Кэпсээ
Войти Регистрация

Саха саарыннара уонна кинилэр омук ойохторо

Главная / Кэпсээн арааһа / Саха саарыннара уонна кинилэр омук ойохторо

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.02.2018 17:49
Бу былыргы хаартыскаҕа саха интэлигиэнсийэтин чаҕылхай дьоно тураллар. Москубаҕа 1924 сыллаахха бырамыысыланнаска Бүтүн Сойуустааҕы быыстапка буолбута. Арааһа, улахан таһымнаах, суолталаах быыстапка буолуохтаах. Онно көрсөн, бу биир дойдулаахтар хаартыскаҕа түспүттэр. Иннилэригэр – хоойго сытар холоонноох доҕотторо, мааны омук хотуттара олороллор. Бары эдэрдэр, кырасыабайдар, дьоллоохтор. Буолумуна! Олох, үлэ үөһүгэр сылдьаллар, үрдүккэ кынаттыыр ситиһиилээхтэр, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээхтэр! Ол эрээри ХХ үйэ устуоруйатын миэлиҥсэтэ хайдах курдук “мэлийиэн” билээхтээбэттэр... Георгий Колесов – Наталья Каменская Георгий Георгиевич Колесов – сахаттан бастакы бэрэпиэссэр. Бастакы үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис, тыа сирин чинчийбит-үөрэппит учуонай. Билиҥҥи да кэмҥэ эппиэттиир идиэйэлэрдээх сүҥкэн үлэлэрдээх, манагыраапыйалардаах. Маннык дьоммутун үчүгэйдик билбэппит кыбыстыылаах. Томскайдааҕы университет юридическай факультетыгар үөрэнэ сылдьан, өрөбөлүүссүйэ саҕаланан, дойдутугар төннүбүтэ. Кэпсээнтэн кэпсээн диэтэххэ, төннөн иһэн, 1918 сыллаахха борохуоттара Өлүөхүмэҕэ тохтообутугар үрүҥнэр тутан ылбыттар. Ити кэмҥэ Өлүөхүмэҕэ Ойуунускай салайааччылаах Сэбиэскэй былааһы олохтуур соруктаах Центросибирь хамыыһыйата баар эбит. Колесов табаарыһа устудьуон Слепцовтуун билэр киһилэригэр – учуонай-устуорук Г.В. Ксенофонтов I-гы кэргэнэ Н.Н. Кандинскаяҕа -- хорҕойбуттар. Бу күннэри мүччү түһэн син булуохтаах сирдэрин булбуттар. Ол эрээри Өлүөхүмэтээҕи күннэрэ дьылҕаларыгар хайдах дьайыан билээхтээбэт буоллахтара... Г.Г. Колесов ити кэнниттэн дойдутугар Халымаҕа тиийэн учууталлаабыт, онтон Иркутскайдааҕы университекка экэнэмиис идэтигэр үөрэнэ киирбит. Онтон Москубатааҕы норуот хаһаайыстыбатын институтугар (билигин -- Плеханов аатынан-РШ) көспүт. Олоҕун соруга Саха сирин экэниэмикэтин үөрэтии этэ. Иркутскайга үөрэнэ сылдьан, Саха сирин кэпэрэтииптэрин хонтуоратыгар үлэлээбитэ. Москубаҕа кини дьоҕурун-кыаҕын өйдөөн, өрөспүүбүлүкэ салалтата Саха уобалаһын туох баар боппуруоска боломуочунайын курдук туһанар буолбута. Үөрэҕин бүтэрэн төннүбүтүгэр үрдүк үөрэхтээх исписэлииһи саҥа тэриллибит Былаанныыр судаарыстыбаннай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлин, учуонайын биир сүрүн идиэйэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас сайдыытын кытта төрүт дьарыктары сөргүтэн сайыннарыы диэн этэ. 1933 сылтан С.М. Буденнай аатынан сылгыны чинчийэр институкка тыа хаһаайыстыбатын тэрээһинин хаапыдыратын салайбыта. “Любовь моя, Наташенька…” 1923 сыл сайын Георгий Георгиевич 30 саастааҕа. Билиҥҥинэн да ыллахха, түспэтийэр, тус олоҕу оҥостор кэмэ. Оччотооҕу саха интэлигиэнсийэтин өйүн-санаатын көрдөрөр биир бэлиэтээһин кини күннүгэр баар. Эдэр киһи «быйыл хайаан даҕаны ыал буолуохтаахпын. Аны 3-4 сылынан хойутуубун» диэн суруммут. Экэнэмиис киһи, көр, барытын ааҕар-суоттуур эбит! Аны бэйэтэ сайдыылаах, үөрэх-билии мааны киһитэ ыал буолууга, кэргэн буолуохтаах кыыска ирдэбилин көрүҥ: “1. Таптал баар буолуохтаах. Оннуга суох ыал -- ыал буолбат. 2. Кэргэним тас дьүһүнэ номоҕон буолуохтаах. 3. Уһулуччу да буолбатар, өйдөөх, дьоҕурдаах буолуохтаах (должна иметь средний ум) 4. «Мещанка» буолуо суохтаах (оччотооҕу өрөбөлүүссүйэлии тыыннаах уопсастыбаҕа саамай ыар буруй – РШ) 5. Үтүө санаалаах, ийэ, хаһаайка быһыытынан эбээһинэһин толорор. 6. Миигин өйдүөхтээх, мин санаабын ылыныахтаах. 7. Саха тылын билэрэ булгуччулаах да буолбатар, өйдүүрэ наада. Сахалары абааһы көрүө суохтаах». Дьэ, хайдаҕый! Билиҥҥилии эттэххэ, киниэхэ икки «альтернатива» баар
эбит. Биирэ – Иркутскай кыыһа, кккиһэ – Москуба. Кыргыттар 3-с эрэ пууҥҥа тэҥнэспиттэр, 1-2, 4-6 пууннарга «Москуба» чорбойон тахсыбыт, 7-с эрэ пууҥҥа бэйэбитигэр «чугастыы» Иркутскай кыайыылаах буолбут. Инньэ гынан 1923 сыллаахха Георгий Колесов Саратов күбүөрүнэтин Вольскай куоратыгар төрөөбүт Наталья Васильевна Каменскаяны кэргэн ылбыт. Дьиҥинэн, кинилэр Иркутскайга билсиспиттэр эбит. Онтон Колесов Москубаҕа көспүтүгэр кыыс батыһан кэлбит. Көр, ХХ үйэ саҕаланыытыгар омук кырасаабыссалара батыһар чулуу уолаттардаах эбиппит! Билэр дьоно ахталларынан, кинилэр бэйэ-бэйэлэрин олус таптыыллара. «Наташенька», «Георгик» -- диэн ыҥырсаллара. Эр киһи – орто уҥуохтаах, киппэ, сымнаҕастык көрбүт үтүө харахтаах. Дьахтар – бөдөҥ-садаҥ, үрдүк уҥуохтаах, сырдык баттахтаах, пенснелээх. Мэлдьи илии-илиилэриттэн тутуһан баран сылдьаллара. Арай оҕолоро суоҕа. Наталья Васильевна эрин санаатын, дьыалатын бүүс-бүтүннүү ылынан, онон олорбута. Иккиэн омук тылын үөрэтиигэ социалистическай күрэхтэһии тэрийэллэрэ. Оннук гынан аангылыйадыы, ньиэмэстии литэрэтиирэни судургутук ааҕар буолбуттар. Георгий Георгиевиһы 1938 сыллаахха хаайбыттара. Наталья Васильевна кэргэнин буруйа суоҕун дакаастаан, ССРС Борокуратууратыгар тиийэ суруйбута. Куруук суруйа, баһыылка, харчы оҕотун ыыта тураахтыыра. Г.Колесов ыараханнык ыалдьан, 1942 сыллаахха сырдык тыына быстыбыта. Наталья Васильевна Саха сирин кытта ситимин быспатаҕа, кыһалҕалаахтарга көмө оҥоро сылдьыбыта диэн махтанан ахталлар. Эрин туох баар архыыбын, суруктарын, үлэлэрин, малын-салын энчирэппэккэ илдьэ кэлбитэ, кэлин устуоруйаны чинчийээччилэргэ туттарбыта. Кузьма Гаврилов – Юлия Кауль Саха дьадаҥы ыалын оҕото Кузьма Гаврилов бэйэтин кыаҕынан уонна дьулуурунан тахсыбыта. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх, айылҕаттан ураты өйдөөх, эргиччи талааннаах этэ. К.О. Гаврилов -- “Саха омук” уопсастыбаны тэрийээччи уонна төрүттээччи, саха норуотун сайдыытыгар сүрдээх элбэҕи үлэлээбит киһи. Саха сиригэр “Холбос” кэпэрэтииби тэрийбит уонна бырабылыанньатын бастакы бэрэссэдээтэлэ этэ, экэнэмиис быһыытынан эмиэ сыаналанара. Совнарком бэрэссэдээтэлэ М.К. Аммосов көрдөһүүтүнэн, К.О. Гаврилов 1921-1926 сылларга Москубаҕа баран, Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлээбитэ. Саха чулуу уолаттара М.Аммосовы, И.Бараховы, С.Аржакову кытта автономияны ылыыга үлэлээбитэ. Е.Ярославскайы, С.Орджоникидзены кытта доҕордоһоро, М.И. Калинины уонна В.И. Ленини кытта көрсүбүтэ. …«Саха омук» кулуубугар мэлдьи үҥкүү буолара. Кузьма Осипович бэртээхэй үҥкүүһүт этэ. Субу баардыы Елизавета Федоровалыын уонна Елена Сергеевна Богатыревалыын краковяктаан битийэллэрин көрөр курдукпун. Бары европейскай муоданан таҥна сатыыр кэмнэригэр К.О. Гаврилов, В.Н. Леонтьев сахалыы уһун куруму этэрбэстээх кэлэллэрин сөҕөрүм», -- диэн И.Барашков ахтыбыта баар. Онон бастакы салайааччыларбыт үҥкүүлээн да битийэри сатыыр, көрү-нары да сөбүлүүр көхтөөх дьон эбиттэр. Москубаҕа олоро сылдьан Кузьма Осипович аатырбыт саха атыыһыта Гаврил Никифоров уола Василий Гаврилович огдооботун кэргэн ыла сылдьыбыта -- туспа кэпсээн. Дьикти дьылҕалаах графиня Юлия Кауль Юлия Кауль Прибалтика ньиэмэстэриттэн төрүттээх дииллэр. Манньыаттаах Уолун туһунан испэктээх премьератыгар кэлэ сылдьыбыт сиэнэ – «французтартан төрүттээх» диэн эппит. Эбиитин баронесса дуу, графиня дуу эбит! Василий Москубатааҕы тимир суол институтун бүтэрэн, инженер идэтин ылбыт. Уһулуччу дьоҕурдаах киһи, салгыы Москубатааҕы университет бөлүһүөпүйэ факультетын бүтэрбит.
1911 сыллаахха Аллараа Новгородка бара сылдьан, Волганан устан кэлэргэ санаммыт. Борохуокка Юлиялыын билсибит. Эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээн, холбоһорго санаммыттар. Уталыппакка кыыс дьонугар барбыттар. Кыыс дьоно азиат күтүөттэн соһуйдахтара буолуо, онтон уол төрүттэрин, баайын-дуолун, үөрэҕин туһунан ыйыталаһан баран син уоскуйбуттар, сөбүлэҥнэрин биэрбиттэр. Юлия аҕата Фердинанд Кауль – швед, борохуоттары дьаһайар хампаанньаҕа инженер, ийэтэ Прибалтика ньиэмэстэриттэн төрүттээҕэ. Элбэх оҕолоох буолан, тиийиммэт-түгэммэт эбиттэр. Хата, кыыспыт бэркэ эргэ таҕыста диэн, күлүктэригэр имнэммит буолуохтаахтар. 1913 сыллаахха Юлиялаах Василий Дьокуускайга кэлэн бэргэһэлэммиттэр уонна сыбаайбалаабыттар. Эрэнэр улахан уола кэрэ кийиити аҕаларыгар Гаврил Васильевич икки этээстээх улахан дьиэ туттарбыт. Ол эрээри эдэр ыал Саха сиригэр хаалар санаалара суоҕа. Онон аҕалара Москуба килбэйэр киинигэр, Лубянкаҕа үс этээстээх гостиница дьиэтин атыылаһан биэрбит. Уоллара Сергей онно төрөөбүт. Ханныгын да иһин, олус «экзотичнай» графиня буолан, саха миллионерыгар кэргэн таҕыстаҕа! Василий Никифоровы дэлэҕэ «принц» диэхтэрэ дуо! Тас сэбэрэтигэр, тутта-хапта сылдьарыгар, саҥатыгар-иҥэтигэр – барытыгар кини сытыы өйө, таһыма, билиитэ көстө сылдьара. Василий Никифоровы өрөбөлүүссүйэ кэннинээҕи ытылҕаҥҥа ыраахтааҕы дьиэ кэргэнин сыылкаҕа арыаллыыр хамаандаҕа киллэрбиттэрэ. Онно баран Тобольскайга түүҥҥү ытыалаһыыга түбэспитэ. Юлия Федоровна кэргэнэ өлбүтүн кэннэ ыарахан кэмнэри көрсүбүтэ. Бас билэн олорбут дьиэлэрин былдьаан ылбыттара. Юлия уолун кытта Москубаҕа кыһалҕаҕа кыһарыйтара сылдьарын Кузьма Гаврилов көрсө биэрэр. Оччолорго кини Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин солбуйааччыта этэ. Дьахтары массыньыысканан үлэҕэ ылларбыта. Кырдьыга, эдэркээн, кэрэ бэйэлээх дьахтары сөбүлээтэҕэ да буолуо... “Кэргэн таҕыс” диэбитин дьахтар аккаастамматах. Сэбиэскэй былааска кутталлаах аймахтардаах диэн Гаврилов дьаархамматах диэн хайгыахха эрэ сөп. Никифоровтар сыдьааннара -- Сергей Никифоров—Манньыаттаах сиэнэ Кузьма Осиповиһы олус сөбүлүүрэ диэн суруйбуттар. Хаартыскаҕа кини мотуруоскалаах, ийэтин таһыгар турар. Ол эрээри «графинялыын» өр олорботохтор. Баҕар, дьадаҥы саха отчут-масчыт ыалыттан төрүттээх Кузьма Осиповичка сахалыы-махалыы бэйэтин омугун дьахтара ордук чугас буоллаҕа буолуо. Кэпсииллэринэн, атын төрүөт баар. Кузьма Осипович кырасаабысса ойоҕун Саха сиригэр ыыппыт. Киниэхэ арыалдьыта үөрэх наркоматын салайбыт Сэмэн Донской убайа Сэмэн Донской-I (улахан) буолбут. Эмиэ биир улахан интэлигиэн, сир наркомун салайбыт уола хаан киһи. Итэҕэһэ диэн, арай бөкчөгөр үһү. Ол уһун-киэҥ айаҥҥа кэрэчээнэ Юлия уонна Донской буолан ыксаласпыттар... Кузьма Гаврилов ону судургутук: “Хоонньостугут да, мантан ыла бииргэ олоруҥ”, -- диэн быһаарбыт. Бэйэтэ, Дьокуускайга кэлэн баран, 1927 сыллаахха Мария Федоровна Охлопкованы (Харитонованы) кэргэн ылбыт. Мария Федоровна -- дьахталлар хамсааһыннарын төрүттэспит киһи. Кыыстара Мария Кузьминична Гаврилова – климатолог, география билимин дуоктара, сахалары ааттатыан ааттаппыт киһи. К.О. Гавриловы 1937 сыллаахха хаайбыттара. 1939 сыллаахха хаайыыга өлбүтэ. Юлия Кауль Донскойу кытта уонча сыл дьоллоохтук олорбуттар. Хомойуох иһин, эрэпириэссийэ ыар тыына Семен Донскойу тумнубатах. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ, баай-талым олоххо үөрэммит кэрэ дьахтар сиэринэн, киэргэнэрин, симэнэрин сөбүлүүр, “чэпчэки” соҕус майгылаах Юлия Федоровна мэдсиэстэрэ идэтигэр
үөрэнэн, иннин-кэннин кимнээҕэр үчүгэйдик быһаарсан, олоҕун оҥостон олорбута диэн кэпсииллэр. Иван Тимофеевич уонна Екатерина Васильевна Максимовтар. Бу дьонтон тыыннаах хаалбыттара, эрэпириэссийэҕэ түбэспэтэхтэрэ Иван Максимов эрэ. Кини «Холбос» бырабылыанньатын чилиэнэ, Иркутскайга Саха сириттэн баран «Холбос» боломуочунайынан сылдьыбыта. Кэлин Москубаҕа олорбута. ХХ үйэ 80-с сылларыгар өлбүтэ биллэр. Хомойуох иһин, онтон атын тугу да булбатыбыт. Семен Новгородов – Мария Фелицина Уһулуччулаах учуонай, лингвист, сахалыы суругу-бичиги төрүттээччи Семен Андреевич Новгородов билиҥҥи да саха мээнэ тиийбэт кыһатыгар -- Санк-Петербурдааҕы университекка тиийэн үөрэммитэ. Оттон нуучча кыыһа Мария Фелицина Рязань күбүөрүнэтигэр төрөөбүт, Рязань-Урал суол сулууспалааҕын кыыһа эбит. Петербурга Дьахталлар үрдүкү куурустарын бүтэрбит. Петроградка Илиҥҥи тыллар институттарын араап тылын салаатыгар киирэн үөрэммит. Итиннэ сылдьан, билсэн, эдэр дьон сүрэхтиин сөбүлэһэн, харахтыын хайҕаһан 1923 сыллаахха ыал буолбуттар. 1924 сыллаахха Елена диэн кыыстара төрөөбүт. Хомойуох иһин, Семен Андреевич соҕотох кыыһын Ленаны көрбөккө сырдык тыына быстыбыта. Кыыстарын Кузьма Осипович Гаврилов сүрэхтээбитэ. Мария Павловна Ленинградка Билим акадьыамыйатыгар, кэлин ССРС БА бибилитиэкэтигэр үлэлээбитэ. Былыргы хаартыска ити курдук элбэҕи кэпсиэн сөп. Роман Ш
kyym.ru сайтан