Кэпсээ
Войти Регистрация

Маннык буолуон ким билбитэ баарай...

Главная / Кэпсээн арааһа / Маннык буолуон ким билбитэ баарай...

K
13.08.2021 13:24
   Бииктэр Силипиэнэбис бөлөҕө (үһүс куурус устудьуоннара) бүгүн үнүбэрсиэт Кылаабынай куорпуһун таһыгар мас олордуутугар тахсар буолан хаалла. Дьиҥэр, үөрэх кэмигэр эҥин эбитэ буоллар, син да этэ. Ону баара, бүгүн – субуота. Эбиитин лиэксийэтэ суох күнэ, оттон оҕолоругар – СРСтара. Ити – СРС диэн, устудьуон үөрэнэр хоско олорон үөрэммэккэ, дьылыйан, анаан-минээн дьарыктаныахтаах кэмэ. Ол эрээри, кырдьыгынан эттэххэ, ис сүрэҕиттэн баҕаран туран дьарыгырар эрэ оҕо билиитин хаҥатан түбүгүрэр быһыылаах, оттон сорох баҕас эбии сынньалаҥ, өрөбүл курдук саныыр. Саатар, «ити күн тугу гынныҥ, ханнык кинигэни аахтыҥ, тугу кэниспиэктээтиҥ?» диэн ыйытар да киһи суох.            Быйыл дэкириэккэ барбыт преподаватели солбуйан Бииктэр бу бөлөххө кураатардыыр. Эмиэ туһугар түбүктээх үлэ: оруобуна оскуолаҕа кылаас салайааччытын курдук эбээһинэс. Тэрээһин буолла да – бөрүөт! Үнүбэрсиэт тэрээһинин таһынан куорат араас тэрилтэтин ол-бу үлэтигэр барытыгар кытыннаран иһэллэр. Хайа эрэ суруйааччы үбүлүөйэ дуу, биитэр бырабыыталыстыба салалтатын, дьокутаат той отчуота дуу буоллаҕына, үөһээттэн дьаһал, ыйыы-кэрдии кытаанах – «булгуччу оччо-бачча чааска кэлэктиип сүүс бырыһыан баар буолуохтаах» диэн. Эн тугу эмэ былааннаммытыҥ – аахсыллыбат, салалта эппит тэрээһинигэр баар эрэ буоларгын бил. Ол гынан баран, били, биир биллэр-көстөр мэтэдьиис эппитигэр дылы, «анал турукка сатаан киирдэххинэ», бу тэрээһиҥҥэ киһи сэргиирэ, «һык» дии түһэрэ син биир баар буолар быһыылаах. Онон салалта кими да чыып-чаап дэппэккэ, төһө да оруо маһы ортотунан дьаһайдар-дьарыйдар, көдьүүстээх өттүгэр син туох эрэ сөҥөн хаалар.    Болдьоммут кэмҥэ үнүбэрсиэт эргэ оптуобуһа тирилээн-тарылаан кэлбитигэр олорсон, субу аҕай иннилэригэр барбыт КамАЗ массыынаны батыстылар. Сыалай чаас кэриҥэ айаннаан баран, аны кутуу суолтан туораан мыраан диэки сахсыллыы буолла. Кыргыттар күө-дьаа буолан сүрдээхтэр, уолаттар бааллара буоллар, өссө күннүөх эбиттэр. Кырдьык, үнүстүүккэ уопсайа 500-чэкэ устудьуон баарыттан уола 30-ча эрэ буолуо. Дьэҥкэччи кыыс аймах!    Кэмниэ кэнэҕэс үрдүк күүрүүлээх уот лииньийэтин остуолбаларыгар кэлэн тохтоотулар. КамАЗтан күрдьэх, наһыылка ылан хахыйахтары түөрбүтүнэн бардылар. Кылаабынай куорпус таһыгар хаалбыт оҕолор биллиннэр, өйдөөн олортуннар диэн, күн сырдыгын батыһа үүммүт өттүн – хойуу лабаалаах эҥээрин от баайан бэлиэтээтилэр. Өссө үктэһэ кэриэтэ үүммүт хахыйахтары араарбакка, кырыстары-майырдары түөрэ сатаан балай эмэ бодьуустастылар. Күөх мыраан ким да үктэммэтэх чөкө ырааһыйатыгар хаһан да арахсыбаттыы сыстыһан турбут хатыҥчааннар уоллаах кыыс куустуһан туралларын санаталлара көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх.     Үнүстүүт биллэр-көстөр кырасаабыссата Нарыйа Намыынаба кумааҕы лоскуйугар «бу хахыйахтары хайаан да бииргэ олордуҥ» диэн суруйа охсон, сөллөн түспэт гына тугунан эрэ баайан кэбистэ. Тырыбынаан түһэн, бүгүн туох имнэммитэ буолла, санаата көтөҕүллүбүтэ сүр. Уопсайынан даҕаны, кырасыабай кыргыттар олус кубулҕат буолаллар дииллэрэ сороҕор оруннаах быһыылаах: Нарыйа олоҥхо айыы кыыһын курдук ис-иһиттэн сырдаан мичилийэ сылдьар бэйэтэ ардыгар бурҕаллан-ыһыллан турааччы. Дьэ, онно хараҕын уота иннигэр баары барытын субу салаан күүдэпчилэтэн ылыах курдук буолуталаан ылааччы. Билигин дьүөгэлэрин кытары тэйиччи соҕус күлэн лыһыгыратара иһиллэр.    Бииктэр үксүн арыый үлэлээх өттүгэр – түөрүүгэ сылдьар, сороҕор кыргыттара кыайымаары «уой-аай» буоллахтарына, көтөхсөн-тасыһан абырыыр. Син балай эмэ буоллулар. Куртаҕа курулаан барбытыттан сылыктаатахха, үлэлээн да бүтэллэрэ чугаһаата быһыылаах. Бэл, суоппардар кытта сөп буолан, кэбиинэлэригэр нуктаан ырааттылар. Бу урааҥхайдарыҥ тыа суоппардарын курдук барыга-бары көмө-имэ буолан, илэмэ-салама түһэн испэттэр, үлэ чааһа хаһан бүтэрин эрэ күүтэр курдуктар. Дьиҥэр, эдэрси дьон эбээт! Бииктэртэн хас эмэ сыл балыстар.    КамАЗ куусаба туолан, оптуобуска олоруу буолбутугар көрбүтэ – Нарыйа Намыынаба суох! Кинини кытта сылдьыбыт кыргыттар уку-суку туттан олороллоруттан сэдиптээтэххэ, чахчы, туох эрэ буолбут, бочооттоспуттар!     – Хайа, Нарыйа тоҕо суоҕуй?    Чочумча буолан баран чох курдугунан көрбүт Биэрэ:    – Ээ, кинини билбэккэ дылы. Кыра аайыттан өһүргэнэн «манан Бүлүүлүүр суол, даача чугас» диэн баран, ити ыллыгынан түһүнэ турбута, – диэтэ.    Бииктэр сыгынах үрдүгэр тахсан: «Нарыйаа!» – диэн ыҥыра сатаата да, харда суох буолан биэрдэ. Абаккаран, туох да диэн булумуна «чэ, эһиги айаннааҥ, оттон мин булан, хайдах эмэ гынан тиийээ инибит» диэбитин билбэккэ да хаалла. Били, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ ханна баарый – курус арахсыы буолла. * * *    Бииктэр бу сири син удумаҕалыыр курдук: былырыын эдьиийэ ааҕы кытта отонноһо сылдьыбыта. Онон оруоллаатаҕына, кырдьык, мантан Бүлүүлүүр суол чугас буолуохтаах. Сүүрэр-хаамар икки ардынан ыллыгы батан элэгэлдьийдэ, онтун быыһыгар тохтуу түһэн «Нарыйаа!» диэн хаһыытаан ылар. Ол тухары харда мэлигир. Бэс чагдаҕа тахсыытыгар ыллык эрэ толору буолан биэрдэ. Дьэ, ыксаата! Аны хайа эрэ маар кэллэ: былырыын отоннуу сылдьан маннык сир баарын харахтаабатаҕа. Хата, бэйэтэ мунаары гынна буолбаат?! Тохтоон иһиллээтэ, туох эмэ сибики баара буолаарай диэн, уҥа-хаҥас көрбөхтөөтө; тэйиччи арыый убаҕас мастаах үрдүк сир баарын көрөн, ол диэки тэбиннэ. Бу сүүрэ-хаама былаастаан иһэн маары туоруу сатыы турар киһини көрө биэрдэ – Нарыйа эбит! Кыыһа кинини эмиэ көрдө уонна, били, дулҕалыы сатыы турбут бэйэтэ бырыыны-бадарааны баллырҕаччы кэһэн, Бииктэргэ чуо хааман кэллэ да сапта түстэ. Ыксаабыт, ытаабыта сирэйигэр биллэр.    –    Билэр сириҥ дуо?    – Чахчы билэр сирим диэн кэлэн испитим эрээри, букатын атын эбит... – диэн баран, кыыс умса көрөн кэбистэ.    Тыраасса чугас буоллаҕына, массыына тыаһа иһиллиэхтээх диэн, чөҥөчөк үрдүгэр тахсан кытта иһиллээтилэр. Арай букатын атын хайысхаҕа мотуор тыаһа иһиллэргэ дылы. Ол диэки хаамтылар. Бириэмэ да ырааппыт бадахтаах.    – Төлөпүөнүҥ баар дуо, хас чаас буолла?    – Ээ, мааҕын Биэрэҕэ хаалларбыппын...    – Тыый, уҥуохтаах отон тугун элбэҕэй! Олорон сии түһүөх, эн да аччыктаабытыҥ буолуо, – диэн баран, Бииктэр тобуктуу сылдьан, былырыыҥҥы отону ытыһан ыла-ыла айаҕар ыытан истэ. Нарыйа да хаалсыбата. Бу тухары саҥа-иҥэ суох. Киниттэн сылтаан манныкка тиийбиттэрин кыыс өйдүүр быһыылаах: кыбыстар, кэмсинэр курдук туттар. Бииктэр ол иһин тугу да ыаспыйаласпакка, отонноон сиирин быыһыгар аны хайдах дьиэлэрин булар туһунан төбөтүн сынньар аакка барда. Соторунан сөрүүкээн, хараҥаран барыаҕа. Эрэй эрдэтинэ хонук сири оҥоһуннахха сатаныыһы. Эбиитин арҕааттан хараҥа былыт ыаһыран таҕыста – ардаатаҕына да көҥүлэ.    Титириги, талаҕы холбооттоон, самыыр хоппот, тыал үрбэт гына көппөҕү, муоҕу дэлби таһан, сытарга сымнаҕас буоллун диэн, сэтиэнэҕи үргээн киһи сирбэт отуутун оҥоһуннулар. Өссө ол сылдьан, биир моҕотойу маска таһааран бултаатылар. Бииктэр, бөлөҕүн оҕолоро Аармыйа күнүгэр бэлэхтээбит биричиинэй быһахтарынан көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүлэн, Нарыйа зажигалкатынан (табахтаабат эрээри эмиэ тугун баҕайытай?!) уот ыла охсон, «бултарын» үтэн сырдьыгынатта. Сотору соҕуһунан үтэһэлээх эттэрин уостарынан үллэстэн, минньигэс баҕайытык курдурҕатан кэбистилэр. Ол икки ардыгар халлааннара боруорсуйда, онон отууларын иннигэр уоттарыгар уккунньаҕы ууран баран утуйардыы оҥоһуннулар.    Нарыйа, били, мааҕын бадарааннаах ууну кроссовканан кэспитэ ньыллырҕаһа сүрдээх. Онтун устубута, пахыый, дисиинсэтэ, хаттык гынан кэппит чараас колгуокката кытта бадараан буолбут. Кууркалаах, санаа курдук туруусук сыыстаах эрэ кыыс чэпчэки-чэпчэкитик дыгыйан киирэн, маар уутугар сайҕаан таҕыста уонна дисиинсэтин уот сиэбэтин курдук тэйиччи ыйаата, оттон чараас колгуоккатын уокка сырайан сараҕытар мөккүөнүгэр түстэ.    Хараҥа чагдаҕа кутаа уонна сыгынньах аҥаардаах кырасыабай кыыс! 40-чалаах учууталын кырдьаҕаһырҕаппыта оччо эбитэ дуу, кырасыабайа бэрдин билинэн сэнээбитэ оччото дуу, сүүрбэ биир саастаах Нарыйа уот иннигэр туран, кулуһуҥҥа дьүөрэлээн, имиллэҥнээн-мускуллаҥнаан ылара. Кэмниэ кэнэҕэс колгуокката сараҕыйда быһыылаах: кыыс Бииктэр таһыгар олорон, көбүс-көнө атаҕын тыылыы тэбэн, нарын тарбаҕынан көннөрө-көннөрө кэтэн кэбистэ; туран, аргыый өрө тардынан, үөһээттэн аллараа, алларааттан үөһээ имэрийтэлээн ылла. «Маннык кэрэ таһаалаах кыыһы сотору кэминэн хайалара эрэ тапталлаах кэргэн, хоойго сытар холоонноох доҕор оҥостор?!» диэн, аараттан онно күнүүлүү, абаккара сыттаҕына, кыыһа кини иннигэр, уот диэки хайыһан, сытынан кэбистэ. Үчүгэйиэн, сыттыын-сымардыын ураты, ып-ыраас кэрэ кыыс!    – Итинник кууһан сытарыҥ наһаа үчүгэ-ээй, өссө ыга кууһууй... – Нарыйа сибигинэйэ былаан көрдөһөр. Онтон чочумча буолаат, – кэргэниҥ төһө кырасыабай этэй, Виктор Ксенофонтович? – диэн ыйытан соһутар.    – Ол кэргэннэнэ сылдьыбыппын эн хантан биллиҥ?    – Билиминэ...    Бииктэр Чээнэтин кытта арахсыбыта алта хас сыл буолла. Ол эрээри санаан ылбатах түүнэ диэн суох быһыылаах, арааһа, чахчы, улахан таптал уйалана сылдьыбытын харыстаабатах эбиттэр хайалара даҕаны. Кырдьык, Чээнэ олус кырасыабай этэ. Имэҥ-дьалыҥ өттүгэр, Бииктэр бу санаатаҕына, кинини баһыйар дьахтары көрсө илик. Көҕүтэр саҥата, лаампа имик-самык сырдыгар уулааҕынан-хаардааҕынан көрүүтэ, хас биирдии хамсаныыта, тыыныыта – барыта күүскэр күүһү эбэрэ, үрдүккэ көтүтэрэ. Таптал кэмэ түүн эрэ буолбатах этэ. Чээнэ хаһан санаата да тугу барытын умнан туран имэҥ уотугар күүдэпчилэнэрэ. Ити санаа ытылҕаныгар ыллара сыттаҕына Нарыйа:    – Аан бастакы түүҥҥүтүн кэпсээриий, чэ, бука баһаалыста, көрдөһөбүн... – диэн хаайда.    – Туох диэтэҥий, Нарыйа, итинниги кэпсиир диэн сиэргэ баппат быһыы буоллаҕа дии, кэбис.    – Чэ, оччоҕо, саатар, кэргэҥҥин буолбакка, отой атын киһини кэпсиир курдук, таайтаран соҕус кэпсээриий. Миигин үөрэнээччим, кыра оҕо диэн көрүмэ. Эн арахсан барбыт кэргэҥҥин билиҥҥэ диэри таптыыргын сэрэйэбин уонна бу таптал диэннэрэ хайдах эбитин тэҥнээн көрүөхпүн олус баҕарабын, – диэн баран, Нарыйа Бииктэр диэки эргиллэн, түөһүгэр ыга сыстан сытта. Онтон салгыы: – Олус да кэнэҥҥин, отой былыргы сибэтиэй курдуккун. «Сүүрбэччэ сыл аҕабын, букатын кырдьаҕаспын» диигин быһыылаах. Биитэр миигин күүлэйимсэх дии саныыгын дуу? Кырдьык, былыттаахха быкпат, күөх оту тосту үктээбэт кыыс оҕо буолбатахпын, аныгы кэм сүүрээнигэр оҕустаран дуу, аньыыга киирбитим син балай эмэ буолбут киһибин, – диэн баран, ыксары кууспутугар Бииктэр дьэ өйдөммүт курдук буолла. Кыыһы төбөтүттэн дириҥник сыллаан ылбытыгар биирдэрэ уҥуох-уҥуоҕа босхо баран, нукаай курдук буолан, налыйан хаалла... * * * Сарсыардалык иннилэрин хоту биэрэстэ кэриҥин барааттарын кытары Бүлүүлүүр тыраасса көстүбүтэ. Оруобуна даача оптуобуһа күлтэйэн кэлбитигэр сиэттиһэн баран, күлсэ-күлсэ онно сырсыбыттара.    БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан