Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьүөгэ да араастаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьүөгэ да араастаах
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
13.02.2018 15:34
Татьяна Петровна чаанньыгын гааска туруорда. Бу курдук хонон турдах аайы биир күрүс олох салҕанан бара турар. Эдэр сылдьан күн кыһалҕата суох иистэнэр уонна чэй оргутар эмээхситтэргэ ымсыырар буолуллара. “Эн да олорор кэмиҥ кэлиэ. Кыанар эрдэххэ, үлэлээн-хамсаан, кэлэн-баран хаал”, – диэн кырдьаҕастар сөпкө да сүбэлииллэр эбит. “Билигин ити тыллары бэйэм үүт-маас хатылаан эдэрдэргэ сүбэлиибин”, -- диир кини. Татьяна Петровна көөнньөрбүт чэйин чааскыларга кутан үүттээтэ, тэлэбиисэрин холбоото. Кини үгүстэртэн уратылаах дьылҕатын туһунан бэйэтиттэн истээри көҥүл ылан, кулгаах-харах буолан олоробун. -- Ол дьону санаабакка буола сатыыбын. Абааһы көрөбүн. Ол эрээри үйэбэр биирдэ кэргэн буолан олорбут киһибин, оҕолорум аҕаларын, ону тэҥэ чугас буола сылдьыбыт дьүөгэбин, хайдах да гыммыт иһин, умнубаппын буоллаҕа. Кини, Кириил, манна биир күһүн баар буолбута. Уһун курбуу уҥуохтаах, сырдык хааннаах уол этэ. Дьүөгэм Светалыын өрүү бииргэ суксуруһарбыт. Оҕо эрдэхпититтэн ыаллыы олорбуппут, биир кылааска үөрэммиппит. Оскуола кэннэ парикмахердар куурустарын иккиэн үөрэнэн бүтэрэн, икки аҥыы тэрилтэҕэ үлэлээбиппит. Өрөбүллэри, бырааһынньыктары бииргэ атаарарбыт. Кириил кулуупка муусука холбооччунан үлэлии киирбитэ. Биһигини көрдөҕүн аайы долгуйан, ууга-уокка түһэриттэн күлсэн аҕай биэрэрбит. Ордук Света сөбүлээбитэ, ол эрээри Кириил миэхэ болҕомтотун уурбута. Саҥа дьыл түүн ыччаттар сарсыардааҥҥа диэри үҥкүүлээбиппит. Онтон Кириил миигин дьиэбэр атаарарга тылланан, бу сырыыга Светабыттан туһунан дьиэлээбитим. Дьүөгэм биир кэмҥэ хомойбут курдук буолбута эрээри, сотору уоскуйан, эмиэ урукку курдук көрдөөх Светаҕа кубулуйбута. Ити сааһыгар биһиги холбоспуппут. Уруубутугар Света арыалдьыттаабыта. Ыал буолбуппут кэннэ дьүөгэбиниин дэҥҥэ көрсүһэр буолбуппут: сулумах кыргыттары кытта булсубут этэ. Сотору кыыс оҕоломмутум, икки сыл буолан баран уолламмыппыт. Дьүөгэм оҕолонноҕум утаа бэлэхтээх-туһахтаах кэлэн барыталаабыта. Аһаҕастык кэпсэтэр, арыт солуута да суохтан күлсэр дьүөгэбин олус ахтарым. Ол эрээри Света тэйиччи туттар буолбута. Оччо тэйэ сатаабыт киһини бэйэм тылланан ыҥыра сатаабатаҕым буоллар, олоҕум атыннык салаллыа эбитэ буолуо. Кириил арыгыны батыһан иһэр дьоҥҥо киирсибэтэ. Субуоталарга биирдэ эмэ иһэн кэлэрэ эрээри, сарсыҥҥы күнүгэр абырахтанар диэни отой билбэтэ. Туохтан саҕаланна этэй араллааммыт? Соччо саныахпын баҕарбаппын даҕаны, -- Татьяна Петровна санныгар быраҕыммыт былаатын көннөрүннэ. Була сатаан остуолга таммалаабыт килиэп кыырпаҕын ньуоскатынан хаһыйан ыраастаабыта буолла. -- Оҕолорум иккиэн ыалдьыбыттара. Кириил гостуруолга барбыт кэмэ этэ. Соһуччу балыыһаланаммыт, кэргэним таҥаһын-сабын бэрийбэккэ, аһын да астаабакка кэлэн хаалбытым. Кини түүн-күнүс үлэлээх буолан, халадыынньыкка ас баар буоларын өрүү хааччыйарым. Бары өттүнэн үчүгэй кэргэн буоларга кыһалларым. Кэлэр күнүгэр тиийэн, аһын астыы охсон кэлиэхпин баҕарбытым даҕаны, эдьиийим иллэҥ булбатаҕа. Оттон уолум киниттэн ураты кими да билиммэтэ, атыҥыраһа. Онон баар эрэ дьүөгэбин Светаны ас астаан ааһарыгар көрдөспүтүм. Света кэлэн күлүүһү ылбыта, туох ханна баарын быһааран биэрбитим. Кини асчытын, ырааһын, түргэнин бэркэ диэн билэр буоллаҕым. Ол эрээри сүрэҕим атыны сэрэйбит эбит. Ону бүтэр
бүппүтүн кэннэ биирдэ саныыбын ээ. Света сирэйин-хараҕын олоруута атынын, туох эрэ иэдээн буолуохтааҕын, олоҕум уларыйыахтааҕын... Ити күн кэннэ биһиги өссө нэдиэлэ кэриҥэ балыыһаҕа сыппыппыт. Кэргэним кэлэн барара, ол эрээри көрүҥэр туох эрэ уларыйыы баара. Дьиэбэр киириибэр эмиэ атын салгын кыттыспытын сэрэйбит эбиппин. Барыта орун-оннугар курдук этэ эрээри, уоскуйан биэрбэтэҕим, туохтан эрэ айманарым. Хаарты ый курдук буолан баран арыллыбыта. Кэргэним биир киэһэ иһэн кэлбитэ. Таҥаһын бэрийэ сырыттахпына, бүрүүкэтин сиэбиттэн Света араамалаах кыра хаартыската түһэн кэлбитэ. Бэйэм киһибин билэрим бэрт буоллаҕа. Кини хаартысканы укта сылдьар дьоҥҥо киирсибэт. Ити дьүөгэм бастакы хаарыйыыта этэ... Ол түүн ытаан утуйбатаҕым. Кэргэним өйдөнөн быһаарарын кэтэспитим. Сарсыарда уһуктубутугар ыйыталаһыахча, айдаарыахча буолан истэхпинэ, киһим таһырдьаны былдьаспыта. Аныгыскы сырыытыгар “дьүөгэм” Кириил ырбаахытын саҕатыгар памаадатын суолун хаалларан ыыппыта. Ити сорунан, кыһаллан туран туруоруу суола этэ. Киһим кэпсэтииттэн, быһаарсыыттан куотунара, иһэрэ чаастатыйбыта. Аан бастаан дьиэтигэр хоммотоҕуттан уйабар уу киирбитэ. Светаны кытта кэпсэтэргэ быһаарыммытым. Бэйэтигэр тиийэр кыаҕым суоҕа, ыҥырдахпына кэлбэтин билэрим. Онон төлөпүөнүнэн эрийбитим. Үөрүүбүн-хомолтобун үллэстэн кэлбит, оҕо сааһым баар эрэ ситимэ, чугастык саныы сылдьыбыт киһим куолаһа дьиппиэниттэн, саҥата ыараханыттан соһуйан, хомойон, олорбут сирбиттэн турбакка, уйа-хайа суох ытаабытым. Оҕолорум сырсан кэлэн, тэҥҥэ ытаһан бараахтаабыттара. Ити курдук биир күн икки чугас киһибин сүтэрбитим, -- Татьяна Петровна бөтө бэрдэрэн ылла. -- Тоҕойуом, онон мин дьүөгэ, доҕор диэннэри итэҕэйбэт киһибин. Ол күтүрдэр сиэттиспитинэн куоракка түспүттэрэ. Хайдах олороллорун билэ сорумматарбын даҕаны, “үтүө” дьон иһитиннэрэн, тиэрдэн “абырааччылар”. Сураҕа, икки оҕоломмуттар. Кириили иһэр дииллэрэ. Ити түгэн кэннэ мин кылааһынан көрсүһүү диэннэригэр отой сылдьыбаппын, биир да дьахтары дьүөгэ гыммытым суох. Дьахталлар суксуруһалларын көрө-көрө ньиэрбинэйдиибин. Биир киһинэн дьону барытын сыаналыыр сыыһа эрээри, кэһэйбитим, соһуйбутум бэрт. Ити үлүгэр кэннэ иккистээн кэргэн тахсар туһунан санаа кэлиэ дуо? Оҕолорбунан, сиэннэрбинэн олоробун. Эн даҕаны этэҥҥэ сырыт. Дьону кытта көрөн доҕордос. Татьяна Петровнаттан тахсан иһэн түннүгүн хантайан көрбүтүм – былаатын бэйэтигэр күүскэ сыһыары тардынан ырааҕы көрөн турара. Киниттэн истибиппин ырыта саныы-саныы, имик-самык уоттаах уулуссанан дьиэм диэки харбыаласпытым. Екатерина, Бүлүү.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан