Кэпсээ
Войти Регистрация

Айан

Главная / Кэпсээн арааһа / Айан

K
edersaas.ru Категорията суох
30.03.2023 19:00
Сойуус ыһыллан, саҥа олох тыына биллэн, дьоппуон омук эргэ массыыналарын Владивостоктан дьон дьорҕоото аҕалан, атыы­лаан байан-тайан эрэллэр. Уһун хара тирии сонноох, моонньуларыгар ылгын чыҥыйа саҕа суоннаах көмүс сыаптаах, тарбахтарыгар улахан биһилэхтээх, тирии сонноох саҥа олох «дьоруойдара» күөрэйэн таҕыс­тылар. Былыргы дьыл мындаатыгар туман буолан сүттүлэр Александр Матросов, Павел Корчагин, аатырбыт хамандыыр Чапаев. Хата кини туһунан көр-күлүү кэпсээн дэлэйдэ. Күөх экирээҥҥэ күөрэйдилэр дьону соһо сылдьан үлтү кырбыыр Брюс Ли, тобугар диэри хааны кэһэ сылдьар Арнольд Шварценеггер… Саха эдэр ыччата Өксөкүлээҕи үөрэппэттэр, Ойуунускайы оройдооботтор, таҕылы ханнарар киинэни көрөллөр, кэпсээннэрэ барыта охсуһуу, дьахтар, арыгы, массыына. Ким улахан омук массыынатыгар кырасаабыссаны олордон көтүппүт, ол бүгүҥҥү күҥҥэ дьоруой. Эдэр дьон хараҕар харчы кыбыллан, чэпчэки харчыны эккирэтиһии саҕаланна. Дьаакып бэйэтин кэминээҕи эдэр киһи сиэринэн аллар атаһыныын Будимирдыын омук массыынатын аҕала, көтөн кэлэн этэҥҥэ Владивостокка түстүлэр. Улахан куоракка, харчы эрги­йэр киинигэр бандьыыттар хончоҥнос сирдэригэр көмүскэллээх буоллахха эрэ этэҥҥэ сылдьаҕын. Будимир билэр дьонунан маннаа­ҕы «братваҕа» төлөпүөннэппитэ, онон эрэх-турах сананар. Ол эрээри көмүскүөхтээх, күн-ый буолуох­таах Мишинигэр эрийбэккэ, көстүүнэй буланнар утуйан хаһыҥыраан хааллылар. Арай доҕоор, түүн үөһэ ааны бэстилиэт тутааҕынан эттээн лигийдилэр. Биһиги дьоммут ороһу­йан, ойон туран ааны аһан биэрээхтээтилэр. Саһаан үрдүктээх, атыыр оҕус­туу суон моонньуларыгар эрбэх саҕа суоннаах кыһыл көмүс сыап­таах, тиистээх, биһилэхтээх түөрт эр бэрдэ ааны хайа тэбэн киирдилэр. Биир-биэс кэпсэтиитэ суох ыт буутун саҕа улахан бэстилиэттэринэн чэчэгэйдэригэр тирээн кэбистилэр. – Вы приехали в наш город, за это налог платите. – Мы к Мишину приехали. – Сейчас проверим, – диэн баран ханна эрэ эрийэн куугунаттылар. – Давно надо было сказать, что к Мишину приехали. Из-за вас много времени потеряли, и так много работы, – диэн баран, муҥур тиит саҕа урдустар киирбиттэрин курдук түргэнник таҕыстылар. Биһиги дьоммут буолар буолбутун кэннэ, кэнниттэн доруоптаан, тымныы ууну испит сылгылыы ­уҥуох-уҥуохтара халыр-босхо бардылар. Хамсалаах табах быстыҥа олорон уоскуйан, дьэ туос амаларыгар түһэн түргэн үлүгэрдик Мишиҥҥэ эрийдилэр. – Че вечером не звонили? Завтра в 9 часов приезжайте в автосервис «Тойота». Үрүҥ тыыннарын өллөйдүүр Таҥараны кэпсэппиттии сананан нус-хас утуйдулар. Ый-күн буолуохтаах Мишиннэрин да уолаттара кэлэ сылдьыбыттара буолуо ээ. Ону ким билиэй? Биллэн турар, көстүүнэй үлэһиттэрин кытта билсии­лээх бөҕө буол­лахтара, олор «сахалар массыына ыла кэллилэр» диэн этэн биэрдэхтэрэ. Сарсыарда үлэ күнэ саҕаланыыта болдьоспут массыына оҥорор сирдэригэр тиийдилэр. Муҥур тиит саҕа бухатыыры көрөөрү турдахтарына, икки миэтэрэ үрдүктээх, тирии сонноох, аһаҕастык бэсти­лиэттэрин курдарыгар сыгынньахтыы кыбытан киэптээн көрдөрө сылдьар уолаттар быыстарыттан орто уҥуохтаах, сытыы сирэйдээх уол тахсан кэллэ. Дьиэҕэ киллэрэн остуолга ас бэлэмнэтэн аһатта. Ол олордохторуна маннык өйдөбүлү долоҕойдоругар сыҥалаата: «Владивостокка кини курдук сэттэ эрэ киһи баар үһү. Мишин бу таһымҥа тахсарыгар элбэх хаанын тохпут, онон киниэхэ төлүөхтээхтэр эбэтэр атын алта киһиттэн биирдэстэригэр. Төлөөбөт түгэннэригэр кыра бандьыыттар муннук аайы тоһуйан, харчы ыган сордуохтаахтар». Өссө киһиҥ төлүүллэрин-төлөөбөттөрүн амарах санаа­лаах буолан талларар ээ. Биһиги дьоммут барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ буолан сөбүлэһэргэ эрэ тиийдилэр. Балайда харчыны куду анньан биэрдилэр. Киһилэрэ үөрэн-көтөн, илии баттааһын­наах хордуону бэлэхтээтэ. Ол хордуону көрдөрдөххө, куорат иһигэр көҥүл сылдьар үһүгүн. Били аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт Чыҥыс Хаан баабыр ойуулаах көмүс пайзатын курдук. Бука аныгы ороспуойдар улуу убайдарыттан туттар ньыматын уордахтара буолуо. Бэйэлэрэ эт мэйиилэринэн толкуйдууллара саарбах. Кинилэр быстан кэлбит дьону эрэ ыгарга-түүрэргэ бэртэр ини. Өссө икки ыт буутун саҕа бэстилиэттээх уолаттар батыһа сылдьан, массыына талан атыылаһарга көмөлөстүлэр уонна Владивостоктан атааран биэрдилэр. Арахсаары туран маннык өйдөбүлү чөмчөкөлөрүгэр уктулар: «Аны били хордуоннара аара айаҥҥа абыраабат, онон улахан суол ороспуойдарын кытта бэйэлэрэ быһаарсыахтаахтар үһү». (Салгыыта бэчээттэниэ)
edersaas.ru сайтан