Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сотору эргиллиэм
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сотору эргиллиэм
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
20.02.2018 15:21
Соһумар сурах Кулуһуннааҕы тилийэ сүүрдэ: Сиидэр өлбүт! Маҥнай утаа итэҕэйбэтэх курдук, «ама, доҕор, омун ини» диэн саҥа хойдубута. Ол гынан баран, «куһаҕан сурах хаһан да сымыйа буолбат баҕайыта» диэн санааҕа оҕустаран, нэһилиэк дьоно улам «уолбут төннүбэт сиригэр букатын бараахтаатаҕа, оҥоһуута оннук буолаахтаатаҕа» диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. Ким эрэ аһынар, хайа эрэ киһи үөһэ тыынан баран «эрэйдээх сынньанаахтаатаҕа, кырдьыга да, ити курдук сир-халлаан икки ардыгар булкулла-тэккиллэ сылдьыан кэриэтэ итинник быстах дьылҕаламмыта ордук» диэн сыана быспыта. Күннээҕи кыһалҕаттан иллэҥсийэ эрэ түстэллэр, кулуһуннаахтар ким төһө сатыырынан төрөөбүт дойдутуттан кый ыраах сылдьан суорума суолламмыт биир дойдулаахтара Сиидэр муҥнааҕы ырыталлара. Айылҕа атаҕастаабыт оҕото Сиидэр кыратыгар Дьокуускай эргин инбэлииттэр анал оскуолаларыгар үөрэммитэ. Онно ахсыс кылааһы бүтэртэрэн, «ситэтэ суох орто үөрэхтэннэ» диэн докумуон туттаран баран, Кулуһуннаахха кэлэр биир аргыс киһи көстүбүтүнэн дойдулаппыттара. Сатаан аахпат, суруйбат, ахсааҥҥа эмиэ мөлтөх да буоллар, Сиидэр кумааҕыга илии баттаан эрилитэрэ оһуобай этэ. Билбэт дьон, уол илии баттаабытын көрдөхтөрүнэ, тос курдук тойон, холобура, оскуола дириэктэрэ дуу, сэбиэт дуу бэртээхэй буочарынан илии баттаабыт дииллэрэ. Төрүкү ыарыһах төрөппүттэрэ борбуйдарын көтөхпүт биэс уолу бэйэлэринэн эрэ хаалларан, хаһан да төннүбэт сирдэригэр букатыннаахтык айаннаабыттара. Анал туох да идэтэ суох уолаттар ким – хачыгаардаан, ким пиэрмэҕэ үлэлээн, айахтарын булунан олордохторуна, «умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт» диэбиккэ дылы, сопхуостара эстэн, нэһилиэккэ түптээх үлэ да хаалбатаҕа. Ол эрээри инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат: сорохторо илимнээн-туһахтаан, сорохторо дьоҥҥо араас үлэни толорон, син киэһэ аһыырдаах буолаллара. Кыра бырааттара Сиидэр инбэлиит буолан, санаа курдук биэнсийэ сыыстааҕа. Маҥнай утаа улахан убайдара Миитээски быраатын биэнсийэтин аска-таҥаска, күннээҕи кыһалҕаҕа туттуохха диэбитин Сиидэр ончу буолумматаҕа, эбиитин хонтуораҕа тэлэмээттэнэн тиийэн «биэнсийэм харчытын убайдарым бэйэлэрэ тутталлар, миэхэ көрдөрбөттөр даҕаны» диэн үҥсүбүтэ. Инньэ гынан буостаҕа тиийэн, илии баттаан эрилитэн биэнсийэтин бэйэтэ ылар буолбута, кыһытаары, убайдарыгар ол харчытын саараама көрдөрбөт этэ. Маҕаһыыҥҥа, нэһилиэк кэмэрсээннэригэр тиийэн, тугу сөбүлүү көрбүтүн ылан, бүччүм сиргэ хорҕойон олорон сиирэ. Маладьыаһыҥ, табахха, арыгыга умньамматах, хаартыга сыстыбатах буолан, харчытын онно ыыппат этэ эрээри, сотору кэминэн бүтэрэн кэбиһэрэ. Убайдара хайыахтара баарай, мөҕө-этэ сатаан баран, кыһаммат да буолан хаалбыттара. Дьэ, ити курдук биэс убайдыы-бырааттыы муор-туор олохтонон күннэрин чээрэтин бүтэрэллэрэ. Ким тугунан дьарыктанара бэйэтин үтүө көҥүлэ этэ. * * * Сиидэркэ саамай орох тэбэр сирэ оскуола этэ. Хараҕын хайа тардаат, онно тэбинэн тиийэрэ уонна физкультура учуутала Борокуоппай Бөтүрүөбүс илиитигэр киирэн оҕолору кытта сэрээккэлэспитинэн барара, оттон сүүрэкэлиэн сүрэҕэлдьээтэҕинэ, түннүк аттыгар тиийэн, муостаҕа лаҕыччы олорон көрөөччү буолара. Уһун бэрэмиэнэҕэ аһыыр хосторугар тиийэн, хааһы куттаран сиирэ. Алын кылаас оҕолоро мэниктэригэр тэптэрэн тугу эмэ гыннахтарына, ону эрэ күүппүт курдук, «тиллэ» түһэрэ: хараҕа кылахачыҥнаабытынан, тииһэ ырдьайбытынан барара. Дьэ, уонна көрүдүөрү биир
гына, таһырдьаны таһырдьанан эккирэтэрэ. Таҥаһа-саба ала-чуо биллэрэ: учуутал күтүөтэ хаһан эрэ Москубаҕа сылдьан ылбыт сайыҥҥы үрүҥ былааһа муодаттан тахсыбытын (уонча сыл кэппитэ) тастыҥ эдьиийэ Сиидэркэҕэ биэрбитин сайыннары-кыһыннары кэтэрэ. Кыһынын хас эмэ сиринэн тырыттан хаалбыт тэлигириэйкэтин таһынан күтүөтүн эргэ былааһын кэтэн кэбиһэрэ уонна хантан эрэ булбут халаабыс курдук суумкатын нотуруускалыы иилинэн баран, аан дойдуга киниттэн ордук дьоллоох киһи суоҕун курдук туттан, тэлэмээттэнэн иһэр буолара. Эмээхситтэр «Сиидээр, тиэргэним хаарын күрдьэ түс» эбэтэр «нокоо, кыратык маста тырыта сынньан киллэр» диэтэхтэринэ, бэрт улгумнук көмөлөспүтүнэн барара. Ол тиэргэннэрин дуомун күрдьээри биитэр икки хас хардаҕаһы хайытан абыраары, дьиэҕэ хаста эмэ киирэн чаһы хас буолбутун чопчулаһара. Үлэтин ситэ бүтэрбэтэр да, дьиэҕэ киирэн, остуолга олорунан кэбиһэрэ. Дьэ, уонна олорон эрэ буолары-буолбаты ыаспыйалаһан, доппуруос бөҕөтүн түһэрэрэ. «Сүгүннээмээри гынна» диэн, дьиэлээхтэр түргэн үлүгэрдик аһата охсоллоро. Тото-хана аһаан-сиэн баран, күрдьэҕин тиэргэҥҥэ сол курдук сытыарбытынан биитэр сүгэтин туттубут сиригэр хаалларбытынан, салгыы эмиэ кулууп, маҕаһыын, оскуола диэки түһүнэрэ. Биирдэ Дьокуускайтан артыыстар кэлэн кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. Сиидэр сол таҥаһынан, манааҕытын нотуруускалыы кэппитинэн сыана иннигэр чөкөллөн олорбута. Бүтэһигин диэкинэн сонос соҕус эдэр артыыс дьахтар, ыллыырын быыһыгар чуо хааман кэлэн, Сиидэри сыанаҕа ыҥыран таһаарбыта, эбиитин үүт маҥан илиитин уол санныгар ууран үҥкүүлээччи буолбута. Көрөөччүлэр, дьээбэҕэ тиллэн, саалаҕа күлүү-салыы сүрдэммитэ. Аны туран, уокка арыыны куппут кэриэтэ, дьахтар «аатыҥ кимий?» диэн ыйытан соһуппута. Ииндийэ муусукатыгар сөп түбэһиннэрэн сахалыы ыллыырын, үҥкүүлүүрүн быыһыгар: «Сиидэр, миигин кытта сарсын оройуон киинигэр барсыаҥ дуо? Онтон Ииндийэлиэхпит», – диэбэт дуо?! Артыыс дьахтар бу айылҕа атаҕастаабыт уола буоларын өйүгэр да оҕустаран көрбөт, хата, көрөөччүлэри күллэрэн, улаханнык сэргэхситтим дии санаабыт быһыылааҕа. Сиидэркэ сол киэһэ, кэнсиэр кэнниттэн, тастыҥ эдьиийэ Балбаара эмээхсиҥҥэ тэлэмээттэнэн тиийбитэ уонна: – Эдьиэй, мин сарсын артыыстары кытта оройуон киинигэр барсар буоллум, устунан Ииндийэлиир үһүбүт. Дьэ, эдьиэй, онон ыраата барар буоллум быһыылаах. Аата, үчүгэйин! Киинэҕэ, тэлэбиисэргэ көрдөххө, ол дойдуга күтүр улахан сулуонунан сылдьаллар дии. Мин эмиэ сулуоҥҥа олорсуом, – диэн, үрүт-үөһэ кэпсээ да кэпсээ буолбута. – Чэ, чэ, мээнэ ону-маны лахсыйыма. Мэ, бу миини ис, быһах бу баар, эккин итинэн кырбанан сиэр. Ол ороҥҥо таҥас бэлэмниэм, онно утуйаар. Ону-маны ыаспыйалаан түһэҥҥин, ким ол эйигин илдьэ баран сору көрбүт үһү. – Эдьиэй, алҕас саҥараҕын, артыыс дьахтар миигин таптаатаҕа дии. Мин да таптаатым быһыылаах. Эйиэхэ Ииндийэттэн кэһиибин аҕалыаҕым, сөп ду-уу? – диэн баран, Сиидэр аны сыгынньахтанан, килэрийэн хаалбыт ырбаахытын урукумуонньукка илдьэн сууйаары өрөпөөннөммүтэ... Сарсыарда ким-хайа иннинэ хачыгырайан туран суунар-тараанар түбүгэр түспүтэ. Сиидэркэ бастаан эдьиийэ эмээхсин тиис суунар суоккатынан, онтон тастыҥ убайа Кириил киэнинэн кикирий да кикирий буола турдаҕына, Балбаара түбэһэ тахсан умайыктаммыта. Онуоха биирдэрэ «кыыһырыма ду-уу, Ииндийэттэн кэһиибин
аҕалыаҕым, элбэҕии-элбэҕи» диэн кылаччы көрөн турбута... * * * Нэһилиэк саҥа баһылыга унньуктаах уһун туруорсуутун, элбэх докумуону толорбутун кэнниттэн Сиидэркэни Дьокуускай эргиннээҕи Инбэлиит дьиэтигэр ыыппыттара. Дьаһалта үлэһиттэрэ бастаан утаа «Сиидэри эпиэкэҕэ ылыҥ» диэн убайдарын, онтон чугас-ыраах урууларын көрдөһө сатаабыттара да, ким да буолумматаҕа. Онон уол эрэйдээх, били килэрийэн хаалбыт сайыҥҥы былааһын кэппитинэн, халаабыстыҥы суумкатын сүкпүтүнэн, дойдутуттан кый ыраах айанныырга тиийбитэ. Сөмөлүөккэ киирээри кэннин хайыһан туран «сотору эргиллиэм» диир саҥата иһиллэн хаалбыта. Ол айыыта онон диэххэ сөбө хомолтолоох сурах кэлбэтэҕэ буоллар. Куһаҕан сурах хаһан сымыйа буолбута баарай, дойдутун буоругар, төрөппүттэрин аттыгар буолбакка, букатын туора сиргэ харалыннаҕа. Дьэ, Кулуһуннаах дьоно садьыыбалаах Сиидэркэлэрин аны харахтаабат буоллахтара. Биир моһуога – өлбүтэ ырааппыт үһү эрээри, «киһигит өллө, маннык сиргэ көмүлүннэ» диэн, ол Интэринээт дьиэттэн туох да иһитиннэрии кэлбэтэҕэ. «Аныгы былаас туох аанньа буолуой, боростуой дьоҥҥо кыһаллан бэрт – өллүн да сүттүн» диир да дьон көстүтэлээбиттэрэ. Ону эрэ күүппүт курдук, эпиэкэҕэ ылартан аккаастаммыт сорох дьон, уруу-аймах да өттө «саҥа баһылык аллааҕымсыйан, хаарыан киһибитин оччо ыраах ыыта сылдьан итинниккэ тириэртэҕэ» диэн киҥир-хаҥыр саҥарсаллара иһиллитэлээбитэ. Бары да кэриэтэ «Сиидэркэ эрэйдээх бачча тухары син сылдьаахтаабыта, тоҕо эмиэ быһа ылларан Дьокуускайдаппыттара буолла, онно барбатаҕа буоллар, билигин даҕаны сэгэлдьийэ сылдьыах этэ» диэн санааҕа кэлбиттэрэ. Айаҕалыы сатаан, дьон саҥата да тулуппатыттан, саҥа баһылыктара улууска төлөпүөннээн көрбүтүн «билбэппит, өллө-сүттэ диэн туох да иһитиннэрии кэлбэтэҕэ» диэн саҥардыбатахтара. Ол оннук хаалбыта. Дьэ, онтон биир күн нэһилиэк иһэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук оргуйа түспүтэ – бүгүн Сиидэркэни аҕалаллар үһү! Соһуйуу-өмүрүү. Хайдах ол?! Баччааҥҥа диэри көмпөтөх бэйэккэлэрэ дуу, биитэр төрөөбүт сиригэр-уотугар сыттын диэн санаахтаабыт буоллахтара дуу?! Чэ, төһөтүн да иһин, сөмөлүөт кэллэҕинэ, бокуонньугу көрсө киириллэр диэн санаа үөскээбитэ. Бөлөрүүс тыраахтар сыарҕатыгар тиэйэн ханна илдьэллэрэ кытта быһаарыллыбыта. Сөмөлүөт түһэр былаһааккатыгар бөһүөлэк дьоно барыта кэриэтэ тоҕуоруспута. Кэмниэ кэнэҕэс көтөр аал обургу талахтары үрдүнэн кырыйа көтөн кэлэн бэтэрээтэх тохтообутугар онно үөмэхтэспиттэрэ. Лүөччүк сөмөлүөт аанын аһаатын кытта били кубалаҥ былааһын кэппитинэн, илги-талгы гынар эргэ суумкатын сүкпүтүнэн, Сиидэрдэрэ бу ырдьас гына түспүтэ! Бастаан утаа, соһуйбут омуннарыгар, түөскэ астарбыт курдук, чугурус гына түспүттэрэ: өмүрэх өттө өрө бабыгыраан ылбыта. Ол эрээри бу – сибиэн да, үөр да буолбатах, уоллара Сиидэр илэ бэйэтинэн этэ! Дьэ, ити курдук, куһаҕан сурах соһуччу үөрүүгэ кубулуйбута... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан