Кэпсээ
Войти Регистрация

Муунака барахсан

Главная / Кэпсээн арааһа / Муунака барахсан

K
16.07.2021 12:29
Биирдэ, Макаар уончалааҕар быһыылааҕа, ыраах Уһук Хоту сытар оройуонтан ыйаастыгас гынан баран сырдык харахтаах, биир оннук баттахтаах, курбуу курдук таһаалаах, оскуолатын соторутааҕыта бүтэрбит кыыс ыанньыксыттыы кэлбитэ. Бөһүөлэккэ суугун-сааҕын бөҕө буолбуттара. Кырдьыга да, оччо ыраах үөдэн түгэҕэ дойдуттан ынах эмиийин тардыалыам этэ диэн, туох буолбут киһи кэлиэй?! Онтулара баара, хомсомуол путёвкатынан үһү. Икки сыл дайааркалыахтаах диэн буолбут.      Саҥа киһи сүүрбэтин дьэ ааспыт дуу, өссө да туола илик дуу быһыылааҕа. Макаар ийэтэ ол эргинтэн төрүттээх буолан, хоту дойду кыыһа маҥнай утаа кинилэргэ түспүтэ. Саха сиэринэн арааһы бары түөһэн, ыалдьыты кытта ийэтэ балай эмэ киһини (ол дойду дьонун) билэр эбиттэр, онон отой даҕаны чугастыы, аймахтыы кэриэтэ буолан хаалбыттара. Аата дьиибэ баҕайы – Муунака Слепцова диэн эбит. Туох да ордук-хос таҥаһа-саба суоҕа, арай дьоҕус чымадааннааҕа. Үлэ таҥаһа эҥин диэн, хантан кэлиэй. Онон оччо үлүгэрдээх путёвканан кэлбит үлэһити олохтоох салалта кутугунайан бэркэ тэрийбитэ: үлэ таҥаһын арааһа холуоһатыгар, былаатыгар тиийэ баар буолбута.    Макаар «бачча үчүгэй кыыс пиэрмэ иигэр-сааҕар булкуллуох бэйэтэ буоллаҕа» диэн, маҥнай бэркэ аһыммыта, онтон олохтоох ыанньыксыттар баһаам хамнаһы аахсалларын, бэл, Москубаҕа туох эрэ улахан быыстапкаҕа тиийэн, араас мэтээллээх, наҕараадалаах кэлэллэрин санаан, арыый иһийбитэ.    Муунаканы уһаппатахтара: бөһүөлэктэн аҕыс биэрэстэлээх Бэрэ диэн учаастакка анаабыттара. Хам-түм хомсомуол мунньаҕар, Өктөөп бырааһынньыгар, Саҥа дьылга кэлэн ааһара, үксүгэр ол тэрээһин кэнниттэн сонно үргүлдьү учаастактыыра. Үлэтигэр баҕас, чахчы, удаарынньык быһыылааҕа: сотору-сотору оройуон хаһыатыгар бастыҥ үлэлээх аатыран, баһаам суруйууну таһынан хаартыската кытта тахсара. Онтун ааһан өрөспүүбүлүкэ араас кэмпириэнсийэтигэр оройуон дэлэгээссийэтигэр киирсэн Дьокуускайдыыра. Хата, онтон кэлэригэр Макаарга оонньуур бэстилиэт, дьонугар халбаһы, дьаабылыка кэһиилэнэн, күндү киһи буолан ырааппыта. Ити курдук төһө баҕарар үлэлии, аатыра сылдьыа эбитэ буолуо эрээри, Дьылҕа Хаан арыый атыннык дьаһайбыта – сыыстаран, ыалдьан хаалбыта, балыыһаҕа өр эмтэммитэ. Быраастар оройуоннааҕы балыыһаҕа хамыыһыйалаан баран, «пиэрмэ курдук ыар усулуобуйалаах сиргэ үлэлиириҥ сатаммат» диэн, этириэс быһааран кэбиспиттэрэ.    Муунаканы дойдулуура буолуо диэбиттэрэ эрээри, кыыс дьирээлэһэн сылдьыбыта, өссө арыый чэпчэки үлэни булуммута. Бөдүөс диэн, омуна суох эттэххэ, үйэтин тухары баанньыкка үлэлээбит кырдьаҕас инбэлииккэ тахсан, ол оннугар киирбитэ. Биллэн турар, ыанньыксыт курдук улахан хамнаһа суоҕа, мунньан-тараан мөһөөх курдугу аахсар буолбута. Оттон дьиэ-уот чааһын эттэххэ, Макаардаахха олохсуйбута. Айаҕын иһин төһөнү биэрэрэ буолла? Ону уол билбэт, бука, ыйга отучча эҥин солкуобай тахсара буолуо. Макаар төрөппүттэрэ, хата, үөрэртэн атыны билбэт этилэр. Сааһырбыт дьон хайыахтара баарай, сүөһүлэрин көрөр-истэр киһилэннэхтэрэ дии. Икки ынахтарын Муунака начаас ыккардыгар ыан, аа-дьуо сыыбырҕатан кэбиһэр, хотон күрдьүүтэ, буолаҕа салаасканан балбаах таһыыта эмиэ – киниэнэ. Сороҕор өрөбүлгэ Макаар көмө-имэ буолан абырыыр, ойбоҥҥо киирэр, сэриилэһэ оонньуу таарыйа балбааҕы соскойдуур, онтун тааҥкам диэн, тиритэ-хорута бирилиир-барылыыр. Хотон муус түннүгүн хаарынан хайар. Муунака адьас тэҥнээҕин курдук кыбыыга оонньоһор, далга сырса көтөллөр.    Макаардаах дьиэлэрэ кыараҕас. Арыый кэҥэс хосторугар (ийэтэ саала диир) икки орон баарыгар Муунаканы кытта утуйаллар. Кэдэйэн хаалбыт адарайдаах тимир кырабаакка – Муунака, баһа көмүс дуйдаах дьоҕус ороҥҥо Макаар сыталлар. Түннүк аттынааҕы орону Макаар түбүлүүр, киэһэ эрдэлик оҥостон-хайаан, бүтүннүү суорҕан иһигэр киирэн, кылаччы көрөн сытар. Хаптаһын быыһы кытта ойоҕолуу, икки хаамыылаах сиргэ, Муунака балачча өр оҥостон оннун булар. Кыра оҕо диэн, ончу кыһаммат: көрдөрбүтүнэн олорон аа-дьуо сыгынньахтанар. «Дьикти да таҥастаах» диэн, кыыс таҥас чулкутун оруосабай эрэһииҥкэнэн туттарарын, онто өр кэппититтэн кылбаа маҥан буутугар суола түһэн хаалбытын одуулуур, бухатыыр түөскэ кэтэр куйаҕын курдук таҥаһын устан кырабаат баһыгар уурарын кыҥастаһар. Туран тыыллаҥнаатаҕына биитэр остуолтан тугу эмэ ылаары гыннаҕына, Макаар ийэтэ тикпит «лаастачыка» туруусугуттан буулка курдук икки көп этэ сулбу ойон тахсыахтыы дьигиһиҥниир, ону үтүктүбүттүү, дьоҕус сутурук саҕа эмиийэ көҥүл бараары хаайар, үп-үрүҥ бүлгүнэ, моонньо чокуонускай арыыны сыбаан, нарылаан кэбиспит курдук туналыйар. Уол итинтэн хараҕын араарар санаата суох – көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх! Хата, көҥүллүүрэ буоллар, урукомуонньукка илиитин мыылалаан суунан баран сэрэниин-сэрэнэн имэрийиэ этэ. Ийэтэ, Муунакаҕа холоотоххо, модороон. Кылбаа маҥан сымнаҕас тириилээх буолбатах, ый баһыгар-атаҕар остуоруйа истээри атаҕын тарбааччы буоллаҕына, дьэ, хатыылаах атах диэн – киниэнэ.    Макаар сарсыарда эрдэ туран, сэрээккэлээн таймаҥныыр идэлээх. Эмиэ ийэтэ улаатыннара тикпит кип-киэҥ туруусугунан сылдьан араастаан бары далбаатанар, чохчоҥноон ылаттыыр. Оччо үлүгэрдээх хамсаныыттан ардыгар киэҥ туруусук быыһыттан «чыычааҕа» тумсун быктартыыр. Суо-ох, уол онно эрэ кыһаммат, «улааттахпына, хайдах курдук быччыҥнаах киһи буолуохпунуй?!» диэн, өссө эбии дьарыктанарга күн баҕалаах. Сороҕор итиччэ эрчиллэн таймаҥнаабыт уолчааны Муунака ыҥыран ылан, кэтэҕиттэн сыллаан ылар, оччоҕо, төттөрүтүн, бэйэтин дьикти кэрэ сыта Макаары өрө күүрдэн кэбиһэр.    Бу сылдьан устунан уол Муунакаҕа ыллардар ылларан барда. Сопхуос оробуочайдара уолаттар, чуолаан Бодобуос Болуодьа, Мэхээнньик Мэхээлэ кини сөбүлүүр киһитигэр – Муунака барахсаҥҥа – сыбыытыыр идэлэммиттэрин атыҥыраан өллө. Ол обургулар, түгэн эрэ көһүннэр, Макаар муҥнааҕы оройго тыган араччы ытата сыһаллара. Туох эмэ сылтах булан баанньыкка мас эрбэтэ, хайыта, саһаанныы кэлэллэрэ. Бөһүөлэк баанньыга Макаардаах дьиэлэриттэн субу турара.    Биирдэ кылааһын оҕолорун кытта баанньыктанар буолла. Сып-сап сыгынньахтанаат, паарданар хоско киирэн үөһэ ытыннылар. Итиикэтэ сүрдээх. Онно сөп буолбакка, хайалара эрэ эбии ууну ыһан күдээриттэ. Дьэ, паар бөҕө тахсан, инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ буолла: сорох уол сонно тэскилээтэ, арай Макаар оһуобай тулуурдаах киһи дэтээри, дьирээлэһэн олордо. Онтон, доҕоор, арай кулгааҕа чуҥкунаан, хараҕа ирим-дьирим баран эрэрэ да, төбөтүн оройунан сууллан түспэт дуо! Биирдэ өйдөммүтэ – Муунака көтөҕөн таһааран сөрүүн уунан сирэйгэ ыспахтыы олорор эбит. Табаарыстара бары сыгынньахтанар хоско хорҕойбуттар, таҥастарын сыыһынан хаххалана-хаххалана, сирэй-харах буолан оҥоспуттар аҕай. Киһи кыбыстыах, Макаар үгээрдээн, быстах кэмҥэ өйүн сүтэриитигэр бичик аллан кэбиспитигэр дэлби биһиллэн, атах диэн, ис диэн бүппүт, сыт-сымар бөҕөтө. Били, «чыычааҕа» кытта буорайбыт. Муунака уолуйбута ааһан, уолу баалынайга олордон сылаас уунан мыылалыы-мыылалыы кылбаччы сууйда. Макаар онтон кыбыстан, онон-манан бытыгыраан эрэр «үүнээйилээх» сириттэн «чыычааҕын» тумса дьиктитик чочоҥноон ылбытын биллэ уонна халлааннаан көтүөҕүн халлаана ыраах, сирдээн тимириэҕин сирэ кытаанах буолан биэрдэ.    Атастара обургулар кэпсээбэттээх буолуохтара баара дуо, сарсыныгар кылаас иһэ туолбут этэ. Мэктиэтигэр, кыргыттар кини диэки көрө-көрө, тугу эрэ ботугураһан ылаллара, ол быыһыгар күлсэн бычыгыраһаллара. * * *    Итинтэн ыла уонтан тахса сыл ааспыта. Макаар оскуолатын бүтэрэн, аармыйалаан баран, үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэрэ. Оттон Муунака ханна барбытын билбэт. Ол сааһыгар (били, кини үгээрдээн сууллубут сылыгар) болдьоҕо бүтэн, Дьокуускайга үөрэх туттарса барбыта да, ол айыыта онон.    Макаар куораттан чугас баар бөһүөлэккэ быраактыкаҕа сылдьан биирдэ маҕаһыын таһыгар хара баһаам тутууру илги-талгы гынан иһэр эдэрчи дьахтары көрсүбүтэ уонна сонно Муунака буоларын билбитэ. Дьахтар уруккутун курдук имигэс талах курдук курбалдьыйбат, балай эмэ эт туппут, сонуу быһыытыйбыт этэ эрээри, көрөрө-истэрэ син биир уруккута этэ. Арай дьүһүнүгэр санньыар санаа күлүгэ көстөрө. Макаары кэпсэппэхтэһэ түһэн баран, дьэ билбитэ. Хата, маҕаһыынтан чугас олорор эбит. Чэйдэппитэ. Эбиитин «өрүү кэлэ турар буол, көх-нэм буолар киһи хайаан да наада» диэбитин уол олус сөбүлүү истибитэ уонна истиҥ иэйии кыыма кылам гыммытын курдук сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ.    Муунака кинилэртэн барбыт сайыныгар үнүбэрсиэккэ туттарса сатаан баран, куонкуруска кыайан хапсыбакка, букатын атын үөрэххэ киирбит. Билигин эргиэҥҥэ үлэлиир, син кыахтаах соҕустук олорор эбит. Кэргэннэнэ сылдьыбыт эрээри, аҕыйах сылынан биир сүбэҕэ кэлэн арахсыбыттар. Макаар быраактыкатын быыһыгар кэлэн, чэйдээн барар, дьиэҕэ-уокка көмөлөһөр. Биирдэ хойутуу соҕус кэлбитигэр Муунака ас бөҕөтүн тардыбыт, бэл, остуолга сампааныскай кытта күлтэйбит. Киһи дьиктиргиэҕэ диэн, дьахтар букатын эдэригэр түспүт көрүҥнээх, арай хараҕын аннынан биллэр-биллибэт сурааһын баар, оттон хараҕа... Дьикти бэйэлээхтик тырымныыр, ол быыһыгар тугу эрэ таайтарар гына иһийэр.    Уонча сыл аҕа Муунака адьас тэҥнээҕин курдук туттар-хаптар. Макаар субу олорон санаатаҕына, таптыыр, пахай, бэл, сөбүлүүр кыыһа даҕаны суох эбит. Хата, хаһааҥҥы эрэ сүтүгүн булбуттуу үөрэн, сир үрдүгэр киниттэн ордук дьоллоох суоҕун курдук чуохай-иэхэй буола түстэ.    Халлаан хараҥарбытыгар уота суох үөл-дьүөлгэ олорбуттара, онтон илии-илиилэриттэн тутуһан утуйар хоско киирбиттэрэ... Уол кыыс диэҥҥэ ончу сыста илигин саастаах киһи Муунака билбэттээх буолуо баара дуо. Имэрийэн-томоруйан, сыллаан-уураан баран, аргыый аҕайдык уолу, били, таптал кистэлэҥнээх ыллыгар сиэтэн киллэрбитэ. Ити барыта сэрэниин-сэрэнэн этэ... Бу түүн кинилэр иккиэйэх эрэ этилэр. Онно туох буолбутун арай сылаас сиргэ, оһох үрдүгэр, дөрүн-дөрүн курдьугунаан ылар Киискэ эрэ билэр буолуохтаах.    БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан