Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыы үөскэ тала­һар

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыы үөскэ тала­һар

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
12.03.2018 17:44
Үгүс ыалдьыты ытыс үрдүгэр тү­һэрэн ылардыы, сибэкки сытынан дыргыйбыт, сайыҥҥылыы киэргэм­мит Дьокуускай куораппытыгар үөрэх­хэ туттарсааччы, туттарсар оҕону аһатааччы-көрөөччү, уоппускатыгар дьаарбайааччы, муораҕа сынньана ааһааччы, муораттан харааран кэлээччи, харчылаһа түһээччи диэн араас үтүө кыһалҕалаахтар сарсыардаттан саҕалаан тиритэллэр-хоруталлар. Сороҕор оптуобуска лыык курдук симиллэн, арыт сөрүүнүнэн үрэр массыынаҕа олорсон, күннээҕи түбүктэрэ тугу сипсийэринэн, киэһэ буолбутун билбэккэ да хаалаллар. Кинилэр ортолоругар мэдиссиинэ кыһатыгар үөрэнэр устудьуон кыыс, идэтин ымпыгын-чымпыгын билээри, уйа туттар ийэ чыычаахтыы түбүгүрэр. – Ханнык көстүүммүн кэтэбин? Кыһыллааҕын дуу, маҥана ордук дуу? – Ая үлэлии барарыгар кэтэр куурбут таҥаһын сыымайдаан, дьүөгэтиттэн ыйытар. – Иккиэннэрэ үчүгэйдэр, эн курдук синньигэһим буоллар, ыйыппакка да кэтэн иһиэм этэ, – минньигэһи сөбүлээн мотуйар Катя, тэриэлкэтигэр мүөттээх туортан обургу өлүүнү ойо тутан ылан, иккиттэн биири талар уустук ыйытыкка улаханнык кыттыспата. – Быраас буолбатаҕым үчүгэй да эби-ит! Сууй да сууй, өтүүктээ да өтүүктээ. Үөрэн да үөрэн, сүүр да сүүр. Мин аргыый аҕайдык утуйан туран, уон чааска маҕаһыыммар тиийэбин, баартыкпын баанабын уонна сакалаат-кэмпиэт атыылыыбы-ыын. – Үчүгэй дии, Катя. Чэ, маҥана буоллун! Бүгүн стоматологиябар барабын, түүҥҥү дьуһуурустуба. Онтон поликлиникаҕа сиэстэрэни солбуйа кэл диэбиттэрэ, онно ити кыһыллаахпын кэтиэм, – диэт, үҥкүүлүүр курдук туттан ылла. Ая төрөппүттэрэ – быраастар. Ийэтэ улуус балыыһатыгар оҕо Орто дойдуга оройунан түһэригэр күүс-көмө буолар, оттон аҕата – хирург. Кыыс бэйэтэ, саҥаттан саҥа салааны дириҥэтэн үөрэттэҕинэ, сонургуура, ылларара өссө улаатар. Оскуола эрдэхтэн киһи этигэр-хааныгар мэйии уонна сүрэх үлэтин, дьайыытын сэҥээрэр. Бииртэн биир үрдүкү кууруска дабайан истэҕин аайы, сүрэх бырааһын судургута суох суолун тутуһара чопчуланан иһэр. Кини маннык идэни чугастык санаабыта соһуччу буолбатах этэ. Биир өттүнэн, дьоно доруобуйа харыстабылыгар үлэлииллэрэ. Иккиһинэн, Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамааныгар Микиитэҕэ Даарыйа эмээхсин баарын курдук, ийэлээх аҕата түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлии сылдьар кэмнэригэр, киниэхэ доҕор-атас буолар күндү киһитэ – эбэтэ буолбута. Тибет кырдьаҕастарын санатар хачаайы эрээри, олоххо туохха да тэҥнэммэт күүстээх тапталы иҥэриммит Татыйыына соҕотох сиэнигэр билэрин-билбэтин кэпсии, сүбэлии-амалыы, оҕото толкуйдаан таһаарбытын, бүппэт ыйытыытын сэҥээрэ сылдьара. Кырдьаҕас киһини кытта алтыспыт оҕо кыра эрдэҕиттэн боччумнаах буолар, саастаах дьону ытыктыы улаатар эбит. Бастаан утаа Ая дьонун сайыһан, хараҕын уута болуоссат ортотугар баар пантаан курдук өрө ыһылла-ыһылла ытыыра быһыылааҕа. Онуоха эбэтэ «таптыыр дьоҥҥун, төһө да куруук аттыгар буолалларын баҕарбытыҥ иһин, бэйэҕиттэн араара, ыыта үөрэниэхтээххин» диэн курдук, быһа холоон быһаардаҕа буолуо – уоскуйбута, аан таһыгар чааһы-чааһынан уу-хаар баһара тохтообута. «Үтүөнү баҕарар буоллаххына, кими да туппаккын, киһи барыта анаммыт суоллаах, ханна эрэ бииргэ буолар кэмнээххин, ханна – эрэ тус-туһунан» диэн тыллааҕа. Идэ, үлэ, олох туһунан сэлэстэхтэринэ, эбэтэ: «Киһи бу сиргэ дьоллоох буолаары кэлэр», – диирэ. Чахчыта да оннук ээ. Таптал, ыал буолуу,
оҕо кэнниттэн киһи үксэ үлэттэн дьоллонор. «Үлэ киһини киэргэтэр» диэн өс хоһооно баарын Ая быыкаа эрдэҕиттэн билэр. «Үлэҕиттэн дуоһуйуохтааххын, үөрэ-үөрэ үлэлиэхтээххин» диэни кини эмиэ Татыйыынатыттан истибитэ. Эбэтэ эдэр эрдэҕиттэн үүнээйи олордуутугар үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыт. Күн ойорун кытта, туран хамсанан барара. Чэрдээх ытыһыгар бытархай сиэмэлэри туппута – киһи көтөҕөрүгэр да ыарахан ыйааһыннана кииллийэр хаппыыста буолан үүнэн тахсара. Татыйыына, туораттан да көрөөччү умсугуйан, кыттыһан барыан курдук, ханнык баҕарар үлэҕэ ураты сыһыаннаах буолара. Кыра кыысчаан үлэ дьоҥҥо туһалыахтааҕын, түбүгүҥ бу сиргэ үөрүүнү аҕаллаҕына, тус бэйэҥ таһынан дьалкыйа сылдьар кымыстаах чороон курдук толору дьоллоноҕун эбит диэн көрө-билэ улааппыта. Ол иһин биирдэ: «Эбээ, мин быраас буолабын», – диэн бигэтик эппитэ. * * * – Ардахтаах да күннэр, дии, Ая! – дьүөгэ кыыс суончугун суулуу туппутунан киирэн кэлбитэ, туох сонуннааҕын ыйыта-ыйыта, атыылаһан кэлбит аһын хостообута. – Түүннэри ыаҕастаах уунан кутта дии, дьэ. Арба даҕаны, ол курулас ардах ортотунан биир оҕонньор тииһэ ыалдьан киирэ сырытта, сарсыардааҥҥа диэри эмтээтибит, махтанан бөҕө. Наһаа маладьыас сиэннээх эбит, арыаллыы сылдьар. Бэйэм эбэбин санаатым, хата, – Ая куолаһыгар ахтылҕан иһиллэн ааспыта. – Кырасыабай дуу? – Ким? Оҕонньор да? – Оо дьэ, бүт эрэ! Уол! – Аа, – кыргыттар тэҥҥэ күлсэ түспүттэрэ. – Уол диэ, уол кырасыабай, – дии-дии, Ая кыбыстыбытын биллэримээри хараҕын кистээн, сууйбут черешнятыттан биир-биир ылан сии турбута. Ол уол «эһэбэр эмин биэрэрбэр уонна туох эмэ ыйытыылаах түгэммэр эн сүбэҥ олус туһалаах буолуо этэ» диэн матыыптаан, кыыс төлөпүөнүн нүөмэрин ылбытын Ая дьүөгэтигэр ситэ кэпсээбэккэ хаалбыта. Катя дьээбэлэниэх буолан иһэн, сарсыҥҥытын өйдөөн, көрдөһүүлээх буолан биэрбитэ: – Ая, сарсын өрүүр күнүҥ дии? Баһаалыста-баһаалыста, миигин солбуйууй... – Уо-ай, кэмпиэттэргэ дуо? – Ая туох диэҕин булумуна, атыыһыттыы турарын ойуулаан көрөн, манна диэн эттэххэ, атыҥыраабыта. Онтон, суруйсар уола киинэҕэ ыҥырбытын, ол улахан долгутуулаах түгэҥҥэ ох курдук оҥостон тиийиллиэхтээҕин, баттах, тыҥырах оҥоһуллуохтааҕын, эбиитин маҕаһыыҥҥа таарыйан ааһыахтааҕын билэн, хайыай, сөбүлэһэригэр тиийбитэ. * * * Кэмпиэт, сакалаат лааппытыгар кэлэн, Катя солбук үлэһитигэр ыйан-кэрдэн, барытын көрдөрөн биэрбитэ. Улахан уочарат суоҕа. Ая, хата, утуктуу сыспыта. Онтон, үлэ чааһа бүтүүтэ, биир дуоспуруннаахтык туттубут, килиэккэ ырбаахылаах, саастаах киһи кэлэн, син ботуччу атыыласпыта. Ээ, ити тииһин эмтэтэн, бэркэ сэргэхсийэ түспүт оҕонньорбут дии! Кыыс билэр киһитин көрсүбүттүү, истиҥник эйэргээн эҕэрдэлээбитэ. Атыылаһааччыта буоллаҕына соччо аахайбатахтык туттубут көрүҥнээҕэ эрээри, харчы төлүү туран, туох эрэ толкуйугар түспүттүү, кыыһы тонолуппакка көрбүтэ-истибитэ. * * * – Варвара Христофоровна, анаалыстар түмүктэрин сааһылаатым, наадалаах кумааҕылары толордум, анал лиистэри бэлэмнээтим, – диэн кыыс настаабынньыгар мичээрдээбитэ. – Сөп, сөп, тоойуом, барыаххын сөп, Ая. Оҕом үлэбин чэпчэттэххин көр эрэ! Сиэстэрэм тахсыар диэри соҕотох олоруохтаах киһини
абыраатыҥ аҕай бу ыйга, – диэн үөрэрин биллэрбитэ. Киһи атын киһиэхэ туһалыырын билэрэ, астыммыт быһыыттан кынаттанара сырдык эрэ тыыннаах. Ая ыарыһахтарын ийэлии чугастык ылынан көрөр, эдэри кытта – эдэр, эмэни кытта эмэн буолар киһитигэр махтаммыта. – Киирдиннэр диэн этэн аас, – дии хаалбыта бырааһа. * * * – Дорообо, Баһылай Уйбааныс! Киир, олор, хайа, миэхэ туохха кэллиҥ? – Дорообо! Туох диэм эбитэ буолла, хм.. сүрэҕим хам ылар түгэннэрдээх. Ол гынан баран, арааһа, психотерапевт диэннэригэр суруйтарарым эмиэ оруннаах буолара дуу?.. – оҕонньор бэйэтигэр этэрэ, быраастан сүбэлэтэрэ соччо өйдөммөт курдуга. – Тоҕо, доҕоор? – саллар сааһын тухары бу поликлиникаҕа үлэлээн кэлбит Балбаара Киристэпиэрэбинэтэ, бэйэтин учаастагын убаастанар киһитин уруккуттан бэркэ билэрин быһыытынан, соһуйбучча, унаарыппыта. – Бэйи, ити тиис ылларыахпыттан куруук тиис бырааһын көмөлөһөөччү кыыһа харахпар көстөр буолла ээ. Тугун дьээбэтэй, – диэн, Баһылай Уйбааныс саннын үрдүнэн хостон тахсан барбыт кыыһы батыһа, аан диэки хайыһан олорбута. – Сиэннэрим кэлэллэригэр куруук сылдьар чугастааҕы лааппыбар тахсыбыппар, атыыһыт кыыһым эмиэ ити кыыс курдук дьүһүн кубулуйбут этэ. Аны бүгүн... Оо, Баһылай Уйбааныс, Баһылай Уйбааныс. Абытай ыарыыны уҕарыппыт, ол ардахтаах түүн быыһал-абырал буолбут, чороон курдук чочуллубут, курбуу курдук уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх кыыһы эн такайан улаатыннарбыт тапталлаах сиэниҥ Айхал эһиилги биир чаҕылхай сайыҥҥы күн дьиэҕэр «билиһиннэрэ, көрдөрө» диэн сиэтэн киллэриэҕин билиҥҥитэ билбэккэ олороҕун ээ. Бүгүн, психотерапевка дураһыйа санаабыт күҥҥэр, от күөх «Эскудоҥ» ыраахтан сымсатык сүүрэн, түннүк анныгар тохтообута. Эдэр дьоҥҥо эрэ иһиллэрдик биигинээн ылбыта. Кыыс сирэйэ таас нөҥүө көстөн ылаатын кытта, массыына уота сандаарыйа чаҕылыҥнаабыта. Сүрэхтэр күүскэ тэбиэлээн барбыттара. Онон, барыта этэҥҥэ, кырдьаҕаас! Бөтүрүөп ардаҕыттан быһа тутан эрэ буолбакка, олоххо үөскүүр дьикти түгэннэр тустарынан ирэ-хоро сэһэргэһэр, эйигин биэбэйдиир быраас кийииттэнэр чинчилээххин эрэ диир кыахтаахпын. Сотору кэминэн кини кутан биэрбит итии чэйин сырылаччы сыпсырыйа олорон, ыраахтан ананан кэлбит эдэр быраас ыалга сыстан, соҕотоҕун сорсуйуоҕун кырдьар сааһыгар сиэннэнэн хаалбыт Татыйаас диэн кыайыгас-хотугас биир үтүө киһи олоҕун туһунан истиэҥ. Уонна... өрдөөҕүтээ-өрдөөҕүтэ, түөскэр түллэҥниир эдэр сылларгар, үөрэх чыпчаалын дабайар дохсун санааламмыт кэмҥэр батыһан барсар сүрэҕин улахан баҕатын сүһүөҕэ уйбатах Татыйыынаҥ, эн эдэркээн күннэриҥ Татыйааһы туһунан истиҥник санааҥ кэлиэҥ. Кини «дьоллоох буол, доҕоруом» диэн сипсийэр тыллаах, хотоол сир сардаанатыныы тэҥҥэ тыллыах буолбут эдэр дьон олоҕун кытылыгар тиксиэхчэ тиксибэтэх тыыны бэйэтин илиитинэн үөскэ ыыппыт уйаҕас түгэнэ тиллэн кэлиэ. Бу кэпсиир Татыйыыналара эн күөрэгэйиҥ – олоҕуҥ тухары күндүркэппит Татыйыгыҥ – буоларын тойон сүрэҕиҥ сэрэнэн биллэриэ турдаҕа. Василина ПОПОВА.
kyym.ru сайтан