Кэпсээ
Войти Регистрация

Бөрөлөрү бултааһын

Главная / Кэпсээн арааһа / Бөрөлөрү бултааһын

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.08.2021 17:17
   Кыһын оройо, ойбоҥҥо уулуу киирэн иһэр бургунас муоһа тосту тоҥор тымныыта үгэннээн турдаҕына, биһиги ыал сарсыардааҥҥы чэйбитин иһэ олордубут. Эмискэ аан тэлэллэ түстэ да, атаһым Бүөтүр туманы өрүкүппүтүнэн киирэн кэллэ. Киирээт, кырыатын тэбэннэ-сахсынна, үтүлүгүн-бэргэһэтин ыйаата уонна аргыый сыыйа дорооболосто, онтон ону-маны кэпсэппэхтээн иһэн эттэ: “Били оҕонньоруҥ илдьит ыытта, бултуур сэбин көрүө этэ, кыыла ыраатан хаалыа, тахсара эбитэ буоллар, чэ, бардын диэбит”.        Бүөтүр түүлүгэр киирэр уһун ньолбуһах сирэйдээх кубаҕай уһун сула оҕонньор илдьитин испэр сэмээр кэтэһэ сылдьыбытым. Онон улаханнык соһуйа истибэтим, буолуохтаах буолбутун курдук санаатым. Тоҕо диэтэххэ, ол сыл сүүрбэччэ бөрө буулаан, элбэх сылгыны тардан – аймалҕан бөҕө. Мин ардай аһыылаах адьырҕаларга тоһуур чааркааннары быраҕан сытыарар кэмим.    Үлэбиттэн мэһэйдэтэн, ол тоһуурдарбын көрбөтөҕүм ырааппыта. Онон хайдах эрэ «илдьит кэлэрэ буолуо» диэн, испэр кэтэһэ сылдьыбытым. Аҥаардас ол сырыыбар үс бөрөнү ылбытым, онтон биирэ урут чааркааҥҥа иҥнэн, үс атахтаах этэ. Үс атахтаах бөрө, урут иҥнэ сылдьыбыт буолан, наһаа сэрэх буолар. Ол сыл аҕыс бөрөнү Баай Байанай бэрсибитэ. Уопсайа үллэр үйэбэр, саллар сааспар бултаабытым тухары хас бөрөнү сууһарбыппын былыргы сиэри-туому тутуһан кэпсээбэппин. Былыргы улахан булчуттар билиҥҥи булчуттар курдук киһиргии-киһиргии «оччону-баччаны өлөрдүбүт-өһөрдүбүт» диэн, эбэн-сабан кэпсээбэттэр. Адьас чугас дьонноругар айахтара аһылыннаҕына кэпсиэхтэрин сөп, ону даҕаны хас да сыл буолан баран. Мырааннаах сиргэ бөрө обургу үөһэнэн мыраан сирэйинэн үрэҕи көрө-көрө айанныыр. Бөрө аргыый мыраан сирэйинэн сиэлэн сикситэн иһэн үрэх көстөр сиригэр сиэри-аһаары үрэххэ туох баарын одуулуур кэмигэр сэрэҕин сүтэрэр. Дьэ, ол кэмҥэ кытаанах сыҥаахтаах тимир чааркааҥҥын иитэҕин. Боростуой чааркааны ыһан кэбиһээччи. Мыраантан түһэн үрэххэ киирэр сирдээх буолааччы. Ыҥыыр атынан үрэх халдьаайы тыатын саҕатынан хаамтаран мыраантан түспүт суолун булан, ону утары суоллаан мыраан тэллэҕэр тахсаҕын. Бөрө халдьаайыны, сыыры түһүүтүгэр түргэтиир, сэрэҕин сүтэрэр. Онно отунан-маһынан күлүктэтэн киирэн, маска сөрүөстэн туран чааркааҥҥын иитэҕин. Суолгун кичэйэн көмөҕүн уонна өссө суолун үрдүгэр тиит көмнөҕүн түһэрэҕин.    Бөрө булда элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр, ыыра киэҥ буолан, таҕыстаргын эрэ сонно бултаабаккын. Аллаах атынан киэҥ сири тэлэһийэ хаамтарыахтааххын, аны чааркааҥҥын олус мындырдаан, сыккын-сымаргын хаалларбакка ииттэххинэ табыллар. Тэрилгин бөрө олугар хаһан уураҕын, кылыыта көстөр да буолуон сөп. Сыа хаар, кэмэ кэллэҕинэ, саба түһэр. Кылыыта үөһэ буоллаҕына, төһө да хаар түстэҕинэ, бөрө ый да буолан кэллэҕинэ, ыйааһына ыарахан буолан, чааркааны эһэр. Ардай аһыылааҕы бултуур – бу өркөн өй илин-кэлин түсүһүүтэ. Бу сырыыга сыыһа харбаттаххына, кэлэр сырыыга оннук сыыһаны оҥорбот буола сатыыгын. Адьырҕа мындыр булчукка бэйэтэ ыйан-кэрдэн биэрэр, ону өйдөөн-дьүүллээн, сэрэйэн дьаһаныаххын эрэ наада. Дьаныардаах, тулуурдаах, бултуурга баҕалаах буоллаххына, аар тайҕа үйэлэргэ ууран сыппыт чып кистэлэҥин сыыйа эйиэхэ эрэ арыйыа. Бэйэҕин булт абылаҥар көстүбэт ситиминэн ыбылы тардыа, иккис имэҥ буолан сүрэххин өрүкүтүө, хааҥҥын оргутуо.   Муҥур Хатыҥҥа      Биирдэ сааһыары кыһын Муҥур Хатыҥҥа ардай аһыылаахтар буулааннар, аймалҕаны тоҕо тарпыттара. Мин атынан тиийэн, онно хас да чааркааны үрэххэ киирэр сирдэригэр сиэри-туому тутуһан уурбутум. Үлэбиттэн тардыллан өр кэмҥэ көрө барбатым.    Биирдэ бултуур түүлү көрөөт, илиҥҥи саҕах айа кылыыта суһуктуйуута айаҥҥа туруннум. Аллаах аппынан өр гыныам дуо, балтараа көстөөх сири халлаан сырдыыта айаннатан батыгыратан Муҥур Хатыҥҥа тиийдим.    Аппын аллара, мыраан анныгар, тииккэ көнтөһүттэн эрийэ тардаат, олугум устун тоҥуу хаары кэһэн, аҕылаан-мэҥилээн мырааны дабайдым. Арай ол истэхпинэ, кэннибэр сөҥ куоластаах киһи көхсүн этиттэ. Мин бултаары гыннахпына, итинник гыналларын билэбин, ол иһин соһуйбатым-өмүрбэтим, хата, испэр үөрэ санаатым, «Баай Байанай чугас сылдьар» диэн. Биир аарыма ардай аһыылаах адьырҕа чааркааммын бөлүүн илдьэ барбыт, кыраһаҕа суола бу дыргыйа сытар, мин үөрэн күлүкпэр имнэнэн кэбистим. Мас кэрдэн тыаһы-ууһу таһаарбат инниттэн, чэҥкээйибин суон тимири үс салаа тордуохтаан, дьиэбэр олорон бэлэмнээн таһаарбытым. Мас кэртэххэ, чугас баар буоллахтарына, кэлэн чинчийэн ырыҥалаан барааччылар. Тимир чэҥкээйим сотору-сотору титириккэ иҥнэр эбит, ону киһи сототунааҕар суон тоҥ үөл титириги биирдэ хампы ыстаан кэбиһэр эбит. Сүрдээх абытай сыҥаах, тиис, күүс-уох. Дьэ, оннук суолун солоон барбахтаан иһэн, эмискэ чэҥкээйини соһон тарыырдаабыт суола сүтэн хаалла. Мин соһуйан, мах бэрдэрэн хааллым, сүүспэр бытыгыраан тахсар көлөһүммүн үтүлүгүм көхсүнэн туора сотто-сотто, кыламаным кырыа буолан мууһурбутун тарбахпынан тонуу-тонуу көрө сатыыбын да, тимир чэҥкээйим ханна да суох. Онтон өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, бөрөм чэҥкээйитин туора ытырбыт. Мин бөрө өйүттэн сары диэн салынным, бэри диэн бэркиһээтим. Аарыма бөрө обургу чэҥкээйим тимиригэр тылын хаарыйтара-хаарыйтара туора уобан баран, үрэх диэки бэрт холкутук сүүрэн кутуруга субуруйа турбут. Мин көлөһүн-балаһын аллан аппар сүүрэн киирдим, аппын төлө тардаат, быһа кымньыылаан кэбистим, дьагдьайа турбут аллаах атым барахсан, иҥэрсийэ түһээт, туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистэ.    Аарыма адьырҕа, кини да буоллар, тылын тимиргэ хаарыйтаран, ыксаан, хаан буолбут чэҥкээйитин хаарга ууран сынньанар эбит. Онтон тыын ылан баран, суол диэки тоҥуу хаарынан сүүрэн батыччахтыыр. Суолга киирэн, суолун бутуйан, куотар санаалаах, бу өйүн-мэйиитин көр. Атым барахсан булка сылдьа үөрэхтээх буолан, бөрө суолун устун оту-маһы тоһуйан барчалыы-барчалыы ойон истэ. Дьэ, оннук эккирэтэн тибии типпит бааһынатыгар киирдибит. Адьырҕа, кини да бэйэлээх буоллар, мөлтүү быһыытыйда, киһи хараҕын далыгар көстөр буолла, ыарахан чэҥкээйини ытыран иһэр сыанан-арыынан аҕаабата чахчы. Тибии типпит хомураҕар киирэн, батарыта түһэн, биллэрдик мөлтөөтө. Ол кэмҥэ атынан ыкса сүүрэн киирдим, аппыттан ойон түстүм уонна улахан буулдьа саабынан ытан кууһуннардым. Буулдьам кыылым үрдүнэн түһэн, хаары бурҕас гыннарда, адьырҕа тохтуу биэрэн эргилиннэ ээ. Дьэ, сытыы сирэй-харах, уоттаах хараҕынан сабыччы көрөн, нүһэр көстүү. Мин салла быһыытыйдым, этим саласта да, чааркааннаах адьырҕаттан тоҕо куттаныахпыный. Ол гынан баран, уолҕамчы бардам санаабар, наһаа чугас атынан астаран кэлбиппин кэмсинэ санаатым. Оннук балайда утарыта көрсөн турдубут, хаста да дьүккүк гынан ойуон санаталаан баран, кини да буоллар, саллан, чааркааннаах чэҥкээйитэ да мэһэйдиир буоллаҕа, ыстаммата. Эргиллэ түһээт, сүүрэн кууһуннарда, мин батыһыннара ытан хабылыннардым. Адьырҕа аарымата табыллан, өрө кулахачыйа түстэ. Дьэ, кырдьык, ол аарыма адьырҕа этэ.    Дьиэҕэ киллэрэн сүлэн тириитин ити өһүөҕэ тумсуттан иилбиппит, кутуруга сиргэ соһуллар этэ. Булпун аппар төргүүлэнэн, үөрэн-көтөн төннөн иһэн, тэйиччи соҕус баар тоһуурум диэки аппын быһа кымньыылаан кэбистим. Син балайда айаннатан дибдитэн тиийбитим, биир кыра соҕус тыһы бөрө иҥнэн өрө холоруктуу олорор. Суолуттан-ииһиттэн көрдөххө, иҥнибитэ ырааппыт да, өрө холоруктаан, күүһэ-уоҕа абытай. Мин муодаргыы санаатым, итиччэ өр олорон баран туох ааттаах сындалыйбат сындааһыннаах элэйбэт иҥиирдээх кыылый диэн. Ырбыт-дьүдьэйбит дьүһүнэ суох, хата, бэйэбэр да саба түһүөхтүү дьүһүлэнэр. Тулатынааҕы оту-маһы хайыта-тоҕута ыстаан бараабыт, тоҥуу хаары хара сиригэр диэри тоҕута тибилийбит, хара буорунан көрдөрбүт. Аргыый наллаан тула хаама сылдьан сыныйан көөртүм, атастара ас таһан аһаталлар эбит. Тула өттө тайах чоҥкута, уҥуоҕа, куобах сэмнэҕэ ыһылла сытар. Адьырҕа кыыллар бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөрүн көрөн, бэри диэн бэркиһээтим. Бу барахсаттар өйдөрүн-мэйиилэрин, атастара алдьархайга түбэспитигэр ыйы быһа ас таһан аһаппыттар. Кэнники тириитин таҥастыы сылдьан көрбүтүм, туллук курдук мөкүнүччү сыа тастаах этэ.    Уоран-талаан, Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттары кыа хааннарынан уһуннара сылдьан, үтэһэтэ туолан, тимир чааркааҥҥа атаҕын ыбылы ылларан, барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан өрө холоруктуу олорбута. Уоттаах харахтара өс-саас уотунан умайан, нүһэрдик сабыччы көрөн турбута. Мин сыыһа туттан булду эрэйдээбэт баҕаттан уһуннук наллаан кулгааҕын төрдүнэн хоолдьуга буолаарай диэн, сыыйа чыыбыспын тардан кэбистим. Дьылҕа хаан кини туһугар мүччүрүйбэт кытаанах оҥоһуута бу тирээн кэлбитин сэрэйэн, сирэйин кистии туора тутан биэртэ. Хаһан да булду сирэйгэ ытар улахан аньыы, булт сиэригэр-туомугар баппат быһыы. Ол саанан ытан аар тайҕа иһийэн турбут нуурал чуумпутун аймыам иннинэ, атым, Дьөһөгөй оҕото, таныытын тардырҕата-тардырҕата өрө холоруктаата. Туохтан эрэ тэһииркээн, кулгааҕын чөрбөҥнөтөр. Булпун эмиэ төргүүлэнэн, аппын сиэтэн мааҕын тахсыбыт суолбунан түһэн истэхпинэ, арай суолбун туох эрэ суола быһа ньырыыспайдаан ааспыт, онтон өйдөөн көрбүтүм, икки адьырҕа миэхэ үөмпүттэр. Мин этим сааһа аһыллан дьар гынна, нохтолоох тойон сүрэҕим толугуруу мөҕүстэ. Саабын бэлэм тутан суоллаатым. Онно көрбүтүм, миигин кэннибиттэн сыылан кэлэннэр биир баараҕай тиит кэннигэр хорҕойбуттар. Ол сыылан иһэннэр, кинилэр обургулар да буоллар, саллан, оҕус ииктээбитин курдук эрийэ-буруйа ииктии-ииктии, аҕыйах ойуу сиргэ саспыттар. Хаста да ойоору дугдуҥнаан баран, саллан дуу, мин Иэйэхситим эҥээрдэһэн дуу, саба түспэтэхтэр. Онтон саа тыаһыттан соһуйан, үрэх диэки ойбуттар. Хап-сабар аппар хатана түһээт, дьиэм диэки ойута турдум. Адьырҕалар, куоттарбыт кыһыыларыгар, улуйа-улуйа дэриэбинэ уоттара кылахачыһан көстөр буолуохтарыгар диэри батыспыттара. Итини этэн эрдэхтэрэ, уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах диэн.   Е. Картузов. “Гурий Турантаев - Бороҕон оҕонньор” кинигэттэн.
kyym.ru сайтан