Кэпсээ
Войти
Регистрация
Маҥнайгы таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Маҥнайгы таптал
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
26.08.2021 17:14
Быладьыымыр Былатыанабыс аа-дьуо Бааһынай ырыынагар хаамта. Короленко уулуссаҕа икки этээстээх мас дьиэ кэм даҕаны соҥуоран тураахтыыр эбит. Болуодьа ити «кырдьаҕастар» курдук арыгыга умньамматаҕа, оннукка оройунан түһэр санаата да суоҕа, эбиитин аҥаардас эдьиийдээх эрэ буолан, «хайдах эмэ гынан түргэнник идэ ыла охсон үлэлээбит, харчы өлөрбүт киһи» диэн ыра санаалааҕа. Онтун быыһыгар субуотаҕа тэрийэр биэчэрдэригэр туумбатыгар дьылыччы уура сылдьар «Шипр» одьукулуонунан ыстарынан баран, үҥкүүлээн тэбэрэ. Иистэнньэҥ идэтигэр үөрэнэр кыргыттар элбэхтэр этэ эрээри, уол санаатыгар сөп түбэһэр кыыс адьас тарбахха баттанара. Кырасыабай, курбалдьыгас таһаалаах, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт Галя диэн хоту диэкиттэн кэлбит кыыска сэмээр иҥээҥнээбитэ да, оччо кырасаабыссаны киниэхэ хаалларыыһылар дуо – оройуоҥҥа миэстэлэһэр тустуук уолаттар обургулар кутугунатан, «дьыаланы быһааран» ырааппыттара. Хата, уолуҥ табах тарпат, арыгы диэҥҥэ саараама чугаһаабат буолан, эбиитин эркин хаһыатыгар эрэдээктэрдиирэ аахсыллан, СПТУ анал биригээдэтигэр киирсэн чугастааҕы нэһилиэктэри кэрийсэрэ. Үөрэх кыһатын актыыбын салалтатынан оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ, бу кыһаҕа киирэллэрин курдук аҕытаассыйа ыытыһара. Бэйэтэ да кэмчи саҥалаах киһиэхэ «маны этэҕин, онтон атыҥҥа халыйбакка итинник диигин» эҥин диэн, оскуолаҕа тиийэн тугу гыныахтааҕын олоччу быһааран биэрэллэрэ. Онон туох да ыараханы көрсүбэт этэ. Биир нэһилиэккэ тиийэн көрсүһүү оҥорбуттарыгар, эбиитин кыратык кэнсиэрдээбиттэригэр «ыалдьыттарга хардабыт – бу» диэн, олохтоохтор биэчэр тэрийбиттэрэ. Болуодьа сорох табаарыстарын курдук арыгыга-табахха сыстыбатаҕа үчүгэйин дьэ манна кэлэн билбитэ. Үрдүкү кылаас кыргыттара киниэхэ бэркэ убаммыттара, бэл, «Белый танец» диэн вальс муусукатын холбоотохторуна, санаатыгар, былдьасыһа-былдьасыһа кэлэн кинини үҥкүүгэ ыҥыраллара. Баҕар, манна производственнай маастар Уйбаан Ылдьыыс уолу «училище биир бастыҥ курсаана» диэн билиһиннэрбитэ улахан оруолу оонньообута буолуо, ким билиэй. Кыргыттартан ордук Лаана диэн субурхай баттахтаах, бэрт эйэҕэс мичээрдээх кыыһы сөбүлүү көрбүтэ. Кыыс биэчэргэ чахчы оҥостон кэлбитэ сонно биллэрэ: баттаҕын эриммитэ биир кэм долгулдьуйара, уоһун биллэр-биллибэт гына тэтэрдибитэ көрүөххэ наһаа үчүгэйэ. Оттон ол кэмҥэ саҥардыы үөдүйэн эрэр хоппуруон чулкута кыыска туох эрэ кистэлэҥ кэрэ саһан сытарын арыйан көрдөрөргө дылыта. Баҕар, ыскаамыйаҕа олордоҕуна, тобугун быдан үөһээ өттүнэн этэ бүтүннүү көстөн кэлиэх курдугуттан оннук санаа киирэрэ буолуо. Болуодьа, элбэх кыыс хараҕа хатаммытыттан эрдийэн, Лаананы кытта хаста да үҥкүүлээбитэ, симиттэ-симиттэ да буоллар, син балай эмэ кэпсэппитэ. Кыыһа онус кылааска үөрэнэр эбит, ийэтэ лааппыга остуорастыыр, балтылара кыра кылааска үөрэнэллэр үһү, оттон аҕалара «хоту харчы өлөрө» диэн айаннаан баран, сол курдук сүтэн-оһон хаалбыт. Лаана оскуолатын бүтэрдэҕинэ, Дьокуускайга быраас үөрэҕэр туттарсар санаалаах буолан биэрбитэ. Ол инниттэн ордук саамай ыарырҕатар биридимиэтигэр – химияҕа – билиҥҥиттэн бэлэмнэнэр үһү. Кыыс хайаан да хирург буолан, ыарыһаҕы эпэрээссийэлээн, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан быыһаан ылар санаалааҕын иһитиннэрбитигэр Болуодьа бөтө бэрдэрбитэ. Лаана олоҕун суола хайдах хайысхаланан барыахтааҕын эрдэттэн, дьэ былаанныыр да буолар эбит! Онуоха холоотоххо, кини «суоппар буоллахпына, элбэх харчыны өлөрүөм, сири-дойдуну кэрийиэм» диэнтэн ордук тугу да санаабат эбит. Ама, кырдьык, үйэтин тухары, тоҥхойо кырдьыар диэри суоппардыах баҕайыта дуу?! Салгымтыата бэрт буолаарай? Эс суох, хайдах оннук буолуой, хата, бу Лаананы кытта үчүгэйдик билсэн, баҕар, таптаһан даҕаны дьиэ-уот тэриниэхтэрэ дии! Түөрт-биэс эмдэй-сэмдэй оҕолоох буолуохтара, Махсыымаптар курдук үрдүүк да үрдүк дьиэ туттуохтара, дьэ, уонна олоруохтара да олоруохтара! Болуодьа маннык үчүгэй биэчэр хаһан эмэ буолбутун төрүт өйдөөбөт, сатанара буоллар, сарсыардааҥҥа да диэри бу кэрэ Лаананы кытта сылдьыа эбит. Ону баара, производственнай маастара Уйбаан Ылдьыыс «чэ, хомун, баран эрэбит» диэн түптэ-түрүлүөн үрдүгэр түһэрбитэ. Хата, киһитэ кини буолан, кыыс аадырыһын киниискэтигэр сурунан ылбыта уонна илии тутуһан быраһаайдаспыта. * * * Дьэ, суруйсуу киэнэ омуннааҕа буолбута. Болуодьа бу чааһыгар буочара үчүгэйинэн даҕаны, тыла-өһө сурукка бэйэтинэн сааһыланан киирэринэн даҕаны чахчы күннээбитэ. Хас суругун аайы иэйиилээх хоһоон кыбытыылаах буолара. Оттон Лаана эмиэ биир туспа кэрэ буочарынан истиҥник, сылааһынан илгийэр уонна туох эрэ дьикти биллибэт иэйиилээх суруктара өр күүттэрбэккэ тиһиллэн кэлэ тураллара. Уол кэмниэ кэнэҕэс суоппар-тырахтарыыс быраабын биир бастакынан илиитигэр туппута. Дойдутугар, сопхуоска бэтэринээр массыынатын суоппарынан бараары аҕай сырыттаҕына, байаҥкамааттан бэбиэскэ тиийэн кэлбитэ. Аармыйа туһунан түһээн да баттаппакка сылдьар ыччат соһуйан эрэ хаалбыта. Эдьиийэ ити кэмҥэ сурдьа тапталга ылларбытын билэрэ, ол гынан баран тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суоҕа. Дьылҕалара билиэҕэ, эдэр дьон суоллара- иистэрэ хайдах хайысхаланан барыаҕын. Ол эрээри эдьиий аата эдьиий, «сурдьубар тугунан эмэ көмөлөһүөм» диэн кытаанах санааламмыта. Болуодьа аармыйаҕа ыҥырыллыбытын истэн, Лаана эмиэ аймаммыта. Ийэтигэр ону эппитигэр «биһиэхэ кэлэн, ыалдьыттаан, быраһаайдаһан аастын» диэн көҥүллээбитэ. Уол эдьиийин кытта ыалдьыттыы тиийбиттэрэ. Дьиэҕэ-уокка эр киһи илиитэ тиийбэтэҕэ сонно биллэрэ: тэлгэһэҕэ бары-барыта саргы-сатаҕай этэ; итиннэ сиҥнээри гыммыт, онно сууллаары турар курдуга. Ийэлээх эдьиийэ уоллаах кыыс таһырдьа сылдьар кэмнэригэр тугу кэпсэппиттэрин ким билиэй, ол эрээри биир уопсай санааҕа кэлбит курдуктара. Киэһэлик чэй тэрийбиттэрэ, алаадьы астаабыттара. Остуолга кыыстаах уолу сэргэстэһиннэрэ олордубуттара. Лаана балтылара остуол уҥуор-маҥаар сэрбэллэн олорон кистии-саба тургутардыы көрөн чаҕылыҥнаһаллара, оттон Маайа кыыһыгар уонна Болуодьаҕа туһаайан үөрэтэр-такайар хабааннаах сүбэлии олорбута. Нааста сурдьугар «үчүгэйдик сулууспалаан кэл уонна хайдах буоларгытын дьылҕаҕыт бэйэтэ билиэ» диэн баран, ородьукуулуттан икки көмүс биһилэҕи ылан тарбахтарыгар эр-биир кэтэрдитэлээбитэ. Дьиэҕэ уу чуумпу сатыылаабыта, мэктиэтигэр, инчэҕэй эттээх тулуйбат итиитэ буолбута. Ким да, туох да диэн хардарбатаҕа. Болуодьа «бу тугуй, ити аата Лаананы кытта холбостубут дуо?» диирдии таптыыр кыыһын көрбүтэ да, биирдэрэ умса туттан олороро. Остуол аннынан сэмээр Лаана илиитин туппутугар кыыһа онуоха хардаран сып-сылаас тарбахтарын хамсаппыта. «Сөбүлэһэр эбит!» Киэһээ аһылык кэнниттэн Нааста билэр дьонугар хоно тахсыбыта, оттон Болуодьалаах Лаана иһити-хомуоһу сууйан, долбуурга дьаарыстаан баран, хоско киирэн хаалбыттара. Эмдэй-сэмдэй кыргыттар араастаан кылахачыҥнаһан баран эмиэ утуйар хосторугар киирбиттэрэ. Маайа ынаҕын ыан, Лаананы күүлэҕэ ыҥыран таһааран баран тугу эрэ балачча быһаарбыта быһыылааҕа. Ол кэнниттэн хантан эрэ утуйар таҥас аҕалан кыыһыгар туттарбыта уонна икки кыыһа баар хоһугар киирэн хаалбыта. Уоллаах кыыс бэйэлэринэн эрэ хаалан баран, биһилэхтэрин тэҥнии тутан мичээрдэспиттэрэ уонна уостарынан даҕайсан үйэлэригэр аан маҥнай убураспыттара. Хайа-хайалара «таптаһыы маннык буолуохтаах» диэн билбэтэллэр даҕаны ис сүрэхтэриттэн иэйиилэрин итинэн биллэрбиттэрэ. Хараҥарыар диэри ити курдук имэрийсэ, убураһа олорон баран, кэмниэ кэнэҕэс сыгынньахтанан утуйарга быһаарыммыттара. Дьэ, манна этэ уора-көстө бэйэ-бэйэни манаһыы диэн. Ол эрээри Болуодьа туох уустук таҥастаах буолуой: эдьиийэ мааныга анаан уурбут ырбаахыта, уонна өтүүгү туппат буолбут бүрүүкэтэ эрэ буоллаҕа. Онуоха холоотоххо, Лааната былаачыйатын тимэҕин сүөрэрэ, лиипчигин төлөрүтэрэ, «антах хайыс» диэн баран чулкутун устан, сааһылаан уурара элбэх этэ. Бу тухары сүрэхтэрин тыаһа бип-битиргэс, имнэрэ кэйэн, чоххо баттаабыт курдук, кып-кыһыл буолуохтаахтар. Уҥуох-уҥуохтара салҕалас буола долгуйан, чараас суорҕаннарын саптан сыппыттара уонна ким эрэ собуоттаабытын курдук, сыллаһан-убураһан барбыттара. Кинилэри туох да тохтотуох чинчитэ суоҕа. Балай эмэ буолан баран, нэһииччэ тыын ылан, уоскуйа түһэн ылбыттара. Хайалара даҕаны эр киһи уонна дьахтар имэҥнээх ыллыгар субу курдук судургутук, туох да сыбаайбата эҥин суох үктэниэхтэрин баҕарбатаҕа. Биирдэрэ – СПТУну, иккиһэ орто оскуоланы субу бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар чиҥник хардыылаабыт, сокуоннай уон аҕыс саастарын туолбут эрээри, тыытылла илик ыраас хаар кэриэтэ эттэрин-сииннэрин харыстаабыттара, кэлиҥҥигэ хаһааммыттара. Төһө даҕаны ыга куустуһан имэҥ-дьалыҥ сыралыгар таалан-налыйан сытталлар, өйдөрө туймаарыар диэри уохтаахтык убурасталлар, син биир тохтоон, уоскуйан ылаллара, «сэрэхтээх сиргэ тиийээри гынныбыт» диэн туттуналлара... ... Болуодьалаах Лаана холбоспотохторо, этэргэ дылы, Дьылҕа хаан ыйааҕа атын этэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан