Кэпсээ
Войти Регистрация

Куобахтыы сылдьан

Главная / Кэпсээн арааһа / Куобахтыы сылдьан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
04.02.2018 14:00
Таайым сиргэ-уокка сылдьан бэрт элбэҕи кэпсиир буолара. Хараҕын симириктэтэн ыла-ыла «ол – суорак тириэтэй годтаахха этэ» дии-дии, «Север» диэн суруктаах паачыкатыттан бөппүрүөскэтин хостоон таһааран уматта-уматта (онтун кэтээн көрдөххө – бэйэтэ биир туспа туттуу-хаптыы), хайа да сииһит чыып да диэбэтин курдук, кэпсээн киирэн барар идэлээҕэ. Биирдэ аймахтар уонча буоламмыт Тэҥкэ лиҥкир тииттэрдээх систэринэн, эмиэ да хас эмэ элгээн быыһынан куобахтыы сырыттыбыт. Ээ, ити ырааттаҕа дии, били, таайым бэйэтэ сөбүлээн этэринии, хаһыс-хаһыс «годтаахха» эбитэ буолла? Чэ, ол саҕана обургу уол этим, алтыс дуу, сэттис дуу кылааска үөрэнэр быһыылааҕым. Ок-сиэ! Ол саҕана бары-барыта уу нуһараҥ холкута, чуумпута, билиҥҥи курдук сахсааннаах, түрбүөннээх, биир кэм ытыллан-бурҕаллан олорор курдук буолуо дуо, ама. Дьэ туран, күнүскү аһылыкпыт буолара бу тиийэн кэллэ. Аччыктыы, сылайа да быһыытыйдыбыт. Ол эрээри син балай эмэ бултанныбыт. Киһи баһыгар биирдии куобах баҕас баар буолла. Маны таһынан уонтан тахса бочугурастаахпыт. Барыбытыттан таайым Ньукуус бултуйда. Тыаһа суох үөмэр-чүөмэр үктэнэ сылдьан эргэ уон алталаах саатынан «аска» эрэ ытар. Онуоха холоотоххо, мин биир да уһун кулгаахтааҕы «дьыллыы» иликпин, арай икки бочугурастаахпын. Миигиттэн атын киһи эбитэ буоллар, өссө куртуйахтаныаҕа хаалла быһыылаах. Хатыҥнар быыстарынан сэлэлээн истэхпитинэ чугас баҕайыттан куска маарынныырдыы көтөр хап-хара баҕайылар көтөн тирилээбиттэригэр аҥайан туран хаалбытым. Онуоха аттыбар испит таайым «хайа-аа, тоҕо ыппакка хааллыҥ ити куртуйахтары?» диэбитигэр биирдэ өйдөммүтүм. Аҕам хайа эрэ өтөх кытыытыгар кэлбиппитигэр «чэйиҥ, манна чэй өрүнэн аһыаҕыҥ» диэн баран, хас эмэ сыллааҕыттан хочулуок оҥостубут пабыыдылабыт бааҥкатын (биэс лиитирэлээх) туппутунан, үрэххэ киирэн иһэн эмискэ тохтуу биэрдэ уонна сыгынах диэки сөмүйэтинэн ыйда. Көрбүппүт – муус маҥан куобах туртайан олорор, бэл, чыпчылыйбат даҕаны! Мин, итинтэн арыый чугас олорор киһи, биир уостаах уон алталаах саабын ылан «бачча чугастан илдьи ытан кэбиһэрим буолуо» диэн дьаархана-дьаархана, төбөтүн кыҥаан баран элбэрээкпин та-аарт! Саам буруота дьайҕарбытын кэннэ көрбүппүт – куобахпыт көстүбэт. Онуоха таайым: «Бараҥҥын ылыаххын, дьэ, мургун куобах илэ бэйэтинэн этэ», – диэтэ. Мин аа-дьуо тиийэн куобахпын кулгааҕыттан ылаары гыммытым – быыралыы турбат дуо?! Бары да соһуйан, аппайан турдубут – ким да ыппакка хаалла. Чэйдии олорон убайым аах мин мөлтөҕүм туһунан саҥаран бараары гыммыттарыгар таайым куруускалаах чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа: – Чэ, олустаамаҥ. Хайа да киһи өрө тэптэрэр куолута. Дьуона саҥардыы сааланан эрэр, киэһэлик, хата, эһигиттэн ордон тахсаарай, – диэн миигин көмүскэспитэ. Онтон өтөх уҥуоргу саҕатын көрө олорон «дьэ, биһиги даҕаны сыыһан бурҕаталыыр буоларбыт» диэн кэпсээнин саҕалаабыта. * * * Бу – суорак тириэтэй годтаахха этэ. Оччолорго мин сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрэн холкуоска үлэлиирим. Арааһа, бу Дьуона саҕа эбитим буолуо. Биирдэ биригэдьиирбит Молоох Баһылай миэхэ: – Дьэ, Ньукуус, үлэни бэркэ кыайан, абыраан эрэҕин. Ийэҥ
эрэйдээх тыыннааҕа буоллар, төһө эрэ үөрээхтиир этэ. Оттон аҕаҥ Баһылай туһунан тугу да эппэппин: эйигинэн киэн туттара чахчы. Кэлиҥҥи суругар «этэҥҥэ сылдьабын, сынаайпар оскуолатыгар үөрэнэбин» диэбит диэн кэпсээбитиҥ. Этэҥҥэ эргиллэн кэлэрэ буоллар, дэлэкэлээх үчүгэй буолуо этэ дуо. Эйиэхэ кэлбит соругум диэн, бэһиэ буолан холуонньаҕа барар айан суолун оҥоруутугар барыаххыт. Оройуонтан оннук дьаһал кэллэ. Биригэдьииргит Чаахаан Дьаакып буолуоҕа. Чэ, тугу-тугу ыларгытын бэйэтэ этиэҕэ. Кытаатан ыалдьыбакка-туттубакка сырыт, – диэн наадатын эппит киһи быһыытынан, көхсүн этитэн баран, тахсан барбыта. Дьэ, ити курдук мантан уонча көстөөх сиргэ тэлиэгэлээх, сыарҕалаах көлө сылдьарыгар анаан суол солуу барбыппыт. Ол холуонньа туһунан араас ынырык сураҕы кэпсииллэрэ. Үс сүүсчэкэ хаайыылаах баар үһү. Бастаан туох да хомбуойа-тойо суох үлэҕэ таһаартыыллар эбит. Ол сылдьан сорох-сорох урдустар, ордук ыар буруйга түбэспит бэһиэччиктэр, күрээн иһэн аара суолга дьону өлөртөөбүттэрин туһунан сурах баара. Билигин хаайыы эрэсиимин кытаатыннарбыттар: куоппатыннар диэн, үрдүүк баҕайы олбуордаабыттар, онтуларын өссө хатыылаах боробулуоханан эргиппиттэр, эбиитин торбуйах саҕа күөрт ыттарынан харабыллаталлар, аны үрдүк быыскаҕа турар харабыл аптамаатынан тааҕы-таах ытыалаан кэбиһэр үһү. Оройуон иһиттэн балтараа сүүсчэкэ киһи хаайылла сытарын кэпсииллэр. Биһиги нэһилиэктэн Марыына эрэйдээх онно сытар үһү. Мин кини уола Дьөгүөссэни кытары тэҥҥэ оонньуурбут, биир кылааска үөрэммиппит. Эрэ Сүөдэр аҕабын кытта бастакы хомуурга түбэһэн барбыта. Ол гынан баран сылы кыайбат кэминэн «Арҕаа боруоҥҥа сэриилэһэ сылдьан кыргыһыы толоонугар дьоруойдуу өллө» диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Марыына сырдык сэбэрэлээх, сыыс-буор ончу сыстыбатах, быһыы-таһаа да, чахчы, мааны дьахтар этэ. Сааһа оччолорго түөрт уончата эбитэ буолуо. Таһыттан көрдөххө, саах сыбахтаах туруорбах балаҕаннара боруоран түһэн, дьэ, сүрдээх этэ. Оттон иһирдьэ киирдэххэ, киһи соһуйуох, уурбут-туппут курдук оҥоһуулааҕа, сып-сырдыга. Көр, Марыына оннук ыраас туттуулааҕа, чэбэрэ. Ол эрээри ас-үөл туһунан тугу этиэҥ баарай – сулугур уу-хаар аһылыктаахтара. Барыта онтон саҕаламмыта – аас-аччык олохтон. Ыксаан, холкуос бааһынатыттан биир чабычах бурдук куолаһын хомуйбутун иһин Марыынаны хаайбыттара. Устунан ол холуонньаҕа утаарбыт сурахтара кэлбитэ. Дьөгүөссэтэ кыратыттан наһаа иринньэх этэ, хата, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат диэбиккэ дылы, детдомҥа ыыппыттара. Кэлиҥҥи дьылҕатын билбит суох. Ол саҕана сокуон кытаанах. Биһигиттэн чугас олорор Кыччай Уоһук диэн оҕонньор, эмиэ ыксаан буолаахтыа, тыһаҕаһын идэһэ гыммытын иһин дьыала тэрийбиттэрэ. Милииссийэлэр илдьээри кэлбиттэрэ – титиигэр тахсан ыйанан кэбиспит этэ. Ол эрэ буолуо дуо, элбэх оҕолоох Охоноос байыаннай нолуогун кыайан төлөөбөккө «ол дойдуну булан» уһаабатаҕа. Сыппах Ыстапаан «ньиэмэстэр Москубаны ыллахтарына, туох-туох буолуо биллибэт» диэбитин хантан эрэ истэн эмиэ «ол дойдуга» утаарбыттар. * * * Суол оҥорооччулар холкуостан ылбыт бурдукпут сыыһын кэмчилээн, хааһылаан сиирбит. Дэҥҥэ лабыктаны хатаран баран, ону мэлийэн, бурдукка булкуйан лэппиэскэ оҥосторбут. Хата, балачча буорахтаах буолан, айахпытыгар куобаҕы, мас көтөрүн бултуурбут. Онтубут аны доробуунабыт бүтэн хаалан
моһуогурдубут. Биригэдьиирбит Чаахаан Дьаакып «урут мутугу буулдьа оҥостор буолуллара» диэн өй укпутугар доробууна оннугар мутугу кыһан ытар идэлэннибит. Дьэ, ол баар этэ – биир көрүдьүөс. Тутуһан туран сыыһарбыт. Көр, ити Дьуона кэм ыраах сиртэн сыыстаҕа дии, оттон биһиги лаппа чугастан ытан сыыһар этибит. Бүтүн куобах олорорун! Таптахха баҕас сонно тиэрэ биэрэрэ. Ити курдук эбинэн син үлэни-хараны үмүрүтэрбит. Биирдэ дьонум миигин ол холуонньа баар бөһүөлэгэр табах ыллара ыыттылар. Ис Тэһэҕэс Тэрэппиин диэн саас ортолоох үлэһиппит аймахтара олороллор үһү, онно тиийэн умналаһыахтаахпын. Уруккута Тэрэппиин бу ыалга туох эрэ улахан үтүөнү оҥорбуттаах үһү. Мин куттаннарбын даҕаны биригэдьиирим сорудаҕын хайдах аккаастыамый, бардаҕым дии. Биэс хас биэрэстэни хаампытым кэннэ ойуурум чарааһаан барарга дылы гынна. Били кэпсиир хаайыылара быһыылаах: күрүөтэ-хаһаата – дьэҥкэччи хатыылаах боробулуоха, аны түһээн да харахтаабатах үрдүк олбуорум көһүннэ. Аттыгар лаабыс курдук моһуоннаах эрээри, эмиэ үрдүк туох эрэ тутуу баар. Онно биир харабыл хохоллон турар. «Аны ытан кэбиһиэ» диэн куттанан, хаамыыбын эбэн биэрдим. Дьэ, бөһүөлэктэрэ кэллэ. Холкуоспут киининээҕэр хас эмэ төгүл киэҥ бөһүөлэк буолан биэрдэ: дьиэтэ-уота элбэҕэ сүр, букатын билэттээбэт тутуум биир оччо. Ис Тэһэҕэс Тэрэппиин дьоно ханан олороллорун кимтэн эмэ ыйыппыт киһи диэн санаалаах иһэммин дьиэлэр муннуктарыттан отучча киһи салбыҥнаһан тахсыбыттарын көрдүм. Ол дьону икки өттүттэн саалаах түөрт киһи манаан иһэллэр. Тыый! Хаайыылаахтар эбит буолбат дуо?! Өссө дьахталлар эбит. Оо, таҥас-сап буорайаахтаабыт эрэйдээхтэрэ: сары-саллаҕар хаатыҥка диэн, илдьирийэн, орҕостон хаалбыт этэрбэс диэн, онон-манан «ас көрдөөбүт» саппыкы элээмэтэ диэн... Харабыллар быыстарыгар биир саха көстөр, атыттара – нууччалар. Мин бу ынырык сирэй-харах, таҥас-сап буолбут дьон быыһыгар, арыый бэтэрээ өттүгэр, бэркэ билэр сирэйбин көрөргө дылы гынным! Миигин да биллэ быһыылаах: тохтоон ылбытын кэнниттэн иһээччилэрэ көхсүттэн анньан илдьэ турдулар. Марыына эбит! Эрэйдээх дэлби ыран, уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалаахтаабыт. Били, урут сэрии буолуон иннинэ Дьөгүөссэҕэ кэллэхпинэ, күөрчэх кутан биэрэр Марыынабыт буолбатах: икки хараҕа чоҥоруччу уолан, имин уҥуоҕа лоппойон, ончу атын киһи. Аттыбар турар биир эмээхсин «эрэйдээхтэри баанньыкка илтилэр, онно кэм арыый сылааска тыын ыла түһүө этилэр» диир саҥата иһилиннэ. Мин бу дьулаан хартыынаттан дөйбүт курдук турбахтаатым, онтон Марыынаҕа тугу да дук гынар кыаҕа суохпуттан кэлэйии бөҕөтүн кэлэйдим. Саатар, хайдах эмэ гынан кэпсэтэн санаатын көтөхпүт киһи диэн санаталаан ыллым. – Билэр киһигин көрдүҥ дуо? Баанньыктара мантан чугас. Барыах, ити саха харабыла, баҕар, кэпсэтиннэриэҕэ, – диэн, хата, эмээхсиним этии киллэрдэ. Мин тоҕо эрэ: – Тастыҥ эдьиийим Марыына баар, – диэн сымыйалааччы буоллум. Эмээхсиммин кытта хаайыылаахтар барбыт сирдэрин диэки хаамтыбыт уонна намыһах дьиэҕэ тиийэн кэллибит. Икки харабыл биһиги диэки бэрт кытаанахтык сургуччу көрөн тураллар. Икки киһилэрэ иһирдьэ быһыылаахтар. Ол икки ардыгар эмээхсиним
өрбөх суумкатыттан лэппиэскэ таһааран, эмти тутан миэхэ уунна уонна «мэ, эдьиийиҥ эрэйдээххэ биэрээр» диэтэ. Маннык үтүө санаалаах дьон барахсаттар баар буоланнар, күүспүтүгэр күүс эбиллэр, сүргэбит көтөҕүллэр эбээт! Чахчы, оннук. Күөс быстыҥа күүппүппүт кэннэ дьахталлары таһаардылар. Марыына миигин билэн, курустук барбах мичээрдээбитэ буолаахтыыр. Эмээхсини кытта, били, саха харабылыгар тиийбиппитигэр төрүт чугаһаппата, эбиитин сэргэстэһэ турар нуучча киһитэ: – Киэр буолуҥ! – диэн баран, Марыынаҕа биэрээри ууммут лэппиэскэбин ылан дьиэ нөҥүө кыыратта. Ол кэнниттэн түргэнник устуруойдата охсон төттөрү илдьэ турдулар. Марыына эрэйдээх туох да саҥа-иҥэ суох киһитэ (кэпсэтэри көҥүллээбэттэр эбит) илиитинэн быраһаайдаһардыы сапсыйаахтаабыта... Сааһыары, дьыл имийиитэ, өлбүт сураҕын истибиппит. * * * Таайым курус кэпсээнин истэн баран, саҥата суох малбытын хомунан барбыппыт. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан