хас биирдиибит бу олоххо букатын олоро кэлбэтэхпит, уларсыкка олоробут. Онон кэлин кэмсиммэт курдук, киһилии сиэр­дээхтик олоруоҕуҥ диэн ыччаттарбар кэс тылбын этэбин. Мария, 45 саастаах, бүддьүөт үлэһитэ: – Кэбиис, мин кэргэмминиин этэҥ­ҥэ үчүгэйдик олоробут. Оҕолорбут улааттылар. Улахан тапталынан холбоспут буоламмыт, кэргэммин кытта сыһыаммыт олус үчүгэй, бэйэ-бэйэбитин сүрдээҕин ытыктаһабыт, «ийэтэ, аҕата» диэн ыҥырсабыт. Ыраас сыһыан – дьоллоох олох мэктиэтэ диэхпин сөп. Оттон бэйэ-бэйэлэрин өй­дөспөтөх, олохторугар сыыһаны-халтыны оҥорбут буоллахтарына, итин­ник быһыыланаллара буолуо. * * * Дьэ, ити курдук бу ыйытыкка дьон санаата атын-атын. Эрдэриттэн кырбана-кырбана олорор дьахталлары киһи эрэ аһынар. Барахсаттар, сорохторо уруу-аймах суоҕуттан эбэтэр кинилэр тымныы сыһыаннарыттан, ханна да барар-кэлэр сирдэрэ суох буолан олороохтууллар. Сорохтор сууттан-сокуонтан, аймахтарыттан эбэтэр оҕолорун туһуттан олуллан арахсыбатах эрээри, дьон хараҕын баайан бииргэ олорооччулар бааллар. Оннук дьон өйдөрө-санаалара тус-туһунан, туохтара барыта ыпсыыта суох буолар, онон оҕолоро ыар эрэйгэ түбэһэллэрэ саарбахтаммат. Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан