Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьылҕам суол ыйан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьылҕам суол ыйан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
13.03.2018 17:40
“Киһи барахсан Орто туруу-бараан дойдуга олох олоро кэлиитэ, этэллэрин курдук, барыта үөһэттэн ананан, хас биирдии хардыыта кээмэйдэнэн кэлэр” диэни итэҕэйиэх курдукпун. Хайдах эрэ, баҕарбатаргын даҕаны, сөбүлэһиэх санааҥ кэлэр. Ону бэйэм олохпор тэҥнии саныыбын. Дьэ, ол туһунан тус олохпуттан, дьылҕам хайдах саҕаламмытыттан кэпсиэхпин баҕарабын. Кэргэним барахсан баарыгар: “Онно-манна суруйан ыытыаххын”, – диэхтиирэ. 1942 сыллаахха сэрии үгэннээн турдаҕына, 4 саастаах эрдэхпинэ, сэттэ киһилээх ньир бааччы ыалтан аҕабыт өлөн, суй-сай буолбуппут. Сүөһүбүт-аспыт эстэн, икки кыыс оҕону кытта ийэм биһикки эрэ хаалбыппыт. Ийэм төрдө, дьоно-сэргэтэ, аймахтара маар күөллэр. Саас от-мас бытыгыраан турар кэмэ этэ. Оччолорго аччыктааһын, хоргуйан өлүү муҥутаан турар кэмэ эбитэ үһү. Ийэм эрэйдээх туох эмэ аһыыр, айахха уга түһэр көстөөрөй диэн, дьонугар бараахтаабыт, онон икки эдьиийбин кытта кураанах хотонноох балаҕаҥҥа хаалбыппыт. Эдьиийдэрим барахсаттар аччыктаан, төһө да нэһиилэ иэҕэҥнэһэ сырытталлар, ол саас дөлүһүөннээн, уҥуохтаах отонноон, сардааналаан, бүлүүһэ түгэҕэр уура түһэн, аһатан сордоноллоро. Кинилэр түүн төһөҕө кэлэллэрин, утуйалларын, сарсыарда төһөҕө туран туос аччык баралларын отой өйдөөбөппүн. Дьиэҕэ киһи айаҕар уктара туох да суоҕа, аан бүрүөтэ тирии, быа-туһах диэн бүппүтэ, оннооҕор этэрбэс уллуҥа, оһо даҕаны ордубатах этэ. Дьэ, дьикти... Ол күнү, сарсыарданы субу бүгүҥҥү курдук ыраастык, чуолкайдык, бары ымпыгын-чымпыгын өйдүүр, саныыр эбиппин. Сөп даҕаны, өлөр-хаалар күн-чаас үтэн-анньан турдаҕына, ким эрэ улаханнык ааттаммат, көстүбэт күүс үтэн, өйөөн сырыттаҕа буолуо... * * * Дьэ, ол маннык: сааскы бэс ыйын чэмэлкэй күннээх сарсыардата этэ. Куобах суорҕаҥҥа, кус түүтэ бэриинэҕэ дьоп түһэн, утуйан баран, уһуктан, тулабын көрө сыттахпына, туруорбах балаҕан эркинин быыһынан күн уота тыган, дьиэ буор муостатыгар уһун синньигэс дьурааалары түһэрэн турара. Ону дьиктиргээн, туран сөмүйэбинэн булкуйан оонньуу түспүтүм уонна тоҥон, оһох холумтаныгар сүүрэн тахсан, оһох күлүн булкуйан көрбүтүм. Чоҕо сууланан сыппытын тарыйан баран, оһох кэнниттэн эдьиийдэрим бэлэмнээбит хаппыт мутуктарын хомуйан чоххо быраҕыталаабытым умайан тахсыбыта. Онтон тугу эрэ булан сиэбит киһи диэн санаалаах кураанах уоту көрөн олорбохтуу түһэн баран, таһырдьа тахсаары ааны баран анньан көрбүтүм, лигиччи баттатыылаах турар. Дьиэҕэ ону-маны көрө сатыы сырыттым, киһи сиэҕэ туох да суох. Санаам барыта тугу эмэ булан айахха укпут киһи диэн. Син хоп курдук ыскаап турарын аһыталаан көрө сатаатым. Иһиттэр бааллар, ордук сэргээбитим кытыылара кып-кылабачыгас бүүрүктээх чааскылар, бүлүүһэлэр, чэй сойутара уонна абырах бөҕөлөөх ыстакааннар бааллар эбит. Син балай эмэ элбэх иһит-хомуос баарын көрдүм. Киһи сиэҕэ туох да суох. Онтон хотонунан киирэр ааны анньан көрбүтүм, эмиэ аһыллыбат этэ. Ити – миигин таһырдьа тахсан мэнээк барыа диэн, эдьиийдэрим барахсаттар ааны маһынан баттатан, дьиэбэр хаайар быһыылара этэ. Ону уруккуттан даҕаны билэбин. Онтон ону-маны өҥөлдьүйэн көрө сылдьан, кураанах мас уһаат иһигэр хаппыт куобах тириитэ сытарын булан
ылан “маны үтэн сиэххэ” диэн санаа киирдэ. Умайа турар уоппар бырахпытым, туох даҕаны хаалбакка умайан “күлүм” гынан хаалбыта. Хомойон, хоргутан, чохчойон олорон уоппар иттэ сатаабытым. Сылааска бигэнэн утуктаан барбытым. Онтон сүүрэн түһэн эмиэ суорҕаным анныгар киирбитим да сүр минньигэстик утуйан суккураан барбытым. Арай биирдэ истибитим, туох эрэ хачыгырыыр, дьиэм иһэ ыыс быдаан буруо, тумнаста сыһа-сыһа булумахтаныы буолла, ааны анньан көрбүтүм, кыбыс-кытаанах. Ону, били, эдьиийдэрим баттатан баралларын санаан, тумнастан, нэһиилэ тыын ыла-ыла, хотон диэки сүүрэн эрэрим... * * * Онтон биирдэ өйдөөбүтүм, көлүйэ аттыгар, мас анныгар сыгынньах, суорҕан тэллэхтэнэн сытар эбиппин. Тыас тыаһа куп-куугунас, бап-бачыгырас. Мас кэнниттэн быган көрө түспүтүм, хотонноох балаҕаным кып-кыһыл уотунан кытыаста тураллара... Арай ыксабар ким эрэ саҥарбытыгар көрө түспүтүм, кыыс оҕолоох дьахтар кэлэн тураллар эбит. Миигин “чэ, тоойуом, тур, бардыбыт” диэн, өрө тардан туруордулар. Онтон кэлин биллэхпинэ, ыалбыт – саҥаһым аах – кэлэн булбуттар эбит. Ити ыалга тиийэн тугу аһаабыппын, утуйбуппун-олорбуппун, ийэм төһөҕө ылбытын, онтон ханна барбыппын отой өйдөөбөппүн. Кэлин, ийэм кэпсииринэн, ити – Маар Күөлтэн кэлбит кэммит, онтон дьиҥнээх сордоох-муҥнаах, быстыы-ойдуу сылларын саҕаланыыта буолбут эбит. Ол кыһыныгар эдьиийдэрим барахсаттар хоргуйан өлөөхтөөбүттэрэ... Көстөн турар өлүүттэн ити тахсарбар куобах баттаҕа истээх суорҕаны уонна өссө ийэм кылгас сонун соһон илдьэ тахсыбыппын. Ону ийэм: “Аччык дьылга ити таҥастарынан хаххаланан тыыннаах ордубутум”,– диэхтиирэ. Дьиктитэ диэн, тоҕо эрэ ити күн бары ымпыга-чымпыга өйүм дуомугар чуолкайдык хатанан хаалбыта буолар. Ол кэннэ туох эмэ бэлиэ күнү өйдүүр-саныыр кыах суох... Кэлин санаатахпына, ол үлүгэрдээх өлүүттэн хотон түннүгүнэн тахсыбыт буолуохпун сөп быһыылаах. Дьиэ, хотон ааннара баттатыллан турдахтара дии, ону туох өй уган, соһон эбэтэр сиэтэн таһаарбыта таабырын... Ол иһин кэлин сорох мээнэ тыллаах дьон “бу уолу абааһы сиэтэн таһаарбыта буолуо” эбэтэр “күтүр өстөөх өлбөт үөстээх дууһа быһыылаах” дииллэрэ, аһынар санаалаахтар да бааллара. Кырдьык даҕаны, баара-суоҕа түөрт саастаах, аччык, ырыган, сэниэтэ-мэрэ суох оҕо сордоох хантан ылбыт толкуйунан, сэниэтинэн дьиҥнээх, субу өҥөйөн турар өлөр өлүүттэн быыһанар суолу чопчу тобулбутун билигин санаан көрдөххө, киһи сөҕөр, этиҥ тымныйар курдук. Ол иһин Орто туруу-бараан дойду буорун сэттэ уонтан тахса сыл бааһырдар аналлаах, оҕо-уруу тэнитэр дьылҕалаах, ыйаахтаах эбит буоллаҕым дуу. * * * Мантан салгыы мин кэпсиирим тыыннаах туоһута Сергеева Варвара Яковлевна ахтыытын суруйтарбытыттан киллэрэбин: “Урукку 3 Бордоҥ нэһилиэгэр Сталин аатынан холкуос сиригэр (билигин Түбэ диэн ааттанар) Уһун Сэргэйдэр диэн аҕа ууһа Чуорах Сайылыга диэн сиргэ үс уруу-аймах ыаллар буолан олорбуппут. Аҕам Сергеев Яков Саввич, ийэм Аачыка диэн этилэр. Биһиги таспытыгар Корниловтар (эмиэ Сергеевтэр) диэн ыаллар бааллара, ити кэмҥэ көспүттэр. Биһигиттэн хоту диэки аймахтарбыт Сергеев Василий Гаврильевичтаах, кэргэнэ Өксүүнньэ Маар Күөлтэн сүктэн
кэлбит. Оҕолоро: Прокопий, Алексей, Анна, Огдооччуйа, кыра уоллара Сэмэн – бааллара. Улахан кыыстара Мотурууна Маар Күөлгэ ыалга иитиллэ сылдьара, онон суоҕа. Икки уол 3 Бордоҥ 4 кыл. оскуолатын кэнниттэн Элгээйигэ үөрэнэ сылдьаллара, эмиэ суохтара. Ити сайын олус итии, самыыр түспэт, сир-дойду үлтү хатан, кураан бөҕө сатыылаан турара.” Биһиги: эбэм, аҕам, ийэм, мин – баарбыт. Сааһым 5 дуу, 6 дуу быһыылааҕым. Онон 2 ыалынан икки оҕо баарбыт. Мин Сэмэн дьиэтигэр баарын билэр буоламмын, оонньуу түһээри тахсыбытым, дьиэтэ силлэһэ турар хотонунуун дүлүҥүнэн баттатыллан тураллара, онон төннүбүтүм. Ити мин даҕаны, Сэмэн даҕаны кыайан аспат этибит, онон арыт хотон түннүгүнэн киирэн оонньуу түһэн тахсарым. Биир күн ийэм биһикки дьиэҕэ туттарга уу баһа киирэн испиппит. Арай Сэмэннээх дьиэлэрэ умайа турар эбит. Уу баһар сирбитигэр тиийэн истэхпитинэ, итии салгын саба биэрбитэ, мантан Сэмэннээх дьиэлэрэ сүүсчэкэ хаамыы турара. Мин ийэбэр: “Сэмэн дьиэтигэр соҕотох этэ”, – диэтим, онуоха ийэм тутан иһэр иһиттэрин ыһыктан кэбиспитэ, мин эмиэ. Дулҕа быыһынан хара хоруо суолга ыстанан түһэбит, онтубут оҕобут дулҕа быыһыгар, өкөр тиит анныгар куобах баттаҕа суорҕаны тэлгэнэн, кыра сону саптан, сыгынньах кылаллан сытар эбит. Оҕобутун дьиэбитигэр илдьэн, аһатан баран утуппуппут, “хата, уокка былдьамматах” диэн үөрдэхпит дии. Онтон ийэтэ уонна эдьиийэ Огдооччуйа эмээхсин кэлбиттэрэ. Кыргыттар ийэлэрэ суоҕар сири кэрийэн кур отон, дөлүһүөн, сардаана, көрдүү бараахтыыллара. Ол кэмҥэ соҕотох хаалан, аччыктаан, тоҥон оһох отто сатаабыта эбитэ дуу, эбэтэр испиискэ булан умата сатаан уоту ыыппыта дуу... Сэмэннээх туруорбах балаҕаннара улахан соҕус сыһыары хотонноох, саах сыбахтаах этэ, онтон кыым ыстанан уот бардаҕа. Сэмэн аҕата, абаҕам, маһы хайытан собо, мунду тууларын өрөр дьарыктаах этэ. Суол кытыытыгар тиит мастар бысталанан сыталларын аҕам “абаҕаҥ туу оҥорор мастара” диэбитэ. Биһиги аймах чугастааҕы күөллэрбит Ааллаах, Даркылаах диэн балыктаах күөллэр бааллара. Онно дьонум туулуур этилэр. Мин сэрии буолбут иккис сылыгар оскуолаҕа киирбитим, онон Сэмэнтэн 4-5 сыл аҕа буолуохтаахпын. Сэмэн тыыннаах хаалар дьылҕатыгар хотон түннүгүнэн киирэргэ-тахсарга үөрэтэн мин “таҥара” буолбут быһыылаахпын. Билигин толкуйдуу, мунаара саныыбын ээ, тоҕо ити оҕолор эһэлэрин, эбэлэрин, эдьиийдэрин аахха барбатахтара эбитэй, чугас да соҕус олорор этилэр ээ Бэс диэн сиргэ. Дьэ, ити эдьиийим барахсаҥҥа – Варвара Яковлевнаҕа үйэм тухары төлөммөт иэстээх, муҥура суох махталлаах олордоҕум бу. С.Сергеев, Сунтаар Элгээйи, Толоон.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан