Кэпсээ
Войти Регистрация

Ким эрэ оҕото буолуо эбээт...

Главная / Кэпсээн арааһа / Ким эрэ оҕото буолуо эбээт...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
02.03.2018 17:36
Ангелина Титовна икки ыбыс-ыарахан бакыатын икки илиитигэр эр-биир тутан, маҕаһыын аанын бэрт эрэйинэн аһан таҕыста. Хата, бүгүн бээтинсэ буолан, кылгас үлэ күннэннилэр. Онон бу сололоммучча, “күүлэй тэбэ” сылдьар. Кэлиэхтээх өрөбүллэригэр хос-хос “маҕаһыыннана оонньообот” гына диэн, балай эмэ бородууктаны атыыласта. Тыаттан киирбит ынах үүтүгэр, сүөгэйигэр баттаспычча, алаадьылаары, лэппиэскэлээри бүтүн үс хоруопка үүтү, лиитирэ чөчөгөйү ылбыта, ыйааһына ханна барыай. Бурдугун кууһунан атыылыыр сиртэн ылар этэ да, оросчуоттаабакка хаалан, хайыы үйэ бүппүтэ. Онон эмиэ үс киилэни атыыласта. Чэ, хортуоппуйа-тойо эбиллэн, саастаах киһиэхэ онон кырата суох ыйааһын мунньуллубут. Уопсайга олорон үөрэнэр устудьуон балтылара хоно-өрүү, сынньана кэлиэхтээхтэр. Котокулар дьиэ аһын суохтаан, эдьиийдэрэ сылаас илиитинэн бигээн астаабыт аһын минньигэһиргэтэ сиэхтэрэ турдаҕа. Өрүү да буоларын курдук. Үрдүкү кууруска тахсан, онтуларыҥ биллэн-көстөн ааһаллара да, дьиҥэ, сэдэхсийдэ. Сатаналары эдьиийдэрэ суохтуур ээ. Ордук Галяны. Дьэ, киһи атылыыта, маарынныыра да диэн баар буолар эбит. Умса уур, иттэннэри уур -- үүт-маас эбэтэ эбэтинэн кыыс. Ол эбэтэр Ангелина Титовна ийэлээтэр ийэтигэр -- Мавра Васильевнаҕа маарынныыр. Дьон араастык көрөр, маарыннатар бэйэлэрэ, дьэ, Галяны эбэтин куопуйата диэн ааттыыллар. Мавра Васильевна сиэннэрэ улааталларын көрбөккө, букатын эрдэ суох буолаахтаабыта. Бу санаатахха, букатын эдэригэр бараахтаабыт эбит. 59 сааһыгар. Ангелина бэйэтэ ити сааһыгар сылдьар. Оччолорго ийэтин син саастаахха холуур курдуга. Онто олох да эдэр эбит, барахсан. Ону ол “саастаах” буолар кэм бэйэтигэр ыга анньан кэлбитигэр билэн, сонньуйа саныыр. Ээ, дьыл – хонук диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оттон ити быраата, Галялаах аҕалара, эмиэ бэрт соторутааҕыта кырачаан, саҥа борбуйун көтөҕөн эрэргэ дылыта. Онто баара бастакы кыыһа оҕолонон, бэлиэр эһэ буолуу үрдүк дьолун билэн, үөрүү бөҕө. Анелина Титовна арай урут да, аны да, наар соҕотох курдук. Бырааттарын оҕолорун көрсүһэн, онтунан олорор диэххэ сөп. Дьиҥинэн, биэнсийэҕэ барбычча, тохтуон да сөбө. Ону ити балтыларыгар көмөлөһөөрү, этэргэ дылы, кыһыл, үрүҥ көмүс көлөөскөлөрү бэлэхтээн, сэгэччи үөрдүтэлиир аатыгар, бу үлэлии сылдьар. Оттон уонна дьиҥинэн биэнсийэҕэ эрэнэн олорунуох диэтэххэ, аньыыта да бэрт. Бу үлүгэр сыана, өҥө үрдүү турдаҕына... Чэ, хата, бээ, үнүр тыаттан быраата аах ыыппыт эттэрин эрийтэрэн, морозилкатыгар укпута. Онон бэрэскилээн да кэбистэҕинэ, көҥүл эбит. Хортуоппуй истиирэ ордуга дуу? Чэ, толкуйданыллыа. Ити курдук, дьахтар ону-маны саныы-саныы, халтараан кирилиэһинэн сэрэнэ үктэнэн, түһэн истэ. Саатар, көбүөр эҥин да тэлгиэх эбиттэр. Тоҕо эрэ быйыл хойутаатылар. Күүтүүлээх кытаанах чигдитигэр үктэнэн истэҕинэ, арай уҥа диэкиттэн кэһиэҕирэн хаалбыт куолас: -Эдьиий, кыра ырааста кулу эрэ! -- диир. Саҥа хоту эргиллэ түспүтэ, бөрүкүтэ суох, эргэ-урба таҥастаах, саатар, онто кип-кирдээх, эр киһи ытыһын тоһуйбутунан кини диэки көрөн турар эбит. Бэргэһэ дуомнааҕын, киртийбитин ааһан, ыбылы үүнэн хаалбыта үнтү түүрэкэтийбит, онто сааһыгар дьүөрэтэ суох маҥхайа быһыытыйбыт, тураах уйатын курдук
буолбут баттаҕар олуона баҕайытык ууруммут. Кыратык астахха, тааҕы-таах түһүөх быһыылаах. Кини диэки ууммут илиитэ бүтүннүү баас-үүт онно буолаахтаабыт. Тыҥыраҕа балай эмэ үүммүтэ умса көрө сылдьар. Саатар, ытыһыгар кытта уһун дьураа көстөр. Арааһа, хаһан эрэ сытыы быһаҕы хабан ылан, тардыаласпыт буоллаҕа дуу дии санаа кылам гынна. -Наһаа оттон мусуой эспэнээтин курдук одуулаһыма ээ! Кыра да буоллар, “дук” да гына түһүө эбиккин! Эн эрэ аһыаҥ үһү дуо?! Бу икки суумка тухары! -- диэннээх. Ангелина Титовна ити хадаар тылларга улаханнык суолта уурбата. Уулусса киһитэ оннооҕор буолуоҕу этиэ-тыыныа. Хата, бу киһиҥ өссө маатыралаабата диэхтии санаан аһарда. Бу киһини, аата дьиибэтин, ханна эрэ көрбүт уонна олус диэн билэргэ дылы! Бырадьаага саҥата суох туруо диэтэҕиҥ, өссө өс-саҕа буолла: – Чэ-чэ, одуу быһан бүт! Туох ааттаах. Ырааста, харчыта кулу диибин дии!! – Бу эдэр киһи буолан баран, хайдах кыбыстыбакка, харчы умналаһа тураахтыырыҥ буолла. Харчы суо-ох. Үүт биэриэхпин сөп. Аһаабатаҕыҥ ырааппыт быһыылаах, кырдьык! – Һа, мантылара өссө үгэргиир дуу?! Үүт иһэр саастаах киһибин да мин?! Арыый атын соҕус наада буолуо, чэ-чэ, биэр. Үүт да хаалбат! Мин да хаһан эрэ үүт үрүмэтин, ас амтаннааҕын аһаабыт атаах ыччат этим. Бу билиҥҥибин көрүмэ! -- кини да буоллар, сымныы охсон, кэһиэхтээх куолаһынан күлэн күһүгүрээтэ. Онуоха онон-манан ордон хаалбыт аҕыйах саһархай тииһэ көстөн ааста. Оо, дьэ, барахсан, бу толкуйдаан көрдөҕүнэ, субу бачча саастаах диир уустук буолсу. Дьиҥинэн, кини оҕото да буолар кыахтаах эбит быһыылаах да, ыарахан олох суола-ииһэ хаалан, тэҥ да саастаах курдук көстүөхтэрин сөп. Ангелина Титовна тоҕо да бу киһиэхэ болҕомтотун ууран, өссө буолаары буолан, түгэҕэр угуллубут үүтү хостуу сатыыр ухханыгар түспүтүн бэйэтэ да билбэтэ. Син умнаһыттары бачча сааһыгар диэри көрөн-көрөн кэллэҕэ эбээт. Суумкатын хасыһарын быыһыгар: -Ханнык улуускунуй? Хайдах маннык олоххо тиийэн хааллыҥ буолла? -Өссө биир доппуруосчут көһүннэ! Пааспарым дааннайын этэбин да? -Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн кэпсэтэр диэн баар. Пааспарыҥ туохха наада буолуой? Баҕар, биир дойдулааҕым буолуоҥ. -Чэ, илин эҥээрбин. Онно туох баарый? Чэ, ладно, эдьиий. Из мест не столь отдаленных тахсыбытым, арааһа, сылтан орто. Күнү-дьылы да аахпат туруктана сылдьабын, көрөрүҥ курдук. Тахсарбар саҥа олоҕу саҕалыам дии саныырым... Бастаан, акаарыбыт. Оттон билигинин биһигинньик курдуктар кимиэхэ наадалаах үһүбүт?! Ким да наадыйбат. Тыаҕа ийэм дьиэтэ баара да.... Онно ыт үрбэт, ынах маҥыраабат киһитэ буола сылдьыах кэриэтэ манна сылдьарым ордук. -Оо, дьэ! Оттон ол-бу илии-атах үлэни баҕас булунаа инигин. Маннык төһө өр сылдьыаҥый. Билэр дьонуҥ суохтар дуо? Бииргэ үөрэммиттэриҥ эҥин? -Бааллар буо. Ханна барыахтарай? Бэйэлэрин кыһалҕата элбэх ини. Да, ну уонна ким да ахтатыгар үҥмэккэ сылдьар инибин. Тойон-хотун суох. Баҕарабын – турабын. Баҕарабын – сытабын.
Үчүгэй, эдьиий. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр. -Ол ханна эрэ сытар сирдээххэ дылы. -Сир киэҥ, дьиэ да баар. Санаарҕаабаппын. Иһим тотто, арыгы баар – да ладно! -Һуу, дьэ, кэмниэ кэнэҕэс диэбиккэ дылы, түгэх угуллубут үүт көһүннэ. Ангелина Титовна тоҕо эрэ өссө олус күүттэрдим дуу диэбит курдук санаан, үүтү таһынан буулка ылбытын, биир куһуоччук сыыры кытта холбуу тутан, киһитигэр уунна. Эр киһи туох да ордук хос-саҥата суох, онтуларын ылан, хонноҕун анныгар үөрүйэх баҕайытык симэттээн кэбистэ. – Дьэ, эдьиий, махталитет-квартет! Киһи диэн, тохтоон кэпсэтэн ааспыккар сиртэн халлааҥҥа диэри эмиэ махталитет! Өссө буоккаҕа ырааста биэрэ түстэргин олох мать Терезаны илэ бэйэтин көрдүм дии саныа эбиппин. Чэ, абыраабычча абыраа! Бырааһынньыктаабыт курдук сананыам этэ. Ангелина Титовна кэрээниттэн тахсыбыт эдэр киһиттэн кэлэйдэр да, тоҕо эрэ суумкатын тас сиэбигэр уктубут 5 мөһөөхтөөҕүн туттаран кэбистэ. Умнаһыт төһө да харчы көрдүү турдар, кини да буоллар, ботуччу “бултаммытыттан” хараҕа уоттана түстэ уонна: -Түүл дуу, илэ дуу? Ханнык эрэ итинник ааттаах сахалыы айымньы баара, ээ? -Тылгыттан-өскүттэн иһиттэххэ, балай эмэ ааҕар эҥин эбиккин быһыылаах? Кэбис. Көнөргө турун. Эдэргин, барыта – иннигэр. -Бу билиҥҥибин көрүмэ. Оскуолаҕа 4-5 сыананан үөрэммитим. Үрдүк үөрэххэ аҕыйах баалынан кыайан хапсыбакка хаалан эрэ, киирбэтэҕим. Оо, б.... арай онно киирбит буолуум... Баҕар, билигин бартыбыал тутан сылдьар киһи буолуом этэ! Эс, наа! Бартыбыал эҥин! Ымсыырбыт киһиэхэ дылы! Наадата суох! Дьаабы дьон! Ол кэриэтэ бу да киргэ-хоххо биһилиннэрбин, суобаһым ыраас! Ырраас!!! Мин тоҕо, туох иһин хаайыыга киирбиппин билэҕин да?! (Түөһүн тоҥсунар.) Билбэккин! Кыыһы көмүскэспитим. Оттон суут кинини, кэрэ куоҕа суудайбыт бартыбыаллаах отпрыскатын туһатыгар быһаарбыта. Олоҕум кэрэ буолуохтаах кэрчигэ 7 сыл онно туһата суох ааспыта. Күлүүс хаайыыта! Онтон ыла мин кимиэхэ да итэҕэйбэппин!! Ийэм мин дьылҕам итинник эргиллибитин тулуйумуна, мин тахсыам иннигэр суох буолаахтаабыт этэ. Умнаһыт абарбыт омунугар билигин аҕай махтана турбут аата, сирэйдиин-харахтыын тыйыһыран кэлэр. Онно эрэ дьахтар киниттэн арыгы дьаардаах сыта кэлэрин билэр. Кур туруга, дьэ, дьайҕаран эрэ бадахтаах. Ангелина Титовна кэннинэн чинэрийэр. Анараата тохтообот: – Хаайыылаах буолла да сэнииллэр. Туораталлар. Куттаналлар. Оттон хаайыыга араас дьон баар, һэптэ! Балыллыбыттар. Эдэр саастарыгар сыыһа үктэммиттэр. Ким эрэ буруйун бэйэлэригэр ылыммыттар. Дьиҥ дьыала да иһин түбэспиттэр, ханна барыахтарай, бааллар бөҕө. -Сөп, сөп. Чэ, доҕор, түксү. Син олоҕу олорбут киһи билэбин. Ол миигиттэн тутулуктааҕар дылы, миэхэ кыыһырыма ээ. -Э, диэ даҕаны. Оттон кыһыыта бэрт. Көрөҕүн да, бу куолайбар ардыгар туох эрэ бүөлүү анньан кэбиһиэр диэри ыга кыыһырабын итинтэн. Кэпсэтэр киһи көстүбүччэ, ити онтубуттан кыратыык-кыратык үллэстэбин. Дьэ, эдьиий, махтал! -Хата, ити киһи тыла. Ийэҥ сырдык кутун аһын, эйигин көрө-көрө долгуйаахтаан эрдэҕэ. -СТОП! Ийэбин тыытыма, ийэбин санатыма! Сүрэҕим
ыалдьар Мин кинини түһэн биэрбитим... НО! Суобаспын хаһан да атыылаабатаҕым. КИНИ ону билэр.... Ангелина Титовна бу киһи өтөрүнэн тохтуо суоҕун билэн, туора хаамта. Анараа киһи бэйэтин кытта бэйэтэ мөккүһэрдии туттан, туга эрэ саҥара хаалаахтаата. “Оо, дьылҕа, дьылҕа! Ардыгар тустаахтарга ыарахаҥҥын даҕаны! Ийэтэ барахсан төһө эрэ санаа-оноо буолаахтата. Ээ, чэ, оҕоломмотоҕум да ордук эбит диэбиккэ дылы”, -- диэн саныы-саныы дьахтар биллэ чэпчээбит суумкаларын туппутунан, тохтобул диэки тиэтэйдэ. Лоһуура
kyym.ru сайтан