Кэпсээ
Войти
Регистрация
Туох барыта сиэртибэлээх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Туох барыта сиэртибэлээх
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
02.09.2021 14:03
Дьахтар эр киһини дирижёр кэриэтэ хайдах баҕарар салайар-хамсатар быһыылаах. Ол – кини айылҕаттан бэриллибит дьоҕура эбитэ дуу, биитэр түбэһиитэ оннуга эбитэ дуу? Дьэ, эмиэ уустук боппуруос диэтэҕиІ! Сэмэн Сиилин маныаха төбөтүн сынньа сатаабыта син балай эмэ буолла да, буоссалаах хоруйу баччааҥҥа диэри була илик. Бэйэтэ үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэлиир ааттаах эрээри, итини кыайан быһаарбата кыһыылаах баҕайы. Бачча сааһыгар диэри дьахтары өрө тутан кэллэ. Кырдьык даҕаны, ылан да көрдөххө, оннук буолан тахсар эбит. Дьэ, холобур, эдэригэр кыыс диэн баран, субуотаҕа томороон тымныыга Оробуочай городуоктан Сэргэлээххэ диэри бачыыҥканан эрэ тоһугураан, ыксаан-бохсоон кэлэрэ. «Үҥкүүлүөм, дьол хараҕа суох, баҕар, биир эмэ кыыһы кытта эрийсиэм» диэн. Ханта-ан?! Биир-икки үҥкүү кэнниттэн, уол толору муһуннаҕына, кыргыттар кини диэки көрбөт да буолан хаалаллара. Хайыаҕай, уопсай үҥкүүгэ киирэн аалыҥнаһа түһэн баран, «өтөҕүн быһара». Ыкса киэһэ оптуобус сырыыта тохтоон, тоһуттар тымныыга суос-соҕотоҕун чааһы быһа точугураан, сүүрүү-хаамыы былаастаан олорор сиригэр тиийэрэ. Сорох эбитэ буоллар, итиччэ халтай сырыы кэнниттэн оттомура түһүө эбитэ буолуо. Суох, хата, бу хоодуотуҥ «хап-харанан көрөн түһэн, ити бастакы үҥкүүлээбит кыыһым миигин кытта бэркэ эйэргэһиэх быһыылааҕа, хаарыаны, аныгыскы биэчэрдэригэр тиийдэхпинэ, барахсаным, миэнэ буолаа инигин» диэн ыраламмытынан, утуйбутун да билбэккэ хаалара. Дьиҥэ баара, ол кырасаабыссата (бу киһиҥ наар оннук кыргыттарга иҥээҥниирэ) киниэхэ наадыйыыһы дуо?! Ол да буоллар Сэмэн санаатын алы гынан «чэ, ити киниттэн арахпат мааны таҥастаах уһун уол аймаҕа биитэр бииргэ үөрэнэр табаарыһа буолуо; кыыс эрэйдээх миигиттэн – билбэт киһититтэн – сэрэнэн чугаһаабата сөп буоллаҕа дии, сирэйим-хараҕым да олоруута оннук быһыылаах» диэн уоскутунара. Уопсайынан, кыыс туһугар тугу да гыныан булбат түрүлүөнүгэр түһэрэ уонна син биир тамты мэлийэрэ. Марыынатын кэргэн ыларыгар биирин үксүн кыыһын асчыт талаана улахан оруолламмыта. Наар ыксал-бохсол иһинэн сылдьан остолобуой уу судураай аһынан сөп буолар уол бэйэтиттэн үс-түөрт сыл аҕа, кичэйэн оҥоһуннаҕына, син төһө эмэ тупсан көстөр сэбэрэлээх кыыска улам тартаран барбыта. Марыына, этин ыргыччы буһаран баран, миинигэр сахалыы лапсалаан, сааһыары тууһаабыт луугун табыгынатан кэбистэҕинэ, Сэмэн астынан, адьас ууллан хаалара. Кыыһын эдьиийэ хайа эрэ министиэристибэҕэ үлэлиир буолан, командировкаттан ордубат быһыылааҕа, онон Марыына дьиэтигэр мэлдьи кэриэтэ соҕотох буолара. Сэмэн далбарга сылдьыбыта. Уопсайынан даҕаны, эр киһи сөбүлүүр аһын амсайдаҕына, дьиэ-уот ураты сылааһын, дьахтар уохтаах тапталын биллэҕинэ, маннык балаһыанньаны үйэтитиэн, мэлдьи баар гыныан, олохсутуон баҕарар. Кырдьык, Марыынатын быһыыта-таһаата, баҕарбыт курдук имигэс, түөһэ томтоҕор, сотото чочуонай да буолбатар, эдэригэр баҕас ыраас санаатынан уонна төһө сатыырынан «таптал кутаатын оттуһарынан» куһаҕана суох паара этэ. Кэлин иккитэ оҕолонон, устунан хайдах эрэ нэһирэн, доруобуйата да мөлтөөн, Сэмэнигэр соччо наадыйбат да буолан хаалбыта. «Түүҥҥү эбээһинэһин» ый баһыгар-атаҕар улахан эрэйинэн толороро. Оттон эр киһи – айылҕаттан булчут. Наар тугу эрэ саҥаны, сонуну көрдөөтөҕүнэ эрэ сатанар. Ити чааһыгар баҕас Сэмэҥҥэ – оһуобай. Үлэлиир кыһатыгар улахан аҥаара – дьахтар аймах! Маныаха сүүһүнэн тып-тырыбынас устудьуон кыыһы эбэн кэбис! Онон күнү быһа бүтүннүү кэрэ аҥаар эйгэтигэр сылдьар. Эдэр саас чэгиэн тыына, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыыта Сэмэҥҥэ хайдах биллибэт буолуой?! Айылҕа сокуона быһыылаах: кини балартан харыс да хаалыан баҕарбат. * * * Сэмэн кэнникинэн Кылбаара Кэрэмээһэбэ диэн кэтэхтэн үөрэнэр кыыстан хараҕа арахпат буолла. Бу – отутун лаппа ааспыт көрүҥнээх, дьэ, быһыы-таһаа баҕас мааны дьахтара. Дьиҥэр, кыыс диэххэ сөбө буолуо да, барахсан бүлгүнэ кылбааран, уолугунан эмиийэ субу төлө көтөн тахсыахтыы дьигиҥниирэ, эбиитин (ханна сыгынньахтанара буолла?) хоппуруон курдат тобуга, буута кылбаҥнаан ылара – барыта уопуттаах дьахтар киэнэ. Бачча кыһын кини эрэ итинник таҥнар-саптар, онон Сэмэннээҕэр буолуох кырдьаҕас преподавателлэр харахтарын хатыыллар (дириҥник үөһэ тыынар да буоллахтарына көҥүллэрэ). Бөлөҕөр ыстаарыста буолан, учууталларга, мэтэдьиискэ – бэйэ киһитэ. Устудьуоннарын соруйара-дьаһайара да биир туспа. Кылбаара лиэксийэ бүттэр эрэ Сэмэн таһыгар кэлэн, сороҕор өрдөөҕүттэн атастыы сыһыан баарын курдук, санныгар илиитин ууран туран арааһы барытын ыйытар. Аны ол туран, учуутала тэтэрээтигэр «суруммутун көрөөрү» төҥкөйдөҕүнэ, аһаҕас уолугунан омуннаах эмиийдэрэ сулбурута ойон тахсаары хаайаллар. Сааһыран эрэр учуутал уонна имэҥнээх устудьуон бу курдук ыксалаһа турдахтарына, төһөлөөх эниэргийэ үөскүүрүн ким билиэ баарай?! Бүгүн Сэмэн Сиилиҥҥэ бүтэһик эксээмэннэрин туттаран, устудьуоннар үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үрдээтэ. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэргэ биир буому туораатахтара ити. Кылбаара Кэрэмээһэбэ табаарыстара бары тахсыбыттарын кэннэ учууталыгар чугаһаан кэлэн: – Семён Сидорович, эн дьикти лиэксийэлэргин өрүү өйдүү-саныы сылдьыаҕым. Хомойуох иһин, туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, бүтэр уһуктаах. Аны быраһаайдаһарбыт эрэ хаалла, – диэн үөһэ тыынан ылла, кыламана арылыҥнаата. – Эс, доҕор! Туох диэн эттэххиний. Кырдьык, эһиги бөлөххүт оҕолоро уруккулардааҕар билии-көрүү өттүнэн уратылар, чаҕылхайдар да диэххэ сөп. Онуоха ыстаарыста киһи – Кылбаара эн – оруолуҥ да улахан буолуо, һэ-һэ! – Семён Сидорович, кыыһырбат буоллаххына, биир авантюрнай былааннаахпын, ону ылыныаҥ дуо? – диэн баран, кыыс учууталын кулгааҕар уоһун даҕайа-даҕайа тугу эрэ сибигинэйдэ. – Тугун үчүгэйэй! Өйөөн бөҕө буоллаҕа дии! Биһиги, төһө да сааһыра бардарбыт, сулумах дьон быһыытынан маннык кэрэ кыыс ыҥырыытын хайдах ылыныахпыт суоҕай?! – Сэмэн Марыынатын кытта мааҕын сарсыарда эмиэ «били эбээһинэстэн» сылтаан бочооттоспута ханна да суох буолла, хантан эрэ үөһээттэн күүс-күдэх киирэн, бүүс-бүтүннүү быыппастан турда. * * * Харахадьыыл тириитэ бартыбыалын хаапыдыратыгар талыр гына быраҕан баран, Сэмэн маҥнай Саха тыйаатырыгар буолуохтаах испэктээккэ билиэт ылбыта уонна бэркэ табыллан эрэр киэбинэн кыыһын кэтэспитэ. Кылбаара ытыар диэри киэргэнэн, оҥостуоҕунан-оҥостон баран, тыйаатырга киирэн кэлбитигэр Сэмэн сүр хапсаҕайдык биилиттэн кууһан, уоһуттан уураан ылбытын өйдөөбөккө да хаалбыта. Испэктээк, ымсыыра-баҕара санаабыт омунугар, олус да уһуна, салгымтыалааҕа. Бу олордоҕуна аны кэннинээҕи эрээттэн ким эрэ санныга аспытыгар көрбүтэ – ыала Мэхэйиил кырдьаҕас Сүөкүлэтиниин олороллор. – Хайа, Марыына тоҕо кэлбэтэ? – Мэхэйиил ботугураан ыйыппытыгар Сэмэн «ээ, эдьиийим ыарытыйар» дии охсоот, киэр хайыспыта. Кэмниэ кэнэҕэс испэктээк дьэ бүппүтэ. Үлэспит дьон быһыытынан аны түүҥҥү кулуупка тиийбиттэрэ. Манна киһи кырыы-кырыытынан эбит. Муннук соҕус дии санаабыт остуолларыгар тиийэн олордулар. Сэмэн эписийээҥҥэ этэн Кылбаараҕа кыраппыыҥҥа сухуой арыгыны аҕалтарда, бэйэтэ үс иһит пиибэни ылла. Муусука тыаһа биир кэм ньиргийэн олорор. Саала имик-самык уотугар кыһайан көрдөххө, үҥкүү-битии сүрдээх. Үксэ саха ыччата. Муусукаҕа эбиилэһэн үөгү-хаһыы да үрдэ суох, ону кытта имиллэҥнээн, дьэ, үҥкүү да үҥкүү! Сэмэн, күнүскүттэн аанньа аһаабатаҕа таайан, икки иһит пиибэтиттэн сонно холуочуйда. Хата, эдэр эрдэҕинээҕитин санаталаан ылла. Били, Бүөтүр Өлөксүөйэп уулуссатыгар баар пивбарга атаһа Киимкэлиин маҥнайгы уохха алталыы курууска «жигулевскайы» сакаастыылларын өйдөөн кэллэ. Ол саҕана курууска пиибэ сыаната сүүрбэттэн эрэ тахса харчылаах буолан, ооһой-мооһой көрбүт одьунаас толору буолара. Сытын-сымарын этэ да барыллыбат. Онуоха холоотоххо, манна кыыс-уол толору мустар сирэ эбит. Таҥастара-саптара да мааны. Ол эрээри эдэрдэрэ бэрт. Саала иһигэр кырдьаҕас диэн кини эрэ быһыылаах. Маннык саныы олордоҕуна икки уол тэлиэс-былаас дайбаан, ала-чуо кинилэргэ тиийэн кэллилэр. Арыыйда эдэрэ, кырата Кылбаараҕа туһаайан: – Хайа, саҥаһым обургу, оҕолоргуттан, оҕонньоргуттан тэйэ түстүҥ да, түүҥҥү кулуупка тиэстэр, куорат чунуобунньуктарын суймуурдаан көрүлүүр буолбуккун дуу? – диэн баран, өһөхтөөҕүнэн көрүтэлээтэ. Кылбаара мух-мах баран олордоҕуна, иккис уол – дараҕар сарыннааҕа – кинини харытыттан харбаат: – Сиҥнэн түһээри гыммыт оҕонньору кытары тоҕо олороҕун, дабаай, үҥкүүгэ киирдибит! – диэн саайда. Сэмэн, төһө да холуочуйдар, төһө кыалларынан, эйэ дэмнээхтик: – Саха уолаттара эрээри арыый да сэмэй соҕустук сылдьыаххытын... – диэн истэҕинэ, били, маҥнай саҕалаабыт хатыҥыр уол сирэйгэ оҕуста. Тилигирэһии буолла. Ол икки ардыгар хантан эрэ харабыллар күөрэс гыннылар. Аахсар бокуой биэрбэккэ, төрдүөннэрин таҥастары-майырдары таһырдьа соскойдоон таһаардылар. Абакката диэн сүр! Онтон били уолаттары атастара батыһан таҕыстылар да, хайалара эрэ Сэмэни хараҕыттан уот чаҕыллыар диэри түҥнэри саайан түһэрдэ. Кылбаара хатан часкыыра иһилиннэ... * * * Семён Сидорович... ити барыта миигиттэн... – дии-дии, Кылбаара, сыҥсыйан ыларын быыһыгар Сэмэн сирэйин-хараҕын инчэҕэй томпуонунан соппохтоото. Чараас халаатын быыһынан били куталдьыгас түөһэ, били туналыҥныыр буута – барыта аһаҕастык көстөрө. Бу – Кылбаара дьүөгэтин кытта арыандаласпыт хоһо. Кыыһа, субуота буолан (баҕар, эрдэттэн кэпсэтии оннуга буолуо), атын сиргэ хоно барбыт үһү. «Хайдах-хайдах буоллум? Кэргэннээх, сиэннэрдээх, балай эмэ сааһырбыт киһи эрээрибин» диэн кэмсинэр-кэмиринэр санаа охсуллар. Ол гынан баран Кылбаара барахсан туналыҥнас этин көрдөҕүнэ, киниэхэ ыкса сыһыннаҕына, ити кэриэс-хомуруос санаа сонно бурҕас гына ыһыллар, оччоҕо «кини эрдээх, оҕолоох, быһата, ыал ийэтэ, оттон мин эмиэ кини курдук эбиппин, биир интэриэстээхпит» диэн уоскутунар санаа үөскээн, күүһүрэн кэлэр. Кылбаара дьыбааҥҥа утуйар таҥас тэлгээн барбытыгар Сэмэн аа-дьуо бааннаҕа киирэн сыгынньахтанна. Ойоҕоһугар турар сиэркилэҕэ көрүммүтэ – хараҕа күөх баланах, дьэ, дьолтойуу! Хата, этэ-сиинэ хоп курдук: лэскэйбит ис диэн мылыччы суох, санна дарайан түһэн, эр бэрдиттэн итэҕэс буолбатах. Оттон... «табаарыһа» итиигэ-буһууга киирэргэ эр санааламмыта илэ көстөр – тугу да тулутуо суох. Ол икки ардыгар аан аһылынна уонна Кылбаара үүт маҥан бэйэтэ өссө эбии сандааран киирэн куба маҥан илиитинэн моонньугар иилистэ түстэ... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан