Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Тырыпаайдаан, дьэ, гримнэнии бөҕө!”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Тырыпаайдаан, дьэ, гримнэнии бөҕө!”
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.03.2018 17:28
Кулун тутар 23 күнүгэр Саха АССР үтүөлээх артыыһа, драматург Илья Иванович Находкин төрөөбүтэ 90 сыла. Кини бэйэтин кэмин көрөөччүлэригэр Павел Корчагин, Коля Манасов, “Кыһыл Ойууҥҥа” Ойуунускай, Войнич аатырбыт “Тигээйитигэр” (“Овод”) Артур курдук дьоһуннаах, өлбөт-сүппэт оруолларынан киэҥник биллибитэ. Саха тыйаатырын сыанатыгар турбут “Суол төрдүгэр”, “Күөрэгэйдээх алааска”, “Хабырылла Дьөгүөрэп” уо.д.а. пьесалара улахан биһирэбили ылбыттара, киэҥник биллибиттэрэ. 1972 с. Федот Потапов П.Ойуунускай “Кыһыл Ойуунун” туруорбута. Манна ааптар Ойуунускай уобараһын испэктээккэ киллэрбитэ бэрт сонуннук көстүбүтэ. Ылдьаа Находкин гримнэннэҕинэ, ачыкы кэттэҕинэ, кырдьык да, Ойуунускайга олус маарынныыра. Ойуунускай (уобараһа) Кыһыл Ойуун тылын суруйарыгар утуйа сытар отчут-масчыт дьону кэрийэн көрөрө, салгыы Афанасий Мунхалов оҥорбут декорациятын ыстаныагар тахсара. Ол кэмҥэ Кыһыл Ойуун тыла иһиллэрэ, сыанаҕа турар дүҥүр ойуута сырдаан кэлэрэ уонна ол нөҥүө Кыһыл Ойуун – Лааһар Сергучев эбэтэр Афанасий Ефремов – кутуран куйуһуталлара. Ити кэмҥэ хабыс-хараҥа сыанаҕа ааптары чопчу тыгар уотунан сырдаталлара. Сир симэхтэрин оонньуур дьахталлар маҥан бэрчээкки кэтэн ыстаныак кэнниттэн: “Ыҥырар дуу, ынчыктыыр дуу?!” – дэһэ-дэһэ илиилэринэн хамсаналлара. Маҥан бэрчээккилэр фосфордаах уотунан сырдатыллыбыттара, хараҥаҕа, чахчы, илиилэр эрэ көтө сылдьар курдук көстөллөрө. Испэктээк бүтүүтүн саҕана чээлэй күөх халадаайдаах, оҕуруо бастыҥалаах дьахталлар сибэкки тутан тахсан төгүрүччү хаамарбыт. Ону Суорун Омоллоон: “Выходят весьма солидные дамы, изображая полевые цветы”, – диэн эҕэлээн суруйбутун ааҕан, күлсүбүппүтүн өйдүүбүн. Хотуттары оонньооччулар бары биир өҥнөөх хаһыаччыктаах ырбаахылаахпыт. Онтубут олус үчүгэй хаачыстыбалаах таҥас буолан, түөрт уонча сыл өҥүн сүтэрбэккэ күн бүгүҥҥэ диэри туттулла сылдьар. Арай биирдэ, премьера кэнниттэн хас да сыл ааспытын кэннэ, аҕам Бүөтүр оҕонньор “Кыһыл Ойууҥҥа” кэллэ. Оҕонньор хойутаан, испэктээк саҕаламмытын кэннэ кэлэн, субу аҕай массовкаҕа киирээри турар артыыстар ортолорунан хараҥаҕа атаҕынан бигээн, аргыый ааһан иһэн: “Ыы, хараҥа да баҕайы, банаарбын аҕалбаккабын...” – диэн тыл ыһыгынна. Артыыстар ити тыллары таах хаалларбатылар: “Оҕонньор, дьэ, күтүөтүҥ испэктээктэрин, уопсайынан да, банаара суох сатаан көрбөтүҥ буолуо”, – диэн күлсэ хааллылар. Ону кэлэн Сөдүөккэ ону кэпсээбиппэр: “Бу сатана оҕонньоро киһини түһэн биэрдэҕин көр”, – диэн күлбүтэ баара. Ылдьаа Находкин, биһиги Москубаҕа төрдүс кууруска үөрэнэ сырыттахпытына кэлэн, сахалыы сөпкө саҥарарга учууталлаабыта. Онтон үөрэҕи бүтэрэн кэлиибитигэр Саха тыйаатырын атын артыыстарыттан ойуччу турар интэлигиэн, номоҕон көрүҥнээх артыыс эбит диэн бэлиэтии көрбүппүт. Кулантай “Туйааратыгар” Байкалов прообраһын оонньообута. Сыанаҕа оонньуу сылдьан күллэҕинэ, отой тохтообот адьынаттаах этэ. Мин Туйаараны оонньуурбар, кини биһикки испэктээк сүнньүнэн кэпсэтэрбитигэр, боччумнаах кэмҥэ хараҕа эмискэ күлээри күлүмнээн кэлэрэ, нэһиилэ атын сир диэки көрөн күлэрбин кыатанарым. Ньурба нэһилиэктэринэн гостуруолга сылдьан, кэккэлэһэ олорон гримнэнэбит. Ылдьаа гримин оҥосторугар “колонковай” киистэнэн туттар (Итинник киистэнэн Көстөкүүн Борисов эмиэ туттааччы. Оччолорго мээнэ көстүбэт, биирдэ эмэ түбэстэхтэринэ, элбэҕи атыылаһан, уурунан кэбиһэллэр үһү). Оттон мин – боростуой, кумааҕынан
эрийэн оҥоһуллубут “растушевканан”. Дьэ биирдэ оннук оҥосто олордохпуна: “Тыраапайдаан, дьэ, гримнэнии бөҕө!” – диэн эҕэлээтэ. “Оччоҕо киистэҕин бэлэхтээ ээ”, – диибин. Онуоха киһим: “Суох, мантыҥ мээнэ көстүбэт киистэ, дэписсиит!” – дии олорон “колонковайын” төлө тутан кэбистэ, онтун көрдөөн аллара төҥкөйөөтүн, остуол үрдүгэр ордук киистэтэ сытарын, тосту тутан, уктан кэбистим. Ылдьаа аны ол киистэтин көрдөөн остуолу сүргэйдэ да, уоруллубут малы хантан булуой. Миигиттэн ыйытан көрдө да, таһы быһа мэлдьэһэн кэбистим. Ити оччолорго көр-күлүү, дьээбэлэнии курдук этэ эрээри, саатыам иһин, ол уорбут киистэм билигин ытык кэриэс буолан, хас биирдии оруолбун-уобараспын барытын чочуйар үтүө өйдөбүнньүгүм, көмөлөһөөччүм. Ол “колонковай” элбэх сыл устата мин айар үлэбин арыаллыыр. Гостуруолга сылдьан ардыгар Ылдьаа Уйбаанабыстыын эбиэккэ кыттыһан биир остуолга аһааччыбыт. Ону бииргэ айаҥҥа сылдьар артыыстарбыт элэк-хаадьы гыннахтарына: “Тыый, биһиги да тымырбытынан итии хаан сүүрэр буоллаҕа”, – диэн, күлэн хоруйдаһабыт. Ылдьаа Уйбаанабыс Уус Алдантан төрүттээх. Эдэр эрдэҕиттэн Сөдүөттүүн ыкса табаарыстыылар эбит. Онон олохторун үөрүүлээх да, курус да күннэригэр бииргэ буолан, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн доҕордоспуттар. 1975 с. Саха тыйаатырын сыанатыгар Федот Федотович Савва Тарасовка тылбаастатан Шекспир “Макбетын” туруорбута. Макбет оруолун Дмитрий Ходуловка оонньотоору гыммытын аккаастаабыт. Ол иһин Михаил Гоголев уонна Илья Находкин ананан үлэлээбиттэрэ. Кини ити кэмҥэ тыйаатыртан туоратыллан, культпросвет училищеҕа учууталлыыра. Уурайар сааһыгар Илья Находкин суруйбут “Хабырылла Дьөгүөрэп” испэктээгинэн Сунтаарга гостуруолга тиийдибит. Сунтаар иһигэр “Партизан” диэн кытыы кулуупка оонньоотубут. Ити, уолдьах олунньу 23 күнүгэр, Сэбиэскэй аармыйа бырааһынньыгар, түбэспитэ. Онон киэһэ түспүт сирбитигэр – Сунтаар култууратын дьиэтигэр эр дьоммутун эҕэрдэлээри остуол тартыбыт. Арай, Ылдьааны ыҥырбатылар. “Хабырылла Дьөгүөрэпкэ” оруола суох буолан, киһибит эрдэттэн холуочук тоһуйда. Ол иһин Александра Иванова кыыһыран: “Соҕотоҕун олордун!” – диэн уураах таһаарда. Ааптар киһи быһыытынан премьеранан эҕэрдэлээн билииккэ сакалаат бэлэхтээбитин төттөрү быраҕан биэрдилэр, арай Мария Канаева: “Ээ, мин оҕобор Веняҕа кэһии гыныам”, – диэн төннөрбөтө. Ити кэннэ Илья Иванович миигин ыҥыран баран: “Көр эрэ, Зоя, былыр Мольеры бэйэтин премьератын малааһыныгар ыҥырбатахтар үһү. Ол курдук мин эмиэ, ааптар киһи, суол ааныгар соҕотох олорон хааллым”, – диэбитин Санялаах: “Зоя, кэл, кэл! Тугун итиннэ таҥнарыахсыттыы тураҕын”, – диэн ыҥыран ыллылар. Ол гостуруолтан Илья Находкин төттөрү кэлбитэ уонна культпросвекка утаарыллыбыта. Онно үлэлии сырыттаҕына Федот Федотович ыҥыран, таһыттан сылдьан, ити “Макбекка” үлэлээбитэ. Эрэпэтииссийэ кэмигэр: “Биһиги, учууталлар, 45 мүнүүтэ буола-буола сынньаныахтаахпыт”, – диэн, сотору-сотору сынньанан табахтыыр. Испэктээк тахсар кэмэ кэлэн истэҕинэ Мария Канаевалаах: “Тыый, Ылдьаа Уйбаанабыс урут “Оводка” эҥин испэктээк тахсыыта ис-иһиттэн тэбиэһирэн, умайыктанан кэлэр тэмпэрээмэннээх, эниэргийэлээх артыыс этэ ээ... Хайдах мөлтөөн хааллаҕай?” – диэн мунчаараллар. Илья Иванович кэргэнэ түөтэ Паша, Прасковья Николаевна Колесова, бэртээхэй иистэнньэҥ этэ. Оччолорго тыйаатыр иистэнэр сыаҕар сэбиэдиссэйдиирэ. Илья Ивановичка
ас киэнэ маанытын тардан, эбиэккэ ыҥыран аһатаары гыннаҕына, биирэ “эмиэ тууһа суох аһы буһарбыккын!” эбэтэр “аһыҥ сойон хаалбыт” диэн хаппырыыстаан тахсан барарын, түөтэ Паша бииргэ үлэлиир иистэнньэҥнэрэ бэркэ сөҕө, муодаргыы хаалаллара үһү. Оттон премьерабыт буолар күнүгэр кэргэнигэр модьуйбут: “Испэктээк буолар күнүгэр иһиккэ тобус-толору, ип-итии миини мэлдьи аҕалар буолаар”, – диэн. Ылдьаа Уйбаанабыс барахсан, ити “Макбет” испэктээги бэлэмниир кэмҥэ ыарахан ыарыыга ылларан, туох да аһын аһаабат буолбутун кимиэхэ да биллэрбэккэ үлэлээбит. Кэргэниттэн кимиэхэ да эппэтигэр көрдөһөн, чэгиэн киһи курдук ас аҕалтарар эбит. Биһиги икки эрэ испэктээги оонньообуппут кэннэ, биэс уонун бэлиэтээбит чулуу артыыс күн сириттэн күрэммитэ. Кини хас да пьесаны суруйбута. Ол иһигэр культпросвекка үлэлии сылдьан биир пьесатын аҕалан аахпыта. Ону биһиги, эдэрдэр, “бэртээхэй кэмиэдьийэ” дэспиппит эрээри, үөлээннээхтэрэ кыыһыра-тымта истибиттэрэ. Онтон кэлин Федот Федотович: “Ити биһиги көлүөнэни барыбытын прототип оҥорбут. Ол иһин кыһыйаллар”, – диэбитэ. Холобур, пьесаҕа Сиидэрэп уола Сөдүөт диэн киһи баара. Кырдьык да, Сөдүөт төрөппүт аҕата “Таах сибиэ” диэн хос ааттаах оҕонньор Сиидэрэп буоллаҕа дии. Пьесаны ылымматахтара. Улахан артыыһы кытта бииргэ үлэлээбит кэмнэрим тус бэйэм айар үлэбэр күүс-көмө буолбуттара чуолкай. Шекспир “Макбетыгар” ити үлүгэр ыарахан ыарыыга ыллара сылдьан биирдэ да соҥуорбакка, кыыһырбакка-хайаабакка тулуйан эрэпэтииссийэлиирэ. Аҕа оҕотугар сыһыаннаһарын курдук сыһыаннаһара. Ол да иһин муҥура суох махтана саныыбын. Ыарыы бохсубатаҕа буоллар, дьон өйүгэр хатанан хаалар гына улуу уобараһы айыа эбитэ буолуо. Саха чулуу артыыһа Илья Находкин соннук дьикти, айылҕаттан бэриллибит талааннаах артыыс этэ. Зоя Багынанова, СӨ норуодунай, РФ үтүөлээх артыыһа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан