Кэпсээ
Войти Регистрация

Төрөлкөй Өлөксөй

Главная / Кэпсээн арааһа / Төрөлкөй Өлөксөй

K
24.09.2021 12:58
Табаарыһым Ополлуон, бэркэ иэйдэҕинэ (ордук “тэп” гыннарбыт кэмигэр), хараҕын симириҥнэтэн ыла-ыла, арааһы бары кэпсээччи. Кинини кытта сиргэ-хонууга сырыттаххына, чуҥкуйуо диэн саараама даҕаны. Төһө да сааһыта суох буоллар, атастара бэрийэн-тэрийэн, “саатар, чэй өрөөччүнэн барыс” диэн, былдьаһыгынан илдьэ барааччылар. Кырдьык, күөһү түргэнник буһарарынан, асчытынан баҕас сирдэрбэт барахсан. Дьэ, уруккуну-хойуккуну наардаан, “эһиэхэ бу да тиэмэ барсыа” диэбиттии, онон-манан эргитэн кэпсээбитэ эрэ баар. Айан кэпсиирэ эрэ, чахчы буолбуту омуннуура эрэ – ким билбитэ баарай. Кэлин кэпсээнин дьоруойдарыттан бүччүмнээн ыйытыаххын табыгаһа суох – табаарыскын бэрдэ суох балаһыанньаҕа киллэрдэҕиҥ ол.        Соторутааҕыта куораттан чугас эргин саалана таҕыстыбыт. Хоту уһуннук үлэлээбит, сааһын-күһүнүн кус бииһин ууһун балай эмэ бултаамахтаабыт киһиэхэ, миэхэ, манна, куһунааҕар сааһыта элбэх сиргэ, соччо интэриэһинэйэ суох. Онно олохтоохтор төһө да “сыл ахсын куспут аҕыйаатар аҕыйаан иһэр” диэтэллэр, манна курдук буолуо дуо – кус арааһа толору буоллаҕа. Арай бу Дьокуускай эргин кустуу диэн бардахха, ыраас салгыны тыынарыҥ, кутаа таһыгар олороруҥ, балааккаҕа утуйарыҥ, кырдьык, туох да ааттаах.    Бүгүн да ыппатыбыт, дьөрү, чыркымайы да көрбөтүбүт. Баҕар, сарсыарданан туох эмэ биллиэ диэн кэтэспиппит да – суох. Инньэ гынан Ополлуоммут астаабыт торуойун сүрдээх минньигэстик мотуйан баран, балааккабытыгар киирэн, утуйан ылардыы оҥостон сыттыбыт. Онтон асчыппыт, чочумча хойутуу түһэн баран,  биир табаарыспытын кытта тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ киирдилэр.    – ... Ээ, Өлөксөйү билэр эбиккин дии. Дьэ, киһи киһилээхпин диир киһитэ, доҕор. Бииргэ үөскээбит дьоммут, – диэн баран, Ополлуон кэпсээнин тардан кэбистэ.   Кыаҕа бэрт буоллаҕа       Үөрэх-хаар диэҥҥэ сыстаҕаһа суох да буоллар, кыанарынан баҕас кими да тулуппат ыччат этэ. Ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, Даркы диэн алааска кымыс үрдэ тэрийбиттэригэр атах оонньоон улахан дьону да тулуппатаҕа. Атын нэһилиэктэртэн, бэл, анаан-минээн “бириис хомуйа” кэлбит үлэһит ыччаттары эмиэ киһилээбэтэҕэ. Хата, атахтаһа сытар оройуонтан тырамбаайынан кэлбит хас да кыыс Өлөксөйбүтүгэр иҥээҥнээн аҕай биэрбиттэрэ. Биһиги обургулар уолбутун мончуук оҥостон ол кэлии кыргыттары атаакалыахпыт диэбиппит да, пахай, киһибит кинилэргэ дэлэҕэ чугаһаан бэрт.    Наакка диэн кылааһынньыга кыыһы сөбүлээн, адьас хайыан да булбат этэ. Биирдэрэ киниэхэ “кэпсиэ макаар” да диэбэт. Кырдьык, ол кыыһы үрдүкү кылаас уолаттара эккирэтэн аҕай биэрэллэрэ, ол иһин да буолуо, атаспытын сэниир быһыылааҕа.    Биирдэ Өлөксөй миэхэ кэлэн “мин ааппыттан Нааккаҕа таптыырым туһунан сурукта суруй” диэн көрдөстө. Этэн аһарбытым курдук, отой суруксута суоҕа: тураах хаампытын курдук дьаабы буочардааҕа, аны туран, көрөн олорон сыыһа устар урааҥхай буоллаҕа. Мин аккаастанан көрөн баран, киһибин аһына санааммын, суруйарга сөбүлэстим. Муочам хаартыскатын (ити ойохпун этэбин, оччолортон эрийсэн баччааҥҥа диэри кэллэхпит) иннибэр ууран олорон, добуочча оҥоһуннум. Бэйи, турукка киирэр хайаан да наада эбээт! Инньэ гынан чаас кэриҥинэн
суруйан бүтэрдим, көр, уубар-хаарбар киирэн, бу киһиҥ өссө син балачча долгуйдум ээ. Дьэ, онтубун манаан туран Өлөксөйбөр уһултардым. Бу кэнниттэн хас эмэ кыыһы үтүмэх оҥостон сурукпутун били Нааккаҕа тиксэрдибит.    Дьэ, доҕор, бэрэмиэнэҕэ кылаастан тахсыбакка олордохпутуна, кыыспыт киирэн кэллэ да, чуо уолбар эһиэлэнэн кэлээт: “Мэ, бөххүн киэр гын, аны ону-маны суруйума!” – диэн баран, били сурукпутун хайыта тыытаат, сирэйгэ быраҕан биэрдэ! Онно баар уолаттар соһуйан, тылларыттан маттылар, оттон биир бэйэм улаханнык өһүргэнним: Муочабын санаан олорон суруйбут киһи буоллаҕым.    Оскуоланы бүтэрэригэр Өлөксөйбүт, туох да омуна суох эттэххэ, саһаан үрдүктээх буола баараҕадыйбыта. Ол иһин да буолуо, Төрөлкөй Өлөксөй диэн аат иҥмитэ. Аармыйаттан кэлэн баран, Дьокуускайга туох эрэ үөрэҕэр туттарсан көрбүтэ да, кыайан киирбэтэҕэ. Ол сылдьан үнүбэрсиэти бүтэрэн эрэр кыыска дураһыйталаабыта да, үөрэҕэ суох сордооҕу чугаһатыа баара дуо.    Дьэ, ити гынан баран, табаарыһым дьикти киһи этэ: түөһүн тылыгар да тиийбэт кыргыттары көрүө эрэ кэрэх – уолбутугар уҥа-таала түһэллэрэ. Билигин ойох ылан олорор Ириискэтэ, арааһа, атаһым курумутун иһигэр дьобуччу түһэн хаалар буолуохтаах, оннук кыра. Ити гынан баран, сэгэрим, тэҥкэ тиитин саҕа аҕыс дуу, тоҕус дуу лиһигирэс уолаттардаахтар эбээт! Дьэ, итиччэ бэликээннэри Өлөксөйбүт уу кэһэр саппыкытын иһигэр холкутук батар Ириискэ хайдах курдук күн сирин көрдөртөөбүтүй?!    Оттон, били, уолбутун сирбит Наакката, төһө да эрдэ эргэ таҕыстар, оҕолонор үөрүүтүн билбэккэ кырыйда.  Ааттыын Төрөлкөй буоллаҕа, Өлөксөйүҥ билигин даҕаны “туора ойуолуур” сурахтаах. Онто эмиэ биир туспа дьээбэ: Ириискэтин ыкса дьүөгэтэ Моруускаҕа (эмиэ хап-хатыҥыр, бып-быыкаа) кэмиттэн кэмигэр хонон ылардаах. Бэйи, онтуттан эмиэ сүүнэкий бэйэлээх уоллаах. Умса уур, тиэрэ уур – Төрөлкөй илэ бэйэтэ! Атаспыт икки хас хонукка Моруускатыгар хонон кэлэн баран, ойоҕор “дьаат матасыыкыла алдьанан, онтубун оҥостон моһуогурдум” диир үһү. Сороҕор кустуу диэн ааттаан айаннаан баран, Морууската олорор учаастагар тиийэн дьиэттэн олох тахсыбат диэн кэпсииллэр. Ол да буоллар дьүөгэлиилэр иирсэн турбуттара иһиллибэт.   Биир көстүүнэйгэ      Өлөксөй бу түбэлтэни мэлдьи кэпсээн оҥостооччу. Кини, оччолорго сүүрбэччэлээх уол, аан бастаан атын киһи ойоҕун – саастаах дьахтары кытта утуйан турбут үһү. Билигин сааһыран, хас эмэ сиэннэнэн да баран, ол кэмнээҕи «мүччүргэннээх» сырыыларын санаан кэллэҕинэ, адьас «кыым» буола түһэбин диир. Бэл, Ириискэтэ «бу оҕонньор тугу сиэн итиччэ дьүһүлэнэр муҥай» диэн, бэркэ абаланар үһү. Атаспыт обургу тулутарын аастаҕына, эмээхсинэ киэр хайыһан сытан “чэ, түргэнник туохтаан баран бүт, киһини сүгүн утут” диир үһү. Онтон оҕонньоро “дьыалатын” бүтэрбитин кэннэ, сиргэммит курдук, туран суунан баран, мөҕүттэ-мөҕүттэ туспа ороҥҥо тиийэн сытар эбит. Эмээхсинэ итиннигиттэн Төрөлкөй Өлөксөй бэйэтэ да киҥэ-наара холлор буолуохтаах. Биир үксүн ол да иһин Моруускатыттан арахпата буолуо дии саныыбын. Киһиҥ ол да дьахтарыгар
табыллыбатаҕына, санаатын алы гынан “чэ, утуйуллуо, түүлбэр урукку көссүүлэрбин кытары таптаһарым сүрдээх үчүгэй” диэччи.    ... Өлөксөй Дьокуускайга туох эрэ кууруска үөрэнэ сылдьан уопсай дьиэҕэ дьуһуурунайы солбуйарын сөбүлүүр үһү. Дьиэ сууйарын буолбакка, төлөпүөҥҥэ олорорун ордорор эбит. Биирдэ субуотаҕа ыкса киэһэ дьуһуурунайдыы олордоҕуна төлөпүөн тырылаабыт. Өлөксөй «бачча түүннэри хайалара бэһирдэҕэй?» диэн, утуктуу олорон туруупканы ылбыта, хата, минньигэс баҕайы куоластаах кыыс саҥарар, күлэн лыҥкынатар, арааһы бары ыйытар үһү. Маҥнай утаа нууччалыы кэпсэппиттэр, онтон кыыс сахалыы ып-ыраастык саҥаран киирэн барбыт: атаспыт нууччалыыра дэлэ эрэйдээх үһүө.    Любомира (били кыыспыт аата) чугастааҕы оройуоҥҥа төлөпүөн ыстаансыйатыгар дьуһуурунайдыыр эбит, онон төһө баҕарар кэпсэтэр кыахтаах үһү. Кыратык тохтобул оҥоро-оҥоро сарсыардааҥҥа диэри кэпсэппиттэр. Өлөксөйүҥ, били, мин оччолорго таптал туһунан хоһоон айыталаабыппын сыыс түһэрбэккэ ууруна сылдьыбыт эбит, онон бэйэтэ айбыт киһи курдук, мааһа бэркэ табыллыбыт. Бу эристииниҥ, оскуолаҕа сылдьан, кэнсиэргэ бэркэ ыллаан лоҥкунатара, онон анараа кыыс иһиттэҕинэ, дэлэ буолуо дуо: төлөпүөнүнэн тыастаахтык уураһан чобурҕатыспыттар. Бүтэһигэр Любомирата аныгы нэдиэлэҕэ хас да хонукка хомондьуруопкаҕа кэлиэхтээҕин эппит, кэллэҕинэ, ханна, хайдах көрсүөхтээхтэрин биллэриэх буолбут.   * * *    Өлөксөй, кэпсэтии быһыытынан, «Киин» киинэ тыйаатырын таһыгар хаҥас илиитигэр «Кыым» хаһыаттаах туруохтаах эбит. Любомирата ону бэйэтэ көрөн кэлиэхтээх. Киһибит эрдэ кэлэн «бу кыыс буолаарай» диэн, чугас эргин сылдьар кыргыттары одуулаһартан соло буолбатах. Суох, ким да киниэхэ чугаһыах чинчитэ биллибэтэх. “Албыннаабыта буолуо дуо, ама” дии саныах курдук буолан эрдэҕинэ, хара саһыл бэргэһэлээх, истээх соно эмиэ саһыл саҕалаах, бэрт толуу көрүҥнээх, ньыламан маҥан сирэйдээх мааны дьахтар аттыгар кэлэн: “Здравствуйте, Алёша”, – диэччи буолбут уонна мичээрдээн, арылыччы көрөн турбут.      Өлөксөй, омунугар, ходьох гына түспүт, били төлөпүөнүнэн дьоруойдаабыта мэлис гыммыт, барыах-кэлиэх сирин булбатах. Эчи, анарааҥҥыта мааныта да бэрт буоллаҕа! Онуоха холоотоххо, биһиги киһибит туга кэлээхтиэй – убайа устудьуоннууругар кэппит эргэ дыраап соно уонна ийэтэ тикпит андаатар бэргэһэтин хаҥначчы кэппитэ эрэ буолаахтаатаҕа. Ити курдук тэпсэҥнии турдаҕына, дьахтара Өлөксөйү хонноҕуттан ылан аа-дьуо «Лена» көстүүнэй диэки илпит.    Любомирата икки миэстэлээх нүөмэргэ түспүт. Маннык көстүүнэйгэ хаһан да сылдьа илик буолан, атаспыт мах бэрдэрбит, аар-маар да буола сыспыт. Хата, букатын буорайыах киһи, «табыллыбатахпына мантыбын иһиэм» диэн хаһааммыт кыһыл арыгытын иһэн, добуочча сытыырхайбыт, бэйэтэ-бэйэтинэн буола түспүт.    Ыкса киэһэ нүөмэргэ Любомиралыын бииргэ түспүт дьахтара кэлбит. Ол даҕаны көрүү-истии мааны чүөчэтэ үһү. Өлөксөйдөөх оронун оҥостон сытарыгар мэһэйдээмээри, көрүдүөргэ тахсан биэрбиттэр. Онуоха диэри бириэмэлэрэ ырааппыт, оптуобус сырыыта тохтообут. Инньэ гынан Өлөксөй манна хоноро чуолкай буолбут.    Любомирата хараҥа хоско өссө тупсубут курдук буолбут: уолтан биллэ саастааҕа көстүбэт, оттон куолаһа наһаа минньигэс, биир кэм имэҥи күөдьүтэн олорор үһү. Тохтоло суох уураһыы, куустуһуу кэнниттэн түргэн үлүгэрдик
сыгынньахтана охсон сыппыттар. Уохтаах таптал диэн дьэ манна буолбут, куба маҥан илии иилии ылыыта, аллараттан өрүтэ күөрэҥнээһин, туох да ис хоһооно суох минньигэс саҥа, кэрээнэ суох имэҥ...    «Алёша, сэгэртэйим оҕотоо, эйигиттэн минньигэс ким да суох. Тоҕо да эрдэ көрсүбэтэхпитий?! Ама, бу түүнүнэн бүтүөхпүт дуо. Өссө таптаа, өссө! Бэйэҥ курдук уол оҕото оҥорон бэлэхтээ», – диэн, Любомира ытамньыйан ыла-ыла бобута кууспахалаабыт. Өлөксөй бу иннинэ арай Ириискэлээх Моруускатын эрэ кытта утуйан турбуттаах үһү. Ол кыргыттар Любомира Станиславовнаҕа тэҥнээтэҕинэ, букатын да сымсахтара биллибит. “Арай Любомира барахсаны кэргэн ыллахха?! Биэс саастаах кыыстааҕа диэн туох буолуой – олоруохпут!” – дии санаталаабыт. Ким да кинини маннык имэҥнээхтик таптыы илик буоллаҕа. Итинник саныы сыттаҕына, дьахтара: “Алёша, сүрэ бэрт буолуо, ити Изольда Кирсановна туох дии саныай, бараҥҥын аны кинилиин сытыс, – диэн баран, Өлөксөйү күүһүнэн кэриэтэ били дьахтарга аҕалбыт. Биирдэрэ, ону эрэ күүппүт курдук, суорҕанын арыйан биэрбит.     “Дьахтар кубулҕата диэни аан маҥнай онно билбитим”, – диэн, Төрөлкөй Өлөксөй кыдьыгыран туран кэпсээн турардаах.    Ополлуоммут кэпсээнэ сиикэригэ чахчы. Ол эрээри Төрөлкөй Өлөксөй туһунан кэпсээбитэ сороҕо кырдьык быһыылааҕа.   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан