Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биир саас...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биир саас...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
19.08.2021 15:41
Алта уонус сыллар бүтүүлэрэ, сааһыары. «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх!» диир үтүө кэмнэр. Доргууйап Баанньа, норуокка биллэринэн, Мэлдьи Мичээр, икки сыл сопхуоска бороон көрбүт табаарыс, «Хомуньуустуу үлэ удаарынньыга» бэлиэтин мөтөгөр түөһүгэр иилинэн, төбөтүн арыый уҥа диэки кыҥнатан, дуоспуруннаахтык туттан хаамыталыыр. Бу – икки сыллааҕыта бүтэрбит оскуолатыгар дириэктэри кытары дуогабар түһэрсэн, чугастааҕы нэһилиэктэртэн бэйэтин курдук ыччаттары кытары бэлэмнэнии кууруска үөрэнэр. Үөрэххэ туттарсар ыччат иккилии мөһөөҕү оскуолаҕа уу харчынан ууран биэриэхтээх, оччоҕо учууталлар ким туох үөрэххэ киирэринэн көрөн сүбэ-ама, консультация биэрэллэр, уруок ыыталлар. Биир үчүгэйэ диэн, интэринээккэ икки хоско ол төлөөбүт харчыларын суотугар көҥүл олороллор. Оскуола, сопхуос отделениетын салалтата бу мустубут ыччаты – 15 киһини – бэркэ туһанар: пиэрмэ хотонун хаарын түһэртэрэр, өрөбүлгэ дайааркалары солбуйтарар, о.д.а. үлэҕэ кытыннарар. Муус устар 22 күнүгэр В.И. Ленин төрөөбүт даататыгар сөп түбэһиннэрэн, улуу сирдьит Хомсомуол III сийиэһигэр тыл эппитин дьүүллэстилэр. Кэпсэтии интэриэһинэй буолла. Баанньа ордук «ыраахтааҕылаах оскуолаҕа ыччакка наадата суох билиини соҥноон күнү-дьылы ыыталларын» сэргии иһиттэ, чугастык ылынна. «Бурсууйдар оҕолорун үчүгэй диэбит оскуолаларыгар харчы төлөөн үөрэттэрэллэр» эҥин диэни итэҕэйбэтэ – хайа акаары төлөөбүт үһү?! Онтун быыһыгар «пахай, биһиги даҕаны бу харчы төлөөн сырыттахпыт» диэн, эмискэччи тэһэ кэйдэрбит курдук буола түстэ. Хомсомуол сэкирэтээрэ Лиисэ кыыс бэркэ бэлэмнэммит: кэниспиэк бөҕөтө. Кинини тобулута көрө-көрө, эттэ-тыынна аҕай. Баанньа, сатаннаҕына, аны биэс хас сылынан саха тылын үөрэхтээҕэ буолуо. Атыттар даҕаны: ким тутуу инженерэ, ким зоотехник, ким быраас – буолар баҕалаахтар. Уолуҥ оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр хоһоон, кэпсээн айара, оройуон хаһыатыгар ыстатыйа суруйара оһуобай этэ. Сүөсүһүттүү сылдьан эрэпэртээс, уочарка, «Тигээйи» балаһаҕа фельетон суруйталыыра. Онтун барытын хордуон паапкаҕа тиспитэ балачча буолла. Бу Лиисэ уоттаах-төлөннөөх тылын этэригэр хараҕын хайаан да киниэхэ хатыыр. Киинэ буоллун, туох буоллун – аттыгар субу баар буола түһэр. Дьиэтэ интэринээттэн бу турар буолан, аргыстаһан кэлэллэр. Кырдьыгынан эттэххэ, Баанньа баччааҥҥа диэри биир да кыыһы таптыы илигэ, эгэ, убураһыы эҥин кэлиэ дуо. Арай биэчэргэ Лукаа дуу, Былатыаскын дуу байааннаатахтарына, вальстаан, оскуола көрүдүөрүн биир гына эргичийэринэн хайа да уолу, бэл, эдэр учууталлары баһыйара. Билигин да оннук. Бу кэлэн санаатаҕына, Лиисэ онуска үөрэнэ сылдьан, Сэбиэскэй аармыйа күнүгэр тоҕооһуннаран аккырыыкка, одьукулуон бэлэхтээбиттээх эбит, оттон кини – мэлиһээй. Кырдьыга, ол сахтарга Баанньа оскуола баар-суох кырасаабыссата Эльвираҕа иҥээҥнии сатыыра да, биирдэрэ саа тэбэр сиригэр чугаһаппат этэ. Онуоха холоотоххо, Лиисэ лаппа бүрэ, ол эрээри быһыы-таһаа өттүнэн хайа да эр бэрдэ хараҕа хатанар кыыһа. Баҕарбатаргын да томтоҕор түөһүн, сонос атаҕын кылап гыннарбыккын билиминэ да хаалаҕын. Биир күн үс биэрэстэлээх «Бүтэйдээх» сайылыгар хаар түһэрэ бардылар. Уонча киһи тугу тулутуой – начаас бүтэрдилэр. Иччитэх балаҕан оһоҕун бэрт эрэйинэн оттон, чэй оргутан аһаатылар. Лиисэ Баанньа аттыгар олорон, бөрүөгүттэн обургу соҕус лоскуйу быһан ыла-ыла хадаҕалыыртан орпото. Сэниэ киллэрбит дьон киэбинэн, хомунан бөһүөлэктэрин диэки хаамыстылар. Онтон эмискэ Лиисэ: – Баанньа, малбын хаалларбыппын, барыс эрэ, – диэтэ уонна балаҕан диэки хаампытынан барда. Онуоха табаарыстара «чэ, түргэнник, биһиги күүтүөхпүт» диэбиттэрин «ээ, барыҥ-барыҥ, биһиги ситиэхпит» диэн баран, Баанньаны кэтэһэн турда. Киирбиттэрэ – балаҕаннара «салгыы туох буолаҕыт?» диэн ыйытардыы иһийбит. Онуоха «хардата бу баар» диэбиттии, Лиисэ аан таһыгар алааран турар уол моонньугар иилистэ түстэ уонна: – Баанньаа, хайдах сэрэйбэккиний, эйигин таптыырбын? – дии-дии, уоһуттан уураан киирэн барда. Уураһар диэн дьикти да буолар эбит! Эт-этиҥ дьыр-дьыр гынарга дылы, туох баарыҥ бүтүннүү күүрэн, тугу барытын умуннарыах курдук! Баанньа, үгэһинэн, мэлдьи мичээр буолан сэгэйэн турбутун кыыһа ууга-хаарга түһэрдэ эбээт! Сүрдээх да буолар эбит! Кэмниэ кэнэҕэс сүрэҕэ, дьэ, бүллүргүү тэбэн, хайыан да билбэт үлүгэр буолла. Аны Лиисэтэ кыбыстар кэмэ кэллэ быһыылаах: уол хаптаһын наараҕа сытыаран, сыгынньахтаан киирэн бараары гыммытыгар төрүт буолуммата; «бэйэм» диэт, хас да хос таҥаһын тобугар диэри сулбурутунна уонна эмиэ уураабытынан барда. Кыыс сыгынньах этин көрдөрүмээри, Баанньаны хам кууһан сытта. Итиччэ тоҕоос көстүбүтүгэр икки чабырҕайа кэйиэлиирин быыһыгар уол, эр хаанын киллэрэн букунаста да, им балайга харбыалаһыы эрэ курдук буолла. Араастаан бары мөхсө сатаата да, таптал ыллыга ханан баарын булбата. Ол букунаһа сытан туох эрэ ньылбырхай, нарын-намчы эти таарыйбытыгар кыыһа, мөҕүл гынаат, налыйан хаалла. Уол өйүгэр «бу эбит!» диэн, ымсыырбыт-таласпыт санаата күлүм гынаатын кытта, туох барыта төлүтэ барарга дылы гынна да, биир кэм тып-тыгыалас үлүгэр буолла... Баанньа, хомойуон быатыгар, илгэлээх ардаҕа өҥ сири буолбакка, букатын атын сиргэ түһэн, хотоолу биир гына халыйбыт этэ. Ону кэлин – буолуох буолтун кэннэ биирдэ билбитэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан