Кэпсээ
Войти
Регистрация
Уоттаах таптал, өлбөт таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Уоттаах таптал, өлбөт таптал
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
23.07.2021 12:51
Мин Туйаараны бу хонтуораҕа үлэлии киириэхпиттэн тута сөбүлүү көрбүтүм. Үлэ көрдөһө кэллэҕим күн кини хос уҥа түннүгүн анныгар турар, атыттарга холоотоххо, бэрт кичэллээхтик хомуллубут остуолга көмпүүтэргэ умса түһэн тугу эрэ суруксуттуу олороро. Бороҥ өҥнөөх тайтайбыт, аныгылыы моһуоннаах бинсээктээҕэ. Ол иһинэн томтоҕор түөстэрин хам ыла сылдьар, анаан бэлиэтиир, аллара өттө тэлээркэй муус маҥан куопталааҕа, бууттарын ыбылы ылбыт хара, ласинатыҥы ыстааннааҕа. Саннын байаатыгар тиийэр кугастыҥы хара баттаҕын кэннигэр туттаран, элбэх киһи күйгүөрүгэр кыһаммакка, нарын тарбахтарынан бэчээттээн табыгыратара. Суох, кини тэлэбиисэргэ, килэйбит-халайбыт тастаах сурунаалларга көстөр тыраҥнаспыт фотомодель кыргыттарга отой ханан даҕаны майгылаабат этэ эрээри, киһи хараҕа туохтан эрэ син биир иҥнэр, хатанар этэ. Баҕар, ол кини төһө даҕаны бэйэтэ кыра уҥуохтаах буоллар, “тутарга тутулуктааҕа, хабарга хабылыктааҕа ордук” диэх курдук анаан чочуллубут быһыыта-таһаата эбитэ дуу, биитэр үүн тиэрбэһинии чоҕулуччу көрбүт хара харахтара, хайдах эрэ киһи таптыахтыы үмүрүччү туттубут, мөҕүллэн мэрбэҥнии турар кыра оҕо уоһунуу уостара эбитэ дуу? Билбит суох. Ол гынан баран мин Туйаараны көрүөхпүттэн мантан барыахпын баҕарбатаҕым. Ол курдук үлэ көрдөһөр сыаллаах саҥа тэрилтэ аанын арыйан үгүс киһи үлэлиир хоһугар киирэн кыл түгэнэ талааран турдахпына, кэннибэр бэрт хатан куолас чаҕаарбыта. Саҥа хоту эргиллэ түспүтүм, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, бэрт кырасыабай, бааһынайдыы көрүнээх, саас ортолоох саха дьахтара киирэн турара. – Турар сир баранан. Көрбөккүн дуо, дьон киирэр-тахсар сирэ дии. Ыл туораа, – диэн баран миигин халбарыччы анньаат, биир хаптаһынынан хааман эрэрдии эрийэ үктээн, били Туйаара таһынааҕы остуолга тиийэн олорунан кэбиспитэ, эбиитин мин диэки кынчарыйан ылбыта. Ити кэннэ хоско олорбут дьон туора киһи киирэн турарын дьэ өйдөөн көрдүлэр быһыылаах. Онно-манна көмпүүтэр кэнниттэн төбөлөр быгыахтастылар. Онтон биир бэйэм саастыыта, эмиэ отуччалаах уол ойон кэлэн, “эн эрийэ сылдьыбытыҥ дуо, үлэ көрдөөн? Кэл, манна буолбатах, антах” диэн батыһыннаран илдьэн каадыр отделын хоһугар киллэрбитэ. Бу тэрилтэҕэ үлэҕэ ити курдук киирбитим. * * * Сарсыныттан саҕалаан үлэлээн-хамсаан киирэн барбытым. Тэрилтэ сүрүн докумуонун бэрийэр, араас тэрилтэри кытары үлэлэһэр, олору кытары хардарыта үлэлэһэргэ сүбэлиир-амалыыр, кумааҕы, докумуон той толорор, бэрэбиэркэлиир киһи буолбутум. Саҥа киһи кэллэ диэн ким даҕаны үгүһү-элбэҕи билиһиннэрэ барбатаҕа. Улахан тойон солбуйааччыта дьахтар кэлэн үлэм-хамнаһым туһунан быһата-орута быһаарбыта уонна иинэ хаппыт дьүһүннээх, бэрт аҕыйах саҥалаах, арааһа, алта уончалаах киһини кытары, биир хоско олохтоон кэбиспитэ. Онтум Егор Константинович диэн эбит. Тэрилтэҕэ үлэлээбитэ тоҕус сыл буолбут. Мин эмиэ бэйэбин билиһиннэрбитим, бу иннинэ судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ үлэлээбиппин, омук сиригэр стажировкаламмыппын, ол быыһыгар үлэтэ суох хаалан атах-бытах сылдьыбыппын кэпсээбитим. Онон биир хоско олорорбут да быһыытынан, киһим төһө даҕаны аҕыйах саҥалааҕын иһин, тапсан, бодоруһан киирэн барбыппыт. * * * Үлэҕэ киирбитим балтараа ый кэриҥэ курдук ааспытын кэннэ, арай биир күн сарсыарда аҕыс чааһы ааһыыта үлэбэр тиийбитим, остуолбар “Алгыска” диэн суруктаах кэмбиэр сытар эбит. Ким буоллаҕай диэн толкуйдуу-толкуйдуу арыйа баттаабытым – аккырыыкка ойон таҕыста. Суруктаах: “Сандал сааһы көрсө, саҥа дьиэбит малааһынын сандалытыгар ыҥырабыт. Сахалыы алгыс тылын истээри, сайаҕас санааны иҥэринээри, саҥыйахтаах алаадьылаах, сылабаардаах кэтэһиэхпит. Саҥа дьиэлээх Савиннар”. Мин, бу тэрилтэҕэ саҥа үлэлии киирбит киһи, малааһыҥҥа эрэ ыҥырыы тутуом дии санаабатах буолан, бэйэбин хайдах эрэ дьикти баҕайытык сананным. Эмиэ да куттанным, эмиэ да долгуйан, кыбыстан ыллым, “ама, хайаан киирдэ-киирээт, биир да киһини билбэккэ сылдьан, малааһыҥҥа бара сылдьыахпыный” дии санаатым. Ол быыһыгар “Туйаара онно ыҥырыллыбыта буолуо дуо?” диэн санаа кылам гынан ааста. Төһө да сөбүлүү көрбүтүм, ымсыыра санаабытым иһим, кинини кытта бу үлэҕэ киириэхпиттэн айах атан кэпсэтэ илигим. Онон малааһыҥҥа ыҥырыллыбыт буоллаҕына, билсэн кэпсэтэргэ, баҕар, сатанар буоллаҕына, салгыы бодоруһан барарга үчүгэй буолуо этэ диэн, Нария Михайлована күнүс ыйыттаҕына “ээх” диэм диэн быһаарынным. Сэрэйбитим курдук, эбиэттэн киэһэ хоспор дуогабар оҥоро олордохпуна, ким эрэ бэрт сэмэйдик ааны тоҥсуйан тобугуратта. – Алгыс Петрович, дорообо. – Дорообо, Нария... – Михайловна диэммин. Чэ, ничего, көннөрү Нария да диэтэххэ сөп. Арба бэҕэһээ киэһэ эрдэ баран хаалбыт этиҥ дии. Ити эйиэхэ малааһыммар ыҥырыы киллэрэн халларбытым. Көрдүҥ ини? Тэрилтэ дьоно бары кэлэллэр. Бэйэбит даҕаны аҕыйахпыт. Онон хайдах эн эрэ ойдом туран хаалыаххыный. Кэлээр, кэтэһиэхпит. Арааһа, киэһэ үлэ кэнниттэн дьон бары тэрилтэ массыынатынан барар буолуохтаахтар. Эн эмиэ кинилэри кытары барсаар. Хата, саҥа киһи ырыатын-тойугун, тылын-өһүн истиэхпит, – диэн баран, истиҥник мичээрдээт, “махтал, хайаан да тиийиэм” диэбиппэр, тахсан барда. * * * Ол киэһэ малааһын олус бэркэ ааспыта. Ким даҕаны миигин “саҥа киһи”, “кэлэктиипкэ өссө да киирэ илик” диэн туората көрбөтөҕө, хаҕыс тылынан быһа саҥарбатаҕа, сэнээбэтэҕэ. Төттөрүтүн, малааһыннаах ыалбытыгар көр-көлүү былаастаах, дьээбэ-хообо доҕуһуоллаах айаннаан тиийбиппит. Массыынаҕа олорон эн-мин дэһэн билсибиппит. Дьиэлээхтэрбит эмиэ үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Биһиги тиийэрбит саҕана сорох дьон, чуолаан кыргыттар, Нария Михайловналаахха тиийэн номнуо көмөлөһө, ас-астаһа, остуол тардыһа, илии-атах буола сылдьаллара. Ол киэһэ дьиэҕэ киирээт даҕаны мин хараҕым тута сиэх быһаҕас чараас маҥан куопталаах, ол курдат көрдөххө, үрүҥ туллук курдук көтөн тахсыахтыы долгуспут толорукаан түөстэрин үүйэ туппут бытархай оһуордаах сырдык лиипчиктээх, тобугар диэри охсуллар тэлээркэй кыһыл дьууппалаах, былыргылыы моһуоннаах кэтит, кылгас хобулуктаах, мүлүгүр уһуктаах кугастыҥы түүппүлэлээх, тугу эрэ тута-тута остуол-куукуна икки ардыгар төттөрү-таары кэлэн-баран тоспоҥнуур кыра кыыска хараҕым хатаммыта. Кини эмиэ ыҥырыллыбыт! Мин хайдах эрэ бу сарсыардаттан моруу гыммыт ыйытыыбар хоруйу булбут киһилии уонна кэлэн иһэн кэллиэгэлэрбин барыларын кытары бэрт судургутук, кэбэҕэстик үөрэ-көтө билсибит буолан, чэпчии түспүтүм. Онно эбии тутан киирбит туорпун куукунаҕа илдьээри Туйаара тоһугурайан кэлэн “привет, Алгыс” диэбитигэр, үөрүүбүттэн көтүөхпүн кынатым эрэ суох буолбута. * * * Баҕар ким эрэ тугу эрэ уорбалаан анаан олордубута дуу, биитэр алҕас түбэспитэ дуу, “сылабаардаах” остуолга мин кинилиин сэргэстэһэ түбэспитим. Малааһын, ырыа-тойук, истиҥ эҕэрдэ саҕаламмыта. Итиитэ бэрдиттэн үөһэ өттүбүн устан футболканан олорбутум, кэмиттэн кэмигэр аһаҕас окумалларбыт даҕайсан, харыларбыт хатыйсан ылаллара. Ол аайы үгүс киһи күйгүөрүн, уопсай үөрүү-көтүү быыһыгар, кини мин диэки көрөн ылаат, “ити алҕас” диэбиттии симиктик мичээрдээн ылара. Өтөр киниэхэ тыл биэрбиттэрэ. Кини туран тугу эрэ эҕэрдэлээн эппитэ быһыылааҕа даҕаны, мин ону барытын кулгааҕым таһынан аһаран, истибэтэҕим. Ол оннугар туох баар болҕомтом барыта кини кэрэ дьүһүнүгэр хатаммыта. Кини тырымнас хараҕа, обуйук уостара хайдах хамсыыра, туттан-хаптан турара, намыын куолаһа миэхэ күндүтүк көстөрө, сүрэҕим иһинэн ааһара. Онтон сахалыы ыраас куолаһынан хайа да дьиҥнээх ырыаһыттан, эстрада сулуһуттан нарыннык, истиҥник, иэйиилээхтик ыллаан киирэн барбытыгар, миигин таптал уоттаах кутаата кууспута, өйбүн-санаабын ытыйбыта, киниэхэ эрэ анаан сүрэхтэн тахсар истиҥ иэйии тылларын этиэхпин баҕарбытым. Оо, өскөтүн бу сирдээх халлаан анныгар эн биһи иккиэн эрэ хаалларбыт, иккиэн эрэ буолларбыт... * * * Оннук истиҥ иэйиигэ куустара олорон дьон болҕомтото тоҕо эрэ миэхэ хатаммытын сэрэйэн эргиллэ биэрбитим, кырдьык, үгүс киһи миигин бэрт дьиибэлээхтик көрөн олорор эбит этэ. Оо, онно тугу эрэ уоран түбэспит киһилии кыбыстан өлө сыспыппыан. Онто суох итии дьиэҕэ иэдэһим итий гына түспүтүттэн сылыктаатахха, сирэйим чоххо баттаабыттыы кытар гына түстэ быһыылааҕа. Үрүт үөһэ көхсүбүн этитэн, туох да буолбатаҕын курдук тутта, тэриэлкэбэр ылан салаат эҥин кутта сатаатым эрээри, көмөлөспөтө быһыылаах. Барыта илиим таһынан. Онон бэйэм да билбэт истиҥ иэйиибэр куустаран Туйаараны эрэ өрө мыҥаан олорбутум барыта биллэн таҕыста. Сааттахпыан! Ол да буоллар хайыам баарай. Буолбут буоллаҕа. Дьон күлэн мүчүҥнэспититтэн, сотору-сотору миигин, онтон кинини көрө-көрө тугу эрэ ботугураһан кэпсэтэллэриттэн сылыктаан, Туйаара да сэрэйдэҕэ. Сорох сорохтор, дьээбэҕэ тиллээччилэр, тыллаах сыҥаахтарынан айахтарын ииттээччилэр, оннук “сэдэх” түгэни мүччү тутуохтара баара дуо, “эдэр дьон сыһыана кэскиллээх буолуон сөбүн” эҥин туһунан бөлүһүөктээтилэр, кими эрэ ону түктэри өйдөөн, номнуо доҕордоһо охсубуттар диэн эҕэрдэлээн ылла, күлсүү-салсыы буолла. Онон онто суох бэйэбит даҕаны кыбыстан сирдээн тимириэхпитин сир кытаанах буола олорор дьон, букатын даҕаны саҥата суох бардыбыт, тэриэлкэбит үрдүгэр умса түһэн кыыһыахпытынан кыыстыбыт. * * * Ити курдук бэрт кыбыстыылаах ол гынан баран, умнуллубат билсиһии кэнниттэн оруобуна балтаара сыл ааспыта. Ый уота сырдатар чуумпу хоһун иһигэр кини миигин утары көрөн сытара. Хаһан да сөҕүрүйүө суох таптал уота харахпытыгар умайара. Куустуспуппут. Уураспыппыт. Тарбахтар сүүрэлээбиттэрэ. Кини аргыый аҕай үрдүбэр олорбута, сэрэниин-сэрэнэн хамнанан барбыта, сыыйа тэтимирбитэ. Тыынара кылгаабыта... Уоттаах таптал, өлбөт таптал... Герман.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан