Кэпсээ
Войти Регистрация

Чороонноох дьол

Главная / Кэпсээн арааһа / Чороонноох дьол

K
edersaas.ru Категорията суох
11.02.2022 19:30
Саҥа кэпсээн Кыһыҥҥы сарсыарда ураты. Ордук тыа сиригэр сарсыарда саһарҕа саҥа тахсыытын дьикти таайыллыбат кэрэ көстүүтэ сибиэһэй салгын нөҥүө уратытык биллэр. Хас сарсыарда ахсын биэс чаас ааһыыта Туйаана бу салгыны хараҕын быһа симэн туран эҕирийэр. Будильник чаһы көмөтүнэн турбут ыарахан туруга маннык салгыны эҕирийдэҕинэ симэлийэргэ дылы гынар. Хотон иһигэр «турдуҥ дуо?” диэбиттии ынахтар маҥыраһан күннээҕи түбүк үтүрүйэн эрэрин биллэрэллэр. Туйаана күннэтэ сылдьар кыракый омоон ыллыгын устун хааман хотонугар тиийэр. Саах соһор эргэ салааскатын күрүөҕэ өйөннөрө уурбутун ылан аа-дьуо хааман хотонугар киирэр. Онтон хотонун дьаһайан баран киирэн чэйин иһэр, аҕата оҕонньор бэлэмнээбит аһын аһаан баран киэргэнэн, оҥостон үлэтигэр хонтуораҕа барар. Кини олохтоох дьаһалтаҕа буҕаалтырынан үлэлиир. Үлэтигэр барар суола тыа быыһынан тыргыллар. Халыҥ хаарынан бүрүллэн утуйан хаалбыт мастар быыстарынан хааман иһэн кини арааһы саныыр. Дьэ, дьикти, урут бу суолунан оскуолатыгар үөрэнэ тэбинэрэ. Бу суолунан ийэтэ, аҕата,убайдара бары сылдьаллара. Улааттахпына аны бу суолунан сылдьарым аҕыйыа дии саныыра, бэйэтин атын ыраах куоракка дуу, атын дойдуга дуу олорор курдук ыраланара. Онто ханна баарый? Дьылҕа ыйааҕа эбитэ дуу, бэйэтин мөлтөҕө эбитэ дуу, хата барыларынааҕар саамай элбэхтэ бу ыллыгынан кини хаамар. Күнүс эбиэттии таарыйа ынахтарын уулатаары ыксаан элэстэнэр. Ол курдук кини бу суолунан күҥҥэ түөртэ сылдьар эбит. Хас биирдии маһы ааҕа көрөн билэр курдук. Олох… Өскөтүн олоххо бэриллэр дьол ханнык эмит чороон дуу, кытыйа дуу иһитинэн кэмнэнэрэ эбитэ буоллар, кимиэхэ бу олохтон төһө дьол бэриллибитин киһи тута быһаарыа эбит. Кимиэнэ эрэ быһаҕас, оттон кимиэнэ эрэ тобус толору. Туйаана урут оҕо сылдьан дьол диэн тылы иһиттэҕинэ итинник саныыра. Ытыс муҥунан хантан эрэ баһан ылар дьол баара буолуо диэн итэҕэйэрэ. Төрөөбүт дойдутугар үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн баран үлэлии хаалбыт кыысчааҥҥа билигин арай сыллар эрэ солбуһаллар. Тоҕо кини олоҕор уларыйыы буолбатаҕын ардыгар ырыта саныыр. Ити саныыр кэмэ кини ынах ыыр кэмигэр өтөн киирэр. Күннээҕи тыа сирин бүппэт түбүгэ итинник өрүү саҕаланар уонна киэһэ чуумпутук тэлэбиисэр иннигэр олоруунан эбэтэр интэриниэт ситимин, чуолаан, Инстаграм сирэйин көрүүнэн түмүктэнэр. Оттон Туйаана олоҕор эмиэ дьолунан туолбут чороон иһит дьиҥэ тосхойбута эбээт. Кини оскуоланы бүтэрэн саастыылаахтарын кытта үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбитэ. Бииргэ үөрэммит доҕотторо, олортон саамай чугас оҕо сааһын доҕоро Дьулус эмиэ үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Ыаллыы олорор Дьулус, Туйаана уонна Аанчык буоланнар бары ол күнү айылҕаҕа тахсан бэлиэтээбиттэрэ. Тоҕо эрэ кинилэр наһаа истиҥ сыһыаннаахтарын бүтүн оскуола оҕото бары билэрэ. Аанчыктара ситэ үөрэммэккэ кэргэн тахсан атын улууска көспүтэ, инньэ гынан хам-түм сурук нөҥүө кэпсэтэллэрэ. Оо, Аанчык, билигин номнуо эбээ буолара чугаһаата ини. Оттон Дьулус арыый хойутаан ыал буолан куоракка олорор. Бары ыал дьон. Олохторо оҕо-уруу, дьиэ кэргэн тула эргийэр. Арай кини эрэ олоҕо хотон уонна үлэ тула эргийэр. Чороонноох дьол… Ол дьолу ситэ ыймахтаабакка тоҕо түһэрбит бэйэтэ буоллаҕа дуу… Дьиҥэ, барыта баара дии…Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн диплом ылан баран дьонугар күтүөт уолу сиэтэн киллэрбитэ. Дьоно төһөлөөх үөрбүттэрэй, сыбаайба, улахан бырааһынньык тэрийээри сүпсүлгэн бөҕө буолбуттара. Туйаана Вадимныын үөрэҕин бүтэрээри сылдьан билсибитэ. Эдэр дьон күөх хонууга хайыһар кэмигэр билсибиттэрэ. Вадим ааттаах хайыһардьыт уол кинини батыһа көрөрүн кыыс тута сэрэйбитэ. Билсиһиилэрэ да олус судургу этэ. Туйаана атын кыргыттар курдук мунньараҥныыр, атаахтыыр майгыта суоҕа. Билсиһии сыыйа ыраас тапталга кубулуйбута. Арай олохторо куруук маннык күннээх халлаан курдук буолуох курдуга. Олус да өйдөһөр, кыраттан да күлэн барар иккиэн олус судургу майгылаах дьон тута холбоһобут диэн быһаарыммыттара. Уол бастаан кыыһы бэйэтин дойдутугар таһааран билиһиннэрбитэ. Онтон кыыс уолу сайын дойдутугар илдьэ кэлбитэ. Сыбаайбаны кыһыары күһүн идэһэ өллөҕүнэ, эт-ас баар кэмигэр оҥорор туһунан болдьоспуттара. Туйаана ийэтин кытта ыал буолар былааччыйатын улуус кииниттэн ылан, кэлэр күһүнү олус күүтэрэ. Ол эрээри кыысчаан бу былааччыйаны кэппэтэҕэ… От үгэнин саҕана кыысчаан ийэтэ сүрэҕэ эмискэ тохтоон олохтон туораабыта. Икки бииргэ төрөөбүт убайа номнуо ыал дьон атын нэһилиэккэ олороллоро. Онон Туйаана аҕатын көрөр-истэр буолан төрөөбүт нэһилиэгэр үлэлии, олоро хаалбыта. Оттон Вадим куоракка үлэ көрдөнө барбыта. Таптыыр доҕорун суохтааһын, киэҥ сиргэ талаһар сүрэҕи хам баттаан субу буола турар быһыыга-майгыга бас бэринии эдэркээн кыыс дууһатын ыараханнык баттыыра. Кинини биир эрэ үөрдэрэ. Бу саҥа дьылга таптыыр доҕоро Вадим манна кэлиэхтээх. Кыыс эрдэттэн улуус киинигэр киирэн доҕоругар сыаналаах бэлэх атыыласпыта. Улууска дэҥҥэ көстөр мааны аһы-үөлү эрдэттэн хаһаана сылдьыбыта. Барытын Вадим кэллэҕинэ астаныахпыт, Вадим кэллэҕинэ сиэхпит, ону гыныахпыт, маны гыныахпыт диэн элбэҕи былааннаабыта. Ол курдук интэриниэтинэн сакаастаан үс чүмэчи турар улахан мааны канделябрын кини дьиэтин истиилигэр төһө да сөп түбэспэт буоллар атыыласпыта. Уһун уочаракка туран тоҥ балык, балык искэҕин атыылаһан хаһааммыта. Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн сүрэҕин үөрүүнэн толороро. Туорт оҥорор Клавдияҕа эрдэттэн Вадим сөбүлүүр мүөттээх туордун сакаастаабыта. Дьиэтин истиэнэлэрин, люстратын, ыскааптарын барытын сууйан кылбаппыта. Аҕата күтүөт кэллэҕинэ эппитин хата эттэтиэхпит, нэдиэлэтээҕи маспытын тэрээһэ иннигэр кыстатыахпыт диэн эмиэ үөрэрэ. Бу саҥа дьылга дьэ, кинилэр инники олохторун кэпсэтиэхтэрэ, баҕар, баҕар куораттаһан да хаалыа, кылаабынайа хотонун дьаһайар, көрөр-истэр дьону буллар, уонча хонукка сынньанан кэлиэ этэ. Вадим үчүгэй кэнсиэркэ билиэт атыылаһыахтаах, оччотугар куорат мааны куоларыттан хаалсыбат туһуттан Туйаана эмиэ саҥа былааччыйа атыыласпыта. Куоракка тиийэн баттаҕын оҥотторуо. Ахсынньы ортото үлэлэрин саҥа дьыла буолбута. Олохтоох дьаһалта бырааһынньыга хонтуора иһигэр судургутук чэйдээһин эрэ этэ. Кэллиэгэлэрэ Туйаанаттан доҕорун Вадимы сураспыттара. Онуоха кыыс үөрэ-көтө доҕоро субу уонча хонугунан кэлиэхтээҕин кэпсээбитэ. Тыый, Туйаана, куорат уола бриллианнаах биһилэхтээх кэлэрэр буолуо, — диэн кассир Надя кэпсэтиини сыбаайбаҕа тиэрдэ сатаабыта. Туйаана онуоха: Ээ, биһиги номнуо урут биһилэх бэлэхтэспит дьоммут, ийэм барахсан олохтон баран сыбаайбабыт көһөрүллүбүтэ дии, — диэн холкутук хардарбыта. Уай, аны кыыспыт куоракка үлэлии баран хаалара буолуо, оттон аҕаҥ?, — диэн Кристина тыл кыбыппыта. Чэ, бээ кыргыттар аргыыйыҥ. Саҥа дьыл кэнниттэн кыыспыт сонуну ыһа-тоҕо кэпсиэҕэ, оттон билигин бырааһынньыкпытын саҕалыаҕыҥ, — диэн дьаһалта төһүү үлэһитэ Николай Петрович тыл көтөхпүтэ. Ол киэһэ Туйаана доҕоругар субуоннаабыта. Вадим суххай соҕустук кэпсэппитэ, тымныйбыппын ол иһин күөмэйим маннык диэн быһаарбыта. Кыыс ыалдьыбыт доҕорун аһынан ватсап ситиминэн тугу эмтэниэн сөбүн сүбэлээбитэ да, уол кини суруктарын аахпатах этэ. Киэһэ Туйаана инстаграм көрө сытан бииргэ устудьуоннаабыт кыыһын страницатын киирэн көрбүтэ. «Тыый, куораттар корпоративтара оһуобай, биһиэнэ хонтуора хоһугар” – диэн иһигэр күлэн мүчүк гына-гына бииргэ үөрэммит Ленатын хаартыскаларын, кыргыттар мааны таҥастарын сэргии көрө сытан, эмискэ тымныы уунан саба ыстарбыттыы соһуйан дьигис гына түспүтэ. Уопсай хаартыскаҕа Вадим эдэркээн кыыһы кууһан турара. Ама дуу, баҕар бииргэ үлэлиир кыыһа буолуо диэн Туйаана билбэт кыыһын страницатын киирэн көрбүтэ, арай доҕоор, кини субу кэргэн тахсаары сылдьар күндү доҕоро төрүт да ол кыыс страницатын толорбут этэ. Күһүҥҥүттэн да диэххэ сөп, билсэллэр эбит. Туйаана күөмэйигэр туох эрэ бүөлүү түспүт курдук буолбута, кини хайдах эрэ бэйэтин буолбакка, мас кыстатаары кэтэһэр аҕатын аһына, кини сыбаайбатын күүтэр биир дойдулаахтарыттан кыбыста санаабыта. Сиргэ тимириэн сир кытаанах, халлааннаан көтүөн халлаан ыраах диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Хайдах эрэ Вадимҥа иккистээн эрийэн быһаарсыан саараабыта. Бэйэтиттэн бэйэтэ кыбыстыбыта. Онуоха аны аҕата: «Хайа, Бадьыым хаһан тахсар үһү куораттан, түөрт хонук хаалла саҥа дьылбыт буолара, тоойуом, Бадьыымҥар, куорат киһитигэр сүһүөх мааһа сакаастаатаххына, бөөлүүн түүн сүһүөҕүм ыалдьан утутумаары гынна » диэн онто суох бэйэтин санааларыгар муммут Туйаананы ууга-уокка түһэрбитэ. Кыыс туох диэн билиминэ: — Аҕаа, Вадим ыалдьыбыт, сатаан айаннаабат буолбут, саас кэлиэм диир…, — диэн бырааһынньык сүпсүлгэниттэн ыраатыннаран биэрбитэ. Туох диэҕэй, Вадим миигин бырахпыт. Атын кыыстаммыт диэ дуо. Тоҕо эрэ кинини таҥнарбыттарыттан кыбыстара. — Ээ, саас диэ, оо, оччоҕо саҥа дьылбытын бэйэбит көрсөр буолаахтаабыппыт. Куорат кэһиитин сиэбэт дьон буолпут. Хата, саас кэллэр мууспутун дьаһайыахпыт, — диэн аҕата оһох чанчыгыттан үтүлүгүн ылан ньүксүччү туттан таһырдьа тахсыбыта. Аҕата барахсан… Ити хобдох сонуну кыыс аҕатыттан кистээбитэ. Оттон Туйаана эдэркээн сүрэҕэр олох бүппэт мөккүөрүн мучумаана саҕаламмыта. Саҥата суох сытан уһуннук ытаабыта…. Ити кэнниттэн уонча сыл ааста. Омуна суох уонча, сыл-хонук эбит. Дьиҥэ, бу кэлин санаатахха, кыыс ийэтэ өлбүт сайыныгар Вадим хаалыан да сөбө курдуга. Син баҕар үлэ көстүө эбитэ дуу. Ол эрээри Вадим тыа олоҕор сөп түбэспэт атын майгылааҕа. Кини сайдыан, киин сиргэ олоруон саныыра. Уоллаах кыыс күн ахсын суотабай сибээс нөҥүө кэпсэтэр, ийэлэрин өлбүтэ сыла туоллаҕына сыбаайбалыах буолбуттара. Вадим куоракка улахан тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Кыыһы куоракка үлэлии кэлэригэр куруук ыҥырара. Ол эрээри Туйаана ыарытыйар, санаата оонньоотоҕуна ардыгар иһэр аҕатын көрөн дьиэтин, хотонун, үлэтин дьүөрэлээн олорбута. Биир сыл… Биир сылы тулуйбатах таптал, оттон дьон уоннуу сыл кэтэһэллэр… Тоҕо эрэ Туйаана Вадим төлөпүөннүөн, бырастыы гыннарыан баҕарара. Кини барытыгар бэлэм этэ эбээт. Онуоха Вадим кус сүрэх курдук ол киэһэттэн ыла сибээстэн сүппүтэ. Туйаана киэһэтин оронугар сытан сыттыгын илитэрэ. Хорсун санаатын ылынан барытын быһаарсыан саныыра эрээри, хас инстаграм сирэйигэр билбэт кэрэ кыысчаана кини Вадимынаан бииргэ сылдьарын көрдөҕүнэ, били өтөн киирбит хорсун санаата симэлийэн хаалара. Ульяна Захарова.
edersaas.ru сайтан