Кэпсээ
Войти Регистрация

Аһаабытым ээ…

Главная / Кэпсээн арааһа / Аһаабытым ээ…

K
edersaas.ru Категорията суох
10.02.2022 20:00
— Ким кэллээ? (Эмээхсин аан тыаһыырын истэн ыйытар) — Мин, эбээ… — Ньургуҥҥун дуо? — Мин, аһаа… — Ээ, аһаабытым. Оҕом аһаа диэбитинэн киирдэ ээ, кыһаллаахтыыр буоллаҕа. Сыгынньахтанныҥ дуо? Хата, киирэн бэйэҥ аһаа, алаадьы буһарбытым. — Сөп, аһаа. — Аһаабытым диибин ээ, киинэ көрөбүн, бэйэҥ бэлэмнэнэн аһаа. — Сөп, аһаа, эбээ. — Туй сиэ, кэлиилии кэбэ турдаҕа үһү, аһаа-бы-тыым! — Сөп аһаа, диибин ээ, эбээ. — Бай! Ити дии! Кулгааҕар күнү быһа наушниктаах сылдьан, букатын дьүлэй буолаары гыммыт ээ. Нокоо, наушниккын уһул эрэ! — Сөп, аһаа! — Хайдах баҕайыный? (туран кухняҕа киирэр). — Тоойуом, мин аһаабытым, аны хойутуу аһыам, билигин киинэ көрө олоробун. — Эбээ, сөп аһаа. (Эмээхсин сиэнигэр чугаһаан кулгааҕын тутан көрөр, онтон төбөтүн тутар…) — Тоойуом, төбөҥ ыалдьыбат дуо? — Ыалдьыбат, аһаа. — Мин тото аһаабытым ээ… (уол кулгааҕар сибигинэйэр) — Эбээ, хайдах буоллуҥ? (ыгылыйар). Аһаама ээ, хайдах биири мээрилиигин? — … О..о.. ооттон бэйэҥ “аһаа” дии-дии мээрилиигин ээ, мин үһү дуо? — Сөп аһаа, мин да буолуум, бар киинэҕин көр! Сүгүн аһат. — Бардыым-бардым, минньигэстик аһаа, тоойуом! — Сөп аһаа! Эмээхсин барыахча буолан атыллаан иһэн тохтуу түһэр… — Ити баар… (ботугуруур) аһаа диир… эмиэ да киинэҕин көр диир… (турар). — Чэ, аһыым даҕаны… (остуолга тиийэн, олоппоско олорор). — Хайа эбээ, аһаары гынныҥ дуо? — Оттон аһаа да аһаа диэҥҥин аһаабат да киһини аһатыах курдуккун дии… — Мин дуо? (соһуйар). Аһаа дии иликпин… — Бай! Аны мэлдьэһэн эрэр дуу? Маарыын ааны аһан киириэххиттэн “аһаа да аһаа” — диигин дии, аһаабытым диирим үрдүнэн. — Эбээ, аһаа диэбэтэҕим ээ, эн аһыыргын аһаабаккын бэйэҥ билэр буоллаҕыҥ, хайаан ону мин дьаһайыахпыный? — Чэ, оччоҕо, мин хайдах эрэ буолбуппун… сытыыһыкпын… (хос диэки хаамар). — Сөп эбээ сыт, бастаан дабылыанньаҕын мээрэйдэн. Эбэм барахсан кырдьаары гыммыт дуу? edersaas.ru саайтка анаан Наталья МОРДОВСКАЯ – Уйан Кут. Хартыына: detsad12.yaguo.ru
edersaas.ru сайтан